ТУЙГУННУК СУЛУУСПАЛААБЫТА
Далыр оскуолатын бүтэрэн колхозка икки сыл үлэлээн баран, 1963 сыл от ыйыгар бииргэ үөрэммит табаарыспыт Трофимов Константины кытта армияҕа бииргэ ыҥырыллыбыппыт.
Үөһээ Бүлүүттэн теплоходунан Дьокуускайга тиийбиппит. Онно Гимеин территориятыгар палаточнай тэн түһэрбиттэрэ. Үс хонон баран, от ыйын өҥүрүк куйааһыгар, 800-чэ киһини Гимеинтэн Даркылаахха диэри колоннанан сатыы хаамтаран киллэрбиттэрэ. Колонна кэлин өттүгэр иһээччилэр таҥастара-саптара, сирэйдэрэ-харахтара быылтан, буортан киһи билбэт дьоно буолан тиийбиттэрэ.
“Ленинград” теплоходунан Өлүөнэ эбэбитин өрө өксөйөн Усть-Кутька тиийбиппит, онтон поездка олордон илин илдьэ барбыттара. Иркутскайтан саҕалаан уолаттары сулууспалыыр чаастарыгар түһэртээн барбыттара. Биһигини отучча киһини Приморскай кыраайга 86792 №-дээх байыаннай чааска түһэрбиттэрэ, поезд салгыы Владивосток диэки бара турбута.
Үөһээ Бүлүүттэн бэһиэ этибит: Далыртан Трофимов Константин, Ороһуттан Иванов Василий, Боотулууттан мин, оройуон кииниттэн Васильев Николай, Васильев Корнил. Икки ый байыастар бэлэмнэнэр курстарын баран, алтынньыга байыаннай бирисээгэ биэрбиппит.
Костя Далыр оскуолатын биир бастыҥ спортсмена этэ, хайыһарга I разрядтаах, спортивнай снарядтарга: бурууска, перекладинаҕа, кольцоҕа эрчиллиилэри олус үчүгэйдик оҥороро, волейболист, баскетболист бастыҥа, бэйэтин лаппа кыанара. Икки сыл колхоһугар тутууга үлэлээбитэ, дизелистээбитэ уонна трактористаабыта. Костяны чаас командованиетын офицердара тута бэлиэтии көрбүттэрэ уонна Хабаровскай куоракка младшай командирдары бэлэмниир полковай оскуолаҕа ыыппыттара. Ити оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Хабаровскай кыраай комсомолун обкомун грамотатынан наҕараадаламмыта.
Трофимов Константин Семёнович.
Биһиги сулууспабыт караульнай сулууспа этэ. Хас да көс төгүрүмтэлээх боеприпас ыскылааттардаах базаны харабыллыырбыт. Караульнай сулууспаны таһынан лабораторнай взвод диэн баара, бу сулууспаҕа сылдьар саллааттар ыскылаатарга сытар боеприпастары бэрийэн, сүгэн-көтөҕөн тахсаллара.
Полковой оскуолаттан кэлээт, Костя отделение командирынан анаммыта. Хаһаарымаҕа биир кэммитигэр эбиэккэ диэри ыскылаакка тиийэн 120 кг тиийэр ыйаһыннаах снарядтары куруустааһыҥҥа сылдьарбыт.

Хаартыскаҕа: Уҥаттан бастакы Семёнов Егор, ортоку Васильев Николай Тимофеевич (Үөһээ Бүлүү).
1965 сылга Вьетнам Американы кытта сэриилэһэригэр элбэх артиллерийскай снарядтары, ботуруоннары вагоннарга тиэйбиппит. Бастаан поеһынан Кытайынан ыыталлара, онтон Кытай туорайдаһан Владивостокка диэри поеһынан, онтон муоранан ыытар буолбуттара. Биһиги бирикээһи толорон, умса-төннө түһэн куруустуурбутун эрэ билэрбит. Барыта ыксал-тиэтэл буолара, сорудаҕы толоруоҥ иннинэ территория иһиттэн таһаарбаттара. Курууска сырыттаххына эбии паёк диэн ааттаан 30 грамм сибиинньэ сыатын, биир быһыы килиэби биэрэллэрэ.
Куруус суох кэмигэр былаан быһыытынан бойобуой бэлэмнэниини ыыталлара. Манна барытыгар Костя бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Пулемётунан, карабинынан, бэстилиэтинэн олус үчүгэйдик ытара, тэҥнээҕэ суоҕа. Кыһын хас өрөбүл аайы үрдүк сиргэ атах-бытах хаардаах да буоллар, 10 км хайыһарга кросска Костя куруук бастыыра.

Хаартыскаҕа: Саха сириттэн сылдьар уолаттар, үһүс сылын сулууспалыыр «стариктар» – үөһээ тураллар Колесов, Васильев, Юмшанов, Потапов, Трофимов Константин, аллараа Стручков, Ефимов, Тютрин, Титов.
Костя бойобуой политическай бэлэмнэнии туйгуна буолбута, старшина званиетын ылбыта. Хас сыл аайы саҥа призывы, эдэр саллааттары карантиҥҥа бойобуой бэлэмнэниилэрин ыыппыта. Далыр орто оскуолатыгар учууталбыт Ксенофонтов Василий Саввич байыаннай дьыалаҕа үөрэппитэ сулууспабыт кэмигэр олус туһалаабыта. Кини туйгун сулууспатын иһин үйэ-саас тухары байыаннай чаас “Бочуотун кинигэтигэр” киллэриллибитэ, чаас командованиетын махталын түөрт уонтан тахса төгүл ылбыта. Сулууспатын кэмигэр дьонугар хас да төгүл Махтал суругу ыыппыттара.

Хаартыскаҕа: үһүс сылын сулууспалыыр саха уолаттара – Потапов уонна Семёнов, ортоку командир Бандюков.
Иванов Василий суруксутунан, Васильев Николай лабораторнай взводка, мин Костяны кытта караульнай сулууспаҕа сылдьыбыппыт. Саха уолаттара бары да туйгуннук сулууспалаабыппыт, командирдар махталларын элбэхтик ылбыппыт. Онон дойдубутугар 1966 сыл ахсынньыга – үс сыл алта ый кэриҥэ сулууспалаан баран кэлбиппит.
Константин Семёнович уһуннук Үөһээ Бүлүүгэ паспортнай сулууспаҕа начальниктаабыта, милиция майора. Кэлин военкомакка үлэлээбитэ, билигин дойдутугар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Егор Михайлович СЕМЁНОВ-Тыаһыт, Үөһээ Бүлүү лесхоһун 1974-2008 сс. директора, Россия ойуурун Бочуоттаах үлэһитэ, СР Айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү оройуонун, Үөһээ Бүлүү сэл., Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах гражданиннара, сэрии тулаайаҕа, “Үөһээ Бүлүү” хаһыат общественнай корреспондена.
2019 сыл олунньу 20 күнэ.
(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу 23 күнэ)

