Яковлев Будимир Григорьевич туһунан

ТАЛААННААХ ТРЕНЕР, ДЬОҺУННААХ АҔА, ЭҺЭЭ

Будимир Григорьевич ЯКОВЛЕВ – Саха Республикатын уонна Россия үтүөлээх тренерэ, Саха Республикатын спортка бочуоттаах үлэһитэ, Гражданскай килбиэн знак хаһаайына, Д.П.Коркин аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Аан дойду тустууга федерациятын (UWW) президенин Ненад Лалович знагын хаһаайына, Антоновка уонна Ньурба улууһун ытык олохтооҕо. Белоруссия икки төгүллээх чемпиона, “Буревестник” общество киин советын чемпиона уонна үрүҥ көмүс призёра. ССРС эдэрдэргэ 6-с миэстэ (Фрунзе куорат, 1975 с.), ВЦСПС үрүҥ көмүс призёра. Бүтүн Союзтааҕы турнирдар Саха АССР, Гомель, Гродно турнирдарын чемпиона уонна призёра. 1976 с. Одессаҕа буолбут ССРС чемпионатын кыттыылааҕа, Международнай товарищескай матчтар Белоруссия-Польша, Белоруссия-Чехословакия киирсиилэрин кыайыылааҕа.

Доҕорум Будимир Григорьевич 1957 сыл олунньу 19 күнүгэр Ньурба оройуонугар, Антоновка сэлиэнньэтигэр тоҕус оҕолоох ыалга иккис уолунан күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Фёдорова Тамара Александровна дьиэ хаһаайката, элбэх оҕо истиҥ ийэтэ. Аҕата Яковлев Григорий Дмитриевич, Ньурба совхоз аатырбыт чемпион суоппара, байанайдаах булчут.

Уолаттарын кыра оҕо эрдэхтэриттэн үлэҕэ, бултка үөрэтэн бары дьоһун дьон буолан, үлэлээн-хамсаан кэллилэр. Элбэх оҕо-сиэн төрөтөн билигин киэҥник биллэр иллээх аймах буолан олороллор.

Доҕорум Будимир бииргэ төрөөбүттэриттэн убайдарын Георгий Григорьевиһы – МВД подполковнигын, бырааттарын Пантелеймон Григорьевиһы – эмиэ МВД подполковнигын уонна Евгений Григорьевиһы кытта алтыспыт уолаттарым. Саха чулуу уолаттара диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Ордук Евгенийы куруук саныыбын. Отой эдэр сааһыгар Ньурба биир улахан нэһилиэгэр Чаппандаҕа Совет председателинэн үлэлии олорон ыарахан ыарыыттан соһуччу олохтон туораабыта. Чаҕылхай салайааччы буолуохтаах этэ, диирбитигэр тиийэбит.

Будимир тустуутун 1967 сыллаахха 3-с кылааска үөрэнэ сылдьан Михаил Иванович Николаев (Подсечка) салалтатынан саҕалаабыта. 7-с кылаастан Ньурба ДЮСШ-тыгар Саха АССР үтүөлээх тренеригэр Иванов Николай Прокопьевичка дьарыктанар.

Талааннаах уолу көрөн Дмитрий Петрович Коркин бэйэтигэр Чурапчыга ыҥыран, интернат-оскуола үөрэнээччитэ буолар. Оскуоланы бүтэрэн ССРС, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин сүбэтинэн Белоруссиятааҕы Государственнай физическэй культура институтугар үөрэххэ киирэр. 1978 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, тренеринэн үлэлии сылдьан 1978 сыллаахха сааскы призывка Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллар. Ити кэмтэн Будимирдыын Забайкальскай байыаннай уокурук СКА-19 саҕалаан, баччааҥҥа диэри доҕордуу буола сылдьарбыттан үөрэбин (СКА – Спортивный клуб армии. -Ред.).

Мин спортротаҕа 6 ый сулууспалаабытым кэннэ Саха сириттэн сааскы призывка Яковлев Будимиры, Иванов Николайы, Скрябин Сергейи, Попов Русланы, Алексеев Гошаны, Парников Юраны, Еремеев Андрейы, Шамаев Алёшаны Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырбыттар диэн сурах кэлэр.

СКА-ҕа сулууспалыы сылдьар уолаттар: Борисов Борис, Аянитов Кеша, Егоров Гена, Дмитриев Сергей, сыл аҥаарыттан улахан призыв Попов Володя, боксёрдар – Захаров Евгений, Кычкин Яша, охчут – Миша Матвеев буолан уолаттарбытын СКА-ҕа быһалыы в/ч эргиппэккэ аҕалтарар туһунан былааннастыбыт. Саха сирин биллэр тустууктара, убайдарбыт Лезнев Толя, Константинов Василий (Бадьай) прапорщиктар. ЗабВО РСФСР үтүөлээх тренерэ Фрунджиев Илья Романовичка уолаттар тустарынан кэпсээн, СК-аҕа быһалыы ыллаттарар боппуруоһу туруорбуппут. Генерал Хапсасов прикаhын таhааран, сарсыныгар Илья Романович Дьокуускайга командировкаҕа көтөр. Түгэнинэн туһанан Илья Романович Фрунджиев туhунан эттэххэ, саха тустуук уолаттарыгар элбэх үтүөнү оҥорбут тренербит.

1979 сыл муус устар ыйга сылын аайы ыытыллар Бүтүн Союзтааҕы турнирга Дьокуускай куоракка көппүппүт.

Уонча хонон Читабытыгар кэлбиппит Яковлев Будимир, Скрябин Сергей, Иванов Коля, Попов Руслан саллаат таҥаһын кэтэн СКА-19 «Курс молодого бойца” бара сылдьар этилэр. Көрсөн үөрүү-көтүү буолбуппут. Аҕыйах хонон баран Алексеев Гоша уонна Парников Юра эбии кэлэн хамаанданы толорбуттара.

Сайыныгар Еремеев Андрей, Шамаев Алёша, боксёрдар Соловьев Коля, Терентьев Володя чаастан кэлбиттэрэ. Уопсайынан СКА-ҕа араас омук уолаттарын кытары эйэлээхтик сулууспалаабыппыт. Донецкайтан Булавин Сергей сахалар улахан табаарыспыт этэ, икки сыл иһигэр сахалыы истэр, кыратык кэпсэтэр буолбута. Бурятияттан биллэр тустууктар Цырен Гармаев, бырааттыы Слава уонна Борис Мархаевтар, Туваттан бырааттыы Иван уонна Вася Хураганнар, Андриади Юра – омугунан грек, 1976 сылга ССРС-ка 5-с миэстэ буола сылдьыбыт, Тимофеев Валера – чуваш, Вахаб Иманов – азербайджанец, билигин Азербайджан Республикатын үтүөлээх тренерэ, Асманов Дельза – узбек, РСФСР юниордарга призёра, Лыков Володя – Усть-Куттан сылдьар, самбоҕа ССРС Норуоттарын спартакиадатын призёра о.д.а. Билигин Слава Мархаев Бурятия сенатора, Федерация Советын чилиэнэ, Россия Геройа. Араас элбэх омук биир хамаанда буолан наһаа иллээхтик СКА-19 сулууспалаабыппыт.

Ити кэмтэн Будимир Григорьевичтыын ыга доҕордоһон, баччааҥҥа диэри сүтэрсибэккэ бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн сылдьабыт. Бэйэм тыа хаһаайыстыбатын араас салайар үлэлэригэр үлэлээн кэллим.

Биһиги Будимирбыт билигин да үлэ үгэнигэр сылдьарыттан киэн туттабыт. Саха сиригэр тарбахха баттанар үчүгэй тренердэр ахсааннарыгар баарыттан уонна билигин даҕаны эдэр уолаттары Олимпиада чыпчаалыгар таһаартыа диэн эрэнэбит. Будимир эдэр сылдьыаҕыттан тренерскэй үлэҕэ талааннааҕа биллэр эбит. Ол курдук айылҕа биэрбит үчүгэй хаачыстыбылара барыта баар. Дьарыктыыр уолаттарын аҥаардас тустуук эрэ курдук буолбакка, олоххо үөрэтэлээбит. Ону туоһулууллар саха норуотун элбэхтэ кыайыыларынан үөрдүбүт уолаттара: Пётр Юмшанов, Леонид Спиридонов уонна да атыттар. Будимир Григорьевич улахан билиилээх тренер буоларыгар улахан оруолу кини тренердэрэ буолбут эбиттэр, кинилэртэн ситимнэнэн тардыһан тренерскэй үлэҕэ талаана арыллан бара турар.

Будимир бастакы тренерэ Ньурба улууһугар улаханнык ытыктанар киһи Николаев Михаил Иванович «Подсечка» буолар. Армияҕа сылдьан сахалар дьээбэлэнэн хапсаҕайга күрэхтэстэхпитинэ, ыйааһыныттан тутулуга суох Будимир булан подсечкалаан охторбута баар буолааччы. Бастакы тренерин оскуолата буолуохтаах.

Иккис тренерэ Иванов Николай Прокопьевич – Саха АСССР үтүөлээх тренерэ, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Ньурба тустуутун оскуолатын аҕата диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Будимир Григорьевич тустуутун мастерствотун уонна тренерскэй үлэҕэ улахан учуутала Дмитрий Петрович Коркин буолар.

Минскэйгэ үөрэнэр сылларыгар тустуу тренердэрэ үс төгүллээх олимпийскай чемпион Александр Медведь уонна Белоруссия Республикатын уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Григорьев Павел Васильевич, Белоруссия үтүөлээх тренерэ Шуриков Виктора Гаврилович буолаллар. Бары да таһымнаах тренердэр эрчийэннэр Будимир Григорьевич тренерскэй үлэтигэр улахан ситиһии кэллэҕэ.

1979 сыллаахха Дмитрий Петрович Коркин туруорсуутунан армияҕа сылдьар саха тустуук уолаттар тустар сылларын сүтэрбэт сыалтан ЗабВО СКА-19 филиала Дьокуускай куоракка арыллар. Онно СКА-19 тренеринэн бу иннигэр Германия доҕордуу армияларыгар тренердээбит Борис Молчанов ананар. Биһиги СКА-19 сулууспалыы сылдьар уолаттар: Аянитов Кеша, Яковлев Будимир, Скрябин Сергей, Дмитриев Сергей, Борисов Борис, Алексеев Гоша, Еремеев Андрей, Иванов Валентин, Попов Володя, Иванов Николай буолан СКА-19 филиалыгар Дмитрий Петрович Коркин оскуолатыгар сулууспабытын салҕаабыппыт. Дмитрий Петрович Будимирга отой атыннык сыһыаннаһар этэ, бэйэтин тэҥнээҕин курдук. Эрдэттэн өтө көрбүт буолуохтаах.

Будимир Григорьевич дьоһун ыал аҕата, тапталлаах кэргэнин Мария Яковлевналыын икки кыыс, биир уол оҕолоохтор, уон биир тапталлаах сиэннээхтэр. Будимир Григорьевичка өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар, дьоллоох-доруобай сырыт диэн алҕаатаҕым буоллун!

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Ахтыыны суруйда

Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, “Спортка уонна физическай культураҕа үтүөлэрин иһин” знак хаһаайына, Ньурба улууһун уонна Ньурба куоратын ытык олохтооҕо.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *