ҮЛЭЛЭЭБИТ СЫЛЛАРЫМ УМНУЛЛУБАТ ТҮГЭННЭРЭ
«Майа» ТВ 30 сыллаах үбүлүөйүн көрсө.
Үлэлээбит сылларым саамай умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэринэн ааттыыбын «Майа» телестудияҕа салайааччынан үлэлээбит кэмнэрбин. Онон быйылгы үбүлүөйдээх сылынан бары үлэлээн, алтыһан ааспыт үлэһиттэрбин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Мин «Майа» телестудиятын редакторынан бастаан 1994 сыл тохсунньу 1 күнүгэр үлэлии киирбитим. Ол сылларга улуус баһылыгынан В.В.Скрябин үлэлиирэ. Маҥнай үлэбин туохтан саҕалыахпын чопчу билбэт курдугум. Биирдэ баһылыгым ыҥыран ылан сүрдээх истиҥник, бэйэтин тэҥнээҕин курдук кэпсэтэн санаабын күүскэ көтөхпүтэ, элбэх сүбэни-аманы биэрбитэ. Ол бастакы кэпсэтиибитигэр төһө да толло санаатарбын уонна ити кэмҥэ үп-харчы кырыымчык да буоллар, үс улахан боппуруоһу туруорсубутум.
Бастакытынан үлэһиттэрим хамнастарын үрдэтии, иккиһинэн саҥа, күүстээх аппаратура, передатчик ылыыта, үсүһүнэн анал массыына сыһыарыллыыта этэ. Бу боппуруостары улууспут салайааччыта Василий Васильевич сыл иһинэн барытын быһаарбыта. Онон үлэлииргэ кыахтар үөскээннэр үлэбит саҥалыы, күүскэ саҕаланан барбыта. Улуу Кыайыы 50 сылын көрсө «Майа» телестудия биэриилэрэ улууска, республикаҕа биллэн-көстөн дьон биһирэбилин ылан аата-суола урдээбитэ, ыыра кэҥээбитэ. 1995 сыл кулун тутар 3 күнүгэр миэхэ «Саха» НКИК анал наҕараадата – Советскай Союз геройа Н.А.Кондаков аатынан бириэмийэ лауреата иҥэриллибитэ. Онтон улуус баһылыгар саҥа быыбар ыытыллан, бу сыл алтынньы ыйыгар саҥа талыллыбыт улуус дьаһалтатын баһылыга Попов А.М. дьаһалынан атын үлэҕэ көһөргө күһэллибитим. Онон үлэбэр ылыммыт саҥа былааннарым барыта тохтообуттара.
Онтон 1998 сыл балаҕан ыйыгар улуус дьаһалтатын баһылыгынан саҥа талыллыбыт Г.М.Артемьев дьаһалынан эмиэ иккистээн «Майа» телестудия кылаабынай редакторынан анаммытым. Баһылыгы кытта сүбэлэһэн, күүстээх үлэ соругун туруоруммуппут. Ол курдук, бастакы сыал-сорук дьон өйүн-санаатын түмүү этэ. Буолан ааспыт быыбардар тыыннара, дойду үрдүнэн үп-харчы тиийбэт буолуута биһиги улууспут олохтоохторугар, чуолаан үлэҕэ-хамнаска харгыстары үөскэтэр сабыдыала улахан этэ.
Дьэ ол инниттэн «Майа» телестудия биэриилэрэ нэдиэлэҕэ үс күн 3-4-түү чаас көстөрө тэриллибитэ. Бастыҥ үлэлээх коллективтары, үлэҕэ ситиһиилээх биирдиилээн дьону, улууска буола турар тэрээһиннэри сырдатар сыаллаах нэдиэлэ ахсын тахсар 30 мүнүүтэлээх сонуннары аспыппыт.

Бу ыарахан үлэҕэ Эмма Павлова, Сардаана Плотникова, Алекдина Соловьева үрдүк таһаарыылаахтык, кыайа тутан үлэлээбиттэрэ. Сорох тыа нэһилиэктэригэр олохтоох телестудия арыйталаан биэриилэрбит, сонуннарбыт улууска киэҥник тарҕанарын ситиспиппит. Сороҕор аппаратурабытын барытын көһөрөн илдьэн, сорох бөһүөлэктэргэ «Майа ТВ» күннэрин тэрийэр этибит. Ол курдук, Суола Моорук нэһилиэгэр Павлов П.М., Федотов А.Д., Өлөчөйгө Билюкин П.Р., Бүтэйдээххэ Родионов К.К., Тиэлигигэ Михайлов Ю.Н., Төҥүлүгэ Скрябин И.И, Сорокин Н.Н., Табаҕаҕа Брызгалов С.П. үтүө суобастаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн биһиэхэ көмөлөспүттэрэ. Бэйэбитигэр ыкса чугаһатан культура управлениетын иһинэн тэриллибит «АВС» видеостудияны бииргэ үлэлэтэр этибит. Салайааччы Эдуард Афанасьев, редактор Антонина Гаврильева, сороҕор студияҕа түүннэри да хаалан туран дьон-сэргэ биһириир биэриилэрин, клиптэрин оҥорон таһаараллара.
Үөрэх управлениетын иһинэн тэриллибит «Чуораанчык» видеостудия нэдиэлэ ахсын анал бэйэтин биэриилэрин таһаарара. Салайааччы Василий Шарин, редактор Евдокия Скрябина күөх экран нөҥүө үөрэҕирии салаатын туһунан элбэҕи сырдаппыттара, үгүс оҕону ииппиттэрэ. Ол сылларга өссө да үлэлии турар «Майа» проводной радиотын редактор Охлопкова Ф.Н. ситиһиилээхтик үлэлэппитэ уонна НВК «Саха» Н.А.Кондаков бириэмийэтин лауреатынан ааттаммыта. Бу сылларга «Майа» ТВ, НВК нөҥүө Аркадий Новиков быстах киинэлэрэ, сценкалара уһуллан, республика дьонун көрүүтүгэр бастаан тарҕаммыттара. Онон «Көөчөөн көрө» мини-театр тэриллиитигэр эмиэ төһүү күүһүнэн буолбуппут. Маны таһынан улуустааҕы культура управлениетын начальнига Спиридонова Т.И., Майатааҕы культура киинин директора Лукина М.Д., «Кыталык» оҕо эстетическэй киинин директора Винокуров В.П., улуустааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Шеломова В.С. буолан бары биир санаанан үлэлиирбит. Онон араас кэнсиэрдэри, улуус тэрээһиннэрин устан, нэдиэлэ ахсын эфиргэ таһааран дьоммутун-сэргэбитин сэргэхситэрбит. «Эркээйи» хаһыат редактордара Смолин Ю.Х., Бочкарева Г.А., Иванов В.А. буолан биир сүбэнэн, санаанан улууспут дьонун олоҕун киэҥник сырдатарбыт. Хаһыакка, радиоҕа, телевидениеҕэ элбэҕи хабары ситиспиппит.

Үлэбит күннэри-түүннэри күөстүү оргуйара. Биир дойдулаахтарбыт санааларын түмэр, үлэҕэ-үөрэххэ угуйар инниттэн анал биэриилэри оҥорон таһаарарбыт. Тыа үлэһит дьонун ситиһиилэрэ, үөрэх, культура, ветераннар, ыччат, спорт эйгэлэрэ киэҥник хабыллан сырдатыллар этилэр. Биһиги биэриилэрбитин көрөр дьон ахсаана өссө элбиирин туһугар саҥаттан-саҥаны толкуйдаан киллэрэрбит. Маннык түгэннэр биир чаҕылхай холобурдарынан ааттыахха сөп: Майаҕа ыытыллыбыт «Манчаары» оонньуулара спартакиаданы стадионтан быһа биэрии (телемост), «Кыталык» оҕо эстетическэй кииниттэн «Майа» телестудиятыгар эмиэ телемост оҥорон ыытыы, Покровскайга буолбут спартакиаданы күн ахсын устан аҕалан, буруолуу сылдьар бөскөйбүт «с-вхс» кассетаны паромунан туораан, айаннаан кэлиитин аахсыбакка, киэһэ аайы бар дьоммутугар көрдөрөр этибит.
Республикаҕа биллэр бастыҥ үлэлээх буоламмыт Мэҥэ-Ханалас, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар ыытыллыбыт «Хотугу сулус» республикатааҕы оҕо куонкуруһун устан «Саха» НКИК ханаалыгар көрдөрбүппүт. Маны таһынан үс өрөгөйдөөх үбүлүөйу көрсө: Улуу Кыайыы 55, Улуус төрүттэммитэ 70, Манчаары Баһылай төрөөбүтэ 195 сылларыгар анаан киэҥ былааннаах үлэлэр ыытыллыбыттара. Ол курдук, «Манчаары Баһылай ыырдарынан» диэн В.М.Абрамов салайааччылаах экспедицияны тэрийэн үлэлэппиппит. Улуус дьаһалтатын сакааһынан «Сахафильм» компанияны кытта тэҥҥэ кыттыһан «Мэҥэлэр Хайа үрдүгэр» документальнай, «Биһиги Сүөдэрбит» диэн художественно-документальнай киинэлэри устан таһаарбыппыт, республикаҕа бастакы «Ырыа ыллаары» видео-караоке диск оҥорон республикаҕа тарҕаппыпыт. Ырыа аранжировкатын Д.Санников, В.Сметанин оҥорбуттара.
Маны таһынан «Мэҥэ-Хаҥалас улууһа 70 сылынан» диэн улуустан төрүттээх ырыаһыттар компакт-дискэлэрэ тахсыбыта. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ үс төгүл аһаҕас эфиринэн алталыы чаастаах телемарафоннары ыытаммыт, улууспут сайдыытыгар диэн хас да мөлүйүөннээх үбү киллэрбиппит. Ону тэҥэ улуус дьаһалтатын коллегиятын мунньаҕар «Майа» телестудия сайдар кэскиллэрин туһунан боппуруос киллэрэммит, 8 пууннаах уураах ыллаттарбыппыт. Олортон биир уурааҕынан, телестудия материалһнай базатын хаҥатар сыалтан, хас биирдии ыалтан 5 солкуобайдаах усунуос хомуйуу буолбута. Төһө да үп-харчы кырыымчыгын иһин улууспут дьаһалтата телестудия сайдарыгар көмөлөһөн, 1999 сыллаахха саҥа массыына, аппаратура ылан биэрбитэ. Телестудия бэйэтэ киллэрбит үбүнэн эбии үлэһиттэри тутара, премия олохтуура, материальнай базатын хаҥатара уонна уу харчынан иккис саҥа массыынаны атыыласпыта.
2000 сыл тохсунньу ыйыттан «Майа» телестудия «Саха» НКИК филиала буолбута. Уонна сыл ахсын республикаҕа улуус телестудияларын ыккардыгар ыытыллар үлэнэн күрэхтэһиигэ биир бастыҥ үлэлээҕинэн ааттаммыта. Сыл түмүгүнэн Мэҥэ-Хаҥаластааҕы биһиги филиалбыт сонуннар сюжеттарын, передачалары ыытыыга республикаҕа куруутун бастакы миэстэни ылара.
Үлэлээн кэлбит сылларбар элбэх үлэһит, талааннаах ыччаты кытта алтыһан кэлбитим. Олор истэригэр уопсай дьыаланы инники күөҥҥэ илдьэ сылдьар талааннаах тэрийээччи, айымньылаах үлэһит, режиссёр Валөрия Семёнова айан таһаарбыт биэриилэринэн: «Тиийиэм кэрэҕэ ырыам ыллыгынан», «Хатыламмат кэрэни айааччы», «Саха Ломоносова», «Ытыырым оннугар ыллыырым», Саҥа дьылы көрсө бырааһынньыктааҕы анал таһаарыы, видеокиинэлэр, «Приколы скрытой камерой», «Интер-игра», быһаччы биэриилэр дьон биһирэбилин ылбыттара. Феврония Охлопкова «Оонньоммотох оруоллар, эстибит эрэллэр», Эмма Павлова «Бриллиантовая свадьба», Дмитрий Санников «Күөх тэтэрээт кэпсээннэрэ», Эдуард Николаев «Сосновка» телесериала, Дмитрий Егоров «Кэһиллибит кэриэс», «Дэҥҥэ төрөөбут булчут», билигин республикаҕа биллэр суруналыыстар Сардаана Плотникова, Алекдина Соловьева, Зоя Герасимова оҥорон таһаарбыт сонуннара улууска эрэ буолбакка, республика күөх экраныгар элбэхтик көстүбүттэрэ.
Дьиэни-уоту умнан, күнүстэри-түүннэри айаҥҥа сылдьыбыт, сылайары билбэт талааннаах оператордар Василий Шарин, Александр Расторгуев, Герман Афанасьев, кылгас кэмҥэ үлэлээн ааспыт Роман Егоров, Михаил Илларионов, инженер Моисей Петров күөх экраҥҥа төһө да көстүбэллэр олус улахан үйэлээх биэриилэри оҥорон ааспыттара. Кинилэр айымньылаах үлэлэринэн бииртэн биир хатыламмат биэриилэр оҥоһуллан тахсыбыттара.
Редактордарым, оператордарым мин санаабын, тугу баҕарарбын тута өйдүү охсон, бэйэлэрин өттүлэриттэн эмиэ эбэн-сабан, тупсаран биэрэн киһи өйүгэр-сүрэҕэр хатанан хаалар биэриилэри оҥорон хаалларбыттара. Суоппардар Виктор Слободчиков, Гаврил Васильев, Александр Лукинов биир да тохтобулу таһаарбакка үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Бухгалтер Наталья Скрыбыкина саҥа тэриллибит тэрилтэ докумуонун сааһылааһыҥҥа, убун ааҕыыга, тэрилтэ барыстаах тахсарыгар төһуу куус буолбута.
Этиэҕи баҕарыллар үлэлээн ааспыт сылларбар улууһум баһылыгар Гөоргий Михайлович Артемьевка – эрэннэрбит тылбын толору чиэстээхтик толорбутум диэн. Ыарахан кэмнэргэ чаҕыйан, толлон турбакка, туора-маары, уҥа-хаҥас түһүспэккэ, дьону үлэҕэ түмүүгэ, көҕүлээһиҥҥэ күүһүм, кыаҕым тиийэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитим. Манна ааттаныллыбыт оччотооҕу «Майа ТВ»-га үлэлээбит үлэһиттэрим, оҕолорум – бары да улуустарын дьиҥнээх патриоттара этилэр! «Биһиги «Майа ТВ-ларбыт» диэн киэн тутта, ааттана куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллара. Чахчыта даҕаны «Майа ТВ-ны» ааттаппыт дьон кинилэр буолаллар!
Дьиҥинэн, оччотооҕу «Майа ТВ»-га олус да талааннаах ыччаттар бары биир кэмҥэ түмсэн, биир сомоҕо буолан улуустарын сайдыытыгар өссө да элбэх саҥаны киллэриэхтэрэ, улуустарын ааттатыахтара хаалбыта. Ону баара саҥа талыллыбыт салалта мөлтөх санаатыттан, сыыһа өйдөбүлүттэн ол түмсүү төннүбэттик ыһыллыбыта. Ол да буоллар улуус дьоно-сэргэтэ билигин даҕаны кинилэр ааттарын умнубакка, ахта-саныы сылдьара элбэҕи этэр.
Хомойуох иһин, кэлин баһылык дуоһунаһыгар талыллан үлэлээбит В.И.Птицын, кини иннигэр-кэннигэр түспүт, салалта дуоһунаһыгар таласпыт сорох дьон сымыйа холуннарыы суруктарынан дьарыктананнар, онтон сылтаан сатаан өйдөспөт буолууттан мин атын үлэҕэ көһөргө күһэллибитим. Саҥа талан ылбыт үлэбэр эмиэ улууһум сайдарыгар санаабын уурбутум. Ол курдук ГУП ТЦТР салайааччыта Александр Борисов мин туруорсуубун өйөөн Майаҕа саҥа сибээс сыаҕын аспыта, саҥа дьиэ тутуллубута. 15 нэһилиэккэ НВК радиотын, телевидениетин көрдөрөр-иһитиннэрэр оборудованиелар үлэҕэ киирбиттэрэ. Кэлин Майа сорох ыалларыгар, Томторго, Россолодаҕа интернет ситимин киллэрии ыытыллыбыта. Бу саҥа сибээс хайысхата олоххо киириитигэр, үөһээ ааттаммыт баһылыктаах ол кэминээҕи улуус салалтата көмөлөспөккө, эмиэ араас үҥсүү суруктарынан дьарыктана олорбута хомолтолоох. Билигин үлэлээн бүтэн, бочуоттаах сынньалаҥҥа олороммун улууһум сайдарыгар бэйэм сүҥкэн кылааппын киллэрсибитим диэн ыраас суобаспынан этинэбин.
«Майа» ТВ кылаабынай редакторынан үлэлээбит кэмнэрбэр сүрдээх талааннаах, бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээх ыччаттары түмэн үлэлэтэ сылдьыбыппынан киэн туттабын. Баҕарабын кинилэргэ кытаанах доруобуйаны, талан ылбыт идэлэригэр үчүгэйдик үлэлээн, ааттара-суоллара үрдүү, ыраата турарыгар.
Дмитрий Аполлонович ЕГОРОВ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин телевидениеҕэ уонна радиоҕа туйгуна, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
2022 с. кулун тутар ый.
(“Ахтыылар”, 2025 с. алтынньы)
