ААР БАҔАХТЫЫ СУОЛТАЛААХ,
ААЛ ЛУУК МАСТЫЫ АЙГЫЛААХ
Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ
Дарбаана суоҕун нннигэр
Аҕам түбүгэ, эрэйэ
Мин ырыабар эрчим биэрэр.
С. Данилов.

Хайа баҕарар киһиэхэ аҕата сүдү, сүҥкэн суолталаах, оруоллаах. Аҕалаах буолан киһи дурдалаах-хаххалаах курдук бэйэтин сананар, олоххо эрэллээхтик үктэнэр.
Биһиги аҕабыт алта оҕону иитэн-аһатан, барыларын үрдүк үөрэхтээн, атаҕар туруоран, дьиэлээн-уоттаан, сиэннэрин көрөн-истэн, дьоһуннаах олоҕу олорон ааста.
Аҕабыт сэрии эрэ иннинэ төрөөн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аҕатын сүтэрэн, олох очурдарын оҕо эрдэҕиттэн билэн улааппыта. «Тойбохой орто оскуолатыгар, улахан кылаастарга үөрэнэ эрэ сылдьан, үөрэх кэннэ мас кэрдэн харчылаһан, тото-хана аһыыр буолбутум», – диэн кэпсиир буолара.
Сэрии, сэрии кэннинээҕи сыллар ыарахаттарын этинэн-хаанынан билбит буолан, аҕабыт биһигини тугу барытын сыаналыырга, кэмчилииргэ, харыстыырга үөрэппитэ. Туох да босхо кэлбэтин, үлэ-хамнас, билии-көрүү киһини киһи гынарын, киһилии сыһыан суолтатын оҕо эрдэхпититтэн мэлдьи кэпсиирэ, кими да сэнээбэккэ, кимтэн да сэнэппэккэ олорор ордугун быһаарара.
Аҕабыт кыра эрдэхпититтэн уһуннук-киэҥник тугу да быһаарбат, үөрэппэт идэлээх этэ, ол оннугар: «Бу кинигэни аах, үөрэт», – диирэ. Билигин кэлэн санаатахха, кинигэттэн туһалаах информацияны буларга, сөпкө туттарга, анаарарга, толкуйдуурга үөрэтэр быһыыта-майгыта оннук эбит. Биир кинигэҕэ суруллубутунан, биир киһи эппитинэн, санаатынан муҥурдаммакка, хас да утарыта санаалары үөрэтэн, билэн, бэйэ санаатын, толкуйун тобуларга дьулуһарга үөрэтэрэ.
Нуучча, омук тылын үчүгэйдик баһылааҥ, нуучча, омук киһитин баһыйар билиилээх-көрүүлээх эрэ буоллаххытына дьону кытта тэҥҥэ, сэнэппэккэ-сирилибэккэ сылдьыаххыт диирэ.
Оҕо эрдэхпититтэн батыһыннара сылдьан ийэлээх аҕабыт үлэҕэ үөрэппиттэрэ, туох да үлэттэн толлон турбат курдук ииппиттэрэ-такайбыттара.
Дьон кэпсиирин, ахтарын көрдөххө аҕабытын, эһэбитин дьон-сэргэ киһи да, уһуйааччы да, салайааччы да быһыытынан ытыктыыр киһилэрэ эбит. Ахтар-саныыр дьон бары киэҥ билиилээҕин, оҕо, дьон интэриэһин тардар этэр-тыынар дьоҕурдааҕын кэпсииллэр.
Үйэтин тухары улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар нэһилиэгин чулуу үлэһит, аатырбыт дьонун туһунан суруйан, төрөөбүт Уһун-Күөлүн аатын-суолун Аар Саарга аатырта, архыып докумуоннарыгар олоҕуран, Тыгын Дархан сыдьааннарыттан, Хаҥалас сириттэн-уотуттан саҕалаан Арыылаах нэһилиэгин устуоруйатын үйэлэргэ сурукка-бичиккэ, кинигэҕэ тиһэн, хаалларда.
Саха норуодунай бэйиэтин Н. Михалева-Сайа хоһоонун тыллара аҕабыт, эһэбит сырдык мөссүөнүн, төрөөбүт дойдутугар – Уһун-Күөлүгэр – анаабыт олоҕун чаҕылхайдык ойуулуур курдуктар:
Аар Баҕахтыы суолталаах,
Аал Луук Мастыы айгылаах
Саха саарын киһитэ,
Кини күннээх килбиэнэ.
ОЛОҔУН КЭРДИИСТЭРЭ
Хотойдор көтөллөр үрдүккэ,
Хорсуттар тиийэллэр ыраахха.
Л. Попов.

Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр холкуостаах кэргэнигэр 1938 сыл от ыйын 30 (докумуоҥҥа киирбитинэн атырдьах ыйын 5) күнүгэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Сэрии ыар сылларыгар үүнэн-улаатан, оҕо эрдэҕиттэн кыһалҕа, тиийиммэт буолуу, аччыктааһын диэн тугун билэн улааппыта. Арыылаах сэттэ кылаастаах оскуолатыгар 1946-1953 сылларга, Тойбохой орто оскуолатыгар 1954-1956 сылларга ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Аҕатын эрдэ сүтэрэн, оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн хара үлэҕэ мускуллан-таккыллан, буһан-хатан, уһаарыллан киһи буолбута.
1953 сылтан ЫБСЛКС чилиэнэ.
1957 сыллаахха Бэстээхтээҕи тутуу собуотугар оробуочайынан үлэҕэ киирбитэ, 1958-1961 сылларга Сахалиҥҥа армияҕа сулууспалаабыта, ол сылдьан хайыһарга үһүс спортивнай эрэһэрээти толорбута, Аҕа дойдутун иннигэр ытык иэһин толорон эппириэйтэр буолан, дойдутугар төннүбүтэ.
1961-1967 сылларга Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтигэр кэтэхтэн үөрэнэн устуоруйа уонна уопсастыба билиитин учууталын идэтин ылбыта.
1963 с. Тойбохой аҕыс кылаастаах, 1964 с. Тойбохой орто, 1966 с. Сунтаардааҕы киэһээҥи оскуолаларыгар устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ.
1966 сыллаахха Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта, 1967 сыллаахха Булун оройуонун норуот үөрэҕириитин салаатын иниспиэктэринэн үлэлээбитэ.
1969 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатыгар учууталлаабыта.
1979 сылтан ССКП чилиэнэ.
Титов Нестер Яковлевич Лүөнньүүт Боппуок аатынан Сунтаар улууһун Арыылаах орто оскуолатын устуоруйа уонна уопсастыба билиитин үрдүкү кэтэгиэрийэлээх учууталынан, дуобат куруоһугун салайааччытынан 45 сыл үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна (22.03.2001), Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ (16.03.2007), үлэ бэтэрээнэ (26.03.1986 – сэбиэскэй кэмҥэ, 27.01.1999 – билиҥҥи кэмҥэ).
1977-1982, 1990-1993 сылларга Арыылаах сэлсэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк сходун бэрэссэдээтэлинэн, бастакы баһылыгынан, 1986-1990 сылларга Арыылаах орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ.
1965 сылтан «Знание» уопсастыба лиэктэрэ. 2005 сыллаахха «Знание» уопсастыба «Сүрүннүүр лиэктэрэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха «Ильич уоттара» хаһыат бастыҥ кэрэспэндиэнин аатын ылбыта. 1992 сыллаахха саха норуотун бастакы кэнгириэһин дэлэгээтэ.
2008 сыллаахха нэһилиэк экэниэмикэтигэр, култууратыгар улахан өҥөтүн, нэһилиэк уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй олоҕор көхтөөх кыттыытын иһин Сунтаар улууһун «Арыылаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» аатын иҥэрбиттэрэ.
2009 сылтан Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон өрөспүүбүлүкэ, төрөөбүт улууһун хаһыаттарыгар, куйаар ситиминэн элбэхтик бэчээттэммитэ, «Арыылаах нэһилиэгин 100 сыла» кинигэ тахсарыгар улахан көмөнү оҥорбута, төрөөбүт кыраайын үөрэтиинэн дьарыктаммыта.
Нестер Яковлевич – үс кинигэ ааптара: «Арыылаах нэһилиэгин историята» (2015), «Арыылааҕым – мин суруйууларбар» (2018). Улаханнык, эмтэммэт ыарыынан ыалдьа сылдьан, Е.М. Молотков суруйууларын архыыптан бэйэтин харчытыгар куопуйалаан, урукку нуучча албаабытынан суруллубут саха бастакы бөлөһүөгүн буочарын сатаан ааҕан, өйдөөн, сааһылаан «Е.М. Молотков. Философские и социологические взгляды» (2020) диэн ааттаан таһаартарбыта.
2024 сыл от ыйын 11 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ, от ыйын 17 күнүгэр кэргэним, аҕабыт, эһэбит көмүс уҥуоҕа төрөөбүт Уһун-Күөлүгэр, Уулаах Атахха, букатыннаах сирин булбута.

ДЬОН-СЭРГЭ БИҺИРЭБИЛИН ЫЛЫАН ЫЛБЫТА
Ааспыт күнү ситэллэр,
Сарсыҥҥыга тиийэллэр,
Кыайыы дьолун-үөрүүтүн
Кэһиилэнэн кэлэллэр.
П. Тобуруокап.

Арыылаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Нестер Яковлевич Титов өр сылларга история учууталынан үлэлээбитэ. Учууталлыыр кэмигэр олус интэриэһинэй уруоктары ыытара. Нэһилиэк иһиттэн саҕалаан Аан дойдуга туох буоларын ааҕан билэрэ уонна үөрэнээччилэригэр умсугутар курдук кэпсиирэ. Оҕолор дойду сонунун кэпсээн информационнай чаастары нэдиэлэ аайы ыыталлара. Төрөөбүт кыраайы үөрэтэн, оҕолордуун бииргэ научнай чинчийэр үлэни ыытара. Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ ситиһиилэнэллэрэ. Элбэх оҕо Нестер Яковлевичтан холобур ылан учуутал идэтин баһылаабыттара.
Дириэктэрдиир кэмигэр оскуола үлэтигэр араас саҥа хайысхалары, сүүрээннэри киллэрбитэ. «Бригантина», «Берёзка» үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара оройуон иһинэн ыытыллар күрэххэ хас да төгүл бастаабыттара туоһулуур. 1977-1983, 1990-1993 сс. Арыылаах нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан, 1997-2003 сылларга нэһилиэк сходун бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатынан талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини көҕүлээһининэн баанньык, бэкээринэ дьиэлэрэ тутуллубуттара. 90 миэстэлээх детсаад дьиэтин тутуутун саҕалаабыта.
Сунтаар улууһун «Знание» уопсастыба чилиэнэ, пропагандиһа, лиэктэрэ этэ. Өр сыллаах сыралаах үлэтин иһин 2005 сыллаахха «Ведущий лектор» бэлиэ аатынан наҕараадаламмыта.
Маны таһынан нэһилиэгин историятын үөрэтэн, чинчийэн бастакынан «История Арылахского наслега» диэн көмпүйүүтэргэ бэчээттэнэн тахсыбыт брошюратын нэһилиэк уонна оскуола бибилэтиэкэлэригэр бэлэх ууммута. Мантан саҕаламмыта диэххэ сөп, биһиги историябытын кэрэһэлиир кинигэлэр тахсыылара. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран архыып дааннайдарыгар олоҕуран, олохтоох кырдьаҕастар ахтыыларын хомуйан «Арыылаах нэһилиэгин историята» – 2015 с., «Арыылааҕым – мин суруйууларбар» – 2018 с., Молотков Е.М. «Философские и социологические взгляды» диэн саха бастакы бөлөһүөгэ Егор Молотков үлэлэрин түмэн бэчээттэппитэ. Бу кинигэлэр дьиҥ-чахчы историческай дааннайдарга олоҕурбут буолан, кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбытыгар туһалаах буолаллара саарбаҕа суох.
Нестер Яковлевич үйэ-саас тухары бар дьоҥҥо үтүө өйдөбүлү хаалларбыта, дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылбыта.
Иван Николаевич ИГНАТЬЕВ,
Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгин баһылыга.

КҮТҮӨППҮТ НЕСТЕР ЯКОВЛЕВИЧ ТУҺУНАН АХТЫЫ
Умнуо да суохпун
Ол күнү,
Ол киһини.
С. Данилов.

Биллэрин курдук, Нестер Яковлевич биһигини үрдүкү кылаастарга история, обществознание уруоктарыгар үөрэппитэ.
Ити, бадаҕа, 1974 сыллартан саҕалаан эбит. Учууталбыт ол саҕанааҕы тас дойду бэлиитикэтин ордук тоһоҕолоон үөрэтэн, анаалыстаан бэйэтэ онтон түмүк оҥорбутун уруогун бүтэһик мүнүүтэлэригэр кылааспытыгар бэрт дьикти интэриэһинэй баҕайытык куруук кэпсиир-ипсиир буолара. Арыт перемена чуораана тыаһаатаҕына даҕаны харыс даҕаны оннубутуттан хамсаабакка иһийэн, олуһун болҕойон, сэргээн истэрбит. Ардыгар билигин даҕаны тыҥыыр 3-с Аан дойду сэриитэ саҕаланар түбэлтэтигэр аатамынай буомба алдьатыылаах, ынырык алдьархайын туһунан кэпсээтэҕинэ, бары дьиксинэн, сорохтор куттанан быһыылаах, кылаас иһэ отой уу-чуумпу буолара. Сытыы-хотуу өттүбүт омуннаах соҕус боппуруостарыгар лоп-бааччы онтон-мантан холобурдаан аҕала-аҕала эппиэттэтэлээн барыбытын чахчы астыннарара. Мээнэ соҕус ыйытыылартан күлэн ыла-ыла кыһыл дуйдаах апараабалаах ачыкытын устан платогунан сопполуур идэлээҕэ. Аны санаатахха, түүннэри помеха өлүү буолбут кылгас долгуҥҥа антыанна холбоно-холбоно «Голос Америки» нууччалыы биэриитин “Спидола” нөҥүө хаптаран истэр идэлээх эбит. Онтун биллэн турар биһиэхэ отой кэпсээбэтэ. Оччотооҕу КГБ болҕомтотугар киирэн хаалар кутталлааҕын билэн кистиир эбит. Хайа уонна хаһыат, сурунаал бөҕөтө сурунан онтун сиһилии ааҕан, үөрэтэн, бэлиэтэнэн баран информация бөҕөтүн хомуйан, бэйэтигэр сөптөөх түмүк оҥостон, сөптөөх анаалыс оҥорон баран диэххэ дуу, биһиэхэ үрдүкү кылаастарга анаан кэпсэтэлээн, бэйэтэ хайдах эрэ хааллыбыт тыынын таһааран диэбит курдук эбэтэр санныттан ыар таһаҕаһы түһэрбит курдукка сананан, күннээҕинэн мунньуммут билиитин-көрүүтүн үксүн оҕолорго түөрэ кэпсэтэлээн быһыыта улаханнык чэпчиирэ, онтуттан улаханнык дуоһуйар даҕаны быһыылааҕа. Билигин даҕаны ол саҕанааҕы интэриэһинэй бэсиэдэлэрин кырдьыга даҕаны тоҕо эрэ хас биирдиилэрин саас-сааһынан умнан кэбиспэккэ аахтара өйдүүбүн, ээ…
Ол саҕанааҕы улахан бэлиитикэ түһүлгэтигэр ССРС Аан дойдуга куруук эйэни түстээччи аатырара. «СССР – оплот мира», диэн суруллубут былакаат өйбөр дэлэҕэ хатанан хаалыа дуо? Эмиэ даҕаны аҕыйах сыллааҕыта (1968 с.) Чехословакияҕа, Прага куоракка переворот буола сатаабытын биһиги дьоммут көмөлөһө тааҥкаларынан астаран тиийэн начаас икки ардыгар күүстэринэн хам баттаабыттарын туһунан Нестер Яковлевич дуоспуруннаахтык туттан-хаптан кэпсиирин субу баардыы өйдүүбүн. Кэм даҕаны АХШ интэрбиэнсийэтэ билиҥҥи курдук син биир баппата, барыбытын надыйыаллыыра. Хо-ши-мин салалталаах социалистическай тутуллаах Вьетнамҥа салгымтыалаах, уунан диэбит курдук үлүгэрдээх уһун кэмҥэ сэриитэ, Сонгми бөһүөлэгин бүтүннүү, олохтоохторун 506 киһини – оҕону, дьахтары, оҕонньоттору кытта аҥаар кырыытыттан кытаанах кыргааһыннара… Оннооҕор Калифорния штатыттан «метеорологическай сыаллаах» ыытыллыбыт шар-зонд ыаллыы Дьаархаҥҥа сэрээтэ бүтэн кэлэн түспүтүн олохтоохтор саба түһэн, сыыһатык быһыыланан тырҕайыылара… Мао-цзе-дун баһылыктаах Кытай компартиятын халыҥ аармыйата сүгүннээбэккэ кыраныыссатыттан биһиги өттүбүтүгэр быгыахтыыр провокационнай, сэрии оҕолоох сиэргэ баппат быһыылара… Индияттан премьер-министр Индира Ганди мэлдьи доҕордуу быһыыга-майгыга биһиэхэ ыалдьыттааһына… Чилигэ Пентагон хунтатын переворота… Куба мэлдьи байыаннай пуорумалаах, сулардыы бытыктаах Фидель Кастрота уоттаах-төлөннөөх революционнай ыҥырыыларын ис хоһоонноро… Иран уонна Ирак мэлдьи батыспат иирсээннэрэ… Амыарыка саҥа айбыт суостаах нейтроннай буомбатын айдаана… Эмиэ онно, баттанан олорор ньиэгир омук коммунист дьахтара Анджела Дэвис хааллыбытыгар көҥүлү модьуйуу… Көҥүл ырыаһыт Дин Рид ханна эрэ тиийэн гитаратынан ыллааһына бобуллан хааччахтаммыта кытта… АХШ бэрэсидьиэнэ Никсон онтон Рейган, генсек Брежневпитин кытта бириэмэннэй туох, туох көрүҥнэригэр сөбүлэһии, дуогабар оҥостубуттарын, илии баттаспыттарын туһунан… Генсек «Целина», «Малая земля» диэн үлэлэлэрин ырытыыта… ГДР-тан Эрих Хонеккер уочараттаах биһиэхэ сырыылара… Бырааттыы дойдулар (страны СЭВ) наукаҕа, производствоҕа кимиилээх ситиһиилэрэ… Космоска сэмээр кэпсэнэр сатамматах саахаллар…
Ыарытыйан эбэтэр кырдьан өлбүт бойобуой маршаллар, политбюро чилиэннэрин ааспыт олохторун, дойдубутугар оҥорбут улахан үтүөлэрин туһунан…
Аан дойдуга нэдиэлэ устатыгар араас үчүгэй, куһаҕан, дьикти сабыытыйалар буолбуттарын барыларын Нестер Яковлевич оскуола оҕолоругар анаан-минээн кэпсээн сырдатара, билиһиннэрэрэ, харахпытын аһара…
Өссө биири өйдүүрбүнэн: Илья Репин «Запорожцы пишут письмо турецкому султану…», диэн аатырбыт хартыынатын быалаах былакаатын (тоҕо эбитэ буолла?) дуоскаҕа иҥнэри соҕус ыйаан баран укаасканан хас биирдиилэрин ыйа-ыйа хайдах туттубуттарын, тугу саҥарбыттарын кытары ойуулаан-дьүһүннээн отой былыргыны түөрэн историятын уруогар умсугутуулаахтык кэпсээбитэ билигин кэлэн элбэх сыллар ааспыттарын кэннэ бэйэм санаабар билиҥҥи кэм сабыытыйаларыгар сөрү-сөп түбэһэр курдугун сөҕө саныыбын.
Онно Украина Запорожьетын хаһаахтара харса-хабыра суохтарын, улахан сэрииһит омуктарын туһунан улуу Гоголь «Тарас Бульба» айымньытыгар олоҕуран кэпсэтэлээбитэ кырдьык онтукайа силистэнэн-мутуктанан, силигэ ситэн чахчы оруннаах курдуга билигин Запорожьеҕа хохуолларбыт СВОҕа дьоһуннаах утарсыыны оҥоро сылдьаллара даҕаны кэрэһэлиир курдук, дии?..
Эмиэ, өйдүүрбүнэн, бороҥнуҥу, хоҥор өҥнөөх мэлдьи биири кэтэр курдук эрээри кырдьык атастаһыннара сылдьан кэтэр көстүүмнэрдээҕин өйдүүбүн. Уларыйа сылдьар эриэн, бүтүннүү бордуобай өҥнөөх хаалтыстардаах буолара. Кылаас иннигэр бастакы уруокка оҥостон олорон тарааҕын уолугун сиэбиттэн хостоон чөкөтүк өрө барбыт соҕус хойуутуҥу баттаҕын эмиэ өрө соҕус тараанара. Бүттэҕинэ тарааҕын киэр хайыһан үрэ түһэн баран улахан түннүк сырдыгар кыһайан көрөөт төттөрү уолугар хороччу уктара. Кыһынын кылгас тыс бачыыҥкалаах, каракуль саҕалаах истээх сонноох, саһыл тыһа ушанка бэргэһэлээх, кыбына сылдьар толору паапкалаах, ардыгар бартыбыаллаах буолан хамыһаар, үөрэхтээх, оччотооҕу интэллигиэн киһи көрүҥэ толору барыта киниэхэ кырдьык баара. Ыытар уруога мэлдьи уу-чуумпута. Учууталбыт сөҥ буолан баран ыллыыр дьон бардовай куоластарыгар майгыннаан, остуоллар эрээттэринэн кэрийэн хаама-хаама, аҕыйах саҥа бэлитиичэскэй ыйынньыктары дуоскаҕа суруйталаан баран аргыый аҕай кэпсээн киирэн бардаҕына уруокка утуктаан хоҥкуҥнуур, мэниктиир оҕо отойдуун суоҕа. Бэйэтэ даҕаны тас көрүҥнүүн хайдах эрэ олус дуоспуруннааҕа, ардыгар кытаанах, дьиппиэн көрүҥ таһыттан чахчы өтө көстөрө…
Билигин кэлэн, сааһыран олорон одууһут, ойуулуур харахпынан өйбөр дьүһүйэн ойуулаатахпына анаан-минээн чочуйан оҥоһуллубуттуу, киэпкэ симиллэн кутуллубут курдук эрээри киппэ, мааны быһыы-таһаа көрүҥнэрэ киниэхэ илэ-чахчы бааллара.
Бөһүөлэк аайы оччолорго билии-көрүү өттүнэн атыттартан ордук чорбойор, ураты дьаһахтаах, тумус туттар биирдиилээн ардыгар эриэккэскэ иккилиилээн даҕаны бас-көс дьон булгу, эбэһээт баар буолаллара. Биир оннук киһибитинэн Уһун-Күөлбүтүгэр кырдьык Нестер Яковлевиһы ааттыырым чахчы оруннаах ини, диэххэ…
Дьэ, ити курдук чороччу улааппыт уолаттар биһиги, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр арай… биир үтүө күн биһиги эдьиийдээтэр эдьиийбит, орто оскуолаҕа трактороведение уруогун биир уратытык, сонуннук үөрэтээччи Елена Прокопьевна санаабытыгар эмискэ баҕайы Нестер Яковлевичка кэргэн тахсан соһуталыыр. Оччолорго оҕо дьон, биһиги кырдьык кинилэр харах далыгар соччо көстүбэтэх, биллибэтэх былааннарын туоҕу эрдэттэн сибикилиэхпит баарай? Кылаар аймахха күтүөт кэлбитин эбэм аах Огдуойдаахха кыра бэлиэтээһин үһү-бадах өйдөөтөхпүнэ кырдьык баара. Икки утуйар хостоох, эһэбит Кылаар Боркуоппай эргэ-урба дьиэтигэр өссө Саргылаах Болуодьа оскуола оҕолоро дьиэлэригэр баар эрдэхтэринэ, саҥа холбоспут ыаллар биир кыһыны дьуккаахтаһан олорон туораабыттара. Күтүөт саҥа туппут маҕаһыын иннинээҕи сүр улахан көстүүлээх аныгылыы тупсаҕай дьиэтэ көҥдөйө бүтэн ис оҥоһуктара эрэ хаалан турара. Эһиилигэр үлэ бөҕөтүн кыттыгас үлэлээннэр эдэр ыаллар саҥа дьиэлэригэр көһөн киирбиттэрин өйдүүбүн. Ахсыс кылааска үөрэхпэр баллаастаан иккис сылбын хаалбытым, эһиилигэр эксээмэн бириэмэтигэр эдьиийим ыҥыран ылан саҥатык дьиэтигэр ый аҥаарыттан ордук кэмҥэ хонноро сытан манаан уруок үөрэттэрэн кыһаллыбытын мэлдьи саныыбын. Оҕолор онно отой кыралара. Нестер Яковлевич тоҕо эрэ суоҕа. Командировкаҕа куораттаабыта этэ дуу…
Онтон кэлин, оҕолор син улаата быһыытыйбыттарын кэннэ, эбии эбинэргэ диэн сүөһү тутан кэтэх хаһаайыстыба хаҥатыыта саҕаланар. Нестер Яковлевич оччотооҕу оройуоннааҕы баартыйа сорудаҕынан нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэллиир. Окко биир бастакынан, бөһүөлэккэ көҕүлүүр холобур быыытынан уруттаан киирэллэрэ. Кытыы сирдэри туһаҕа таһааран тэйиччи баҕайы оттууллара. Биирдэ эдьиийим туруорсан Харба күөлгэ Хочо улууһугар кинээстээбит сэниэ ыаллар Боппуоктар, норуодунай суруйааччы Леонид Попов төрөппүттэрэ түһүүлэнэн олорбут кыстыктарыттан салгыы сир өлүүлэспиттэригэр тиийэн биир күн илиинэн от охсуһан турардаахпын. Ол онно өйдүүрбүнэн эдьиийим аах кууруссалаахтара буолуо, сымыыт ыһыктаах кэлбиттэригэр хаһаайын быһаҕынан аҥаардаан баран кыра чаайынай луосканан баһан сиирин саҥата суох сонугургуу көрөн, онтон ылата мин эмиэ оннук үтүктэн сиир буолбутум, диир билигин кэлэн туох кистэлэ, күлүүтэ кэлиэй, диэххэ…
Кэлиҥҥи кэмнэри санатыстахха, аныгы олох ирдэбилинэн эдьиийдээх күтүөппүт олоххо оннуларын номнуо булбут оҕолорун аттыгар буолаары, сиэннэри даҕаны бүөбэйдэһэр сыаллаах куоракка көһөллөр. Манна дьэ солотуйан Нестер Яковлевич архыыбы хаһан, баардаах баара өтөн, төрөөбүт нэһилиэгин Арыылааҕын туһунан, кини онно олохтоох былыргы дьонун, инньэ 16 үйэттэн саҕалаан хайдах, туох дьон төрөөн-ууһаан, үлэлээн-хамсаан олорон ааспыттарыттан саҕалаан, субу биһиги бириэмэбитигэр диэри улахан истэриичэскэй суолталаах үлүгэрдээх сүдү суолталаах халыҥ кинигэни суруйан хаалларбыта махталлаах дьыала. Итинэн эрэ өссө бүппэтэҕэ. Араас кэмнэргэ нэһилиэк үлэһит, туруу-бараан дьонун туһунан хаһыакка хайҕаталаан таһаартаабыт ыстатыйаларын түмэн, онтун бүтүн кинигэҕэ кубулутан олохтоохторго бэлэх ууммута. Бу дьон оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ билигин, кэнэҕэһин даҕаны ааҕаннар киэн туттуохтара, элбэҕи билиэхтэрэ-көрүөхтэрэ сыттаҕа. Үһүс хоннохтоох суруйбут үлэтин уола Яков Титов сөргүтүөхтээҕин туһунан соторутааҕыта истэн аһарбытым. Күтүөппэр бастакы кинигэбин сүрэхтээн баран бэлэх уунаарыбын кыра кыыспынаан Баайалыын сылдьарбар ыарытыйан отой мөлтөөбүт этэ да буоллар, син биир суруйа сылдьара. Остуолга биһигинниин олорсубакка эрэ үлэлиир остуолугар кэлээскэтигэр олорон эрэ, кинигэбин тутаат, сонно тута арыйан аахпытынан барбыта. Эдьиийбитинээн чаас аҥаара курдук ыксал бириэмэҕэ чэй иһэ олордохпутуна, Нестер Яковлевич саҥа таһааран иккитэ төхтүрүйэн күлэн ылбыта. Ол аата кинигэм суруллуута үчүгэй, барсар эбит, күтүөтүм итинник сэргээн күлбүт буоллаҕына, диэн эдьиийим Елена Прокопьевнаҕа бэйэм сыана быһан «чап» гыннара охсубутум. Ити 2019 сыл сааһа этэ…
Эдуард Данилович ЕРЕМЕЕВ.
Сунтаар, Уһун Күөл.

КЭЛЭР КЭНЧЭЭРИ ЫЧЧАККА ҮТҮӨ ХОЛОБУР ЭТЭ
Сир ийэ үрдүгэр эн улуу киһигин,
Сүрэҕиҥ сылааһын, баай дириҥ билиигин
Хас биирдии үөрэтэр оҕоҕор биэрэҕин,
Түҥэтэн, үллэрэн бүтэрбэт аптааххын.
Марфа Куличкина.

Мин Нестер Яковлевиһы 1981 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатыгар үлэлии кэлиэхпиттэн билэбин. Физкультурнайы бүтэрэн үлэлии кэлэрбэр Николай Алексеевич Егоров дириэктэринэн үлэлии олорор кэмэ этэ. Аҕыйах сылынан Нестер Яковлевич оскуола дириэктэрэ буолбута, кини үлэлиир кэмигэр ОППТ (Общественно-полезный производительный труд) учууталынан, пионер баһаатайынан үлэлээбитим.
Нестер Яковлевич 1938 сыллаахха холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 1967 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтүн бүтэрэн баран история, обществознание учууталынан, районо инспиэктэринэн, оскуола саабыһынан, дириэктэринэн – барыта 45 сыл үлэлээбит. Үрдүкү категориялаах учуутал, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна этэ. Нестер Яковлевич олус дириҥ, киэҥ билиилээҕэ, араас үөрэтэр мэтиэдикэни баһылаан туһанара. Кини «Знание» уопсастыба чилиэнэ буолан, аан дойду балаһыанньатын үөрэтэн, историческай, архыып докумуоннарыгар уонна дьиҥнээх олоххо буолар чахчыларга олоҕуран үөрэтэрэ, ол оҕолор интэриэстэрин олус тардара. Үгүс сылларга кини үөрэппит оҕолоро улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар научнай-практическай кэнпэриэнсийэлэргэ, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлара. Ол курдук, мин дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан саҕалыырбар, 2000-2001 үөрэх сылыгар «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэнпэриэнсийэҕэ 11 кылаас үөрэнээччитэ Иванова Катя «Икки экономическай система биир киһи дьылҕатыгар» дакылаатынан улууска 1 миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Иванова Туяра 4-с миэстэни ылары ситиспитэ. Тойбохой оскуолата 100 сааһыгар Иванова Катя дакылаат ааҕан грамотанан уонна биһирэбил бирииһинэн наҕараадаламмыта. Ити сыл «Дьол тааһа уонна кырыы нэһилиэк» диэн дакылаатынан эрэгийиэннээҕи кэнпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Нестер Яковлевич Арыылаах оскуолатыгар үлэлиир кэмнэригэр элбэх учуутал идэлээх үөрэнээччилэри бэлэмнээбитэ. Кини үөрэнээччитэ Потапов Петр история учууталын идэтин бүтэрэн учууталлаабыта, өр сылларга Бүлүүчээн орто оскуолатын, лиссиэйин дириэктэринэн үлэлээн баран үөрэх управлениетын начальнигынан үлэлээбитэ. Потапов Михаил Дьаархан орто оскуолатыгар история учууталын, улахан уола Титов Андрей история учууталын үөрэҕин бүтэрэн СГУ-га преподавателинэн үлэлээбитэ.
Нестер Яковлевич «Знание» общество чилиэнэ, «Учуутал хаһыатын» Бүтүн Союзтааҕы куонкуруһун кыайыылааҕа этэ. Нэһилиэк Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, дьокутаатынан, Арыылаах нэһилиэгин бастакы баһылыгынан үлэлээбитэ. Кини кэргэнинээн Елена Прокопьевналыын 6 оҕону төрөтөн-иитэн улаатыннартаан, барыларын үрдүк үөрэхтэтэлээбиттэрэ, араас идэлээх дьон буолан, дьиэ-уот тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Нестер Яковлевич өр сыллаах үлэтин иһин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн, элбэх Бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Кини бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кэмигэр суруйарынан дьарыгырбыта, Арыылаах нэһилиэгин историятын кинигэ гынан суруйан таһаартарбыта. Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыт бэтэрээн учууталбыт туһунан сырдык өйдөбүл кэлэр кэнчээри ыччакка үтүө холобур буолуо диэн эрэнэбин.
Лидия Гаврильевна НИКИТИНА,
Л. Попов аатынан Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, АБ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Алексеевтар учуутал династияларын чилиэнэ.
Сунтаар улууһа, Уһун-Күөл бөһүөлэгэ.

БИИРГЭ УЛААППЫППЫТ
Туораҕынан бырахсар
Оҕо сааспыт ааспыта,
Сайылыкпыт барахсан
Сайыһаахтыы хаалбыта…
Л. Попов.

Биһиги биир дэриэбинэҕэ улааппыт буоламмыт, бэйэ-бэйэбитигэр аймахтыы курдук сыһыаннаһарбыт. Төрөппүттэрбит билсэр этилэр – мин ийэм Дьэбдьиэй, кини ийэтэ Маайа, аҕата Дьаакып. Мин ийэбинээн кинилэргэ биир бириэмэҕэ дьуккаах олоро сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Бука күһүн хойутуу интэринээт аһыллыар диэри эбитэ буолуо. Дьоммут үлэлииллэр, Ньиэстэр биһикки иккиэн уруокпутун бииргэ аахтарбыт, дьиэ иһигэр-таһыгар бииргэ оонньуурбут, үлэлиирбит. Иллээх-эйэлээх оннук биир ыал оҕолорун курдук буола сылдьыбыттаахпыт.
Оччолордооҕу олох элбэх үлэлээх, түбүктээх, сылаалаах. Оҕобун диэн олорон хаалбаккын. Сайын аайы улахан дьону кытта тэҥҥэ улахан оҕолор от охсуутугар, кыралар мунньууга, бурдук баайыытыгар, сиилэс тэпсиитигэр сылдьарбыт. Онно элбэхпит: мин эдьиийбинээн Зоялыын, Ньиэстэр баар, өссө өйдүүбүн Кирилл уонна Роман Марковтары, Алёша уонна Ваня Николаевтары. Уонна да өссө оҕо элбэх буолааччы. Отууга хоно сылдьарбыт, оонньоон, мэниктээн ыла-ыла бэриллибит үлэни кыайар этибит.
Улаатан, оскуоланы бүтэрэн баран мин Үөһээ Бүлүүгэ көспүтүм, Миронов Семён Егоровичтыын олохпутун холбоон, ыал буолан онно олохсуйбуппут. Онтон Ньиэстэрим аҕабынан аймах кыыспытын Кларова Еляны кэргэн ылан, отой да сокуоннай аймах буолбута. Онон дойдубар Сунтаарга аймахтарбар тиийдим эрэ Ньиэстэри кытта эбэһээт көрсөбүт буо. Онно мин кэргэммин кытта билсэн, доҕордоһон, кэлин манна куоракка эмиэ билсэр, сылдьыһар этибит. Олох-дьаһах, оҕо-сиэн туһунан нус-хас олорон, күлэн-үөрэн, сэһэргэһэн ааһарбыт.
Кылгастык кэпсээтэххэ итинник. Оҕо сааһым биир доҕоро, Ньиэстэр, хата аймах буолан хаалан, умнуһан-сүтэрсэн кээспэккэ уһун үйэбитигэр көрсө-билсэ сылдьыбыппыт диэн астына-дуоһуйа саныыбын.
Мария Васильевна МИРОНОВА (Сидорова),
үлэ бэтэрээнэ, сэрии тулаайаҕа, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕоро.
Дьокуускай.

УЧУУТАЛЫМ ТУҺУНАН
Учууталга улуу дьол баар –
Оҕолор тапталлара.
Саллар сааска ытыгылаан
Санаан-ахтан ааһаллара.
Баал Хабырыыс.
Күндү учууталым Л.А. Попов аатынан Арыылаах орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа үрдүкү категориялаах учууталынан 45 сыл үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэhитин Нестер Яковлевич Титов туhунан ахтан-санаан аастахха, маннык.
Бэhис кылааска алын сүhүөҕү бүтэрэн, орто оскуолаҕа киирээппитин кытта араас элбэх предметтэр кыттыhан, уруок аайы атын учууталга үөрэнэр интэриэhинэй кэммэр аан бастаан Нестер Яковлевиhы кытта «История» диэн предмети билбитим. Хара маҥнайгыттан оҕоҕо предмети, уруогу учуутал хайдах билиhиннэрэр, сырдатар да оннук ылынаҕын. Нестер Яковлевич уруоктара олус умсугутуулаахтык ааhаллара, ол курдук хас биирдии олорон ааспыт кинээс дуу, император дуу оччотооҕу уобараhын уот харахха субу баардыы ойуулаан кэпсиирэ, историческай событиеларга илэ бэйэм сылдьыбыт курдук саныахпар диэри итэҕэтиилээхтик матырыйаалы тиэрдэрэ, чахчы маннык этэ диэбиттии өйбөр таҥыллан тахсаллара. Ол курдук история наhаа да үчүгэй предмет эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ол кэмтэн ыла историяҕа аналлаах биэриини да, кинигэни да, хаhыакка ыстатыйаны да буоллун – барытын интэриэhиргиир, төhө баарынан көрө-билэ сатыыр буолбутум. Ол саҕана эфиргэ Юрий Сенкевич ыытар «Клуб путешественников» биэриитин көтүппэккэ көрөн саҕалаабытым. Египет пирамидаларын да баран чинчийиэхпин, эбэтэр ыраах Америка ацтектарын цивилизациятын үөрэтиэхпин баҕарар санаам үүйэ-хаайа тутара, аан дойду баай да историялаах, араас да норуоттардаах, интэриэhинэйиин, киэҥиин диэн сөхтөрөр санаа, сир-дойду көхсө киэҥин билэн ыырым кэҥээн, үөрэниэх, өссө да элбэҕи билиэх баар эбит диэн толкуй киирэн, Нестер Яковлевыhы батыhа сылдьарым. Уопуттаах учуутал оҕо интэриэhин чопчу көрөн, өссө элбэҕи биллин-чинчийдин, хаhыстын диэн эбии дьарыктаан куустаҕа, улуус таhымнаах олимпиадаларга кыттыыны ылар этим, миэстэлэhэн кыайыы үөрүүтүн билэрим.
Ахсыс кылаастан чинчийэр үлэни учууталбын кытары саҕалаабыппыт. Хас биирдии киhи төрөөбүт дойдутун чулуу дьонунан киэн туттар, этэргэ дылы алаас ааттаах, дойду сурахтаах, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх буоларын курдук, хас биирдии нэһилиэккэ итинник ытык дьон үтүө аатын ааттатаары, ыччат дьоҥҥо үтүө холобур буоллун диэн чинчийэр үлэм дьоруойунан Уhун-Күөл нэhилиэгин киэн туттар киhитэ, Сунтаар улууhун, Арыылаах нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн», «Тыа хаhаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ», «Сунтаар улууhун тыатын хаhаайыстыбатыгар кылаатын иhин» анал бочуоттаах бэлиэлэр хаhаайыннара Игнатьев Николай Иванович II туhунан буолбута. Чинчийэр үлэм дьоруойун таhaaрыылаах үлэтин сырдатар сопхуоска субай сүөhүнү төлөһүтүүгэ рационализаторскай ньымалары киллэрэн оройуоҥҥа уон түөртэ, өрөспүүбүлүкэҕэ икки төгүл чөмпүйүөн үлэhит үрдүк аатын ылбыт «Үлэттэн дьолун булбут киhи» диэн дакылаатым «Шаг в будущее» научнай-практическай улуустаҕы кэмпэриэнсийэтигэр бастакы миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэ таhымыгар оройуон чиэhин көмүскүүр дьолго тиксибитим. Учууталбынаан дакылааппын өссө чочуйан биэрбиппит, истиэндэҕэ көрдөрөр матырыйаал баатымаҥҥа (ол саҕана проектор эҥин арааhа суоҕа) иhитиннэриигэ (дакылаакка) чопчу сөп түбэhэрин курдук оҥорон, үлэни ситэрэн-хоторон биэрбиппит. Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр Дьокуускайга Сунтаар улууhун оҕолоро диэн биир уонча киhи буолан куораттаатыбыт. Мин сиэксийэбэр «Историческай наука уонна уопсустуба» диэҥҥэ үгэс курдук саамай элбэх кыттаачылаах этэ. Ол да буоллар ситиhиилэхтик кыттан үс маҥнайгы лауреат иhигэр киирэн учууталым, оскуолам, улууhум аатын түhэн биэрбэккэ, өрөспүүбүлүкэ таhымыгар бастакытын кыттан, үөрүү өрөгөйүн билибитим. Саамай өйдөөн хаалбытым диэн түмүккэ кыттааччылар проектарын ырытыы кэннэ дьүүллүүр сүбэ икки чилиэнэ, Саха сирин биллиилээх дьоно, кинигэҕэ, хаhыакка, тэлэбиисэргэ эрэ көрөр дьонум Ульяна Алексеевна Винокурова, социологическай наука дуоктора, социальнай наука Академиятын академига, психологическай наука кандидата, профессор, Саха сирин Конституциятын торумнуурга үлэлэспит ааттаах киhи уонна Егор Михайлович Махаров, философскай наука доктора, профессор, Саха Республикатын Академиятын чилиэнэ, олус үчүгэй чинчийии, үлэ буолбут диэн сыанабыл биэрэн, бэйэлэрин кинигэлэрин бэлэхтээбиттэрэ буолар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпэриэнсийэ үтүө түмүктээхтик ааспыта, мин санаабар, учууталым быhаччы көмөтүнэн, кини ыйан-кэрдэн, сүбэлээн, эбии дьарыктаан, оскуолаҕа эрэ буолбакка, бэл диэтэр дьиэтигэр кытта өрөбүлү, каникулу аахсыбакка дьарыктаан, кыhаллан иккиэн сыралаах үлэбит түмүгэ дии саныыбын.
Уруккуну билэр, билиҥҥини интэриэhиргиир, инникини анааран көрөргө үөрэтэр история наукатын киэҥ эйгэтин аhан биэрбит учууталбар Нестер Яковлевичка махталым муҥура суох. Аан маҥнайгыттан история уруогун сөбүлээн, бэhис кылаастан саҕалаан билэр этим, хайаан да историческай факультет устудьуона буолуом диэн. Ол курдук оскуолабын бүтэрээт, М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтин историческай бакылтыатыгар үөрэнэ киирбитим. Биэс сыл уhуйуллан «историк, преподаватель истории» диэн квалификациялаах үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолбуппар күндү учууталым Нестер Яковлевич кылаата сүҥкэн улахан. Билигин историяны билэр буолан, быраап эйгэтин баhылаан, дойду патентнай повереннайа буолабын, Саха сирэ киэн туттар аан дойдуга аатырбыт саха быhаҕын, бриллианын, хомуhун аҥардастыы бырааба (иключительные права) Саха сиригэр баар буоларын ситиспит өҥөлөөхпүн.
Хас биирдии киhи олоҕор учуутал билиини эрэ биэрэр, саҥа матырыйаалы эрэ сырдатар киhи буоларынан муҥурдаммакка, бэйэтин холобурунан, билиитин киэҥинэн, иитэр-такайар дьоҕурунан оҕону интэриэhиргэтэр, чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүр, саҥаттан саҥаны тэҥҥэ арыйсар. Олоххо тыыппалаах буоларгын дьаныhар үрдүк аналлаах учууталлартан биирдэстэринэн миэхэ Нестер Яковлевич Титов буолар.
Екатерина РОМАНОВА (Иванова),
АБ патентнай повереннайа, өй-санаа бас билиитин Национальнай үнүстүүтүн дириэктэрэ, «Сделано в Якутии» урбаанньыттар Ассоциацияларын төрүттээччи, «Деловая Россия» Саха сиринээҕи салаатын бэрэсэдээтэллэриттэн биирдэстэрэ, СӨ ааптар бас билиитин эриэгийиэннээҕи депозитарийын төрүттээччи.

ЭН ӨРҮҮ ТЫЫННААХХЫН
Бука, мин бэбээрэ ытаабытынан
Окко түспүт буолуохтаахпын.
Онон дьиэрэччи ыллаабытынан
Күн сириттэн барыахтаахпын.
Семён Данилов.

Нестер Яковлевич 60-ча сыл тухары оройуон, улуус, өрөспүүбүлүкэ араас хаһыаттарыгар, куйаар ситимигэр элбэхтик бэчээттэммитэ. Төрөөбүт нэһилиэгин, кини баай остуоруйатын, нэһилиэк бастыҥ дьонун туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кыаҕа баарынан сырдаппыта.
Учуутал, лиэктэр, пропагандист, историк, кыраайы үөрэтээччи буолан үлэтин хайысхата киэҥ этэ: улуус, нэһилиэк тэриллиитэ, холкуостааһын, аччыктааһын, сэрии ыар сыллара, сопхуостар тэриллиилэрэ, бэйэни салайыныы боппуруостара уо д.а..
Нестер Яковлевич аймахтарыгар-урууларыгар, биир дойдулаахтарыгар, бииргэ үлэлээбит-алтыспыт дьонугар, үөрэппит оҕолоругар үрдүк аптарытыаттаах, Уһун-Күөл дьоно-сэргэтэ киэн туттар, биллэр-көстөр, тумус киһилэрэ этэ.
51 сыл тухары эйэ-дэмнээхтик, орто киһи сиэринэн бииргэ олорбут күндү киһим, айбыт аҕабыт, эһээлээтэр эһээбит киэҥ билиилээх, дириҥ көрүүлээх-истиилээх, хоһуун үлэһит киһи этэ. Күн-күбэй ийэтин көрбүтэ-истибитэ, балтыларын олохторун булалларыгар кыаҕа баарынан көмөлөспүтэ. Алта оҕотун үрдүк үөрэхтээн, куоракка дьиэлээн-уоттаан атахтарыгар бигэтик туруорбута, киһи оҥорбута. Дьону-сэргэни убаастыыр, үлэни сэргиир, таптыыр, кыайар-хотор курдук туохтан да толлубат, чаҕыйбат гына ииппитэ-такайбыта.
Кэргэним, аҕабыт, эһэбит барахсан дьоһун олоҕу олорон ааста. Биир киһи холугар сүрдээх улахан үлэни – нэһилиэк устуоруйатын, биллиилээх дьонун туһунан (хас биирдии суруйбут чахчытын архыып докумуонунан бигэргэтэр үгэстээҕэ) кинигэлэри, ыстатыйалары, дакылааттары – суруйан хаалларда.
Кэргэним, аҕабыт, эһэбит үтүө аата-суола, сырдык мөссүөнэ мэлдьи биһигини өйүү-такайа, үөрдэ-көтүтэ, дурда-хахха буола сылдьыа. Баарбыт тухары – эн өрүү тыыннааххын.

Ахтыылары хомуйда Яков Нестерович ТИТОВ,
нуучча тылын, литирэтиирэтин учуутала, бэдэгиэгикэ билимин хандьыдаата, тутулуга суох чинчийээччи, лингибиистикэ маҕыыстыра, тылбаасчыт.
