Ушницкай Пётр Семёнович туһунан

ТУЙГУН ҮЛЭЛЭЭХ ТААЙЫМ

Мин билигин 72-лээх эбээбин. 83-тээх саҥаһым Елизавета Агафьевна мин таайым Пётр Семёнович Ушницкай ахтыыларын хаһыаттан ылан ууруна сылдьар. Ийэм бииргэ төрөөбүт быраатын – таайым Пётр туһунан Ахтыылар.ру интернет-сайтка таһааран, ссылкалаах кэпсээн-ахтыы оҥорон үйэтитиэхпин баҕарабын.

 

Испэктээкили көтүппэтэ үһү

(Фотограф Александр Бурцев-Салҕааһын ахтыыта)

Саха сиригэр фотосуруналыыс Пётр Ушницкай аата киэҥник биллэр. РФ Суруналыыстарын, Худуоһунньуктарын сойуустарын чилиэнэ, “Гражданскай килбиэн” мэтээл кавалера, “Кыһыл көмүс бөрүө” уонна Еремей Порядин аатынан бириэмийэлэр лауреаттара, СР култууратын туйгуна. Эһиги болҕомтоҕутугар кини кэпсээбитин таһаарабын.

Аҕата Сэмэн Уус Алдан Өнөрүгэр баар Тандалгы диэн алаастан төрүттээх. Отутус сылларга ыал буолан Намҥа олохсуйбут. Олоҥхоһут, ат сүүрдээччи. Хос аата Үрүҥ Хоһуок. Ат сүүрдэн бастаан, улахан куһуок саахар бириис ылбыт (“саахар сүрэҕэ”). Ол иһин итинник ааттаммыт.

Намҥа Былатыан Ойуунускай олоҥхоһуттары мунньан истэр, испэктээкил туруорар эбит. Ол толорууларыттан Сэмэн Уһунуускай — Үрүҥ Хоһуок “Бэриэт Бэргэн” диэн олоҥхотун фольклорист Афанасий Попов суруйан хаалларбыт. Үрүҥ Хоһуокка үксүн дьахтар оруола (Кыыс Кыскыйдаан, Симэхсин эмээхсин, удаҕаттар) түбэһэр эбит. Ону сөбүлээбэтэ эбитэ үһү. Оччолорго эдэр киһи суолталаах оруолларга тардыһара баа буолбат.

Биир сыл хаайыыга олорон тахсыбыт. Петяҕа билиҥҥи Кырыытай ырыынак утары баар (бадаҕа, аны суох Охотскай уулуссаҕа) хаайыыны кэлин ийэтэ көрдөрбүт. Тоҕо сыппытай диэн ыйыппытыгар: “Аҕаҥ улахан хаартыһыт этэ, холкуос ынаҕын хаартылаан кэбиһэн түбэспитэ”, – диэбит. Ону билигин санаатахха, холкуос ынаҕын “хаҥас” хаамтарбыт киһи ол кэмнэргэ баһа барбатаҕына кырата Халыманы баҕас “көрүө” эбитэ буолуо. Сэрйдэххэ, Сэмэн Уһунуускай — Үрүҥ Хоһуогу Ойуунускай дьыалатыгар эрийэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп эбит. Элбэх олоҥхоһуту тута-хаба сылдьыбыттара биллэр.

1939 сыллаахха Ушницкайдар Дьокуускайга көһөн киирбиттэр. Сэмэн Үрдүкү Сэбиэккэ оһох оттубут, олбуор хомуйбут, куонньуктаабыт. Кэлин 1950-с сылларга Саха театрыгар эмиэ ити идэлэринэн үлэлээбит. Айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут биир да испкэтээкили көтүппэккэ көрөрө үһү. Оннооҕор 1957 сыллаахха “Ньургун Боотур” туруутугар биир да репетицияны көтүппэккэ сылдьыбыт. Кыра Петя аҕатын батыһан эмиэ ол репетицияларга сылдьар эбит. Оччотооҕу артыыстар уонна театр үлэһиттэрин оҕолоро бары “театр оҕолоро” диэн “сүрэхтэммиттэр”. Ол оҕолор бүгүн Аиза Решетникова, Наталья Посельская, о.д.а. диэн ааттана сылдьаллар.

Ол кырыыстаах сыллар уорааннара саха биир чаҕылхай талаанын хаһыҥынан хаарыйан ситэ тылыннарбакка хагдарыппыттар бадахтаах… Сатаннаҕына, Сэмэн Уһунуускай — Үрүҥ Хоһуок “Бэриэт Бэргэн” олоҥхото сотору кэминэн бэчээттэнэн тахсыаҕа.

Салҕааһын.

Хаартыскаҕа: Сэмэн Уһунуускай — Үрүҥ Хоһуок кэргэнэ Елена Филипповнаны кытта.

Хаартыскаҕа: Аймахтыылар.

*  *  *

Таайым туһунан кинигэҕэ, Уус-Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгэ диэн разделга суруллубуту биэрэбин.

“Пётр Семёнович Ушницкай 1944 сыллаахха сэтинньи икки күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ театрга үлэлиир этилэр. 1964-67 сылларга Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалаабыта.

Дойдутугар кэлээт да тэлэбиидэнньэҕэ уот-күөс сырдатааччынан үлэлээбитэ, теле-оператор идэтигэр үөрэммитэ. 1970 сыллаахтан Мирнэй куоракка олохсуйбута. Мирнэй куорат тэлэбиидэнньэтин операторынан 1976 сылга диэри сылдьыбыта.

1980 сыллаахтан Саха сирин тэлэбиидэнньэтигэр бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн, ону тэҥэ “Вилюйский энергоноситель”, “Мирнинский рабочий”, “Социалистическая Якутия”, “Кыым”, “Молодёжь Якутии” хаһыаттарга фото-кэрэспэдьиэнинэн сылдьыбыта.

Бу үлэтигэр Пётр Семёнович олоҕун анаабыта. Кини хаартыска нөҥүө олох араас өрүттэрин ураты чаҕылхайдык, ылыннарыылаахтык көрдөрөрө. Кыл түгэҥҥэ каадырга хаалбыттар – үтүмэн үөрүү, дьоллоох түгэн, хомолто, ытыллар олох, дуоһуйуу… “Доброе утро”, “Ностальгия” үлэлэрин бэйэтэ билинэринэн көрөрө мөлтөөн, хараҕар эпэрээссийэҕэ киирээри сылдьан оҥорбут.

Пётр Семёнович Ушницкай – Саха Өрөспүүбүлүкэтин туйгуна, Еремей Порядин аатынан өрөспүүбүлүкэ бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына. Пётр Семёнович СӨ Суруналыыстарын сойууһун “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” үрүҥ көмүс бэлиэтин ыларга тиийбэккэ, 2011 сыллаахха 67 саастааҕар олохтон туораабыта”.

Саҥаһым Елизавета Агафьевна оскуола кэнниттэн Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай отделениетыгар киирбит.

Онно үөрэнэ сылдьан таайбын кытары билсэн, ыал буолбуттар. Ол кэнниттэн сотору соҕус буолан баран таайбын армияҕа ыҥырбыттар, онно толору үс сыл сулууспалаабыт.

Пётр армия кэнниттэн Саха телевидениетигэр техник-осветителинэн үлэлээбитэ. 1970 сыллаахха Мирнэйгэ телевидение арыллыбытыгар таайбын онно ыыппыттара, онон икки оҕолоох эдэр ыал алмаастаах кыраайга көспүттэрэ.

Кинилэргэ икки этээстээх мас дьиэҕэ биир хостоох квартираны биэрбиттэрэ. Ити курдук эдэрдэр олохторун үйэлэрин тухары Мирнэйи кытары сибээстээбиттэрэ.

Мин түөрт таайдааҕым, олортон Пётр эрэ сөп-сөп сайынын кэлэн, алаастары кэрийэн астынан барааччы. Өрүү фотоаппараатын илдьэ сылдьара уонна аҕатын дойдутугар Өнөргө баран кэлэрэ. Таайдарым бары даҕаны наһаа чуумпу, аҕыйах саҥалаах көрсүө бөҕө дьон этилэр. Өнөр кырдьаҕастара студент эрдэхтэринэ куоракка кинилэргэ – эбээлээх эһэбэр элбэхтик хоммут-өрөөбүт дьон этилэр. Ол иһин билсэр аҕай этилэр, үчүгэйи эрэ ахталларын ветераннар ыһыахтарыгар эҥин истэр этим.

Бу биир хаартыскаҕа таайым быраатынаан (племяннига) Славалыын бүтэһик куоракка сырыылара. Слава мин таайым сайылыкка кэллэҕинэ өрүү киниэхэ түһэрэ. Таайым өлбүтүн кэнниттэн Слава сыл эрэ буолбута…

Мин төрөппүт ийэм 1963 сыллаахха 35 сааһыгар ыалдьан өлөөхтөөбүтэ, онон кини манна эбээлээх эһэтигэр улааппыта. Хос эһэбит ити Бөрөлөөх алаас төрүт олохтооҕо, балыксыт бөҕө оҕонньор этэ. Сэрии, сут кэмигэр дьонун сутаппатаҕа, аҥаардас балыксыт буолан. Эһэбит туһунан Өнөр, Бороҕон музейдарыгар, Өнөр кинигэлэригэр ыстатыйалар бааллар.

Эбээлээҕим кыыстарын кыратыттан манна эһэлээҕэр ииттэрбиттэрэ. Бэйэлэрэ куорат ыаллара этилэр. Түөрт уолларын илдьэ өрүү дойдуларыгар тахса сылдьар эбиттэр. Петялара кэлин сөп-сөп кэлэр этэ. Оҕо эрдэҕиттэн сылдьар буолан сахалыы тыыны иҥэринэн, олус ахтар-саныыр дойдута эбит. Айылҕаны, тыа сирин олоҕун хаартыскаҕа түһэрэрэ. Ыалларга фотолара бааллар. Антах Мирнэйгэ выставката турбута диэбиттэрэ. Кини ураты сэмэй киһи этэ, бары да оннуктар. Эдэр эрдэххэ кэлэ-бара кинилэргэ хонон ааһарым. Билигин бары суохтар…

Убайым ол сайылыкка охтон түһүөр диэри киирэн олорор буолара. Таайым Пётр кэллэҕин аайы онно киирэрэ. Үрүҥ Хоһуок оҕонньор ити эрэ уола ыччаттардаах, икки уола биирдии кыргыттардаахтара. Онон кыра хос сиэннэр баалларын истэбин, олор да биирдии эрэ. Биһиэхэ бааллар, ийэбит алта оҕотуттан элбэх сиэн, хос да сиэннэр баһаамнар. Онно-манна тарҕанан олоробут, тыалар. Саамай аҕалара мин. Үйэм тухары доярка этим.

Онон бу ахтыыны аймахтарга, бу эргин өнөрдөргө ыытаары таһаартарабын. Мирнэй хаһыаттарыгар ахтыылара ханна да суохтар, кэргэнэ эрэ ууруна уура сылдьар.

Саҥаһым Елизавета бытовой өҥөнү оҥорор комбинакка бэргэһэ тигээччи маастарынан үлэтин саҕалаабыта, онтон 1977 сыллаахтан дьиҥнээх идэтинэн – ветеринар фельдшеринэн ветлечебницаҕа үлэлээбитэ. Кини ити идэтинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, Сүлдьүкээргэ, Таас Үрэххэ, Чернышевскайга о.д.а сирдэргэ командировкаҕа сылдьан дьиэ кыылларын прививкалыыра, сибирскай язваттан, онтон да атын ыарыылартан эмтиирэ. Кини идэтигэр бэриниилээхтик 35 сыл, ол эбэтэр 68 сааһыгар диэри үлэлээбитэ.

Үчүгэй, ситиһиилээх үлэтин иһин Елизавета Агафьевна араас наҕараадаларынан уонна ааттарынан бэлиэтэммитэ: үлэ ветерана, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ, “Ветеринарнай сулууспа сайдыытыгар кылаатын иһин”, “СР Тыатын хаһаайыстыбатын ветерана”, “Сэрии сылын оҕото” мэтээл о.д.а. Икки уолаттара бэйэлэрин идэлэринэн эмиэ киһи киэн туттар ситиһиилэрдээхтэр.

Саҥаһым Елизавета араас тэрээһиннэргэ кыттар активистка, бастыҥ общественница.

Бу Мирнэй ыһыаҕар оҕом Ариан оҥорбут илин кэбиһэрин, бастыҥаны көрдөрбүтүм. Мельхиорунан оҥорбута. Бириис – германскай кухоннай комплегы биэрбиттэрин оҕобор биэрбитим.

Саҥаһым билиҥҥи олоҕуттан кыратык сырдатыым. Аҕам саастаахтары Мирнэй куорат Бэтэрээннэрин сэбиэтэ рестораҥҥа эҕэрдэлээбиттэр. Оройуон баһылыга А.В.Басыров 3 тыһыынчалаах сертификат, роза сибэкки туттартаабыт, эҕэрдэ эппит. Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ 2 тыһыынчалаах сертификат, роза сибэкки, коробка кэмпиэт туттартаабыт уонна эҕэрдэлээбит. Онтон концерт, оонньуу, үҥкүү бөҕө буолбуттар. Өссө оонньууга бириис ылбыттар. Махталлара улахан!

Саҥаһым Елизавета ааспыт күһүҥҥүттэн активистка бөҕө, кининэн киэн туттабын. Хаартыскаҕа иккис турар, маҥан блузкалаах.

Таайым Пётр Ушницкай хаартыскаҕа түһэрбит үлэлэриттэн таһаартарабын:

 

 

Саҥаһым Елизавета уонна таайым Пётр икки уоллаахтар, түөрт сиэннээхтэр, алта хос сиэннээхтэр. Кинилэр тустарынан хаартысканан кэпсиибин.

Уоллара Ариан.

Ариаҥҥа СР Президенэ В.А.Штыров Мирнэй 50 сылыгар Үрүҥ көмүс знагы, стадион арыллар кэмигэр туттара турар. 50-нугар пенсияҕа тахсан баран өссө да үлэлии сылдьар, «Алмазтехмонтаж» диэн тэрилтэҕэ. Орто уола Валера «Алмазтехмонтажка» 4-с разрядтаах электросварщик.

Ариан наҕараадаларын көрдүгүт.

С Новым годом! Арианнаахха саҥа сылы көрсө олороллор.

 

Ариан кыыһа Татьяна.

 

Бу хаартыскаҕа саҥаһым Елизавета, уолаттара Ариан уонна Серёжа түспэтэхтэр. Ыччаттар эппэккэ эрэ суһаллык бэйэлэрэ түспүттэр.

Аны билигин иккис уолларын Сергей туһунан билиһиннэриим.

Серёжа армия кэнниттэн “Стройтрестан” үлэтин саҕалаабыта, 5-с разрядтаах сварщигынан. Онтон МСМТ «Якуталмаз», “Сантехмонтаж” тэрилтэлэргэ үлэлээн баран 50 сааһыгар пенсияҕа тахсыбыта. Ол тахсан баран үлэлии сылдьар – самозанятай пенсионер дэнэр. Серёжа үс уоллаах, биэс сиэннээх. Улахан уола Володя, аччыгый уола Валентин “Ростелеком” үлэһиттэрэ.

Серёжалаах Валя сиэннэрин кытары, кыра эрдэхтэринэ.

Сергей уола Валера кыыһынаан Надюшалыын, кэргэнэ Маша уолаттарынаан.

Бу улахан хос сиэннэрэ, кыра эрдэхтэринэ. Билигин 7-кэ, 5-кэ үөрэнэллэр.

Валера кыыһа – хос сиэннэрэ Надюша, 5 сааһыттан балекка сылдьар. Былырыын “Лебединое озеро” балекка үҥкүүлээбитэ, быйыл 5-с кылаас.

Таайым Пётр суруйбут хаһыаттарын вырезкалара

Ахтыыны суруйда балта

Светлана Дмитриевна КУПРИЯНОВА.

Уус Алдан. 2025 сыл, олунньу ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *