КИНИ ТАҤАРАТА – ҮЛЭ
Таайбын Пётр Кириллович Кисиляховы Үөһээ Бүлүү улууһугар билбэтэх, истибэтэх аҕам уонна орто саастаах киһи суоҕа буолуо. Кини үтүө-мааны майгытынан, көнө сүнньүнэн, ылсыбыт үлэтин тиһэҕэр тиэрдэринэн, таһаарыылаах үлэтинэн дьон-сэргэ билиниитин уонна сэргээһинин ылбыта.

Бүөтүр 1931 сыл сайыныгар Кирилл Данилович уонна эдьиийим Анна Даниловна (Титова) Кисиляховтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ Аана Киһилээх сириттэн дьоно олорор сиригэр Кыбытыы күөлүгэр үс көс сири сатыы кэлэн оҕоломмута. Онон эбэбит Варвара Игнатьевна Чагылысова бастакы сиэнин Бүөтүрү көтөхпүтэ.
Аана дьонугар аҕыйах хоноот, Кирилэтэ кэлбитигэр оҕолорун көтөхпүтүнэн дьиэлэригэр төттөрү барбыттара. Аана оҕолонор кэмигэр Кирилэтэ сүөһүтүн, дьиэтин көрөн Киһилээҕэр олорбута. Киһилээх, Толуон 1959 сылга диэри Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөх сирдэрэ этилэр, билигин Сургуулук нэһилиэгин сыһыарыллыбыттара. Бүөтүр оҕо сааһа ийэ айылҕа ортотугар ааспыта. Оччолорго уол оҕо бэрт кыра сааһыттан дьонун батыһа сылдьан бултуурга, балыктыырга үөрэнэрэ.
Аҕата Кирилэ 1942 сыл сайыныгар сэриигэ ыҥырыллан Арҕаа фроҥҥа барбыта. 1944 сыл сааһыгар хаардаахха Кирилэ хаҥас илиитин бэгэччэгэр улахан бааһырыылаах, кыайан туттубат киһи эргиллэн кэлбитэ. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ эһэбит Данил Титович Титов кыыһын Аананы үс кыра оҕотун кытта Көтөрдөөххө көһөрөн аҕалбыта, Аана Көтөрдөөх оскуолатыгар остуорастаабыта.
Эһэбит Тайыла оҕонньор сэриигэ барбыт икки уолун уонна икки күтүөтүн дьиэ кэргэттэрин уонча кыра оҕону бэйэтин таһыгар илдьэ олорон, кыргыттарын Аананы, мин ийэбин Өрүүнэни кытта бултаан, балыктаан, колхозка үлэлээн, сүөһүлэрин тутан олорон сэрии кыһарҕаннаах аас-туор сылларын этэҥҥэ туораабыттара.
Бүөтүр сэрии сылларыгар таайын Баһылай Титовы кытта Көтөрдөөх начальнай оскуолатыгар үөрэммитэ. Сайыҥҥы булчут буолан моҕотойдоон уонна күтэрдээн түөрт сүүстэн тахса кэрбээччини өлөрөн, тириилэрин лааппыга туттаран Үөһээ Бүлүү оройуонугар оскуола оҕолоругар иккис миэстэ буолбута, бастакы миэстэни Сургуулуктан Уйбаан Ксенофонтов ылбыта. Бу туһунан оройуон хаһыатыгар сэрии сылларыгар суруллан турар. Күһүнүгэр таайын кытта үөрэхтэрин быраҕан, аҕатын Кирилэни батыһан Түүкээн, Түҥ бастарыгар, Ээйиккэ тиийэ тыалаһа тахсыбыттара. Илиитинэн кыайан туттубат Кирилэҕэ уолаттар балаакка туруоран, мастаан, аттарын көрөн уонна тииҥнээн көмөлөһөллөрө. Кэлиҥҥи сылларга түөрт сыл табанан сылдьан тыалаабыттара. Онон Баһылайдаах Бүөтүр салгыы үөрэммэтэхтэрэ, түөрт кылааһынан бүппүттэрэ. Биир кыһын таба да, киһи да кыайан оймообот халын хаара түһэн, онуоха эбии тииҥ кыайан олорботох сыла буолан Түҥ өрүс төбөтүгэр быстара сыспыттара. Уолаттар сыралара-сылбалара эстэн ыксаан дойдубутугар төннөбүт диэн турбуттарыгар, Кирилэ уолаттарын тылларын истэн төннөр аатыгар барбыттар.
Бүөтүр сайын колхозка араас үлэҕэ үлэлээн, кыһыныгар кадровай булчуттаан үлэни-хамнаһы кыайар-хотор буолан барбыта. 1949 сыллаахха Көтөрдөөххө “Киров” колхозка экспедицияны кытта дуогабардаһан Хабырылла Долгуновы (Туллаахап) кытта Бүөтүр табаһытынан саас хаар хайдыаҕыттан күһүн хаар түһүөр диэри Ньурба сиригэр Накыын үрэҕи уһаты-туора сыыйбыттара, геологтар таһаҕастарын, шурфа хаһан ылбыт боруода таастарын табаларынан биир сиргэ таспыттара. Ыкса күһүн уонтан тахса ПО-2 самолет үрэх таастаах биэрэгэр түһэн Бүөтүрдээх Хабырылла сайыны быһа таспыт боруоба таастарын Ньурбаҕа хастыыта да кырынан күнү быһа таспыттара, бүтэһик сырыыларыгар геологтары барыларын ылан көппүттэрэ.
Бүөтүрдээх хонон баран дойдуларын туһаайыытын тутуспуттара, Түүкээн үрэҕэ туран эрдэҕинэ кыл-мүччү туораабыттара, биир да таба сүтүгэ суох колхозтарын сорудаҕын толорбуттара. Онон Бүөтүр Ньурба сиригэр Накыыҥҥа алмаас таас аһыллыытыгар биир сайын үлэлээбит үтүөлээх.
Көнө, чиэһинэй комсомолец уолу Көтөрдөөххө Боотулуу сельпота лааппыга атыыһытынан анаабыта, түөрт сыл бэрт үчүгэйдик үлэлээбитэ. Онтон Советскай Армия кэккэтигэр эҥкилэ суох үс сыл толору сулууспалаан кэлбитэ.
Дойдутугар кэлэн Намҥа МТС-ка 4 ыйдаах улахан трактордары үлэлэтэр куурус аһыллыбытыгар үөрэнэн, III кылаастаах тракторист идэтин ылан 1959 сылтан Намҥа МТС-ка С-80 тракторга үлэлээн барбыта. 1961 сыл кулун тутар ыйга идэтин үрдэтинэн экзамен туттаран иккис кылаастаах тракторист сибидиэтэлистибэтин туппута, мантан ыла Т-100 тракторы тэһииннээбитэ. Улахан тракторга 17 сыл үлэлээбитэ, бу сылларга колхозтарга, онтон совхозтарга ойууру астаран бурдук бааһынатын, үрэхтэр, күөллэр дулҕаларын анньан ходуһа сирин оҥорууга, нэһилиэктэргэ самолет түһэр площадкаларын оҥорууга күүстээх үлэҕэ сылдьыбыта.
Мин ааспыт үйэ 70-с сылларыгар тохсунньу тоһуттар тымныытыгар Чинэкиттэн тракторынан от тиэйэн иһэн Бүөтүрдээх Тыалыччыма үрэҕин толоонугар дулҕа астара сылдьалларын көрөн улаханнык сөҕө уонна салла санаабыппын өйдүүбүн. Икки Т-100 тракторынан күнүстэри-түүннэри, 50 кыраадыстаах тохсунньу тоһуттар тымныытыгар мүнүүтэ да тохтообокко үлэлии сылдьаллара. Итинник үс сыл устата Боотулуу-Хоро суолун оҥорбуттара. Бүөтүр Кириллович онно бииргэ үлэлээбит доҕотторун Николай Иванович Ычыровы, Никифор Мироновы, Григорий Никитич Куличкины, Филипп Семенович Кардашевскайы, Дмитрий Прокопьевич Андреевы, Иван Прокопьевич Романовы, Василий Андрианович Васильевы, Маҥаастан Егор Максимовиһы о.д.а. сылаас тылынан ахтар.
Пётр Кириллович «Сельхозтехникаҕа» үлэлии сылдьан.
Пётр Кириллович ханнык баҕарар сорудах туруоруллубутун иһин үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол да иһин оройуон, Нам нэһилиэгин Сэбиэттэрин хас да Ыҥырыылаах депутата этэ. 1968, 1970, 1977, 1984 сылларга коммунистическай үлэ ударнига, 1964 с. РСФСР Тыатын хаһаайыстыбатын социалистическай куоталаһыы туйгуна, 1982 с. ССРС Госкомсельхозтехниката уонна ССРС тыатын хаһаайыстыбатын профсоюзтарын киин комитета “ССРС Госкомсельхозтехникатын хаачыстыбатын туйгуна” үрдүк ааты иҥэрбитэ. В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Пётр Кириллович тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үтүөлэрин уонна үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин 1986 сыл тохсунньу 24 күнүнээҕи РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан “РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх механизатора” үрдүк аат иҥэриллибитэ. Кини “Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” уонна элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэр кавалердара, үлэ, тыыл ветерана.
1959 сылтан 1993 сылга диэри 34 сыл устата биир тэрилтэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити кэм устата тэрилтэтин аата хас да төгүл уларыйбыта: МТС, Сельхозтехника, РТП, Агропромснаб, МТС буолбуттара. Бу кэмнэргэ тракториһынан, V разрядтаах токарынан, слесарынан, наладчигынан, мотуор өрөмүөннээччинэн үлэлээн 1993 сыллаахха пенсияҕа тахсан тэрилтэтиттэн уурайбыта. Пётр Кириллович Нам, Боотулуу нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо. 1993-2005 сс. Нам кооперативыгар рабочайынан уолаттарын кытта механизированнай звено тэринэн оттообута. Хас сезон аайы 400-600 тонна рулоннаммыт үрдүк хаачыстыбалаах оту туттарбыта. Бу кооператив оттуур отун 70%-гар тэҥнэһэр, маны таһынан хас сайын аайы 100-тэн тахсалыы субай сүөһүнү өрүс уҥуор сайылатан, көрөн-истэн, төлөһүтэн күһүн тиийэн кооперативка туттараллара.
Ааспыт сайыҥҥа диэри уолаттарыгар көмө буолан, астарын астаан, оттуулларын көрөн сылдьыста. Билигин ити үлэтин уолаттара Сеня уонна Борокуоппай салгыыллар.
1959 сыллаахха Нам кыыһа Матрёна Петровнаны кытта сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара, сэттэ оҕоломмуттара. Түөрт уол Виктор, Сеня, Борокуоппай, Костя (эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, биир сиэни хаалларбыта) аҕаларын курдук бары механизатордар, үс кыыс Роза, Света, Мотя, оҕолор бары ыаллар. Бүөтүр билигин уонтан тахса сиэн, сүүрбэттэн тахса хос сиэн тапталлаах эһэтэ. Оҕолорун барыларын дьиэлээтэ-уоттаата.
Бүөтүр нэһилиэгэр, оройуоҥҥа биллэр оһуокайдьыт. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэлэр: Марыына хомуһуннаах тыллаах оһуокайдьыт этэ, Борускуо эмиэ нэһилиэгэр биллэр оһуокайдьыт, элбэх оҕо ийэтэ, быраата Егор Кириллович Кисиляхов 1970 сылтан Красноярскай куоракка Ойууру үөрэтэр институкка научнай үлэһит. Аҕыйах хонуктааҕыта ойуур баһаардарын үөрэтэр Америка Аризона университетын биэс учуонайын салайан дойдутугар кэлэн барда. Елена СР фармациятын туйгуна, Дьокуускайга үлэлиир, Настаа ветбыраас, Боотулууга олорор, үс оҕотун үрдүк үөрэҕи бүтэттэрдэ. Тамара үрдүк үөрэхтээх химик учуутал этэ, эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүтэ, икки уолун эдьиийэ Елена иитэн үөрэхтээх дьон оҥортоото.
Эдьиийим Аана, күтүөм Кирилэ ыччаттара 200-чэ киһиэхэ чугаһаан эрэллэр, бары түмсүүлээхтэр, ырааҕынан-чугаһынан билсэ тураллар.
Таайым Пётр Кириллович билигин сааһыран уонна ыарыһахтаан кыра кыыһын Мотя, күтүөтэ Тимофей сылаас көрүүлэригэр олорор, оҕолоро, сиэннэрэ киирэ-тахса билсиһэ тураллар.
Пётр Кириллович биир хомойордоох – сааһа бутуллан балтын Марыынаны кытта саастыы буолан сылдьар, 1934 сыллаах төрүөҕүнэн. Онон 80 сааһы туоллахха бэриллэр эбии пенсияны билигин ылар кыаҕа суох курдук. Үөһэ ахтан аһарбыппыт курдук, Пётр Кириллович 1931 сыллаахха төрөөбүт. Бүөтүр оҕо сааһыттан аҕыс уон сааһыгар диэри үлэни өрө тутан, таҥара оҥостон кэллэ.
Егор СЕМЁНОВ-Тыаһыт,
Россия ойуурун Бочуоттаах үлэһитэ, СР айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Боотулуу, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин Бочуоттаах киһитэ, үлэ уонна СР ойуурун хаһаайыстыбатын ветерана, пенсионер.
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2011 с. атырдьах ыйын 5 күнэ.

