Д.П.КОРКИН ИИТИЛЛЭЭЧЧИТЭ НИКОЛАЙ ЯКОВЛЕВ
Көҥүл тустууга, самбоҕа уонна классическай тустууга СССР спордун маастарыгар кандидат, Саха сирин спордун ветерана, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, “Степан Васильев” аатынан совхоз бочуоттаах ветерана Яковлев Николай Егорович аатыгар кулун тутар 2-3 күннэригэр көҥүл тустууга оҕолорго, улахан дьоҥҥо хапсаҕайга Ньурба улууһун аһаҕас турнира Маалыкайга буоларын истэн олус үөрдүм уонна Николай Яковлев туһунан тугу билэрбин сырдатыахпын баҕардым.
Яковлев Николай Егорович 1950 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр Ньурба оройуонун Бордоҥ нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.
Оҕо сылдьыаҕыттан илиитигэр-атаҕар дэгиттэр сэниэлээх уол Маалыкай сэлиэнньэтигэр ханнык спортивнай секция баар да, онно барытыгар дьарыктанан барар.
1962 сыллахха Маалыкайга Бүлүү педучилищетын бүтэрэн Василий Николаевич Кузнецов кэлэн, тустуу бастакы приёмнарын Маалыкай ыччаттарыгар үөрэтэн барар. Элбэх Бордоҥ нэһилиэгиттэн тахсыбыт тустууктар бастакы тренердэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Ити сылларга Кузнецов В.Н. Дмитрий Петрович Коркинныын кэпсэтэн Маалыкайтан элбэх талааннаах оҕолору Чурапчытааҕы оҕо-спортивнай интернээт оскуолатыгар ыыталыыр:
- Михайлов Виталий Спиридонович;
- Андреев Юрий Степанович;
- Тыасытов Владимир Григорьевич;
- Ефремов Василий Егорович;
- Ушканов Дмитрий Спиридонович;
- Григорьев Савва Николаевич (Күүстээх Сааба);
- Григорьев Иннокентий Николаевич (Нюрбин Киэсэ);
- Семянов Степан Николаевич;
- Федоров Алексей;
- Яковлев Николай Егорович (Колчак) – Чурапчы интернат-оскуолатыгар биллибит аата «Фигура Коля», оҕолортон ураты спортивнай көрүҥнээх этэ.
Коля Яковлев, Савва Григорьев, Кеша Григорьев интэринээккэ үөрэнэ сылдьан Коркин Дмитрий Петровичка “Маалыкайга Юрий Андреев диэн үчүгэй тустуук оҕо баар” диэн кэпсээбиттэр. Дмитрий Коркин Юрийы күрэхтэһиигэ көрөн Чурапчыга ыҥырар.
Онон бу уолаттар Коркин оскуолатын ааһаллар, олор истэригэр бүгүҥҥү геройбут Яковлев Николай Егорович (Коля Колчак). Чурапчы интернат-оскуолатын 1970 сыллаахха бүтэрэр, 10 кылааска үөрэнэ сылдьан Бүлүү зонатыгар Н.Н.Тарскай бирииһигэр чемпион аатын ылан финалга кыттар быраабы ылар. Н.Н.Тарскай бирииһигэр 68 киилэҕэ 3 миэстэни ылан ССРС спордун маастарыгар кандидатын толорор. Ити сыл Саха сирин Спартакиадатыгар бастакы миэстэни ылар. Хапсаҕайга оройуонугар уонна Бүлүү зонатыгар тэҥнээҕин булбат. Көҥүл тустууга Ньурба оройуонун аһаҕас чемпионатыгар бастаан чемпионскай лента кэтэр.
1971 сыллаахха Советскай Армияҕа ыҥырыллан сулууспалыы барар, биир дойдулааҕа Виктор Дмитриевтыын биир чааска түбэһэн сулууспалыыллар. Виктор Серафимович Дмитриевы Ньурба улууһугар билбэт киһи суоҕа буолуо. ХХ үйэ рекордсмен отчута, Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ньурба улууһун ытык олохтооҕо, Аржаков аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата.
Николай войсковой чааһыгар сулууспалыы сырыттаҕына, эрдэ спорт ротаҕа кэлбит табаарыстара Кудрявцев Игорь (ыарахан ыйааһыҥҥа Саха сирин аатырбыт тустууга), Окоёмов Семён (аатырбыт судьуйа, тренер) уонна биһиги биир дойдулаахпыт Ньурбаттан бастакы спорт миниистирэ Виктор Ноговицын Илья Романович Фрунджиевка киирэннэр СКА-19 ЗабВО-ҕа ыҥыттаран ылаллар. Түгэнинэн туһанан эттэххэ, элбэх көлүөнэ тустууктар РСФСР үтүөлээх тренерэ Фрунджиев Илья Романовичка сулууспалаабыппыт, эрчиллибиппит.
Николай спорт ротаҕа сулууспалыыр кэмигэр самбоҕа уонна классическай тустууга ССРС спордун маастарыгар кандидат норматын толорор, көҥүл тустууга ЗабВО чемпионунан, Чита уобалаһын призёрынан, ССРС геройа Ретчинов бирииһигэр Читаҕа 3 миэстэ буолар.
Дальнай Востокка буряттар курдаһан тустууларыгар 3 бочуоттаах миэстэ буолар. Армия кэмигэр травмаланан, улахан күрэхтэһиилэргэ кыттыбат. Сылгыһыт ыарахан үлэтин талан, билиҥҥэ диэри ат үрдүгэр сылдьар.
Мин Ньукулайдыын бастакы билсиибит Ньурба оройуонугар тустуу сайдыбыта 20 сылыгар, Ленинскэй оройуон аһаҕас чемпионатыгар 1978 сыллаахха биир ыйааһыҥҥа тустубут дьоллоохпун уонна ол сылтан баччааҥҥа диэри сүтэрсибэккэ эн-мин дэһэ сылдьарбыттан үөрэбин. Убай курдук саныыбын.
Ити сыл биһиги көлүөнэ тустууктар саҥа оҕолортон эдэр уолаттарга тустар кэммит кэлбитэ. Эрчиллэргэ, дьарыктанарга усулуобуйа баар буолбута. ДЮСШ ньиргиччи, тахсыылаахтык үлэлии турар кэмэ. Директорынан А.Е.Мостахов, завуч А.А.Амбросьев, кылаабынай тренер Н.П.Иванов (Ньурбалар тустууга паапабыт диэччибит), тренердэр Бойнов С.А., Горбатов В.И, Васильев В.М., Тыасытов В.Г., Амбросьев Я.А., Бурцев П.И., завхоз Дмитриев С.Г..
Бу оройуон аһаҕас чемпионатыгар элбэх республика күүстээх маастардара кыттыбыттара. Өйдөөн хаалбыппыттан Бүлүүттэн Алексеев Н.Н., Орджоникидзевскай оройуонтан Заморщиков Степан, Үөһээ Бүлүүттэн Семёнов Валерий курдук күүстээх маастардар кэлэн тустууну киэргэппиттэрэ.
Николай Яковлев бу күрэхтэһиигэ тэҥ киирсиигэ Валерий Семёновка баалынан хотторон иккис миэстэ буолбута. Мин Семёнов Валерийга очконан хотторон баран, Яковлев Коляҕа биир очконан хотторон бастакы улахан дьоҥҥо сүрэхтэниибэр төрдүс миэстэ буолан, улахан маастардары кытта тэҥҥэ тустан бастаабыт киһи курдук үөрбүтүм.
Кулууп көрүдүөрүгэр тахсыбыппар журналист, атах оонньуутугар Саха сирин маастара, сэрии ветерана Васильев Василий Иванович (Тураах Баһылай) уонна хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, кылааһынньыгым Кириллин Вова (Боһооппуй) аҕата Кириллин Николай Иннокентьевич буоланнар эҕэрдэлээтилэр. «Убайгын Колчак Коляны ыксата сырыттыҥ», – диэбиттэрэ. Ити кэмтэн Николай Егоровиһы убай диэн ыҥырабын. Ол күрэхтэһиигэ биһиги көлүөнэ тустууктар Николаев Аркадий, Егоров Гена, Баттахов Павел, Бурцев Петя, Корякин Саша, Михайлов Виктор, Васильев Руслан, Попов Саша, Мухоплёв Юра уонна да атыттар маастардарга, тустууктар тылларынан эттэххэ, “бой” биэрэр кэммит кэлбитэ. Додохов Саша Украинаҕа, Павлов Петя Москваҕа, Алексеев Гоша Чурапчыга, Егоров Кеша Белоруссияҕа үөрэнэ сылдьар буоланнар ити күрэхтэһиигэ кыттыбатахтара.
Николай Егоровичтыын тустуу туһунан кэпсэттэхпитинэ, урукку курдук оройуон күрэхтэһиитигэр биирдии ыйааһыҥҥа 40 бөҕөс кыттара буоллар тустуубут тахсыа этэ дуо диибит.
Биирдэ Дьокуускайга Саха Республикатын үтүөлээх тренерин, Ньурба улууһун уонна Бордоҥ нэһилиэгин ытык олохтооҕун, Саха Республикатын спордун ветеранын Василий Афанасьевич Тыасытовы эрчийэр оҕолорун республика күрэхтэһиитигэр аҕала сырыттаҕына көрсөн кэпсэттим уонна Николай Егорович Яковлев төрдүн-ууһун туоһуласпыппар кэпсээбитин, бу ахтыыбар тиһэн көрүөм. Сыыһа-халты баар буоллаҕына бырастыы гынаарыҥ.
Ньукулай аҕата Саввинов Василий Егорович Бордоҥ нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Бэйэтин лаппа кыанар киһи эбит. Тустар да, атах да оонньуур. Василий Егорович уолаттара, сиэннэрэ биллэр спортсменнар.
Уйбаан Саввинов ССРС спордун боксаҕа маастара. Оҕо сылдьан Маалыкай тустууга сборнайа буолан оройуон күрэхтэһиитигэр киирэн миэстэлэһэн тахсааччы, аныгыска нэдиэлэтигэр боксаҕа бастаан аатырааччы. Ньурбаҕа боксаҕа биирдэ да хотторботох буолуохтаах. СГУ-га үөрэнэр сылларыгар факультетын туһатыгар көмүскээн тустааччы.
Федот Фёдоров тустуук, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Ленинскэй оройуон элбэх төгүллээх чемпиона уонна призёра. Федот уола Владимир Фёдоров ньурбалар киэн туттар спортсмеммыт – хапсаҕайга, атах оонньуутугар уонна национальнай многоборьеҕа Саха Республикатын маастара.
Ийэтин өттүттэн таайа Владимир Ефремов хапсаҕайга Саха сирин үс төгүллээх абсолютнай чемпиона. Сахалартан боксаҕа бастакы Аан дойдутааҕы кылаастаах маастар Виктор Николаевич Ефремов сиэн быраата. Ол да иһин Яковлев Ньукулай төрүкү күүстээх, кытыгырас аймахтардаах буолан күүстээх тустуук буолбут эбит. Ииппит ийэтэ Елена Андреевна Иванова.
Ииппит ийэтэ педагогическай үлэ ветерана Е.А.Иванова, 1917 сыллаахха төрөөбүт. Дьахтар хамсааһынын активнай чилиэнэ, Ньурба Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Шахматистка, 80 сааһыгар диэри күрэхтэспитэ.
Николай Егорович дьоһун ыал аҕата, уоллаах кыыс оҕолордоох, элбэх сиэннээх. Кэргэнэ Светлана Васильевна 43 сыл педагогическай стажтаах үлэ ветерана, Саха сирин үөрэҕэриитин туйгуна, учууталлар учууталлара, «За вклад в социальное развитие РС(Я)» бэлиэлэр хаһаайыннара. Дьоллоох дьиэ кэргэн маанылаах хаһаайката.
Николай Егоровичка дьоллоох олоҕу, кытаанах доруобуйаны баҕаран туран, эн ааккар ыытыллар күрэхтэһииҥ өссө да буоллун, спортсменнарга ким эрчиллиилээх, ким кыахтаах кыайдын. Күрэхтэһии тэрийэччилэригэр, улуус баһылыгар А.М.Иннокентьевка, Саха сирин үтүөлээх тренеригэр В.А.Тыасытовка, Бордоҥ нэһилиэгин баһылыгар П.Ю.Степановка, Спорткомитет председателигэр Р.А.Алексеевка махтал буоллун!
ЗабВО СКА-19.

Д.П.Коркиҥҥа эрчиллии түгэннэрэ.










Денис Горохов, Леонид Спиридонов, Николай Яковлев.


Кэргэниинээн С.В.Макаровалыын – СР Үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СР Социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин Бэлиэ хаһаайына.
Саха сирин хапсаҕайга үс төгүллээх абсолютнай чемпиона, аатырбыт хапсаҕайдьыт, таайа В.Н.Ефремов (Күүстээх Болуодьа) уонна саҥаһа М.В.Ефремова.
Николай быраата Фёдоров Фёдор Васильевич сиэнинээн.
Фёдор Васильевич уола Владимир Фёдоров куоракка туста сылдьар. Спорду таптааччылар, Дыгын оонньууларын сэргээччилэр кинини үчүгэйдик билэллэр.
Кылааһынньыктар.





Уола Макаров Василий Егорович, ГАИ үлэһитэ. Кийиит Мария Альбертовна офтальмолог-врач, медицинскэй наука кандидата.
Балта Ксения дьиэ кэргэнинээн.






Ахтыыны суруйда Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ,
Саха сирин үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Ньурба улууһун уонна куоратын ытык олохтооҕо, Саха Республикатын спордун ветерана, Ньурба улууһун хапсаҕайга 2 төгүллээх абсолютнай чемпиона, Маалыкай Боксатын федерациятын бочуоттаах председателэ.
2025 сыл, олунньу ый.









Уола Макаров Василий Егорович, ГАИ үлэһитэ. Кийиит Мария Альбертовна офтальмолог-врач, медицинскэй наука кандидата.