СҮРЭХПИТИГЭР ИЛДЬЭ СЫЛДЬАБЫТ
Андрей Николаевич Анисимов туһунан маҥнайгы өйдөбүлүм 1958 сыллаахха үөскээбитэ. Таптыыр аҕам Ньукулай ити сыл олохтон соһуччу туораабыта…
Үөрэх аһыллыан аҕай иннинэ биир үтүө күн эһэм Охонооһой тэлиэгэлээх ат булан кэһиилэнэн-таймаланан аймахтарбытыгар Анисимовтарга ийэм, эһэм уонна мин буолан күүлэйдии бардыбыт. Кинилэр Улуу сайылыкка олороллоро. Суолу быһа эһэм уруккуну-хойуккуну кэпсээн тиийэн кэлбиппитин билбэккэ да хааллыбыт. Эдьиий Сүөкүлэ: “Оо, кырдьаҕас, күндү күтүөт кэллэ”, – диэн эҕэрдэлии көрүстэ. Дьиэҕэ киирдибит. Эдьиий Дуунньа, Балбаара (Андрей Николаевич ийэтэ) бааллар. Сэһэн-сэппэн ыраатта, кэһии хостонно. Ас-үөл астааһын түбүгэ буолла.
Мин оччолорго уон биир саастаахпын. Ийэм Өндөрөйү сураста. Кини Бүтэйдээх орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананан оскуолатын көрө-истэ “тимир атынан” барбыт этэ. Ийэм эдьиийдэрбин кытта кэпсэтэн, эдьиий Таня кинилэргэ олорон үөрэнэр буолла (8-с кылааска). Ас-үөл буһан, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ бэрт минньигэстик аһаатыбыт. Төннөрбүтүгэр эдьиий Сүөкүлэ кэһиилээн ыытта. Астына-дуоһуйа сынньанан дьиэбитигэр кэллибит.
Сыл – хонук. Андрей Николаевич биһиги ыалга элбэхтик сылдьара, хоноро.

Убайыныын, биһигини атахпытыгар туруорбут күндү киһибитиниин Николай Семеновичтыын доҕордуу этилэр. Бэйэ-бэйэлэрин наһаа истиҥник санаһаллара. Убайбар аптамаат саа суруктаан-бичиктээн бэлэхтээбитэ. Ийэбиниин Гликериялыын сэһэннэрэ-сэппэннэрэ хаһан да бүппэт буолара. Ийэм табахсыт этэ. Иркутскайтан наһаа сиэдэрэй ойуулаах хамса аҕалан бэлэхтээбитэ. Ийэм ол хамсатын “харах харатын” курдук харыстыыра… Биһиэхэ оҕолорго: Таняҕа, Груняҕа, миэхэ, балтыбар Раяҕа өрүү кэһиилээх сылдьара. Оҕолору куттарын тутар ураты киһи этэ…
Табаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Бүтэйдээх орто оскуолатыгар үөрэнэ барбытым. Интернат аһыллыар диэри Анисимовтарга олорон үөрэммитим. Элбэх дьиэ кэргэн этибит. Аймахтара Дария Павлова, Маня Местникова уонна мин. Өссө Суолаттан Окороков Вася олорбута. Бары иллээх, эйэлээх күө-бааччы олорбуппут. Эдьиийбит Дуунньа минньигэстик астаан-үөллээн итиччэ элбэх киһини аһатара, биһиги илии-атах буоларбыт. Интернат аһыллан Вася биһикки онно барбыппыт. Өрөбүллэргэ кэлэ турарбыт дьоммутугар. Эдьиий Дуунньа Саҥа дьылга “сиидэс баалыгар” наһаа үчүгэй былааччыйа тигэн биэрбитэ. Оскуоланы бүтэрэргэ маҥан таҥас атыылаһан аҕалбытым. Солото суох буолан тикпэтэҕэ. Кыыһа Женя маҥан былааччыйатын уларсыбыта. Миэхэ сөрү-сөп этэ. Астыммытым аҕай.
Таарыйа ахтан аастахха, эдьиийим Женя онус кылааһы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Бу былааччыйаны кэппитим элбэххэ эбээһинэстиир курдуга. Ситии-хотуу аттестатын ылан, ким үөрэххэ, ким үлэҕэ үрүө-тараа тарҕаспыппыт…
Миигин култуура отдела путевка биэрэн Cыымах кулуубугар ыыппыта. Табаҕа отделениетын управляющайа Константин Семенович Петров барыбытын тутан ылан миигин, Керемясова Настяны, Маркова Светаны, Негнюрова Зинаны “Араҥас” ыччат комсомольскай пиэрмэтигэр ыанньыксытынан ыыппыта. Мин ынах хайа өттүттэн олорон ыанарын да билбэт киһи, кыһалҕа начаас үөрэппитэ. Биир сыл ыанньыксыттаан турабын. Ийэбит түөрт ынаҕы тутар этэ да, ынах ыаппат этэ. Хара үлэтигэр үлэлиир этим. Саах күрдьэн, балбаах оҥорон эҥин… Андрей Николаевич хайҕаабыта: “Хата олоххо уопутуруоҥ, үлэни сыаналыаҥ, производствоҕа туһаны аҕалыаҥ”, – диэн. Ити туһунан суруйдахха, төһөнү баҕарар суруйуохха сөп. Тохтуохха.
Табаҕаҕа кэллэҕинэ, холкуоска бэрэссэдээтэллии да сылдьан, Районоҕа сэбиэдиссэйдии да олорон, Минпросска бэрэбиэркэлии да таҕыстаҕына, хайаан да хонон ааһара. Хайдах олорбутум, үөрэнэрбитин билсэрэ, сүбэ-соргу биэрэрэ. Кэлэ-бара сылдьан биһигини үөрэхтээх, үчүгэй дьон буоларбытыгар кыра эрдэхпититтэн ис сүрэҕиттэн такайбыта. Бары олохпутун оҥостон, ыал да буолбуппутун кэннэ сибээһин быспакка, хоно-өрүү кэлэрэ. Биһиэхэ күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолара. Үөрэр-көтөр, хомойор-санньыйар да күммүтүгэр мэлдьи аттыбытыгар баар буолара. Егор Петрович-Эрчимэҥҥэ кэргэн тахсыбытым да кэннэ, ааммытын отой саппат этэ. Манна биир хоһу босхолоон биэрэн, онно кэлэн холкутук олорон учебникка үлэлиирэ, ааҕара. Сотору-сотору командировкаҕа хоту-соҕуруу барара. Кэллэҕинэ кус-хаас, балык кэһиилээх кэлэрэ.
Поэзия хонуутугар үктэммиппэр ис-иһиттэн үөрэн, алгыстаах айаны баҕарбыта. Егор Петровичтыын доҕордуу этилэр. Кэпсэтэллэрин киһи истэн олорон кэрэхсиирэ. Билэллэрэ-көрөллөрө элбэҕэ. Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн сырдыкка-кэрэҕэ угуйара. Тэҥҥэ дуобаттаан, саахыматтаан, таайбараҥ таайан. Олоҕум суолугар саха саамай-саамай кэрэ киһитин, үрдүк культуралаах, чаҕылхай талааннаах, олоххо киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһини кытта аймах-хаан тардыспыппыттан астынабын, киэн туттабын. Үтүө киһи аата өлбөөдүйбэт.
Харыстаана Николаевна КАРДАШЕВСКАЯ.
2023 с.
(“Ахтыылар”, 2025 с. алтынньы)
