Иванов Валентин Егорович туһунан

ДЭГИТТЭР САЙДЫЫЛААХ ҮТҮӨ КИҺИ

Иванов Валентин Егорович (Быттыын) Ньурба улууһугар чиэппэр күүстээҕинэн биллибит Андайбыттан төрүттээх Андрей Саввич Иванов сиэнэ. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, хапсаҕайга САССР маастара, дзюдоҕа ССРС маастара, самбоҕа Аан дойдутааҕы кылаастаах маастар. Ыарахан ыйааһыҥҥа Саха сирин 5 төгүллээх чемпиона, ветеран маастардарга самбоҕа Аан дойду чемпиона, хапсаҕайга Саха сирин хас да төгүллээх абсолютнай чемпиона. Дзюдоҕа международнай турнирдар кыайыылаахтара.

Кини аҥаардас спортка эрэ ситиһиилээх буолбатах. Ол курдук, 2002 с. Саха сирин доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго көмөтүн иһин Гран-При көмүс бэлиэ хаһаайына буолан турар. 2014 с. “За вклад в развитие вольной борьбы в РС(Я)” знагынан наҕараадаламмыта.

Валентин Маарга, Ленинскэй оройуон Түмүк нэһилиэгэр 1961 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Егор Андреевич, ийэтэ Христина Никифоровна Маар ытык-мааны ыаллара этэ.

Биһиги кэргэмминээн үөрэхпитин бүтэрэн “Марха” совхозка мин кылаабынай ветвраһынан, Людмила Васильевна Түмүк нэһилиэгин кылаабынай бухгалтерынан ананан үлэлээбиппит. Бу кэмтэн Ивановтар дьиэ кэргэни кытта ыкса билсэн, биһигини бэйэлэрин аймахтарын курдук көрөн-истэн олорбуттара. Кыыспытын оскуолаҕа киириэр диэри эһээлээх эбээ курдук көрсүбүттэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн онон Егор Андреевичка уонна Христина Никифоровнаҕа махталбыт муҥура суох улахан.

Бу дьиэ кэргэн оҕолоруттан улахан уол Александр Егорович оскуолаҕа мин эдьиийбинээн Наталья Гавриловналыын (Россия үтүөлээх бырааһа) биир кылааска үөрэммиттэрэ. Бу кылаас туһунан туспа улахан ахтыы буолуон сөп. Александр Егоровичтыын “Марха” совхозка бииргэ үлэлээн ааспыт кэмнэрбитин күндүтүк саныыбын. Былырыыҥҥа диэри тыа хаһаайыстыбатын специалиһынан Түмүк нэһилиэгэр үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин туйгуна, СӨ Бастакы Президенэ М.Е.Николаевтан үлэҕэ ситиһиилэрин иһин анал именной саа хаһаайына.

Уолаттартан 2-с уол Андрей Егорович Иркутскайдааҕы т/х институтун инженер-механик идэтин бүтэрэн, СПТУ преподавателинэн, директорынан үлэлии сылдьыбыта, онтон Дьокуускайга автотехникумҥа преподавателинэн үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Профтехобразование туйгуна, хапсаҕайдьыт, улуус чемпиона.

Үһүс уол Олег Егорович Ньурба куоратыгар биллэр уус, тутааччы этэ. Кини өр сылларга крановщигынан, суоппарынан, тутууга МПМК-612 үлэлээбитэ, билигин пенсионер быһыытынан дьиэтигэр олорор. Таах сыппат, кыралаан ону-маны уһанар, дьоҥҥо тутууга көмөлөһөр.

Олег тапталлаах кэргэнэ Вера Михайловна 1996 сыллаахха Ньурба оройуонугар бэриллэн Ньурбатааҕы БТИ-гэ начальнигынан ананан 33 сыл үлэлээн, Россия бочуоттаах инвентаризатора аатын ылан бочуоттаах сынньалаҥар олорор. Кинилэр оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэринэн дьоллонон ситим, удьуор олох сүүрүгүнүүн устан иһэллэр.

Мин Вера Михайловналыын 1977 сыллаахха Ньурбатааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбиппит. Үөрэнэр кэммитигэр чэпчэки атлетикаҕа оскуолабыт солбуллубат сборнай хамаандатын чилиэннэрэ буолан, араас күрэхтэһиилэргэ оскуолабыт чиэһин көмүскүүр этибит. Отой кыра кылааска үөрэнэрбитигэр мин эдьиийим Миронова Розалия Васильевналаахтыын Вералаах ыаллыы олорбуттара. Кырдьаҕас күтүөтүм Миронов Александр Александрович Ньурба 1-кы оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ, педогогическай наука кандидата, Андрей Саввич төрөппүт уола. Мироновтар кыра кыыстара Людмила Александровна үөрэҕи бүтэриэҕиттэн төрөөбүт Ньурбатын театрыгар артыыһынан үлэлиир. Үлэтэ үрдүктүк сыаналанан үтүөлээх артыыс аатын ылбыта. Кэргэнэ Васильев Максим Иннокентьевич Саха сирин биир аатырбыт тустууга, хапсаҕайдьыта. Ньурба дьоһун ыала буолан олороллор.

Кыра уол Георгий Егорович биһиги Маарга баар кэммитигэр оскуоланы бүтэрэн, Маар кулуубугар худруктуур этэ. Эһиилгитигэр Ленинградка Профсоюзтар үрдүкү оскуолатыгар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн САПИ үп-харчы корпорациятыгар, СӨ Правительствотын уонна Президенин дьаһалтатыгар үлэлээбитэ. Өр кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан, билигин Ил Түмэн аппараатын улуустар бэрэстэбиитэллээх органнарын кытары үлэлиир отдел салайааччытынан тахсыылаахтык үлэлии сылдьар. “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сулууспатын туйгуна. Кэргэнинээн икки уол оҕолоохтор.

Улахан эдьиийдэрэ Наталья Егоровна 1949 с. күн сирин көрбүтэ. Новосибирскайдааҕы советскай кооперативнай атыы-эргиэн институтун 1972 сыллаахха бүтэриэҕиттэн Орджоникидзевскай, Бүлүү оройуоннарыгар, кэлин Ньурбаҕа “Холбос” потребкооперация систематыгар үлэлээбитэ. Наталья Егоровна СӨ өҥөнү оҥоруу эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба оройуонун уонна Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, икки уол ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ этэ.

Иккис кыыс Светлана Егоровна 1952 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини Красноярскай кыраай Ачинскайдааҕы атыы-эргиэн техникумун бүтэрбитэ. Саха сирин Пенсионнай сулууспатын бэтэрээнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кыыстаах, уол оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх.

Үһүс кыыс Маргарита Егоровна 1954 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Иркутскай куоракка норуот хаһаайыстыбатын институтун үп-харчы салаатын бүтэрэн, Өлөөҥҥө үлэлээбитэ. 1990-с сылларга Россия үрдүнэн саамай ыарахан кэмнэр турдахтарына Маргарита Ньурба оройуонун дьаһалтатын үп-харчы отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ мин тыа хаһаайыстыбатыгар, Фёдорова Ольга Николаевна үпкэ-харчыга солбуйааччытынан, кэргэним Людмила Васильевна администрация кылаабынай бухгалтерынан, Артур Васильевич Лазарев ЖКХ управлениетын начальнигынан, кылаабынай архитекторынан Юрий Константинович Николаев, Надежда Гаврильевна Кириллина плановай отдел начальнигынан, эдэр ыччат отделын начальнигынан Поликарпова Галина Станиславовна, земельнэй комитет председателинэн Прокопьев Владимир Михайлович, тутууга баһылык солбуйааччыта Кардашевскай Егор Егорович, Райсовет солбуйааччыта Степанов Евгений Егорович, Евсеев Сергей Иванович Ньурбатааҕы САПИ директора, Семёнов Геннадий Георгиевич Ньурба куоратын администрациятын салайааччыта. Ити саҕана биһиги саҥа 30-тун тахсан эрэр эдэр дьон улууспут аҕа баһылыгын Никифоров Валентин Ивановичтыын биир хамаанда буолан үлэлээбиппит.

Андрей Саввич Иванов оҕолорун-сиэннэрин барыларын хабар кыах суох, бары даҕаны улуу дьон. Кини сиэнэ Валентин туһунан ахтан ааһыам этэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиги элбэх күрэхтэһиилэргэ бииргэ сылдьыбыппыт. Армияҕа ЗабВО СКА-19 спортивнай кулуубугар балтараа сыл эн-мин дэсиһэн бииргэ сулууспалаан, кэлин даҕаны отой сүтэрсибэккэ, бу дойдуттан барыар диэри бииргэ сылдьан кэлбиппит. Миигин эдэр эрдэхпиттэн убай оҥостооччу.

Кыһалҕатын, ситиһиитин кэпсээн ааһара. Армияҕа бастаан РСФСР үтүөлээх тренеригэр Илья Романович Фрунжиевка эрчиллэрбитигэр уһун-хатыҥыр уол этэ. Сулууспалаан бүтэригэр 82-90 киилэҕэ тустар бухатыыр уол оҕото буолан тахсыбыта. Ол кэмҥэ Ньурба тустууга оскуолатын уолаттара Чита спортивнай кулуубун сүүмэрдэммит хамаандатыгар – Егоров Гена, Васильев Василий, Анисимов Будимир, Яковлев Будимир, Алексеев Гоша, Дмитриев Сергей, боксёрдар – Захаров Евгений, Терентьев Володя, Соловьёв Коля буолан наһаа иллээхтик, Ньурба улууһун түһэн биэрбэккэ сулууспалаабыппыт.

Валентинныын армияҕа сылдьан бииргэ эрчиллэр этибит. Мин биир ыйааһын аллараа этим. Хайдах эрэ тэҥнээҕим курдук сананарым. 1988 сыллаахха “Марха” совхозка главнай ветеринардыы сылдьан, Быттыын дьонун кытта Ньукуолуннуу, кус миинэ иһэ ойуурга таҕыстыбыт.

Валентин аҕата Егор Андреевич күлэн: “Дьэ, уолаттар, кыратык хапсаҕайдаһын көрүөххүт буоллаҕа”, – диэн соһутта. Биһиги “боруобалыахха даҕаны” диэн турдубут. Ити кэмҥэ Валентин Саха сирин абсолютнай чемпиона. Мин уруккубун санаан тутуһан көрдүм да, отой уот баҕанатын тардыалыыр тэҥэ. Илиибин биэрэн баран: “Ыларым суох буолбут”, – диэтим. Ити кэмнэртэн республикаҕа кими да тулуппат буолан барбыта, чахчы саха биир күүстээх, дэгиттэр тустууга буолта.

1989 с. Үөдэйгэ управляющайынан олорон, нэһилиэк ыһыаҕын тэрийээри биригэдьиирим Владимир Николаевич Васильевтыын, оройуон милициятын начальнигын Васильев Николай Семёнович “Орудие” уолунаан, былыргы комбикорм куулугар үрэхтэн киирэн гравий кутан “Урал” мотоциклыгар тиэйэбит. Ол сылдьан Иван Самойлович Степанов диэн сэрии бэтэрээнэ, улахан күүстээх кырдьаҕаспыт кэлбитин көрбөккө хаалбыппыт. Күлэн мүчүк гынан баран эттэ: “Аныгы ыччаттар көрүҥҥүт эрэ эбит, былыр биһиги саҕана Андрей Саабыс Үөдэй аҕабыытын кытта бууттаах гиирэнэн Таҥара дьиэтин ампаарын үрдүнэн бырахса оонньообуттара”.

Бу кэпсээни Андрей Саабыс сиэниттэн Егоров Ярослав Петровичтан ыйыталаспыппар “тугу билэрбин сурукка тиһиэм” диэбитэ. Ярослав суруйбут суругун тугу да уларыппакка уонна таһааралларыгар көрдөһөн онтукабын киллэрэбин.

Валентин тастыҥ убайа Ярослав Егоров, Ньурба оройуонун 19 төгүллээх чемпиона.

Ярослав Петрович Егоров Ньурбаҕа биир биллэр тустуук, Ньурба оройуонун 19 төгүллээх чемпиона, биллэр салайааччы, Саха сирин спордун ветерана. Ярослав Петрович эһээбит Андрей Саабыс туһунан ахтыыта:

«Эһэм Өндөрөй Саабыс

Эһэбит, Валентин Иванов чиэппэр күүстээх эһэтэ Андрей Саввич Иванов (1901-1960 c.)

1997 г. Ньурбаҕа Манчаары оонньуулара ыытыллаары турдахтарына, эдьиийим Клавдия Петровна ол кэмҥэ улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьара, биирдэ миэхэ эттэ: «Егор Прокопьевич Фёдоров этэринэн Үөдэйгэ эһэбит Өндөрөй Саабыс көтөхпүт тааһа баар, ону дьон-сэргэ көрүүтүгэр Ньурбаҕа кыаллар буоллаҕына сиэннэр көмөлөөн киллэттэриҥ». Ол саҕана мин Ньурбаҕа пищекомбинатка үлэлиибин. Маарга тахсан кынным киһиттэн тентовай УАЗ-игы уларсан бииргэ төрөөбүт убайбын Александр Петровиһы, бырааттарбын икки таайым уолаттарын Иванов Андрей Егоровиһы, Иванов Сергей Андреевиһы илдьэ Үөдэйгэ бардыбыт.

Биир киһи көтөхпүт тааһын УАЗ-ик уйар уонна түөрт буолан тиэйэр инибит диэн мин бүк эрэллээхпин. Үөдэйгэ Егор Прокопьевич ыйбыт Уйбаан Самуилович диэн кырдьаҕаһын дьиэтигэр тиийдибит.

Кимнээхпитин, туох сорукка кэлбиппитин истэн баран оҕонньор кэпсээнин саҕалаата: “Былыр мин кыра эрдэхпинэ Үөдэйгэ Мисаен диэн аҕабыт олоро сылдьыбыта, ол киһи наһаа кыанар, күүстээх киһи этэ. Боһуут атыыһыт ыалдьыттыы кэллэҕинэ толору сылабаардаах, хотойорунан астаах, үрүүмкэлэргэ толору арыгылаах остуолу поднос курдук көтөҕөн көрсөрө үһү, онно арыгыта дьалкыҥнаан да көрбөтө, тохтубата үһү. Ол остуолун муннугун тарбаҕынан эмти тутар, онтун төттөрү килиэйдээн оҥорор кэбиһэрэ үһү. Биирдэ Боһуут бу «Дорообо» билииккэ чаайы хаһы үлтүрүтэҕин да ону барытын эйиэхэ биэрэбин диэбитигэр, биир илиитин тарбахтарын ыккардыгар түөрт «Дорообо» чаайы кыбытан биир илиитинэн билииккэ чаайы үөһэ быраҕан баран кыбыппыт билииккэлэринэн охсубута бытарыс гынан хаалбыттар. Инньэ гынан биэс билииккэ «Дорообо» чаайы ылбыт.

Биирдэ эмэ иҥэ-бата сатаан баран үс үүттээх бүтэй күрүө баҕанатыттан баҕанатыгар ыстанан сүүрэн тыынын таһаарара үһү. Дьэ ол киһилиин биһиги эһэбит Өндөрөй Саабыс балаҕан үрдүнэн нөҥүө-маҥаа икки бууттаах гиирэнэн бырахсаллара үһү. Ити кэпсээни истэн баран аны ол көтөхпүт таастарын көрө барыахха диэн буолла. Үөдэйтэн чугас биир алааска тиийбиппит улахан, кыра таас бөҕө сытар эбит. Оҕонньорбут саамай улахан тааһы дьэ бу сытар эбит, көтөхпүт тааһа диэн ыйан көрдөрдө. Улаханын аанньа сиргэ батары киирэн сытар, ону мин хайа наһаа улахан дии, уонна орто киһи холугар сөптөөх соҕус тааһы “ити буолбатах дуо” диэбиппэр, кырдьаҕаһым былыргы дьону сэнээмэ диэн сөбүлээбэтэх курдук этэн кэбистэ.

Ол тааһы ыһыахха эбитэ дуу, дьон бөҕө тоҕуоруспут кэмигэр (бука ким эрэ дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр көрүлээн көрдөрүҥ диэбитэ буолуо) көтөҕөн көрдөрбүттэр. Аҕабыт Мисаен курданарыгар диэри көтөҕөн, биир эргиири оҥорон баран оннугар уурбут. Онтон биһиги эһээбит Өндөрөй Саабыс тобугар диэри көтөҕөн баран, эмиэ биир эргиири оҥорбута диэн кырдьаҕаспыт кэпсээтэ. Биһиги сирбитин аһатан, оҕонньорбутун күндүлээн баран биир-биир көтөҕөлөөн көрдүбүт. Онтон төрдүөн көмөлөөн көрдүбүт да, салгын да киллэрбэтибит. Айаҕалыы сатаан төһүүлэнэн көрдүбүт да, туһа суох.

Оҕонньорбутун дьиэтигэр илдьэн биэрдибит. Хата түбэһэ Маар пилорамщиктара роспусктаах «Беларуһунан» лафет аҕалан сүөкүү сылдьалларын көрсөн, көрдөһөн тааһы тиэйэн Маapга илдьэллэригэр сөбүлэһиннэрдибит.

Тырахтарыыс, ыалым Макаров Валерий тааһы көрөн баран “хайа, бу тоҕо улаханай, хайдах маннык улаханы киһи көтөхпүт үһү” диэн соһуйуу бөҕө буолла, “Ярослав киэнэ кэм омуннаах буолан иһэр” диэтэ. Онуоха мин этиэм дуо, ити кырдьаҕас Уйбаан Самуилович көрдөрдө уонна бу сымара таас буолбатах, хайдах эрэ сыбаарка сааҕын курдук, онон чэпчэки буолуо диэтим. Куунун биир муоһугар трос иилэн баран көтөҕөөрү гыммыта кууна хаанньары баран, икки муоһугар иилэн роспуска тиэйдэ. Маарга аҕалан түүннэри сарсын Аканаттан эт тиэйэн ыһыахха киириэхтээх Кушкирин И.Н. тэрилтэтин (лесопункт) ЗИЛ-гар тиэйдибит, суоппары Андросий Афанасьевич уолун Игоры кытта кэпсэтиилээх этим.

Сарсыныгар, Манчаары ыһыаҕын биир күн иннинэ дьиэ кэргэмминээн Ньурбаҕа киирдим. СМУ-га эт тиэйиилээх массыынабын көрөн, тааһы ханна сүөкүүллэрин этээри тохтоттум. Олорсон иһэр Акана уолаттара кузовтан ыстанан түһэн “доо, тааһыҥ кузовпытын алдьатта, дьэ тугунан төлөһөҕүн” диэн ыххайдылар. Таас ханнаный диэн бэйэм өрө бааһан турдум. Тааһы Аканаҕа эбэ кытыытыгар Лабырыантый дьиэтин таһыгар сүөкээтибит диэбиттэригэр “оччо сүөкүү сорунан баран биһиги дьиэбит таһыгар сүөкүөхтээх этигит уонна таһаҕас тиэнэ сылдьан тугу мээнэ көтүтэ сылдьаҕын, бэйэҥ буруйдааххын” диэн суоппары мөхтүм, дьонум «сус» гынан хааллылар.

Ол таас билигин да сытар, көрбүт эрэ барыта ама туох киһитэ көтөхпүт үһүө дэһэллэр. Кырдьыга да наһаа улахан, киһини курданарынан уонна буочука саҕа модьулаах, киһи тутарыгар сатамдьыта суох. Андреев Юрий Степановичка кэпсээбиппэр быанан көтөхпүттэрэ буолуо, былыр быанан баайан көтөҕөр үһүлэр уонна эһэҥ чахчы күүстээх киһи, ону туоһулуур көрбүт дьон бааллар. Ол курдук атын сүкпүтүнэн Нюрбинка үрэҕи туораабытын, куолакалы (хас эрэ бууттаах диэбитэ ээ, умнан кэбиспиппин) көтөхпүтүн, ол көтөҕөрүгэр тирэнэр күүһүттэн этэрбэһэ хайа барбытын, онуоха эһэм “аныгы дьахталлар этэрбэһи сатаан тикпэттэр, хайа бара сылдьар” диэн эбээбин мөҕүттүбүтүн кэпсээбитэ.

Васильев Максим Иннокентьевич мэлдьи кэпсиир: кыра сырыттахпына Онолдьо ыһыаҕар Өндөрөй Саабыс тыла суох уолунаан Иванов Николай Андреевичтыын сылдьалларын көрбүтүм – иккиэн маҕан көстүүмнээх мааны, улахан кыраһыабай дьон түһүлгэҕэ киирбиттэрэ үчүгэйэ бэрдэ, чөккөйдөр ортолоругар көҕөттөр түспүттэрин кэриэтэ этэ диэн. Онно эһэм суоҕар, ханна эрэ барбыт кэмигэр Мөкөөлө Өндөрөй диэн тэтиэнэх киһи, Август диэн тыла суох уолун кытта таайым Ньукуланы мас тардыһыннарбыттар. Иккиэн эт саастыы эбиттэр, мин таайым хоппутугар Мөкөөлө “уолбун хоттуҥ аны миигин кытта тардыс” диэн киирсэн хоппут. Эһэм кэлэн ону истэн кыыһырбыт, “бэйэбин кытта киирсибэккэ сиһин этэ ситэ илик уолбун хотон аат-суол ылаары гыммыт дии”. Ону истэн ол Мөкөөлө атахха биллэрбит, куоппут. Эһэм бэйэтэ хаһан да тустан да, мас тардыһан да көрбөтөх эбит, ол эрээри онно булгу ол Мөкөөлө куоппатаҕа буоллар мас тардыһан кыайыа хааллаҕа.

1942 с. көмүстээх Алдаҥҥа бэдэрээккэ отучча буолан таһаҕас тиэйэн барбыттар. Ол кэмҥэ Онолдьоҕо үс кэриэй олорбуттар, ол дьон эһэбинэн үс хоруопка маак ыыппыттарын үҥсэн тутуллан, дьыалаланан сэттэ сылга хаайыыга түбэһэр.

Хаайыыга Күүстээх Хабыккалыын уонна Акана Торохов Афанасий Гаврильевич аҕата Хабыччалыын мас кэрдиитигэр бииргэ сылдьыбыттар. Тохсус кылааһы тахсан баран оҕонньоттор звеноларыгар оттоспутум, ол онно Хабычча хаайыыттан саҥа кэлэн сылдьар этэ. Биһигини кытта оттоспута, онно оҕонньотторго кэпсиирин истибитим: эһэм Хабыккалыын мас кэрдиитигэр сылдьыбыттар, эһэбит дьон көрбөт сиригэр сыарҕалаах маһы суолга соһон киллэрэн баран Хабыкка “аны эн сос, дьоҥҥо биллибит киһи” диирэ үһү.

Остолобуойга дьон бөҕөнү тоҕо солоон аһылык биэрэр чуолҕаҥҥа урут тиийэн “Хабычча, кэл, аһылыгы ыл” диэн ыҥыран ылаллара диэн кэпсээбитэ. Хаайыыга да сылдьан Хабыккалыын атын омуктарга сүр баттаппакка сылдьыбыттар.

Эһэм Өндөрөй Саабыс туһунан дьонтон истибиппин туох баарынан суруйдум. Өндөрөй Саабыс тыыннааҕар, кэлин эбээтигэр иитиллибит сиэнэ Егоров Ярослав Петрович.

Ыам ыйа 2024 с. Ньурба куората».


Андрей Саабыс бууттаах гиирэнэн ампаар нөҥүө бырахсыбыт буоллаҕына, сиэнэ Быттыын 1980 сыллаахха кууллаах хортуосканан ЗИЛ-130 массыына нөҥүө бырахсан турарын көрбүт дьон баарбыт. Ону сиһилии суруйан көрүүм.

1979 с. Дмитрий Петрович Коркин туруорсуутунан Дьокуускай куоракка СКА-19 филиалын аспыттара. Манна Германияҕа тренердээбит Борис Молчанов командирдаах взвод тэриллибитэ. Онно Чурапчы уонна Ньурба тустуутун оскуолатын уолаттара баар этибит. Ньурбаттан Алексеев Гоша, Яковлев Будимир, Дмитриев Сергей, Иванов Валентин сулууспалаабыппыт.

1980 сыл күһүнүгэр Будимирдыын дембеллэнээри сылдьабыт. Атын уолаттарбытыгар сыл аҥаардыы хаалан эрэр. Спорткомитет биһигини “Хатас” совхозка хортуоска субуотунньугар таһаардылар, аҕыс саллааты. Ити үөһээ ааттаммыт Ньурба уолаттарын таһынан Чурапчыттан ыарахан ыйааһыҥҥа тустар республика биир биллэр тустууктара Сергей Скрябин, Борис Борисов, Андрей Еремеев, Кеша Аянитов таҕыстылар. Биһиги биригээдэни сарсыардаттан хортуоска грузтааһыныгар туруордулар. Киэһээ 6 чааска үлэлээн бүтүөхтээхпит. Куорат тэрилтэлэрэ үлүгэрдээх элбэх киһи үлэлээн бүтэн, хортуоска бааһыната барыта куулунан туолан, Табаҕа бааһыналара килбэйэн тураллар. 6 чааспыт чугаһаан бүтэһик ЗИЛ-130 массыынабытыгар бырахтыбыт. Арай уҥуоргу өттүттэн Скрябин Сергей Валентиҥҥа “хап” диэн баран, кууллаах хортуосканы массыына нөҥүө бырахта. Валентин соһуйан “һок” диэн баран хабан ылан, төттөрү бырахта. Биһиги хата бэрт күрэх саҕаланна диэн ким Валентиҥҥа, ким Сергейгэ ыалдьан хаһыы буоллубут. Ол айманан хаһыы-ыһыы буола турдахпытына Фёдорова Прасковья Павловна, Хатас совхоһун аатырбыт дириэктэрэ, парткомун секретарын (аҥаар илиитэ протез) кытта кэлэн көрөн турар эбиттэр. Онон ким да кыайбакка тохтоон хааллылар. Прасковья Павловна: “Туох сэниэлээх оҕолоргутуй, кимнээххитий?” – диэн кэпсэтэн барда. “Старшай мин, саллааттарбыт, спорткомитет быһаарыытынан субботникка сылдьабыт”, – диэн быһаарыы буолла. Онуоха директорбыт: “Аны түүн -10 кыраадыс буолар. Биһиги грузчиктарбыт чиэппэрин да кыайар кыахтара суох. Саха чулуу уолаттара, көмөлөһүҥ, тугу көрдүүргүтүн биэриэм”, – диэтэ. “Үс чааска биирдэ аһатаҕыт уонна бүтэн барарбытыгар эт уонна хортуоска биэрэҕит”, – диэн туруорустубут. Бүтэн барарбытыгар Прасковья Павловна бэйэтинэн дьаһайан баайтаһын ынах аҥаарын, 20-чэ куул хортуоска биэрэн үөрэн-көтөн заалбытын булбуппут. Быттыын эһээтэ Андрей Саввич бууттаах гиирэнэн ампаар нөҥүө бырахса оонньообут буоллаҕына, кини сиэнэ 50 киилэлээх кууллаах хортуосканы массыына нөҥүө бырахса оонньоон эһэтин кыаҕын хатылаан турар.

Бу кыһын Марха совхозка бииргэ үлэлээбит доҕорум Уйбаан Фёдорович Григорьев (Наһаат Уйбаан) эрийэн: “Валентин спортка ситиһиилэрин ыытыаҥ дуо?” – диэн көрдөстө. Маар саҥа спортивнай залыгар Аан дойду чемпиона Иванов Валентин Егорович аатын биэрэргэ Түмүк нэһилиэгин салалтатыгар боппуруос бэлэмнээн киллэриэхпит диэн үөрдүбүтэ. Маарга Валентин Егорович аатынан зал ааттанара буоллар, эдэр көлүөнэ спортсменнарга улахан төһүү күүс буолуо этэ. Быттыын тустуу эрэ көрүҥэр буолбакка араас көрүҥҥэ барытыгар, холобур шахмакка, дуобакка, спортивнай харбааһыҥҥа, бильярдка араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ миэстэлэстим диэн соһутааччы. Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарга шахмакка Россияҕа эмиэ миэстэлэһэн турардаах.

Валентин аҥаардас спорт эрэ көрүҥэр буолбакка, барытыгар билиилээх, сайдыылаах киһи этэ. Музыкаҕа эмиэ сүрдээҕин, ханнык баҕарар киһини кытта мөккүһүөн сөптөөҕө. Ол курдук, Клавдия уонна Герман Хатылаевтар отой табаарыстара этэ. “Марха” совхоз 50 сыллаах юбилейыгар Клавдия Хатылаеваҕа сакаастаан, кылынан сахалыы бэргэһэ оҥотторон “убайбар бэлэхтиибин” диэн соһутан, үөрдэн турардааҕа. Ол курдук норуот эмчитэ Хорула Өндөрөйү отой табаарыһа этэ. Элбэхтэ алтыһалларын истибитим да, көрбүтүм да. Валентин тапталлаах кэргэнинээн Викториялыын дьоллоохтук олорон, икки уол уонна биир кыыс оҕону иитэн, үөрэттэрэн дьоһун-мааны ыал оҥортоон, оҕолор элбэх сиэни бэлэхтээбиттэрэ. Валентин Егорович, бу күн сириттэн барыар диэри, дьоллоох олоҕу олорон ааспыта.

Валентин эһэтэ.

 

Валентин эбэтэ. 1947 сыллаахха киниэхэ улууска бастакынан Герой-ийэ бочуоттаах аатын иҥэрбиттэрэ.

 

Валентин аҕата.

 

Валентин ийэтэ.

 

Забайкальский военный округ СКА-19.

 

Убайа Ярославтыын.

 

Д.П.Коркин турнирын историятыттан.

 

Николай Тарскай бирииһигэр. Бороҕон, 1990 сыл.

 

 

 

 

Тапталлаах кэргэнэ Викториялыын.

Ахтыыны суруйда

Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, Спортка уонна физическай культураҕа үтүөлэрин иһин знак хаһаайына, Ньурба улууһун, Ньурба куоратын уонна Түмүк нэһилиэгин ытык олохтооҕо.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *