СОПХУОСТАР ТЭРИЛЛИИЛЭРИН ТУҺАТА
Петров Михаил Петрович – Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах кинигэтигэр киирбит үлэ бэтэрээнэ, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын “1981 с. бастыҥ экономиһа” уонна туйгуна, ону таһынан бочуоттаах бэтэрээнэ, Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Кини Ленин аатынан уонна М.Горькай аатынан сопхуостарга, ону таһынан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай экономиһынан олус тахсыылаахтык, үтүө суобастаахтык, үлэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит улахан уопуттаах специалист.
Ааспыт ХХ-с үйэ 60-с сылларыгар Сэбиэскэй Сойууска тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын тэрээһинин уонна салайыытын көдьүүһүн үрдэтэр, бары хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хаачыстыбатын тупсарар инниттэн тосту уларытыылары олохтуур анал дьаһаллар ылыллыбыттара. Бүтүн дойду үрдүнэн уонна Саха сиригэр, ол иһигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 4 бөдөҥсүйбүт сопхуостар, урукку холкуостар оннуларыгар тэриллибиттэрэ быйыл 50 сылын туолла.
“Оройуоҥҥа сопхуостар тэриллиилэрэ тыа сирин олохтоохторугар тугу биэрбитэй?” – диэҥҥэ Михаил Петрович маннык кэпсээтэ.
– Ити үлэни саҕалааччыларынан аҕа көлүөнэ анал идэлээх уонна уопуттаах үлэһиттэрэ этилэр: Никаноров Н.И., Павлов С.Д., Петров М.М., Егоров П.С., Назаров Н.С., Лукин Е.Е., Винокуров М.Н., Дмитриев Е.Е., Яковлев С.Н., Гаврильев Н.П., Протодьяконов Г.М., Осипов Е.Е., Макаров П.Н., Петров С.Е., уо.д.а.
Сопхуоска ис хаһаайыстыбаннай ахсааны олоххо киллэрии саҕаламмыта. Бу үлэни ыытыыга сопхуос отделениеларын салайааччылара, биригэдьиирдэр, звеноводтар, гараас, өрөмүөннүүр мастарыскыай сэбиэдиссэйдэрэ саамай тутаах үлэһиттэр этилэр. Олох-дьаһах иннин диэки баран истэҕин аайы саҥаттан-саҥа көрдөбүллэр туран испиттэрэ. Ону тута олоххо киллэриигэ кэлин үлэҕэ кэлбит эдэр специалистэр ылсан үлэ үөһүгэр умса түспүттэрэ. Ол курдук, үлэ биирдии салааларынан цеховой структураларынан дьаһаныыга киириитэ былаанныыр-экономическэй ааҕыы, суот-учуот үлэлэрэ биир кэлим буолбуттара. Онно салайааччынан 1978-1985 сс. балачча ситиһиилээхтик үлэлээбитим. Бэрт уһун кэмнэргэ кылаабынай буҕаалтырынан Сивцева О.И. үрдүк эппиэтинэстээхтик үлэлээбитин бэлиэтиибин.
Үлэ үгүс салааларыгар экономическэй сулууспаннан ис хаһаайыстыбаннай ахсаан олохтоммута. Бу маннык түгэҥҥэ киһи бииргэ үлэлээбит үгүс-элбэх үлэһиттэрбин хайаан да ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын: ол курдук, управляющайдарынан: Оконешников В.Г., Устинов И.И., Михайлов Д.С., Лукин Е.Е., Тимофеев В.Г., Иванова А.Н.; биригэдьиирдэринэн: Оконешникова Л.К., Новгородова Е.И., Сивцев Д.А., Афанасьев М.И., Скрябин М.П., Афанасьев И.М., Павлов И.Ф., Оконешнков В.П., Назаров Н.С., Трофимов Я.С., Борисов И.И., Сивцев Ф.К., Захарова М.П., Оконешникова Л.П., Гаврильева Е.Р., Александрова И.Н., Захаров Р.М., Захаров М.М., Бурнашева В.К,, Назаров В.Н., Ларионов К.И., Семёнова М.Ф., Афанасьев М.И. уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.
Сопхуос элбэх өрүттээх үлэтин, ордук хото оҕуруот аһын, хортуоппуйу киэҥ далааһыннаахтык ыһыы, көрүү-харайыы, хомуйуу үлэтигэр агрономнар уонна инженердэр үгүс сыралаах үтүмэн элбэх үлэлэри толорбуттара. Олор истэригэр: Васильев С.Е., Скрыбыкин П.П., Стрекаловскай И.И., Сергеева Г.Ф., Егорова Л.Г., Павлов И.Ф., Григорьев Р.Р., Оконешникова Л.К., Оконешникова М.И., Гаврильев И.Г., Никаноров А.П. уо.д.а. Элбэх производственнай объектарын уонна дьон олорор дьиэлэрин тутууга тутуу инженердара, прорабтара, маастардара Егоров Д.В., Лиханов Л.П., Бурнашев П.Е., Жирков В.В., Афанасьев Е.П., Саввин П.П., Михеев Ф.Н. уо.д.а. үгүс сыраларын биэрбиттэрэ.
Киин уһаайбаҕа, отделениеларга элбэх ахсааннах баар техникалары үлэлэтиигэ инженер-механиктар Григорьев В.Д., Сергеев А.П., Павлов А.И., Капитонов В.Е., Егоров В.М., Захаров А.Р., Никифоров И.В., Оконешников В.П., Атласов В.Н., Дьячковская А.П., Скрыбыкин Г.Л., Чемезов Э.И., Чемезова Т.С., Кычкин Р.Н., Капитонов Р.И. уо.д.а көдьүүстээхтик уонна айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Элбэх ахсааннаах улахан хаһаайыстыбаны бүтүннүү отунан, маһынан, таас чоҕунан, уматык уонна тутуу матырыйалларынан, инвентаарынан, комбикорманан онтон да араас көрүҥнэринэн хааччыйыыга үлэлээбиттэрэ: Михайлов С.С., Старостин А.П., Иванов В.С., Яковлев Я.А., Павлов С.Я., Оконешников В.П., Капитонов Г.С., Захаров Н.П., Кычкин Н.М. уо.д.а.
Биһигини бу уустук уонна улахан сыанабыла суох суот-учуот, экономическай үлэҕэ элбэх уопуттаах, сопхуос тутаах үлэһиттэрэ үөрэппиттэрэ уонна салайбыттара: Егоров П.С., Павлов С.Д. – кылаабынай буҕаалтыр, Никаноров Н.И., Петров М.М. – кылаабынай экономистар, Слободчиков М.С. сүөһү иитиитин салаатын ыстаарсай буҕаалтыра. Үтүө сырдык санаанан ахтан ааһабын биһигини кытта тэҥҥэ үлэлэспит экономистэри уонна буҕаалтырдары: Федотов И.И., Афанасьев А.И., Петрова Е.Е., Осипова М.П., Шарина Р.П., Оконешникова К.П., Кириллина М.П., Сивцева С.П., Федорова Г.В., Карпова М.М., Кириллина Е.И., Слободчикова Н.А. уо.д.а.
Улахан махталынан экономическэй үлэҕэ бииргэ кэккэлэһэ, сүбэлэһэ, көмөлөсүһэ үлэлээбит дьоннорбун ахтабын; тыа хаһаайыстыбатын производственнай управлениетын кылаабынай экономиһын Семенов Афанасий Петровиһы, кылаабынай буҕаалтырын Бурцева Зоя Афанасьевнаны, кэлин үлэлээбит кылаабынай экономистары Тарабукин П.П., Варламова Р.С, УСХ-ҕа кылаабынай буҕаалтырынан уһуннук үлэлээбит Федорова Н.Н. Ону таһынан сопхуостарга кылаабынай экономистарынан үлэлээбит Афанасьев А.Н. (Байкалов сопхуос), Григорьев Д.О. (Г.Попов сопхуос), Ильин И.Пр., Сотников Н.Д., (М.Горькай сопхуос) Шарин В.Н., Самотой М.С., Игнатьева М.Е., Спиридонов В.И., Цыпандин Г.И. уо.д.а..
Мэҥэ Хаҥалас райстатыгар, РИВС-ка үлэлээбит биир идэлээхтэрбин: Дмитриева И.С., Назарова В.И., Никифоров М.М., Варламова М.Н., Петрова Р.С., Тарабукина Р.П., Дмитриева М.Н., Афанасьев А.К. уо.д.а. үчүгэйдик махтанан ааһабын.
Ааспыт кэмнэри саныыр буоллахха, киһи үлэлээбит кэмин ахтан-санаан ааһарыгар, кэлин боростуой үлэһит дьон сыанабыл биэрэрэ сүрдээх үчүгэй буолар эбит. Ол курдук, биһиги бэркэ билэр киһибит, өр кэмҥэ колхуоска, онтон сопхуоска биригэдьииринэн үлэлээбит Социалистическай Үлэ Геройа Новгородова Е.И. бэйэтин ахтыытыгар кинигэҕэ маннык суруйбут этэ: “Сопхуос салалтата – директор Захаров М.П., экономистар: Н.И. Никоноров, Петров М.П., специалистэр: агроном С.Е. Васильев, Г.И. Сергеева, механиктар, электриктэр: Н.И. Терентьев, А.Н. Сергеев уо.д.а. олох сайдыытыгар сөп түбэһиннэрэн хас үлэ салааларыгар барытыгар саҥалыы технологияны түргэнник олоххо табатык киллэрэргэ олус кыһамньылаахтык, туох баар кыахтарын туһанан күүскэ үлэлээбиттэрин, салайбыттарын, хас биирдии үлэһиккэ көрдөбүлү кытаанахтык туруорбуттарын түмүгэ буолар”. Мин ол саҕана эдэрчи үлэһит этим, онон аҕа кэллиэгэлэрбин кытта тэҥҥэ ааттаммыппыттан сүрдээҕин үөрэн эгди буолабын. Ол курдук, дьон туһугар үлэлээн сопхуос киэҥ далааһыннаах үлэтигэр-хамнаһыгар бэйэм сэмэй кылааппын киллэрсибит эбиппин.
Итинник туруулаһан көхтөөхтүк үлэлээһин түмүгэр сопхуос үлэтин бары салааларын салайааччыларын кытта быһаччы сибээстэһэр диспетчэрскэй пуун нөҥүө салайыы киирбитэ, сүөһү иитиитин ыарахан үлэлэригэр үүт ыаһына – 58%, ноһуом таһаарыыта – 48%, кыһыҥҥы кэмҥэ ынах сүөһүлэри уулатыыта – 56%; хонуу үлэлэригэр: оту оттооһуҥҥа – 65%, хортуоппуйу көрүү-харайыы, хомуйуу – 100%, оҕуруот аһын үүннэриитэ – 50% механизацияламмыттара.
Оройуон биир саамай улахан сопхуоһун салайыыга Захаров М.П., Антонов П.П., Скрябин В.В., Григорьев В.Д., Сивцев С.В. үлэлээбиттэрэ. Ленин аатынан сопхуос республикаҕа оҕуруот аһын, хортуоппуйу 10%-нын үүннэрэрэ уонна государствоҕа атыылыыра.
“Оройуоҥҥа сопхуостар тэриллиилэрэ тыа сирин олохтоохторугар тугу биэрбитэй?” – диэн ыйытыыга эппиэтэ көстөн турар: дьон-сэргэ олоҕун таһыма биллэрдик уларыйбыта, дьон тиэргэннэригэр аныгылыы тииптээх олорор дьиэлэр, кыбартаалынай хочуолунайдар, араас тимир көлөлөр гараастара, өрөмүөннүүр мастарыскыайдар, анал хайысхалаах ыскылааттар, сылгы-сүөһү тутар күрүөлэрэ-хаһаалара, электроуот тиһиктэрэ, оҥоһүүлаах суоллар-иистэр, кулууптар, оскуолалар, оҕо саадтара, атыы-эргиэн баазалара уо.д.а. судаарыстыба көмөтүнэн тутулланнар бөһүөлэктэр тупсубуттара, эҥин араас саҥа идэлэр баар буолбуттара, элбэх үлэ миэстэтин таһаарбыттара. Үлэтэ суох киһи диэн суоҕа.
Ленин аатынан сопхуос хаһаайыстыбаннай үлэтин сүрүн экономическэй көрдөрүүлэрэ билигин холобур эрэ буолуон сөп.
Тус санааларым уонна этиилэрим манныктар. Бу орто дойдуга кэлэн олорон ааһар кырачаан кэрчик кэмҥэ дьон-сэргэ, оҕо-уруу туһугар үлэлиир-хамсыыр киһи улахан дьоллоох уонна дириҥ өйдөөх киһинэн ааҕыллыан сөп эбит. Ким күннээҕи тус бэйэтин интэриэһин уонна кыһалҕатын ордук инники тутан, ону эрэ чорботон байар-тайар айдааннаах, чугас дьонун, норуотун интэриэһин тумнар киһи тутах өйдөөх, уһуну-киэҥи санаабат, ымсыы, бэтэрээнэн санаалаах дэнэрэ сөп.
Сопхуостар муҥутаан сайдыбыт кэмнэригэр тыа сиригэр дьон бары үлэлээх-хамнастаах этилэр. Ол буолар саамай улахан ситиһии, кыайыы. Ол кэмҥэ үлэһиттэр бары кэллэктиибинэн уопсай дьыала туһа диэн күүһү-уоҕу харыстаабакка үлэлииллэрэ, кыайбаттарга көмөҕө кэлэллэрэ. Билигин баар бааһынай хаһаайыстыбалара үгүстэрэ тус бэйэлэрин интэриэстэригэр эрэ үлэлииллэр. Ол олох дьиҥнээх чахчыта.
Ааҕан көрдөххө, статистика сыыппараларын ырыттахха урут 4 сопхуос тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарбытын, билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, бааһынай хаһаайыстыбалара түөрт гыммыт биирин эрэ оҥороллор. Ол аата 25%, ити олох чахчытын көрдөрүүлэрэ — аҥаардас бурдук ыһыытын, хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэрэн ылыыга.
Өссө биир холобур, урукку бириэмэтээҕи харчынан 300 солкуобайынан син орто сэниэ ыал дьон тэҥинэн иитиллэн олорбуппут. Ол саҕана килиэп сыаната 20 харчы, билигин 37 солкуобай. Ити аата 1850 төгүл ыараабыт. Хамнас ортотунан 300 солкуобай эбит буоллаҕына, билигин пенсионер иитиллэн олорор кээмэйин быһа холоон 15000 солкуобайынан ааҕаллар, оттон тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин орто урукку хамнаһа эмиэ 15000 тыһыынча солкуобай. Ити аата урукку орто хамнастан баара-суоҕа 500 төгүл ыараталлар. Оччоҕуна килиэп сыанатыгар дьүөрэлээтэххэ 1850:500=3,7*15000=55500. Билигин пенсионер эбэтэр 15000 солк. Хамнастаах үлэһит уруккуга тэҥнээтэххэ хамнаһа, пенсията быһа холуйан 55-60 тыһыынча солкуобай буолуон наада этэ. Эбэтэр республикаҕа орто хамнас 54 тыһыынча солкуобайтан таҕыста дииллэригэр, пенсия онно тэҥнэһиэн наада.
Ол да иһин билиҥҥи чиновниктар хамнастарын намыһах эрээккэ турааччылары 40-60 тыһ. солкуобайга, орто эрээккэ турааччылары 70-100 тыһ. солкуобайга, онтон үрдүкү эрээккэ турааччылары 150-200-300 тыһ. солкуобайга тиэртэхтэрэ. Ону таһынан, олус дьадаҥыларын иһин чиновниктарга 3-7-ҕэ дылы төгүл ыйдааҕы акылааттарынан биир бириэмэлээх харчынан көмо оҥороллор, олус тиритэн-хорутан үлэлээтэхтэринэ хас да ыйдаах хамнастарынан эбии төлөбүр биэрэллэр.
Дьэ ол аата дьиҥнээх капитализмҥа киирбиппит. Дьон итини, ордук үрдүку салалтаҕа турар үлэһиттэрбит, дьон-сэргэ туһугар олох кыһамматтарын курдук тахсарын сөҕөллөр.
Михаил Петрович кэпсээнэ итинник. Урут тыа хаһаайыстыбата сопхуостар тэриллэннэр хайдах курдук үрдүк тэрээһиннээхтик, сылтан сыл аайы үлэ-хамнас таһыма үрдүү турарын туһугар үлэлээбиттэрин дьон бу ахтыыттан ааҕан билиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Михаил Михайлович НИКИФОРОВ.
2019 с. кулун тутар ый.
