Архипов Гаврил Игнатьевич туһунан

АҔАМ СЭРИИГЭ КЫТТЫЫТА

Аҕам Архипов Гаврил Игнатьевич 1900 сыллаахха Хочо улууһун Хадан нэһилиэгин Ньыла Бэрэтигэр, бэйэтэ этэринэн, Быстах Хаҥалас сирэ диэн сиргэ төрөөбүт.

Аҕам Архипов Гаврил Игнатьевич.

Хадан нэһилиэгэ 1898 сыллаахха иккис Дьаархантан арахсан туспа нэһилиэк буолуон иннинэ сорох сирэ (Одо, Ньыла диэки өттө) Хаҥалас (билиҥҥи Кутана) нэһилиэгэр киирэрэ. Ол кэлбит сирдэри Быстах Хаҥалас сирдэрэ дииллэрэ. Аҕабын 1900 сыллаахха төрөөбүтүнэн ааҕабыт даҕаны, 1918 сыллаахха Романова Ульяна диэн 18 саастаах кыыһы ойох ыларыгар, аҕабыыт бэргэһэлииригэр суруйбутунан аҕабыт 21 саастаах эбит. Оччоҕо 1897 сыллаахха төрөөбүт курдук буолар. Кинилэр биэс оҕоломмуттар: Маарыйа, Настаай, Ыстапаан, Дуунньа уонна Борокуоппай. Сэрии иннигэр кэргэнэ ыалдьан өлөн хаалбыт. Аҕам сахаҕа бөдөҥ киһи этэ. Үрдүгэ миэтир аҕыс уонтан тахса, ыйааһынын алта буут ордугуна уон икки киилэ дэнэрэ (сүүстэн тахса киилэ).

Аҕам маннык кэпсиир этэ: «Ньылаҕа 1929 сыллаахха аҕыйах буолан «Мөккүөр» диэн холкуоска холбоспуппут. Үс сыл буолан баран Хаандыга тэриллибит «Кыһыл иитийэх» диэн холкуоска түмсүбүппүт. Ити холкуоска миигин пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. 1941 сыллаахха сэрии буолбута. Ол сайын улахан кураантан Бүлүү өрүс уута түһэн хаалбыта. Сунтаартан бастакы хомуурга барааччылар манан Лена өрүс үрдүгэр турар Турукта бөһүөлэгэр сатыы барар буолбуттара. Турукта бөһүөлэгэ Сунтаартан 20-тэн тахса көстөөх сиргэ баар. 80-ча акка ыһыктарын ындыыламмыт 700-кэ киһи балаҕан ыйын 5 күнүгэр уһун айаҥҥа туруммуттара. Кинилэр өрүһү Агдаары аартыгын аннынан хас да ат киирэр көнө муосталаах кэтит оҥочонон, ону таһынан түөрт-биэс киһи олорор уонна икки киһини уйар оҥочолорунан киэһэ хараҥарыар диэри туораабыттара. Ол дьоҥҥо манна, Агдаарыга, хонон ааһалларыгар мин, пиэрмэ сэбиэдиссэйэ буоламмын, хас да сүөһүнү өлөрөн уонна сүөгэй, арыы биэрэн аһаппыппыт. Баран иһээччилэр түүн үөһэ ааһыар диэри оһуокайдаабыттара.

Онтон 1942 сыллаахха иккис хомуур буолбутугар миэхэ бэбиэскэ тиийэн кэллэ. Хаанды эҥээригэр улахан бырабылыанньа дьиэтэ баарыгар көтөн түстүм. “Хабырыыл, дьэ, аармыйаҕа барар буоллуҥ”, – диэтилэр. “Оҕолорбун кытта бүтэһигин аһаан барарбар тугу биэрэҕит”, – диэбиппэр, биир эрэ киилэ арыыны биэрэргэ дьаһайдылар. Күүстээх Бөчөөхөп – холкуос сопхуоһа. Киниттэн баран ол киилэ арыыбын ыйатан ыллым, эбии көрдөөбүппүн “ити да сөп буолуо” диэн көбүөлээн кээстэ. Дьиэбэр тиийбитим орто кыыһым Настаайым котоку, хантан хоргун булбута буолла, арай лабырыктаан тоһуйбут. Оҕолорбун кытта уку-суку аһаатым. Улахан курууска баарыгар толору ол лабырыктан симэн биэрдилэр. Дьиэбит Хаанды кэриитигэр туруорбах эргэ балаҕан этэ. Онон билигин Ньылаҕа барар боруочука буолан турар. Аһаан бүтэн, дьиэттэн тахсан оҕолорбун кытта быраһаайдаһан баран, тахсан өрүс суолун тутан сэриигэ барбытым. Оҕолорум дьиэлэригэр бэйэлэрэ эрэ ытаһа хаалбыттара. Билигин ким да кэпсээбэт, дьон бөҕөнү өлөрөр-сүтэрэр сирдэригэр, Молотовка тиийбитим. Ол онно холкуос кытаанах, ыарахан илии үлэтигэр үлэлээбитим, аас-туор олоххо, аһылыкка сылдьыбытым онно туһалаабыта, тулуспутум. Оттон үөрэхтээх, сулууспалаах, үрүҥ үлэҕэ, үчүгэй аһылыкка сылдьыбыттар толору ый буолбатахтара, ыран охтон хаалбыттара. Кэлин Бараһыылап тойон кэлэн бэрэбиэркэлээн баран, туох баар саламтаны барытын Москубаҕа илдьэ барбыта. Таҥнарааччылар диэн сууттаппыт үһү.

Муолатапка тиийэммин биир дойдулаахпын Бытыкыйы (Бытыкыев Дмитрий Егоровиһы) көрсүбүтүм. Кини эрдэ Чаараттан ыҥырыллан тиийбит этэ, ол дойдуга. Миигин көрөн баран: «Оо, Хабырыыс, сатана киһитэ, сордоох өлүү сиригэр кэлээхтээбиккин», – диэбитэ. Кини Алдан бириискэлэригэр сылдьыбыт буолан нууччалыы наадатын быһаарсар этэ. Онно холоотоххо мин нууччалыы тугу да билбэт этим. Күүһүнэн-күдэҕинэн, харса суоҕунан дьэ сүрдээх киһи этэ, Бытыкый барахсан.

Сэрии үөрэҕин ааһан баран, Ленинград оборонатыгар кыргыспытым. Ленинград эбэ хотун кытаанах дойду этэ. Кытыыта барыта сууллан баран турара. Сөмөлүөт бөҕөлөөх көтөн кэлэн буомба бөҕөтүн кутан кэбиһэрэ. Сир ийэ өрө дьигиһийэ түһэрэ. Оччоҕуна киһи кута-сүрэ, уйулҕата көтөр иэдээнэ буолара. Айыбыын!

Онтон бааһыран баран, госпитальтан таҕыстаҕым аайы атын-атын чаастарга түбэһэр этим. Барыта түөрт төгүл, ол иһигэр иккитэ ыараханнык бааһырбытым, биирдэ хонтууһуйа ылбытым. Нууччалар барахсаттар, адьыын дьокуут-охуотунньук, булчут диэн арбааннар аптамаат уонна бүлүмүөт биэрэллэр, онно холооотоххо бинтиэпкэ диэн таах мас чуор кэриэтэ. Уручунуой бүлүмүөт баар этэ, дьэ үтүө сэп. Кыргыһыы кэмигэр ханан буруо хойуу сиринэн өстөөхтөр күлүгүлдьүһэллэрин харса суох ытаҕын, кэлин көрдөххө ол өттүгэр киһи бөҕө охтубут буолара. Биирдэ кыараҕас окуопам иһиттэн иннибэр буомба тоҕу тэппит оҥкучаҕар көспүтүм. Утаакы буолаат кэннибэр сэнэрээт дэлби тэппитигэр өгдөйөн көрбүтүм, били субу сыппыт окуопам иһигэр түспүт этэ. Көр, ол курдук эһиги төрүөх быаҕытыгар кыл-мүччү көһөн биэрбит эбиппин. Итинник түгэҥҥэ субу аттыгар сылдьыбыт киһиҥ түбэстэҕинэ, туга да хаалбакка сүтэн эрэ хаалара. Сэриигэ сылдьыбытым тухары биирдэ да сахалыы саҥаны истибэккэ, саханы көрсүбэккэ кэлбитим. Дьэ, туолка үөрэҕим суоҕа, нууччалыы билбэтим куһаҕан этэ. Били бэйэм улгуммунан, бииргэ кинилэри кытары сүүрэ-көтө сылдьарбынан сөбүлэппитим, нуучча норуота барахсаҥҥа.

Буулдьа, оскуолак курдарыта көппүтүн кэннэ, эһиги дьолгутугар тыыннаах эргиллэн кэлбитим. 1945 сыллаахха күһүн дойдубун этэҥҥэ булбутум. Сунтаарга кэлэн остолобуойга аһыы киирбитим били сэриигэ барарбар ытыы хаалбыт кыыһым Настаайым онно үлэлии сылдьар эбит. Кыыспын көрөммүн олус үөрбүтүм, оттон кыыһым аһара соһуйбута. Тоҕо диэтэххэ, 1943 сыл сайыныгар аҕаҕыт өллө диэн хара сурук, бохоруоҥка кэлбитин онно истибитим. “Хайа, тоойуом, хаскыт баарый?” – диэбиппэр “бары баарбыт” диэбитигэр үөрбүппүн эриэхсит… Сэриигэ барарбар иккилэрэ кыра оҕолор хаалбыттара ээ. Сэрии аас-туор сылларыгар, өлүү-сүтүү бөҕө буолбут кэмин туорааннар оҕолорум бары баалларыттан, кырдьаҕас ийэм тыыннааҕын истэммин үөрүүм өрөгөйө онно буолбутун тылынан хайдах этиэм баарай! Хадаҥҥа тахсан Эйикээргэ ийэбэр барбытым.

Аара Хаандыга пиэрмэ дьиэтигэр киирбитим. Икки кыыс аһыы олороллоро, миигин көрөөт куттанан өрө сарылаһа түспүттэрэ. Кэлин уоскуйан чэйдии олорон: “Сэриигэ өлбүт Тоһукка үөрэ киирэн кэллэ ээ диэбиппит”, – дэспиттэрэ. Көр, оннук эмиэ баара. Ол икки кыыстан билигин Хадаҥҥа Кылааһа (Остобунаева) олорор. Киэһэ Эйикээргэ тиийбиппэр ийэм утуйа сытара. Уһугуннаран “уолуҥ Хабырыыс кэллэ” диэбиттэригэр өлбүтүнэн ааҕа сылдьар уола кэлбитин кыайан өйдөөбөккө, аах-маах буолбута. Дьон “уолуҥ Тоһукка сэрииттэн тыыннаах кэллэ” диэн эппиттэригэр оронуттан туран “Тоһукка даа, тыыннаах даа” диэн кэлэн тутан көрөн баран, итэҕэйэн үөрүүтүттэн ытамньыйбыта». Бу аҕам кэпсээнэ.

Билигин интернет ситимиттэн булан көрдөххө, ол похоронкаҕа аҕам 31-с гв. сд. 95-с гв. сп. рядовой байыаһынан сылдьан, 15.07.1943 с. өлөн Орловскай уобалас Ульяновскай оройуонугар Пустая диэн дэриэбинэтигэр 4 №-дээх братскай могилаҕа көмүлүннэ диэн этиллибит. Ити күнүнэн көрдөххө, аҕам Курскай Тоҕой кыргыһыытыгар сэбиэскэй сэриилэр кимэн киирбит күннэригэр сөп түбэһэр эбит. Подольскай куоракка баар Оборона министерствотын киин архыыбыттан кэлбит сурукка маннык этиллибит: «Архипов Гаврил Игнатьевич, 1900 года рождения, рядовой, стрелок, ручной пулеметчик 113 сп. Западный фронт Харьковское направление и Белорусский фронт. Непосредственно участвовал в боях с немецко-фашистскими захватчиками. Не раз успешно отражал атаки противника из ручного пулемета. Будучи раненым, 09.12.1943г. не покинул поле боя до конца сражения, метко поливая свинцом противника из своего пулемета. За период протяжения войны ранен: 14.10.1942 г., 15.07.1943 г., 09.12.1943 г. и 08.01.1944 г.».

Аҕам Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии орденнаах буойуна буолар. Сэриигэ хорсун быһыылары көрдөрбүтүн иһин Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан наҕараадаламмыта.

Дойдутугар кэлэн бастаан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Ол үлэлии сылдьан ийэбиниин Павлова Агафья Степановналыын, иккиэн биэстии оҕолоох огдооболор холбоһон, өссө үс оҕону төрөппүттэр: Уйбааны, Анисияны уонна миигин. Ийэм оҕолоро Маарыйа, Мотрёна, Миитэрэй, Дуунньа, Ньукулай этилэр. Аҕабыт кэлин болуотунньугунан үлэлээбитэ, Хадан оскуолатын тутуспута.

Хадан оскуолатын акылаатын маһын суорар. 1964 сыл.

Сэрии иннигэр Сунтаар икки этээстээх оскуолатын тутуутугар Хадантан киирэн эмиэ тутуспуппут диирэ. Сайын аайы ыраах тыаҕа тахсан оттоһоро. Холкуоска төһүү үлэһит этэ. Үчүгэй үлэтин иһин Москваҕа ВДНХ-ҕа баран күүлэйдээн кэлбитэ.

Москваҕа ВДНХ-ҕа Жданов аатынан холкуос бастыҥ үлэһиттэриниин. 1965 сыл.

Ол сырыытыгар Ленинградка эмиэ сылдьыбыта. Сэрии саҕана кини көрбүт алдьаммыт-кээһэммит куората саҥалыы тутуллан олус тупсубутун көрөн, сөҕөн-махтайан кэлбитэ.

1969 сыллаахха Сунтаарга көһөн киирбитэ.

Угут Күөл ыһыаҕар эдьиийин уола, 1954-58 сс. үһүс ыҥырыылаах ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата буола сылдьыбыт Михайлов Михаил Петровичтыын (уҥата). 1975 сыл.

Аҕам 77 сааһыгар 1977 сыл балаҕан 12 күнүгэр сирдээҕи олоҕун түмүктээбитэ.

Кыра уола Архипов Олег Гаврилович.

Ахтыыны суруйда кыра уола

Олег Гаврилович АРХИПОВ, 72 саастаах, Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгин олохтооҕо.

04.04.2025 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *