УРАН ТАРБАХТААХ ИИСТЭННЬЭҤ
Күндүтүк, истиҥник саныыр эдьиийим Матвеева Галина Константиновна туhунан суруйуохпун баҕарбытым ыраатта даҕаны буоллар, быыс булан ылсыбакка сылдьыбытым. Ол баҕа санаабын толорон бу кыра ахтыыны суруйабын.
Эдьиийим Галя 1952 сыл сайын ортото – от-мас көҕөрөн, айылҕа силигилээн турдаҕына от ыйын 6 күнүгэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааhа олус дьоллоохтук Промкомбинат түөлбэтигэр ааспыта.

Галя толору эттээх-сииннээх, сырдык сэбэрэлээх, киэҥ арылхай харахтаах, мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар, үөрүнньэҥ майгылааҕа. Бэйэтигэр наhаа барардык, маанытык таҥнара.
Ийэтэ Аана (Иванова Анна Фёдоровна), ииппит аҕата Лэгэнтэй (Сахатаев Иннокентий Алексеевич) кыыстарын Галяны, убайын Саасканы олус атаахтатан, харыстабыллаахтык сыhыаннаhан улаатыннарбыттара. Бэйэлэрэ сүөһүлээх-астаах, күтүөппүт Лэгэнтэй байанайдаах булчут буолан бэрт сэниэтик олорбуттара. Эдьиийбит Аана наhаа иистэнньэҥ этэ, ордук үчүгэйдик түүлээх таҥаhы тигэрэ.
Сунтаар орто оскуолатын 1 кылааһыгар Галя 1960 сыллаахха үөрэнэ киирбитэ. Бэйэтин баҕатын толорон, 9 кылаас кэнниттэн иистэнньэҥ үөрэҕэр киирэн, ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1970 сыллаахха иис үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран Сунтаардааҕы бытовой комбинакка иистэнньэҥинэн үлэлии киирбитэ. Оччолорго Сунтаардааҕы бытовой комбинат саамай тигинээн, аатыран, үлэни өрө тутан сайдан турар кэмэ этэ. Нэhиэнньэҕэ өҥө араас көрүҥнэрин оҥороро: иискэ дьахтар былааччыйатын, кофта арааhын, эр дьон бүрүүкэтин тигии, атах таҥаhын улларыыта, ювелирнай сыахха араас көмүс киэргэллэри оҥоруу. Сувенирнай сыах үлэлиирэ, онно чороон, кытыйа, саха иhитин арааhын оҥороллоро. Парикмахерскай үлэлиирэ, эр киhи уонна дьахтар саалалааҕа.

Хаартыскаҕа: Матвеева Галина Константиновна балта Машенькалыын.
Галя бастаан иистэнньэҥинэн, онтон биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Бытовой комбинакка иис хас да биригээдэтэ, ону таhынан тус биирдии тигиигэ үлэлээччилэр эмиэ бааллара. Бытовой комбинакка бииргэ үлэлээбит дьоннорун ахтан ааhар буоллахха, өр кэмҥэ иискэ үлэлээбиттэрэ: Константинова Мария, Захарова Ольга, Валерия, Иванова Мария, Сантаева Мария, Слепцова Паша, Громова Марина, Иванова Людмила, Жиркова Галина, Петрова Даша.
Галя биригээдэтигэр Сантаева Римма, Егорова Рая, Андреева Даша буолан үлэлээбиттэрэ. Сакаас бэрилиннэҕинэ Галя эскиз көмөтүнэн быhан биэрбитин түргэн-тарҕан туттуулаах Римма тигэн иhэрэ, мындыр Даша деталлары холботолуура. Рая өтүүктээн, туга сиппэтэҕин ситэрэн сакаас бириэмэтигэр, үчүгэй хаачыстыбалаахтык тигиллэн клиеҥҥэ тиксэрэ. Бары биир сомоҕо, атыттартан бастакы буолан үгүстүк хайҕабылга тиксэр этилэр. Бэриллибит былааны барытын хаачыстыбалаахтык, аhара толороллоро.

Хаартыскаҕа: Галина Константиновна Сунтаардааҕы бытовой кэмбинээккэ бииргэ үлэлээбит дьоно.
Галя ситиhиилээх үлэтин түмүгүнэн Социалистическай үлэ кыайыылааҕа, Коммунистическай үлэ ударнига буолбута. Производство бастыҥнарын мунньаҕар мэлдьи ыҥырыллара. Сунтаар оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ.
Галина Константиновнаҕа «Российскай Федерация бытовой комбинатын Бочуоттаах үлэhитэ» аат иҥэриллибитэ. «Трудовая слава Якутии» кинигэҕэ киирбитэ. Галина Константиновна Москваҕа Съезтэр дыбарыастарыгар А.Н.Косыгинтан «Бочуот Знага» ордены түөскэ кэппитэ.
Олох оччолорго күөстүү оргуйара. Ол курдук бытовой комбинат үлэhиттэрэ буолар бары тэрээhиннэргэ күргүөмүнэн кытталара. Араас көрүҥнээх тэрээhиннэргэ инники миэстэҕэ сылдьаллара, субботниктарга, самодеятельность араас күрэҕэр барытыгар биир дьиэ кэргэн курдук бииргэ буолаллара. Советскай Союз ыhыллыбытыгар үгүс тэрилтэ үрэллэн, сабыллан хаалбытыгар бытовой комбинат биир бастакынан сабыллыбыта. Үгүс киhи үлэтэ суох буолбута. Ол эрээри Галина санаатын түhэрбэккэ, идэтинэн үлэ булбута. Сунтаардааҕы профессиональнай училище базатыгар баар иис сыаҕар үлэлээбитэ. Кэлин рынок аhыллыбытыгар атыыһыттаан да ылбыта.
Эдьиийим сылаас сыhыанын умнубаппын. Саха государственнай университетыгар үөрэнэр сылларбар каникулга кэллим да ыҥыран ылан саҥа ырбаахы, көстүүм тигэн биэрэрин олус сөбүлүүрүм уонна астынан кэтэрим. Тикпитэ оруобуна сөп уонна аныгылыы муодунай, санаам иhинэн буолааччы. Эдэр буолан тыыннааҕар махтал тылларын эппэтэҕим. Арай биирдэ Саҥа дьылга соҕуруу бара сылдьан көстүүм аҕалан бэлэхтээбиппэр олус да үөрбүтэ: «Үчүгэй да костюм, балтылаахпын дьэ биллим. Сарсын көрсүһүүгэ барабын, маны кэтиэм», – диэн баран трюмо сиэркэлэ иннигэр үөрбүт сирэйдээх турара харахпар көстөр.
Эдьиийим Галя сайдам-сайаҕас майгылааҕа, санаабыт санаатын этэ сылдьара. Кэрэни кэрэхсиирэ, саҥаны хайгыыр майгылааҕа. Убайын оҕолорун олус сөбүлүүрэ. Ииппит уолларын Славаны атаахтатан тахсара, үөрэнэригэр олус көмөлөспүтэ. Убайын оҕолоруттан ордук балтын Машеньканы атаахтатара, араас таҥаhы тигэн, сүрэҕин сылааhын биэрэн туран ииппитэ. Ийэлэрбит эдэр сааһыгар суох буолбут кыра балтыларын Евдокия Фёдоровна кыргыттарын Феняны уонна Оляны эмиэ олус таптыыра, атаахтатара, эрдэ тулаайах хаалбыттарыгар олус хараастыбыта.
Олоҕун бүтэhик сылларыгар элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүтэ, ол эрээри хаhан да санаата түспүтүн көрдөрбөт этэ. Ол сыллар барыбытыгар да ыарахан сыллар этилэр. Мин алта киhини соҕотоҕун иитэн-аhатан олорбутум: үс тулаайах оҕону иитэрим, үлэтэ суох убайдаах бырааттарбын көрөрүм. Тэрилтэм модьуйуутунан соҕуруу иккис үөрэхпэр үөрэнэрим. Хамнас хас да ыйынан кэлбэт этэ, харчы кэллэгинэ кыратык бэрсэрим, онтон эдьиийим мэлдьи уйадыйан ылара. Сырыы аайы сүөһүлээх-астаах буолан арыы, эт да бэристэхпинэ үөрэн-көтөн барара. Ол да буоллар эдьиийбэр сүбэ-ама буолан да, материальнайдык да көмөлөһө сатыырым.
Эдьиийим Галина Константиновна сырдык мөссүөнүн, кини үтүө санаатын олох олорорум тухары саныыбын.
Ахтыыны суруйда
Светлана Ивановна ИВАНОВА,
үлэ ветерана, СР үөрэҕэриитин туйгуна.
2025 с. сэтинньи ый.
