ҮЙЭ АҤАРДААХ САНААЛАР
Кэм-кэрдии күүтэн турбат киэбинэн инникигэ дьулуһуутугар, сыллары-хонуктары, үйэлэри кэннигэр хаалларар хамсааһыныгар элбэх түгэннэр симэлийэ сүтэн умнууга хаалаллара мэлдьэх буолбатах. Ол гынан баран сырдык-ыраас өйдөбүллэр, көмүс кэрэ түгэннэр хас биирдиибитин олоххо бигэ туруктаабыт үтүө дьайыылара симэлийэ сүппэккэ, ахтыы буолан ситимнэнэллэрэ уонна ону үйэтитэргэ сыраларын биэрэр дьон бу Үрдүк Таһым көрдөрүүтүн чыпчаала буолан дьон-сэргэ махталын түстүүр.
Биһиги көлүөнэ дьон быйыл оскуоланы бүтэрбиппит биэһиэн сыла буолла. Үйэ аҥара ааһа охсубута кэм-кэрдии, бириэмэ атыла киэҥин, киһи барахсан олоҕо кэмчитин кэпсээн сипсийэр. Ол быыһыгар араас санаалар элэҥнииллэр. Үйэ аҥара ааспытын кэннэ оскуола сылларым саһарҕаларын сыдьаайыытыгар бигэнним. Эдэр сааспын санаабынан эргитэн дуоһуйуу ылыым – бэйэтэ туһунан кэрэ түгэн. Бу дьикти турук эйгэтин сэгэтэр.
Саас ылан маҕан баттахтар кэккэлэрэ бигэтийэн истэхтэрин аайы, киһи барахсан Орто дойду оҕото буолан олорбут олоҕун ыллыгын эргийэн көрөр. Үөрэр-көтөр, мунчаарар, сонньуйар түгэннэрдээх санаа эйгэтигэр уйдара киириитэ бэйэтэ эмиэ туһугар олоҕу олорууну билии буолар. Оҕо саас дьикти дьэрэкээнэ, дьэҥкирэ, ырааһа кэрэ санаа буолан олох устун арыаллыыр, араҥаччылыыр дьоҕурдаах.
Оскуолаҕа үөрэммит, билиигэ-көрүүгэ, сайдыыга хайысхалаабыт кэрэ кэммит арыалдьытынан, биллэн турар, үөрэппит учууталларбыт буолаллар. 1965 сыллаахха бастакы кылааска барбытым, оччолорго Чаппаайга Өктөмтөн сатыы сылдьан үөрэнэрбит. Лиханов Иван Иванович директор этэ, кини биһиэхэ, саҥа оскуолаҕа киирбит оҕолорго, бастакы уруогу ыыппытын өйдүүбүн.
Татьяна Николаевна Мордовская олус кыһаллан туран үөрэтэрэ. Ардыгар дьиэтигэр ыҥыран эбии үөрэтэрэ, ас астаан аһаталыыра. Аҕа дойду уот сэриитин кыттыылаахтара, элбэх бойобуой орденнаах сэриини түмүктээбит Георгий Михайлович Дмитриев, Спиридон Дмитриевич Иванов курдук учууталлар үөрэтэллэрэ-такайаллара. Оччолорго “РСФСР үөрэҕириитин туйгуна” диэн бэрт дэҥҥэ бэриллэр бэлиэлээх Дьячковская Зоя Засимовна, Октябрина Ивановна Исакова саха тылыгар, Лонгинов Егор Егорович физкультураҕа үөрэтэллэрэ.
Сайыҥҥы өртүгэр пионерскай лааҕыр арыллан үлэлиирэ, онно Чаппаайга оскуола дьиэтигэр олорорбут. Лааҕыр салайааччытынан Евсеев Борис Матвеевич этэ, олус сымнаҕас-холку, сахалыы куттаах дьоһун учуутал курдук үтүө өйдөбүл хаалбыт. Ити алын кылаастарга үөрэппит учууталларбыт барахсаттар бары үтүө майгылаах, оҕоҕо билиини биэрэр сүдү баҕалааах, оҕо кутун-сүрүн айгыраппат, төрөппүттүү сыһыаннаах, үөһээ айыылартан анаммыт үтүө да дьон эбит дии саныыгын.

1973 сыл, 8 «б» кылаастарбыт. Кылааспыт салайааччыта Одноколов Виктор Игнатьевич, математика учуутала, бэйэтэ Белоруссияттан төрүттээх этэ. Бэйэтин идэтин үрдүк таһымҥа баһылаабыт эйгэтинэн кылаас оҕотун барытын суоттатан баран тэйэрэ. Ахсааны тулуппат буолбуппут, дьиэтээҕи уруокпутун табаарыстарбын кытта ким түргэнник суоттуур эбит диэн күрэхтэһэр этибит. Уруок 45 мүнүүтэ, бу кылгас кэм иһигэр хас биирдии оҕоҕо чуо кэлэн барыларыгар тиийимтиэтик быһаарарын элбэх сыллар ааспыттарын кэннэ сөҕө-махтайа саныыбын.
Эһиилигэр хаарыаннаах учууталбытын уураппыттара, кылааспытын кыыс-уол диэн арааран ыспыттара. Билигин санаатахха иһэ-истээх хамсатыы быһыылаах, онон 9 «а» буолбуппут. Ону кытта бары математикабытын үтүктүспүт курдук сатаан суоттаабат буолан хаалбыппыт. Билигин санаатахха үрдүк таһымнаах профессионал учуутал үөрэтэрэ бу үөһээ айыылар сүдү бэлэхтэрэ эбит уонна ол биһиги туспутугар аҥаардам буолан биэрбитэ. Хаарыаны Виктор Игнатьевич ситэ үөрэппитэ буолла-ар… диэн балай буолбут баҕа санааны кытта хом санаа олох аргыһа буолар.
Манна батыһыы санааны эттэххэ, ол арааран баран самыы туппут кылаастарыттан атын математика учуутала кылаас салайааччыта буолан туран үөрэппитэ да, биир да техническэй үөрэхтээх специалист ол ыһыллыбыттан тахсыбатаҕа.
Элбэхтэ нууччалыы-сахалыы тыллаах республика хаһыаттарын балаһаларыгар ыстатыйаларым бэчээттэммиттэрэ. Билбэт дьонум, ол иһигэр журналистар: «Антон, эн журналистикаҕа ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний?» – диэн ыйыталлар. Оччоҕуна учууталларбын Мария Алексеевна Филиппованы, Октябрина Ивановна Исакованы санаан кэлэбин уонна кинилэр сырдык мөссүөнэрэ харахпар көстөн кэлэллэр.
Химияҕа Анна Петровна Романова, билиини бигэтик иҥэрэр дьоҕурдаах учуутал үөрэппитигэр махтана саныыбын. Бу предмеккэ мин аттестаппар «3» турар, ол эрээри ол «үһүм» институтка үөрэнэр сылларбар химияҕа бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыта.
Историяҕа Харитон Гаврильевич Иванов үөрэппитэ: «Адамов историяҕа аттестаккар түөрдү туруордум, баҕар эйигиттэн мүччү-хаччы туттаран үрдүк үөрэхтээх, биллэр-көстөр киһи тахсыа диэн». Дьэ бу хайдахтаах курдук предметин эрэ буолбакка, үөрэнээччитин олоххо инники дьылҕатыгар үчүгэйи баҕара түстүүр үрдүк, дьиҥнээх учуутал таһымай! Маны тэҥҥэ физикаҕа үөрэппит Илья Николаевич Неустроевы саныыбын: «Антон, сороҕор тугу да сатаан суоттаабаккын, сороҕор суоттаан киһини соһутаҕын. Туох киһитэ сылдьарыҥ буолла?». Бу эмиэ ис сүрэхтэн үчүгэйи баҕарар ис эйгэ тыллара. Учууталларым барахсаттар ити этиилэрэ олоҕум тухары арыаллаан, үчүгэй өрүт өртүгэр иэхпиттэрэ саарбахтаммат.
Оччолорго физкультураҕа Егор Егорович Лонгинов, Егор Егорович Захаров, Иван Михайлович Григорьев үөрэтэллэрэ. Бу учууталлар эт-хаан, өй-санаа сайдарыгар сыраласпыттара уонна ол үөрэнээччилэрин инники олохторугар бигэ туругу түстээбитэ саарбахтаммат. Араас таһымнаах спортивнай күрэхтэргэ кытта сылдьан эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан оҕо сааспар сөпкө эрчийбиттэрин, үөрэппиттэрин-такайбыттарын билэр этим. Маннык үрдүк таһымнаах учууталлар эйгэлэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэ үтүөнү түстээн үлэлии турар буолуохтаах дии саныыбын.

Антон Николаевич АДАМОВ,
Өктөм орто оскуолатын 1975 сыллаах выпускнига, бэтэрээннэргэ ыараханы көтөҕүүгэ Россия, СНГ, Азия, Европа кыайыылааҕа, Аан дойду икки төгүллээх чемпиона уонна рекордсмена, Россия 2024 сыллаах рекордсмена, мас тардыһыыга Б.Манчаары Спартакиадатын кыайыылааҕа, «Гражданскай килбиэн», «Физкультура уонна спорт сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» уо.д.а. бэлиэлэр хаһаайыннара. Идэтинэн учёнай-агроном, землеустроитель.
2025 сыл, олунньу ый.
