ҮТҮӨКЭННЭЭХ ТУТААЧЧЫ ЭТЭ
Элэс гынан ааhар кылгас олохпутугар, киэҥ-халыҥ аймахпытыгар өйгө хаалар өйдөбүнньүк киhи баар буолар. Биhиги аймахха биир оннук киhинэн таайым Алексей Фёдорович Иванов этэ.

Сырдык хааннаах, кыhаан дьүһүннээх, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, көрдөххө бытаан курдук эрээри түргэн-тарҕан туттунуулаах, чэбэр көрүҥнээх, сахаҕа харахха быраҕыллар киhи этэ. Кини 1937 сыл ыам ыйын 17 күнүгэр Сунтаар улууһун Дьаархан нэhилиэгэр Иванов Фёдор Алексеевич (Будьур оҕонньор), Иванова Евдокия Ивановна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ.
Өлөксөй бииргэ төрөөбүттэрэ 13 этилэр. Икки улахан убайдара Аан дойду иккис сэриитигэр 1941 сыллаахха бастакы хомуурга ыҥырыллан баран, Подмосковье аттыгар сураҕа суох сүппүттэрэ.
Сэрии бириэмэтигэр аас-туор олохтоох, кыаммат-түгэммэт дьиэ кэргэннээх буолан оскуолаҕа ситэри үөрэммэтэҕэ. Сэрии кэнниттэн отой эдэр сааhыгар Сунтаарга киирэн тутуу тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Алексей Фёдорович сатабыллаах туттунуулаах, туруу үлэhит бэрдэ, кэпсээҥҥэ киирэр тутааччы, болуотунньук этэ. Өр сылларга Сунтаардааҕы строй-учаастакка болуотунньугунан, онтон биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
Тутааччы үлэтэ олус ыарахан. Кыhыҥҥы тымныылары, сайыҥҥы өҥүрүк куйааhы тулуйан маhы кытта тустуохха диэтэххэ, ылбычча киhи тулуйбат идэтэ. Ол кэпсиир кэмнэрим 1960-70 сыллар, тутуу барыта илии үлэтэ этэ. Туттар тэриллэрэ диэн илии эрбиитэ, сүгэ.
Үлэтигэр дьаныардааҕа, олус эппиэтинэстээҕэ, туппутун барытын ситэри оҥорор үлэhит бэрдэ этэ. Өлөксөй дьону-сэргэни кытары үөрэ-көтө кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьар көнө майгылааҕа, онон биригэдэтин дьонун кытары олус тапсара. Үлэлэрин түмүгэ ситиhиилээх буолара. Сунтаар киинигэр баар икки этээстээх уопсай дьиэлэри, 2-с нүөмэрдаах оскуоланы, араас тэрилтэ дьиэлэрин туппута. Үгүс сылларга Сунтаар сайдыытыгар, киэркэйэригэр кини тутуутун биригээдэтэ улахан өҥөлөөх.
Өр сыллаах сындалҕаннаах, сыралаах үлэтэ ситиhиинэн түмүктэммитэ. Биригээдэтэ былаанын мэлдьи аhара толороро. Алексей Фёдорович 1967 сыллаахха Коммунистическай үлэ ударнига буолбута. Килбиэннээх үлэтинэн 1975 сыл алтынньы 19 күнүгэр Москваҕа баран Үлэ албан аатын орденын ылбыта. 1996 сыллаахха киниэхэ Сунтаар нэhилэгин Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэриллибитэ. Коммунистическай партия чилиэнэ этэ. Хаста да оройуон Советын депутатынан талылла сылдьыбыта. Дьон-сэргэ ортотугар үлэhитин, сэмэй майгытын иһин убаастабылынан туhанара.

Хаартыскаҕа: Алексей Фёдорович биригээдэтэ дьиэ тутуутугар.
Олоҕун аҥаарын булан, харахтыын хайҕаhан, сүрэхтиин сөбүлэhэн Бүлүүчээнтэн төрүттээх Иванова Мария Николаевналыын 1958 сыл олунньу 17 күнүгэр ыал буолбуттара. Кимтэн да көмөтө суох Сунтаарга дьиэ-уот туттан, ньир-бааччы ыал буолан элбэх оҕоломмуттара. Тигинэччи үлэлээн, эйэ-дэмнээхтик «Ытык ыал» үрдүк аатын ылан 58 сыл бииргэ олорбуттара.
Кэргэнэ Мария Николаевна өр кэмҥэ эҥкилэ суох Сунтаар балыыhатын оҕо отделениетыгар санитарканан үлэлээбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран Сунтаар нэhилиэгэр буолар тэрээhиннэргэ активнайдык кыттар: олус үчүгэйдик сахалыы ыллыыр, дьирилийэр хомуска оонньуур, бастыҥ үҥкүүһүт, хомоҕой хоhоонньут, алгыс тылын да этэр. Талба талааннаах Мария Николаевна күндү түүлээҕинэн, таҥаска кимиэхэ да сирдэрбэт иистэнньэҥ. Ордук киниэхэ сахалыы таҥас тигиитэ сатанар. Кэрэни кэрэхсиир, саҥаны сэргиир биир кэрэ киhи буолар, саҥас Мария.
Таайым Өлөксөй Сүөдэрэбис тапталлаах кэргэн, элбэх оҕо амарах аҕата, үгүс сиэн тапталлаах эhээтэ этэ. Түөрт оҕолоруттан улаханнара Аида Алексеевна культура үөрэхтээх, кэлин технолог идэлээх, икки оҕо, элбэх сиэн эбээтэ, Сунтаарга ийэтин аттыгар олорор. Кыра кыыс Альбина – сиэстэрэ идэлээх, үс оҕолоох, элбэх сиэннээх, Дьокуускай куоракка олорор, үлэлиир. Казимир – үс оҕо аҕата этэ, хас да сиэннээҕэ, нефтебазаҕа өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, сыыдам сыраалаах ыраах рейстэргэ сылдьар суоппар этэ. Бэйэтин харыстаммакка үлэлээн, эмискэ эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. Кыра уол Андрей строй-учаастакка өр сыл болуотунньугунан үлэлээбитэ, элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх этэ. Быйыл эмискэ ыалдьан орто дойду олоҕуттан арахсыбыта.
Төһө да кэм-кэрдии, дьыл-хонук устар уу сүүрүгүрэринии аастар, таайым Алексей Фёдорович курдук туруу үлэhит дьон олорон ааспыттарын дьон-сэргэ өйдүү-саныы сырыттын, кэнэҕэски ыччакка өйдөбүнньүк хааллын диэн суруйдум.
Балта Светлана Ивановна ИВАНОВА,
үлэ ветерана, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, «Сунтаар улууhугар үөрэҕирии сайдыытыгар үтүө өҥөлөрүн иhин», «Методист Якутии» бэлиэлэр хаһаайкалара.
2025 с. сэтинньи ый.
