ИЙЭМ СЫРДЫК, ЫРААС МӨССҮӨНЭ
Мин Тыкынаев Семён Дмитриевич уонна Иванова Ульяна Семёновна дьиэ кэргэн ыалга 1969 сыл сэтинньитигэр сэттис оҕонон төрөөбүтүм. Мин иннибинэ икки уол убаай, түөрт кыыс эдьиий бааллара, кэнники биир балтым төрөөбүтэ.
Аҕабыт эдэр сааһыгар олохтон туораан, ийэбит соҕотоҕун хаалар. Ол да буоллар аҕыс оҕону иитэн-улаатыннаран, атахпытыгар туруортаабыта.

Хаартыскаҕа: Манна аҕабыт маҥнайгы биэс оҕотунаан, ийэбит оҕолоно барбыт кэмигэр.
Оҕо сааһым дьоллоох да этэ, төрөөбүт дойдубар Өлүөхүмэҕэ Дабааҥҥа ааспыта. Биһиги оҕолор оонньоон-көрүлээн, отонноон-дьэдьэннээн, өрүскэ сөтүөлээн, баай тайҕаҕа, дойдубут сибэккилээх хонууларыгар сүүрэн-көтөн, оонньоон тахсарбыт.
Оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэн, хайыһар спордунан дьарыктанан, оскуола үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлээн уһун сайыны атаарарбыт. Дьиэбит иһэ наар сып-сырдык буолара. Сүөһү-ас, хотон иһэ тобус-толору сибиинньэ-куурусса наар баара. Ол барыта ийэм көрөн-истэн, тутан-харайан олороруттан тахсара. Барытын быр-бааччы тутан көрөн, хаһаайыстыбатын хойут кырдьыар диэри тириэрпитэ. Эт-ас быстыбат буолара, сирилэччи миин иһэн, эт сиэн улааппыт оҕолорбут.


Хаартыскаларга: Кыһалҕата суох дьоллоох оҕо саас кэрэ түгэннэрэ.
Ийэм ол үрдүнэн колхозка кырдьыар диэри үлэлээбитэ. Сайын колхоз хаппыыстатын көрөрө. Уһун сайыны быһа, сарсыарда эрдэттэн киэһээҥҥэ диэри бааһынаҕа сылдьара. От сыыһын ыраастаан, буорун көбүтэн, сыттаах баҕайы эминэн үөнү эмтээн хаппыыстаҕа ыһара.
Кыһынын хотоҥҥо дояркалыыра. Совхоз фермата алта-сэттэ биэрэстэлээх сиргэ турара. Онно сарсыарда 6 чаастан киэһэ хойукка, 8 чааска тиийэ сылдьан үлэлиирэ. Тоҥон-хатан, сатыы сылдьара.

Хаартыскаҕа: Ийэлээх аҕабыт улахан убайбытынаан уонна кыралардыын.
Ийэм наһаа ыалдьытымсах этэ, ыалдьыты куруук чэйдэтэн, ирэ-хоро кэпсэтэн ыытар идэлээҕэ. Бииргэ төрөөбүт эдьиийин Дусяны, балтын Клаваны, быраатын Кешаны наһаа таптыыра, кинилэри куруук ахтара-саныыра.
Уонна биир идэлээҕэ: эмтээх оттору олус билэрэ, хайаан да хомуйан араас ыарыыга туттара. Тыаҕа, хонууга сырыттар эрэ наар хомуйара. Дьиэтигэр аҕалан куурдан-хатаран, уура сылдьара. Биһигини ыарыы буулаата да олоруттан отвар, маас оҥорон эмтээн, аҕыйах хонугунан сүүрэн-көтөн хааларбыт.

Хаартыскаҕа: Ийэм эмтээх оттору хомуйар.
Кыра эрдэхпиттэн көрөн улааппыт буолан ийэм үөрэҕэ бэриллэн эмтээх оту билигин билэбин, дьарыгырабын, тостубут да атаҕы тутабын. Ол барыта ийэбиттэн бэриллибит сүдү үөрэх, сүдү күүс буолуон сөп.
Онон биһиги кыһалҕа диэни билбэккэ улааппыт оҕолорбут. Ас-таҥас суох, тиийбэт-түгэммэт диэни билбэт этибит.
Соҕотох ийэбит барыны барытын үлэлээн-хамнаан, сүүрэн-көтөн булара, баар оҥороро. Аҕабыт туппут нуучча оһоҕор (ол оһох билигин да баар, турар, буһарар) түөрт-биэс улахан ылтаһын противень батан киирэрэ. Онно толору бурдук аһы буһарара. Араас мүөттээх, джемнээх булочкалар, минньигэс кренделлэр буһан олбуор иһигэр, уулуссаҕа тиийэ минньигэс бурдук ас сыта дыргыйа устара.
Ийэм Ульяна Семёновна кыраҕа да наһаа үөрүнньэҥ этэ, дьоҥҥо эйэҕэһэ, сытыары-сымнаҕас майгылааҕа. Кини сырдык, ыраас мичилийбит мөссүөнэ үйэлэри уҥуордаан, күн курдук сиэннэрин олоҕун сыдьаайа-сырдата туруоҕа.

Хаартыскаҕа: Ийэбит сиэннэрэ кэлбиттэригэр хаартыскаҕа үөрэ-көтө түспүтэ (ортоку олорор).
Ахтыыны суруйда кыыһа
Раиса Семёновна ФЁДОРОВА.
Мэҥэ Хаҥалас, 2026 сыл олунньу.
