Эһэбин, Сосин Анисим Петровиһы баара-суоҕа 59 cааһыгар ыар ыарыы кытаахтаан илдьэ барбатаҕа буоллар, быйыл 90 «хаарын» бүрүммүт, томтойо туолбут буолуо этэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Моорук Суолатыгар күһүн олус диэн кэтэһиилээх уонна дьоро түгэн үүммүтэ. Балыыһа саҥа дьиэтин түмүктэммитин үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Эһэм барахсан баара буоллар балыыһа дьиэтэ тутуллар ыра санаата туолан төһө эрэ үөрээхтиэ этэ…

Ытык киһим туһунан ахтан-санаан, эһиэхэ кэпсээн бүтүн биир киһи олорбут олоҕун, оҥорбут оҥкулун аҕыйах тылга, этиигэ тиһэн ааһыым дуу. Киһи буолар быата тардан, мин эһээм Анисим Петрович элбэх оҕолоох Боссоойдор дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Аҕалаатар аҕата Силип кырдьаҕас сут сыллар сатыылаан турар кэмнэригэр, ыксаан тыыннаах хаалар туһуттан, оҕонньор бэйэтэ этэринэн «ас-таҥас туһуттан», уолун Сосин Петр Алексеевич-Сыаппа оҕонньордооххо, иитиэх биэрбиттэрэ эбитэ үһү. Эһээбит Бүөтүр, эбээбит Мотуруона барахсан күҥҥэ көрбүт соҕотох уолларын олус диэн маанылаан ииппиттэр. Мотуруона эбээбит ол түгэни ахтарын ийэм кэпсиирэ: «Чөй, биһиги оҕобутун босхо ылбатахпыт, Суосуттар (Боссоойдор) тар, бутугас бөҕөбүтүн сиэбиттэрэ», – диэн ахтан-санаан ааһара, чахчы да хайдахтаах курдук ыарахан аас-туор олох кэлэн ааспытын, биир этии уот харахха этэн кэпсиир.
Кэрэ көстүүлээх айылҕалаах, уу-чуумпу нуһараҥ олохтоох, суугунас солко чараҥнардаах, киэҥ алаастардаах Суола эбэм хонноҕор уонна быттыгар кирийэн саспыт Суола бөһүөлэгэ сэрии иннинээҕи сылларга ньир-бааччы хара тыаттан бэриһиннэрэн, күөх уу далайтан салҕаһыннаран, бэрт эйэлээхтик эн-мин дэһэн, айылҕаны кытары алтыһан олорбута. Улаҕата биллибэт уот холоругунан тыыммыт-уһуутаабыт, иллээх олохтоох аата-ахсаана биллибэт дьиэ кэргэн олоҕун түҥнэрбит, сырдык ыраны суох гыммыт иэдээннээх сэрии ой дуорааныныы саталанан-күүркэйэн, кыракый нэһилиэк олоҕун, ыҥырыа уйатын тоҕо ыспыттыы, биирдэ аймыы түспүтэ. “Ол ынырык кэмнэргэ оҕолор барахсаттар улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ ыарахан үлэлэргэ үлэлээммит, дьоллоох оҕо сааһы билбэтэхпит. Сарсыарда эрдэ халлаан суһуктуйуутуттан саҕалаан кыһалҕаны санныбытынан сүгэн, Улуу Кыайыы туһугар туохпутун барытын умнан туран киэһэ им сүтүөр, күн арҕаа ойуур кэтэҕэр түһүөр диэри үлэлиир буоларбыт.
Дьэ уот сэрии уоҕа хараан, сөҕүдүйэн, Улуу Кыайыы үөрүүтэ кууһан, дьон-сэргэ сүрдээҕин сүргэлэрэ көтөҕүллэн, 1947 сыл бэс ыйыгар Улахан сайылык киэҥ туонатыгар ыһыах ыһан турардаахтар. Ол ыһыахха миэхэ, ити эн көрөр «Сталин мэтээлин» биэрэн турардаахтар», – диэн эһээбит Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иhин бэриллибит мэтээлин эргим-ургум тутан көрө олордохпуна, «чарааһаабыт» кэмигэр олус диэн уйадыйан туран кэпсиирэ.
«Киһи барахсан орто дойдуга төрөөн баран төлөһүйэр, төлөһүйэн баран төннөр» дииллэрэ кырдьык даҕаны. Ааспыт үйэни сэрэнэн сэгэтэн көрдөххө, оччотооҕу сээркээн сэһэнньиттэр этэллэринии, олох «туос түннүгүнэн күн сардаҥата күлүм гынарыныы» чыпчылҕан түгэнэ түргэнник ааһар эбит. Эһэм барахсан биэлсэр буолан эрэйи эҥээриттэн тэлэн, дьон үөрүүтүн-хомолтотун тэбис тэҥҥэ үллэстэн, чахчы да киһи сөҕөр олоҕун олорбута. Биэлсэр үлэтэ элбэх билиини- көрүүнү, сыраны-сылбаны, ирдэбиллээх буолууну ирдиирэ саарбаҕа суох. 1948 сыллаахха баҕарбыт биэлсэр идэтин баһылаан, талба талаана арыллан, олоҕун усталаах туоратыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэр төһөлөөх элбэх киһиэхэ сити курдук күн сырдыгын биэрбитин ааҕар уустук буолуо, айбыт айыылар бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Араас оhолго түбэспит, араас көрүҥнээх эчэйиини ылбыт дьон уонна да атын ыарыhахтар балыыһаҕа биир кэм быстыбакка, күннэтэ киирэ тураллара. Оччотооҕу кэмҥэ балыыһа дьиэтэ наhаа эргэ буолан үлэлииргэ да олох усулуобуйата суох этэ… Эһэм барахсан эмтээбит түгэннэриттэн эмти тутан биир түгэни эһиэхэ кэпсээн, билиһиннэриэхпин баҕардым.
Сандал саас барахсан сылаас тыынынан имэрийэн, үкчү ийэ итии тыынын курдук илгийэр. Суола эбэ чэчиринэн симэммит кэрэ миэстэтигэр, үрүҥ күн мөһүүрэтигэр сууламмыт кырдал сир хабайар хаба ортотугар балыыһа дьиэтэ турар. Дьэ бу дьиэҕэ төһөлөөх элбэх оҕо саҥа таһааран, бэбээрэн, орто дойду олоҕо үктэммиттэрин биллэрбиттэрэ буолуой. Ылааҥы ичигэс күҥҥэ кырыыһа хаара ууллан таммалыыр. Түннүк нөҥүө таммахтан үөскээбит чэҥнэр, муус чопчу буолан, таҥнары ыйанан тураллар. Алааппыйа «сүр» күүскэ, эмискэ таарымталана киирэр ыарыытын быыһыгар, хос нөҥүө Анньыыһын Бөтүрүөбүс сибигинэйэ былаан кэпсиирин кулгааҕын уһугунан истэн аһарда: «…Бүтэйдээх балыыһатыгар биллэрдибит. Чердонов Виктор Федорович бэйэтинэн кэлэн эппэрээссийэлиэх буолла…»
Алааппыйа оҕолоноору талыыта киирэн, туох да өй мэйдээх тулуйбат ыарыытыгар өйүн сүтэрэн, туймааран ыла-ыла, тыын быһаҕаһынан тыына сытаахтыыр. Сытыы ыарыы быһа кымньыылаатаҕын аайы сэниэтэ эстиэр диэри хаһыытаан, сыккырыыр тыына эрэ хаалла. Таһырдьа туох барыта тугу эрэ куһаҕаны түүйбүттүү бэркэ дьиппиэрэн, ыбыс ыарахан салгыннанан таала кэтэһэн турда… Ыксаатахха, айан уһун да буолар эбит. Дьахтар санаатыгар, бириэмэ тохтообут курдук… Дьэ кэмниэ-кэнэҕэс, сүпсүлгэн тахсыбытыттан күүтэр күндү киһилэрэ, быраастара кэлбитин сэрэйдэ. Сотору кэминэн Анньыыһын биэлсэр саас ортолоох киһини батыһыннаран киллэрэн, үүммүт бөрүкүтэ суох быһыыны-майгыны кэпсээн дьаахханарын биллэрдэ. Ыарыһаҕы чинчийэн, тутан-хабан көрөн баран, сүбэлэһэ диэн тахсан бардылар. Алааппыйа барахсан ынырык ыарыы тэһитэ кэйиэлээн, этин сааһа аһыллан, көлөһүнэ сар түһэн, үлүк-балык баран, тугу да анаарбат буолаахтаата… Сотору кэминэн Анньыыһын Бөтүрүөбүс хостон тахсан ыксаабыт куолаһынан: «Дьэ Баһылай, кытаат… Балаһыанньабыт ыараата. Хайдах буолабыт, иккиттэн биирин талыаххын наада…» – диэн ыгылыйбыт куолаһынан саҥа таһаарбыта чуумпу хоско дуорааннанан иһилиннэ. «Кыыстаныам этэ диэн кэргэммин быстахха былдьатан эрдэҕим… Оҕолорум, көмүстэрим барахсаттар тулаайах хаалыах муҥа буоллахтара. Кэбиис… Оччотугар, ол кэриэтин сэгэрим, кини эрэ тыыннаах хааллын! Алааппыйам эрэ…» – диэн уһуну-киэҥи толкуйдаабакка сонно тута, оҕолорун ийэлэрин, кэргэнин тыыннаах хаалларар туһуттан иһин түгэҕэр «Алааппыйам… Алааппыйабын эрэ…» диэн саҥа таһааран иһэн тулуйбакка бөтө бэрдэрдэ, икки иэдэһин устун хараҕын уута халыйа сүүрдэ, «кэҕис» гынан сөбүлэһэрин биллэрдэ.
«Төрүөҕүттэн түөспэр төкүнүтэн, таптаан-таалалаан кыталыкпын иитиэм, күндүтүк көстөр күрүлүүр күн көдьүүһэ оҥостуом» диэн ыра санаата ыһыллан, киһи үөйбэтэх өттүттэн куһаҕан сонуну истэн, Баһылай барахсан бүк түһэн таһырдьаны былдьаһан, тахсар аан диэки таласта… Талларыы… Ким хааларын, ким хаалбатын… Чахчы да икки ыы кырбас оҕолорго ийэлэрин тыыннаах хааллараллар дуу, төрүү илигиттэн төттөрү төлкөлөммүтү быыһыыллар дуу. Үрүҥ халааттаах аанньаллар барахсаттар уустук эппэрээсийэни оҥорон, киһи олоҕун туһугар охсуһуулара саҕаланар. Кини сырдык тыынын өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан быыhаан, күн бүгүн Алааппыйа барахсан оҕолорун уонна сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар куустаран этэҥҥэ 80 хаарыгар атаҕын үрдүгэр көрүстэ. «Үйэлэрин-саастарын тухары дьону быыһыыр үлэни «үҥэр таҥара» оҥостон үлэлиир дьонноох буоламмыт, чахчы да сорох сорохтор уһун үйэлэнэн «чуопчаара» олордохпут», – диэн билигин Алааппыйа эһээбитигэр махтала муҥура суох. Олох ситимэ сити курдук сап-саҕаттан салҕанан бара турара…
Эһэм олоҕун усталаах-туоратыгар Мэлдьэхси, Төнүлү, Сыымах, Моорук нэһилиэктэригэр медпуун сэбиэдиссэйинэн, биэлсэринэн эҥкилэ суох үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Төһө да баараҕадыйыы хочотугар, сааһын үрдүк мөҥүөнүгэр үктэммитин да кэннэ, кини үйэтин тухары үлэлээбит буолан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тулуйан-тэһийэн олорбокко, аны К.К.Байкалов аатынан сопхуоска субан сүөһү бостуугунан үлэлии киирбитэ. Эҥкилэ суох үлэтин иһин олус элбэх оройуон, өрөспүүбүлүкэ махтал суруктарынан, бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмыта, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин босхо путевканан Латвиянан, Литванан, Белоруссиянан, Москванан хас сыл аайы күүлэйдээн кэлэрэ. 1979 сыллаахха К.К.Байкалов аатынан бириэмийэ лауреата иҥэриллэн, ВДНХ боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха “Коммунистическай үлэ ударнига” бэлиэнэн бэлиэтэммитэ, онтон 1983 с. “Үлэ бэтэрээнэ” ааты иҥэрбиттэрэ.
Кинини билэр дьон бары кини дьоҥҥо эйэҕэһин, көнө, сымнаҕас майгылааҕын, киэҥ көҕүстээҕин, үтүө санаалааҕын, куруук үөрэ-көтө сылдьарын, чэнчиһин, хайдахтаах да ыарахан үлэттэн толлубакка-иҥнибэккэ үтүө суобастаахтык туруулаһан үлэлиирин ахталлар. «Кини олорбут олоҕун усталаах-туоратыгар биирдэ даҕаны дьону-сэргэни куһаҕан тылынан хомуруйан, атаҕастаан, этиһэ-охсуһа сылдьыбыта диэн суоҕа», – диэн үөлээннээхтэрэ, биир дойдулаахтара билигин да кини сырдык аатыгар сүгүрүйэллэр.
Анисим Петрович 1949 сыллаахха Дьаҥхаады нэһилиэгин биир тарбахха баттанар түс-бас ыалын Баишевтар соҕотох кыыстарын, сүрэҕин аҥаарын Ирина Федотовнаны көрсөн, ыал буолан, көмүс биһиктэригэр 7 оҕону биэбэйдээн, алаһа дьиэлэрэ алыптаах саҥанан чугдаарбыта. Эһээбит ханнык да үлэ буоллун көрөн турбакка, барытыгар ылсан, туох баар сатабылын-дьоҕурун ууран үлэлиир буолан, үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолбута оҕолоругар, сиэннэригэр холобур буолар. Эһэбит барахсан биһигини бэйэтин үлэҕэ эппиэтинэһинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан, тус бэйэтин олоҕунан ииппит эбит. Бар дьонун үрүҥ тыыннарын өрүһүйэр үлүскэннээх үлэҕэ уһун кэм устата утумнаахтык үлэлээн, күн бүгүн Анньыыһын биэлсэр туһунан, дьон-сэргэ уос номоҕо оҥостоллорун кэнчээрилэрэ астына, дуоһуйа, киэн тутта истэбит.
Ульяна СКРЯБИНА — Умсулҕан Хотун,
сиэн кыыһа.
2018 сыл, бэс ыйа.
