БИҺИГИ ТАПТАЛЛААХ АҔАБЫТ
Биһиги аҕабыт төрөөбүт сирэ – Сунтаар оройуонун Арыылаах нэһилиэгэр, Мүөхэй диэн Тыһакыыстан чугас сытар сиргэ баара. Дьиэлэрэ хойукка диэри турбутун көтүрэн аҕалан, салҕаан Уһун Күөл бөһүөлэгэр дьиэ туттан олорбуппут. Онон оҕо сааспыт онно ааспыта. Аҕабыт Моисей колхоз араас үлэлэригэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн тахсара.

Мин өйдүүрбүнэн оҥорон таһаарбыт эттэрин, арыыларын аттаах сыарҕаҕа тиэйэн Ленскэйинэн, Витиминэн атыылаан кэлэллэрэ. Биһиги аҕабыт кэлэрин кэтэһэрбит, араас кэһии аҕалан үөрүү-көтүү онно буолара. Аҕабыт кыһын үксүн сүөһү, сылгы аһата диэн Бочооной үрэҕэр кыстыыр этэ. Кэлин биһиги арыый улаатарбыт диэки өр кэмҥэ сылгыһытынан үлэлээбитэ. Сыралаах үлэтин сыаналаан мунньахтарга грамота эҥин, арыт чаһыы бэлэхтиир этилэр.
Сылгылары ойуур устун атынан сырса сылдьан хараҕын эчэтэн, аҥаар хараҕа көрбөт кэриэтэ буолбута. Биирдэ аттан бырахтаран атаҕын тоһутан, өр эрэйдэммитин өйдүүбүн. Хата Тыһакыыска Обокуун оҕонньор диэн ветеринар, эмчит баара, атаҕын тутан, чыыппаанынан баайан эмтээбитэ. Ол оҕонньор киһини барытын эмтиирэ, үгүс киһи киниттэн абыраммыт буолуохтаах.
Аҕам кэлин трактористаабыта. Сайын аайы Тыһакыыс оттуур звенотун кини салайан үлэлэтэр этэ. Биһиги бары кырабытыттан окко улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлиирбит. Улахан дьон оту охсоллоро, биһиги атынан от мустаран бугуллуурбут. Үлэлиирбитин ыарырҕаппакка, оппутун кэмигэр мунньан бүтэрэн иһэр этибит.
Дьоммут көхтөөх, бэһиэлэй, оҕолорго сымнаҕастык сыһыаннаһан илдьэ сылдьар этилэр. Арыт бары, улаханныын-кыралыын, муруку сырса ойуурга сүүрэн үөгүү-хаһыы бөҕө буоларбыт. Арыт киэһэ дьоммут күөл тула туран кус ыталларын тэҥҥэ сылдьан көрөрбүт. Киэһэ волейболлуурбут, сэһэн истэрбит. Оннук улаатан тарҕаһыахпытыгар диэри сайын аайы үлэлээбиппит.
Аҕабыт 45 сааһыгар сырыттаҕына ыарахан ыарыыттан ийэбит өлөн, огдообо хаалбыта. Улам-улам ыарыһахтыйан барбыта. Онно элбэх бииргэ төрөөбүт бырааттарбыт кыра этилэр, саамай кырабыт Гоша оскуолаҕа да киирэ илигэ, детсадка сылдьара. Онон аҕабыт үлэтин уларытан, осеменатор буолбута.
Кини бэйэтэ элбэх саҥата суох эрээри, оҕолору кытта дьээбэлэһэн кэпсэтэрин наһаа сөбүлүүрэ. Аһара чэнчис, ыраас киһи этэ. Кэнникинэн ыалдьан хастыы да ый балыыһаҕа сытан эмтэнэр буолбута да, ыарахан ыарыыта хам ылбыта. Ол да буоллар дьиэтигэр соҕотоҕун элбэх оҕону көрөн-харайан, аһатан-таҥыннаран улаатыннартаабыта. Дьон киирэн, дьиэбитин көрөн сөҕөр буолаллара – ийэтэ суох эрээри наһаа ыраастык олороллор диэн.
Аҕабыт Моисей Терентьевич начальнай кылаас үөрэхтээх, улахан үөрэҕэ суох. Ийэтэ эрдэ өлөн аҕатыгар иитиллэн улааппыта. Онон ийэ тапталын билбэккэ улааппыт киһи биһигини хайдах сатыырынан, кыаҕа хайдах тиийэринэн, кыһаллан иитэлээн киһи гынаттаатаҕа дии.
Тыһакыыска олохпутуттан кылгас ахтыылар
Мин билигин сааһыран олорон ахтар-саныыр сирим – Тыһакыыс буолар. Оҕо сааспыт Тыһакыыска ааспыта.
Кыра сылдьан, оскуолаҕа киириэм иннинэ, кыһын тэлгэһэбэр тахсан туран көрөбүн – дьиэбит аттынааҕы ойуур саҕатынан куобахтар ойуоккалаан ааһаллар. Эһээбит дөрүн-дөрүн куобах бултаан киллэрэн оһох иннигэр уурара, ийэбит ыраастаан астыыра. Сайын ол ойуурбутугар сүүрэн тиийэн куруускаҕа хаптаҕас, дьэдьэн хомуйан кэллэхпитинэ ийэбит үрдүгэр үүт кутаттаан биэрэрин үөрэ-көтө сиирбит.
Сайын үлэ кэнниттэн аҕаларбыт мустан волейбол оонньуур этилэр. Тэҥ саастыылаахтар элбэх курдук өйдүүбүн. Биһиги эмиэ тула сырсан оонньуурбут. Оттуур кэмнэригэр ардах түстэҕинэ сиилэс симээһинэ буолар. Дьэ онно оҕолорго туспа көр, сиилэс дьааматыгар ыстана-ыстана окко төкүнүҥнээн, ойуоккалаан үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Сиилэстээһиҥҥэ бөһүөлэк киһитэ бары кыттар этэ.
Фермалар сайын саҕаланыыта сайылыкка көһөллөр. Бөһүөлэк иһэ чуумпуран хаалар, чуҥкуйуу саҕаланар. Тыһакыыска Обокуун оҕонньор диэн сүөһүлэри, дьону барыларын эмтиир, аны санаатахха били Айболит доктор диэни ааҕарбыт, оруобуна кини курдук. Хамсатын айаҕыттан араарбат, хаһан да сэһэнэ-кэпсээнэ бүппэт. Биһиги оҕолор бары батыһа сылдьар этибит. Өлбүт тарбыйахтары хайыталаан туохтан өлбүттэрин быһаарар, биһиэхэ барытын кэпсиир, биһиги сэҥээрии бөҕө. Сайылыкка төннөрүгэр улахан уочарат, акка мэҥэстэн барабыт. Сайылыкка тиийдэххэ оҕонньор кэргэнэ Суоппуйа баар. Улахан баҕайы куоластаах, кинини эмээхсин диэбэккин. Арыт күн оҕолорунан амынньыар хомуйтаран таһырдьа оһоххо алаадьылыыр. Оҕолор биһиги тула туран алаадьы буһан таҕыстаҕын аайы биир-биир ылан сиэн, Суоппуйа алаадьылаан бүтэригэр иһитэ кураанах буолааччы. Наһаа үчүгэй ыал этилэр.
Ону таһынан сайылыкка Балааһалаах Нина диэн эдьиийдэрбит бааллара, киирдэххэ мэлдьи лэппиэскэлээх сүөгэй бэлэм буолара. Онно тэҥнээтэххэ, “Сунтаар” совхозка специалиһынан үлэлии сылдьан сайылыктарбытын кэрийэрбит, ыһык ылбакка бардахпытына киэһэ дьиэбитигэр кур аччык тиийэн кэлэрбит. Ону наһаа сөҕөр этим. Ол иһин Тыһакыыс дьоно миэхэ отой атын өйдөбүлү хаалларбыттар. Бырааһынньыктары олохтоохтор бииргэ мустан уопсай дьиэҕэ ылаллара. Биһпгини, оҕолору, аҥаар өттүгэр туспа мунньаллара, онно аһыы-аһыы оонньуурбут.
Сайын оттуурбутугар мунньууга “Танка” диэн аты биэрэллэрэ. Ол ат кырдьыар диэри сылдьыбыта, наһаа көнө майгылаах этэ. Атынан мустарарга убайым Һааска үлэлиирэ. Бугуллааһыҥҥа кыралар элбэхпит. Охсооччуларбыт сирдэрин бүтэрэн, “эһиги бу сири бачча хонугунан бүтэрэҕит” диэн баран, бэйэлэрэ атын сиргэ көһөллөрө. Бэйэбит хаалан төбөбүтүнэн-атахпытынан турбуппут иһин, үлэбитин бириэмэтигэр эбэһээт бүтэрэр этибит. Быыһыгар мэниктээһин бөҕө буо, балааккабыт сууллуор диэри. Сороҕор эбиэт саҕана турабыт, арыт кус оҕолуу сырсабыт, арыт мурукулуу ойобут.
Биһиги кырабытыттан Тыһакыыс кытыытыгар үс хотон баара. Биирдэ ийэм, быраатым Гоша 8-9 ыйдааҕар, биһигини илдьэ Агааппыйа эмээхсини кытта Тыһакыыс кытыытыгар от мунньа киирдилэр. Онно эбиэт кэннэ Гоша бугул кэннигэр утуйан хаалла. Мин мастаах манаан олордум, бырааппын хотойдор илдьэ барыахтара диэн. Куттаныы бөҕө. Ол курдук оҕолордуун оттуу сылдьан быыспытыгар уһун мастаах, арагаайкалаах ол хотойдору кытта охсуһа диэн барабыт. Чугаһаатахпытына көтөрдөр кынаттарын даллатан көтөн тахсаллар, биһиги куттанан маспытын быраҕа-быраҕа, хаһыыра-хаһыыра үрүө-тараа куотуу!
Таайбыт Чэккиэс Аппанааһый оттоһооччу. Аны санаатахха аһара талааннаах киһи эбит. Биһиэхэ уруһуйдарын көрдөрөр этэ. Арыт “хоһооҥҥун ааҕыый” диэн көрдөһөбүт. Ааҕар дикциятын иһиттэхпитинэ күл да күл буолабыт, өһүргэммэт этэ.
Балтыбыт Еля кыраабылын тииһин тоһутан тахсар, аһылык аайы онтун оҥотторор. Ол курдук биирдэ оҥотторон, эбиэттээн баран оппутугар киирээри саҥардыы хоҥнон истэхпитинэ, кыыспыт үрүмэччини көрөн охсоору кыраабылын тииһин тоһуталаан кэбистэ. Уонна төкүнүйэ сылдьан күлэбит. Дьоммут хайыахтарай, эмиэ оҥордохторо дии. Ким да кыыһырбат, мөхпөт.
Биир сайын күтүөбүт уһун Дьөгүөрэп оттосто, үчүгэйдик билбэт буолан аһара толлор этибит. Биирдэ кып-кыра массыынанан кэллэ, ол кэмҥэ сэрии ветераннарыгар оннук массыыналары биэртэлии сылдьыбыттара. Эбиэт буолбутугар массыынатыгар олорон ханна эрэ бараары гынна, биһиги оҕолор кэнниттэн сыылан кэлэн бары массыынатын тутан баран сытабыт, массыына барбат. Тахсан “ээ, бу оҕолор даҕаны” диэн күлэн кэбистэ.
Биир сайын Мөхүлүөп Өлөксөй диэн киһи оттосто. Мэлдьи ып-ыраас таҥастаах, булууһата мах-маҕан, аһылыгар мэлдьи бурдуктан астаммыт астаах буолар этэ. Биһиги биирдэ балааккатын кэннигэр үөмэн, сыылан киирэн бичиэнньэтин сии олордохпутуна “хотуктаар, барытын сиэйэҕит, киэһээҥи аһылыкта хааллараарыҥ” диир.
Ити курдук оҕо сааспыт дьээбэлээх түгэннэрэ элбэх этилэр да, барытын суруйбатым. Тыһакыыспын мэлдьи ып-ыраас халлааннаах, мэлдьи күн тыган турар, сып-сырдык, дьоно-сэргэтэ сылаас-сымнаҕас сыһыаннаах, ыаллар остуоллара толору астаах диэн өйдүү-саныы сылдьабын.
Антонина Моисеевна ПЕТРОВА.
Москва куорат, 2025 сыл олунньу ый.
