Аргунов Данил Семёнович ахтыыта

ЭДЭР СААҺЫМ КЭРЭ ДА КЭМНЭРЭ!

Олоҕум ааспыт саамай дьоллоох, кэрэ кэмнэрэ – биллэн турар студенныы сылдьыбыт эдэр сааһым чаҕылхай, кыһалҕата суох сыллара буоллаҕа…

Мин кыһамньылаах, улахан билиилээх учууталларга үөрэммит буоламмын үөрэхпэр оскуолаҕа сылдьан үчүгэй этим. Ол саҕана түөрт кылаастаах начальнай оскуоланы Чымнаайыга бүтэрбитим.

Оскуолабыт дириэктэрэ Николай Романович Малышев кэргэнинээн, наһаа ис киирбэх дьүһүннээх Вера Артемьевналыын сарсыардаттан киэһэ хараҥарыар диэри оскуола иһиттэн тахсыбакка үөрэнээччилэрин кытары дьарыктаналлара. Кэнники билбитим оннооҕор олорор дьиэлэрэ оскуолабыт биир муннугар баар эбит. Николай Романович ырыаҕа үөрэтэн сөҥ куолаһынан киҥинэйэн ыллыыра билиҥээҥҥэ диэри кулгаахпар иһиллэргэ дылы. Вера Артемьевна барахсан мэниктээтэхпитинэ намыын куолаһынан мөхпүтэ буолаахтыыра, ону биһиги тоҕо эрэ наһаа истэр этибит. Сэттис кылааһы мин дьолбор саха улуу суруйааччылара төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэригэр Чычымахха бутэрбитим.

Саха тылыгар биһигини улуу Өксөкүлээх Өлөксөй уола Реас Алексеевич Кулаковскай, математикаҕа ол саҕана сахалартан Сэбиэскэй Союзка саахымакка бастакы маастар Афанасьев Афанасий Владимирович үөрэппиттэрэ. Чахчы үөрэтэр оҕолоругар билиини биэрэр сүдү талааннаах учууталлар этилэрэ. Реас Кулаковскай уруок кэнниттэн хаалларан түҥ былыргы сахалар олохторун-дьаһахтарын туһунан үһүйээннэри кэпсиирэ, биһиги бары кулгаах буолан олорон тыыммакка да истэр этибит. Афанасий Васильевич буоллаҕына барыбытын бэйэтэ ыытар саахыматын куруһуогар сырытыннарара. Уон биирис кылааһы үһүс оскуолабын улуус киинигэр Ытык-Күөлгэ бүтэрбитим. Түбэһиэн иһин онно биһиги кылааспыт салайааччыта улуу Мординовтар бырааттара Трофим Егорович Мординов этэ.

Армияҕа сулууспалаан баран 1969 сыллааха Киргизияҕа Бишкек куоракка Фрунзенскай политехническай институкка туттарсан киирбитим. Миигин кытта оскуоланы саҥа бүтэрбит, миигиттэн элбэх сыл балыс эдэркээн кыргыттар: Чурапчыттан Варя Дьячковская, Якутскай куораттан нууччалыы эрэ саҥара сылдьар Оля Иванова самолетунан көтөн тиийбиттэрэ. Дьиэлэриттэн-уоттарыттан хаһан да уһуннук тэйбэтэх оҕолор миигин бастаан кус оҕолорун курдук эккирэтэ сылдьыбыттара. Мин убайдарын курдук сананан атын айылҕалаах, майгылаах-сигилилээх уолаттара чугаһаары, эрийсээри гыннахтарына көмүскэһэр, дурда-хахха буолар курдук сананар этим. Эчи бэйэлэрэ да кыра уҥуохтаах буолан баран чочуйан оҥорбут курдук быһыылаах-таhаалаах нап-нарын, ис киирбэх орто дойду аанньаллара этилэр.

Биэс сыл устата ситиһиилээхтик үөрэнэн, төрөөбүт-үөскээбит ийэ дойдубутугар этэҥҥэ эргиллэн оҕо-уруу төрөтөн, үлэлээн-хамсаан, кырдьыахпытыгар диэри «эн-мин» дэһэн кэллэхпит.

Үөрэрим диэн баар: Варвара Петровна мин сааһыра соҕус буолан эрдэхпинэ, дьоллоох Дьокуускай куорат «Спутник» диэн рестораныгар «аһыы-сии» сырыттахпына оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэтин миэхэ ыйан биэрэн турар. Арай Варя хаҥас өттүгэр биир хап-хара баттахтаах, минньигэс баҕайытык көрбүт Чурапчы кыыһа чэй иһэ олорор эбит. Дьэ дуу, мин көрөөт соҕотохто атаҕым сири билбэт гына үөрбүтүм, «ити миэнэ олорор» дии санаабыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Дьэ оннук, Варвара Петровна миэхэ сирдээҕи дьолбун, сүрэҕим аҥаарын булан биэрэн турар. Түөрт уон биэс сыл ааһа оҕустар да, ол кэрэ түгэни бу баар курдук саныыбын.

Орто Азияҕа биир кэмҥэ үөрэммит оҕолорум бары да наһаа үчүгэй дьон этилэр. Мин үрдүк үөрэхпин бүтэрэрим чугаһаабытын кэннэ Фрунзе (билигин Бишкек) куоракка мин биир дойдулаахтарым таатталар: Үчүгээйэп Сиэнньэ, Табынаанап Бүөккэ, Дьээгэлэп Сиэнньэ диэн эп-эдэр, куруук үөрэ-көтө сылдьар уолаттар «тигинээн» кэлбиттэрэ. Дьэ биһиги урут оскуола саҕаттан бэйэ-бэйэбитин билсэр дьон буоламмыт Киргизияҕа “былааһы” ылбыппыт, биир улахан ыал оҕолорун курдук түмсүүлээх, наада буоллаҕына тугу да быраҕан туран көмөҕө кэлэрбит. Табаарыстарым бары да кыанар уолаттар – тустууга үһүөн Фрунзе куорат, Киргизия республикатын чемпионнара этилэрэ. Оннооҕор биир сайын үһүөн тутуспутунан Киргизия сборнайыгар киирэн Якутскай куорат “Туймаада” стадионугар тустан, олохтоох уолаттарга кыайтарбыппыт да иһин улахан чиэскэ тиксэн турабыт!

Саамай чаҕылхайбыт биллэн турар Дьээгилэп Сиэнньэ этэ, кини Фрунзе куорат тустууга уонна дуомакка хас эмэ төгүллээх чемпиона. Киһи сөҕүөн иһин кимиэхэ да дуомакка иннин биэрбэтэх эвриэй оҕонньорун кыайан, барыбытын соһутан турардаах. Оҕонньоро өссө Киргизия киин куоратын биллэр учуонайа этэ. Сиэнньэ хааман иэҕэҥнээн иһэрин көрдөр эрэ убаастыыра бэрт буолан ыраахтан сэлээппэтин устан дорооболоһоро, киһибитин букатын вундеркинд курдук көрөр этэ.

Биир табаарыспыт Бүлүүттэн сылдьар Кондаков Алексей Киргизия государственнай университетын биир бастыҥ студена этэ, туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Эмиэ атаҕар, илиитигэр да кыанар уол этэ, ол гынан баран спортка соччо чугаһаабатаҕа. Кондаков Кондакова өтөн наар тугу эрэ уһуну-киэҥи, ырааҕы толкуйдуу сылдьар буолара. Элбэх научнай конкурстарга кыттан кыайыылаах тахсара, хаста да Киргизия чиэһин көмүскүү Москваҕа баран кэлбитэ. Билигин физико-математическай наука кандидата, СВФУ биир биллэр учуонайа.

Биһиги саҕана Орто Азияҕа үөрэммит оҕолор бары да наһаа түмсүүлээх, көхтөөх этибит. Икки сыл буола-буола Орто Азияҕа үөрэнэр, олорор оҕолорго анаан ыһыах ыһарбыт. Хас куорат аайы студеннар землячестволара үлэлиирэ, кинилэр землячество президеннэрин талаллара. Ташкеҥҥа – Тима Егоров, Алма-Атаҕа – Лида Винокурова, Ашхабадка – Вася Ефремов, Душанбеҕа – Миша Друзьянов, Фрунзеҕа – Данил Аргунов этилэрэ.

Ол түмсүүлэргэ үөрэнэ сылдьар оҕолор үөрэххэ ситиһиилэрин, олохторун-дьаһахтарын түмүктээн, спортка, концертка күрэхтэһэрбит. Хайдах курдук үчүгэй тэрээһиннээх ыһыахтары ыһарбыт туһунан туспа кэпсээн суруйуохха сөп.

Хаартыскаҕа: Сэмэн Үчүгээйэп, Сэмэн Дьээгилэп, Дайыыл Аргунов.

Данил Семёнович АРГУНОВ,

Саха Республикатын бочуоттаах тутааччыта, Саха Республикатын килбиэнин иhин знак кавалера, Хаҥалас улууhун уонна Покровскай куорат бочуоттаах олохтооҕо.

2021 сыл.

(“Ахтыылар”, 2025 с. сэтинньи)

Аргунов Данил Семёнович ахтыыта: 2 комментария

  1. Сметанин Валерий Фёдорович — 1947 гр.

    Мин эмиэ Ити кэмцэ 1970-1975 сс Благовещенск Экономический Факультеты бутэрэн Тыа Хаь.:-30 сыл улэлээбитим . Билигин кэргэмминээн бииргэ ;-54 сыл бииргэ олоробут . Элбэх сиэн хос сиэн этэццэ иитэн таьаарбыппыт. Туерт уолаттардаахпыт , бары армияны этэццэ ааспыттара бары бэртээхэй улэьиттэр. Онон киэн туттабыт, Дойдубутугар Ытык иэспитин телеетубут диэн. Агам Берлин Штурматын кыттыылаага, :-102 сааьыгар диэри олорбуттар, Тимир Ууьа этэ уйэлээх Сааьыгар. Ус убай—быраат Ага Дойду Сэриититтэн уьуен орденнаах тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ. — 1метр 80 терелкэй бээлэрин уьуен лаппа кыанар дьон этилэр диэн Бар-Дьон номогор хаалбыттар. Хара Улэгэ иннилэригэр киьини килэрбэтэх дьон . дэлэгэ да саамай кыралара 1940 с. ВДНХ — га Путёвка ылан турар.

  2. Мелания

    Приветствуем Вас! Выдаем Вам доступ к инновационной платформе с функционалом:
    1) Возможность налоговой оптимизации (включая НДС)
    2) Приобретение расходников, чеков и иных закрывающих документов
    3) Получение любой информации в отношении юридических и физических лиц
    4) Заказ выписок из банков в отношении любых ЮЛ/ИП
    5) Доступ к базам данных контрагентов/поставщиков/клиентов Ваших конкурентов
    6) Опциональное сопровождение ликвидации компаний под ключ
    7) Выкуп (продажа) организаций
    8) Обмен безналичных денежных средств на наличные/криптовалюты
    9) Услуги привлечения клиентов в бизнес и массовые рассылки
    10) Комплексная бесплатная проверка контрагентов по ИНН по всем показателям
    11) Проверка расхождений бухучета с Вашими контрагентами
    и многое другое

    Подробнее тут https://exchangeportal.ru/upsidefos

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *