Эдьиийим Мария Васильевна Васильева, аҕам бииргэ төрөөбүтэ. Кини 1917 сыллаахха Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ түрбүөннээн турдаҕына төрөөбүт. Идэтинэн биэлсэр-акушерка. Дьокуускайдааҕы медиктэри үөрэтэр икки сыллаах үөрэххэ үөрэнэн кэлэн баран, Ньурба улууһун Араҥастааҕар, кылгас кэмҥэ Маалыкайдааҕы медпуҥҥа үлэлии сылдьыбыт. Улахан убайдара Степан Васильев 1933 сыллаахха Алдан көмүсчүттэригэр командировкаҕа кэлэ сылдьан, кыра балтын үөрэттэрээри Москваҕа илдьэ барар.
Мария Васильевна 1938 сыллаахха Московскай медицинскэй институтка үөрэххэ киирэр. Улахан убайын политическай буруйга тардан «норуот өстөөҕө» гынан суута, силиэстийэтэ суох хаайаллар. Кыра убайа Кыһычай кыһыл хамандыырдары үөрэтэр байыаннай академияҕа үөрэнэ сылдьан, Москва өрүскэ сөтүөлүү сылдьан ууга түһэр.
1941 сылга Аҕа дойду сэриитэ саҕаланан Мария Васильевна үөрэҕин салгыыр кыаҕа суох буолар. 1941 сыл атырдьах ыйын19 күнүгэр Москва куорат Фрунзенскай райвоенкоматыгар кини сэриигэ барарга тылламмытыгар, фельдшер үөрэхтээх буолан фроҥҥа хамаҕатык ылбыттар. Мария Васильевна сэрии саамай саҕаланыаҕыттан, уотунан уһуура турар кэмигэр 20-чэлээх саха кыысчаана, бааһырбыт буойуттары эмтии-томтуу, сэрии буола турар толоонуттан бааһырбыт байыастары харса-хабыра суох санныгар сүгэн таһаартыы сылдьан, үс төгүл өстөөх сытыы буулдьатыгар таптаран бааһыран госпитальга киирэн эмтэнэ-эмтэнэ сэрии хонуутугар төттөрү киирэн испит.
Мария Васильевна Воронежскай, I Украинскай, Калининградскай фроннарга сулууспалаабыта. Сэрии түөрт сыл усталаах туоратыгар Калининтан саҕалаан Дрездеҥҥэ тиийбитэ.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, күүлэйдии кэлэ сылдьааччы. Кини ойуурга баран тэллэйдиирин олус сөбүлүүрэ, онно миигин, кыра киһини, илдьэ сылдьан тэллэйдээччибит, ыһыктаах баран чэйдиир буолааччыбыт, ону-маны кэпсээччи. Биирдэ манныгы кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын: «Курскай дуга кыргыһыытыгар снаряд эстибитигэр түбэһэн хотуузуйа ылан чуут өлө сыспытым, ынырык сэрии этэ. Бастаан ньиэмэс тааҥката, онтон биһиги тааҥкаларбыт ытыалыыллар, көннөрү киһи тулуйбат тыаһа этэ. Аны туран халлааҥҥа тыас-уус бөҕө, хайа сөмөлүөт биһиэнэ дуу, ньиэмэс киэнэ буоларын дуу билбэккин. Үлүбээй көт да көт, буомбалаа да буомбалаа. Буруо бөҕө. Эһиги аныгы оҕолор үчүгэй эйэлээх олоххо олороҕут, оннук эрэ буоллун, сэрии буолбатын», – диэбитэ.
Аҕа дойду сэриитигэр хорсуннук сэриилэспитин учуоттаан «За боевые заслуги», «Победа над Германией» уонна да атын элбэх мэтээллэрдээҕэ, «Отличник санитарной службы» диэн знактааҕа. Сэрии бүппүтүн кэннэ үлэтигэр ситиһиилэрин аахсан «Килбиэннээх үлэтин иһин», «В память 800-летия Москвы» мэтээллэринэн, «Отличник здравоохранения СССР» знагынан бэлиэтэммитэ. Кэлин үөрэҕин салҕаан 1949 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ уонна бүтэрээт Бүтүн Союзтааҕы акушерство уонна гинекология научнай-чинчийэр институтугар үлэҕэ киирэн олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри үлэлээбитэ. Общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттара, цеховой партийнай тэрилтэ секретарынан талыллан, хас да сыл үлэлээбитэ.
Эдьиийим кэлин 50-с сыллардаахха бэйэтин курдук сэрии кыттыылааҕа, байыаннай тутуу инженерэ, полковник Павел Георгиевич Шамаев диэн олус мааны, сытыары сымнаҕас, нууча киһитигэр кэргэн тахсыбыта. Олус үчүгэйдик олорбут этилэр. «Павел Георгиевич эдьиийим урууларыгар наһаа үчүгэй сыһыаннаах киһи этэ», – диэн билигин да убайдарым, эдьиийдэрим кэпсииллэр. Күтүөппүт 1969 сыллаахха соһуччу ыалдьан өлөн хаалбыта. Эдьиийим аһыйыы бөҕөнү аһыйаахтаабыт этэ. Хомойуох иһин оҕоломмотохторо, баҕар саастара ырааппыт буолан буолуо. Аҕам этэрин өйдүүбүн: «Эдьиийим Морууса сэриигэ сылдьыбыта, онно дэҥнэммит ыарыыларыттан оҕоломмотоҕо», – диирэ, бэйэлэрэ кэпсэтэн эрдэхтэрэ буолуо. Эдьиийим сиэннэригэр, биһиэхэ, туох да сүрдээх аламаҕай буолааччы.
Дьэ, ити курдук саха дьахталларыттан уоттаах сэрии ортотунан ааспыт эдьиийбит Морууса барахсан 1983 сыллаахха, таптыыр Москватыгар олорон ыалдьан өлбүтэ. Кини тулаайах буолбатах буолан сиэннэрэ баран эдьиийдэрин тиһэх суолугар үчүгэйдик таҥыннаран, сууйан-сотон атаарбыттара. Хорсун буойун саха дьахтара Васильева Мария Васильевна көмүс уҥуоҕа тапталлаах кэргэнэ Павел Георгиевич таһыгар Химки кылабыыһатыгар сытар.
Биһиги сиэннэрэ эдьиийбит барахсаҥҥа сүгүрүйэбит, махтанабыт! Кыайыыны уһансыбыт эдьиийбитин, Кыайыы 73 сылынан, кини төһө да күн сириттэн күрэммитин иһин, эҕэрдэлээн туран, дууһата ырайга нус-хас сылдьарыгар, биһигини барыбытын араҥаччылыы, арчылыы сылдьарыгар баҕарабыт.
Николай ВАСИЛЬЕВ.
2018 с. ыам ыйа.

Мария Васильевна хаартыската баара буоллар үчүгэй буолуо этэ…
Ити хаһыакка биэрбит ахтыылара этэ, ону таһаардыбыт. Хаартыската суох этэ. Ыыттаххытына таһаарыахпытын сөп.