Потапова Ирина Николаевна туһунан

САХА ДЬИҤНЭЭХ ДАЛБАР ХОТУНА

Биһиги оҕо эрдэхпититтэн билэр күндү киһибит Ирина Николаевна Потапова бу күннэргэ орто дойдуттан туораабытын туһунан истэн олус хомойдубут, курутуйдубут.

Сунтаарга өр сыллар тухары биһиги ийэлээх аҕабытын Сивцевтэри кытары ыаллаһан эрэ буолбакка, истиҥник доҕордоһон олорбуттара. Сонуннарын эрэ буолбакка, туох баар үөрүүлэрин-хомолтолорун бииргэ үллэстэллэрэ. Аҕаларбыт өр сылга бииргэ үлэлээн кэлбиттэрэ. Сунтаар оройуона сайдарыгар биһиги аҕаларбыт Данилов Дмитрий Данилович уонна Сивцев Дмитрий Львович сүҥкэн оруоллаах дьон этилэр. Ол курдук “Холбос” курдук улахан, тыын суолталаах тэрилтэни салайбыттара, Сунтаар оройуонугар бэйэлэрин улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ.

Бу маннык үрдүк эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьар кэргэнигэр Дмитрий Даниловичка Ирина Николаевна куруук көмө, өйөбүл буолара. Үтүө хаһаайка быһыытынан дьиэ үлэтин барытын толороро, олус үчүгэй оҕуруоттааҕа. Мас, араас үүнээйи, сибэкки олордон, оҕолорун онно барытыгар сыһыаран улаатыннартаабыта. Ирина Николаевна кыра кыыһа Эльвира мин эдьиийбинээн Светланалыын дьүөгэлиилэр, бииргэ Хабаровскайга үөрэммиттэрэ. Онтон ыла билиҥҥэ диэри табаарыстаһа сылдьаллар. Бэйэ-бэйэлэригэр үгүстүк көмөлөсүһэллэр, өйөнсөллөр.

Ирина Николаевна бу орто дойдуга 96 сааһыгар диэри дьоһуннаах, киһи эрэ үөрэр олоҕун олорон аастаҕа. Үс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээн, дьиэлээн-уоттаан атахтарыгар бигэтик туруортаабыта. Онон ийэ үрдүк аналын толору толорбута саарбаҕа суох. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн тэбис-тэҥҥэ үлэҕэ сыһыаран, олох бары өрүтүн кэпсээн, быһааран олус үчүгэй ийэ этэ. Үөрэх туһатын өйдөөн оҕолорун-сиэннэрин барыларын аахтаран, үөрэххэ сыһыарбыта. Олус мындыр, муударай киһи этэ. Кэлин элбэх сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэйэтэ туспа сыһыаны булан, кинилэри иитэн-такайан улаатыннарсыбыта. Бары оҕолор “эбээ оскуолатын” ааһан, ситиһиилээх дьон буола улаатан, үлэлээн, дьиэ-уот тэринэн үксүлэрэ ыал ийэлэрэ, аҕалара буолан сылдьаллар.

Ирина Николаевна бу олоххо ийэ, эбээ, хос эбээ аатын үрдүктүк сүгэн кэлбитэ. Бэйэтин дьоһуннаах олоҕунан, үлэҕэ-олоххо, дьоҥҥо сыһыанынан үгүстэргэ холобур буолбута. Сааһырдым диэн олорунан кэбиспэккэ, хойукка диэри олоххо буола турары барытын истэн-көрөн, ааҕан, ыйыталаһан интэриэһиргии олороро. Оройуон, түөлбэ тэрээһиннэригэр кыаҕа баарынан кыттара. Библиотекаттан хаһыат, кинигэ уларсан ааҕара, кыралаан иистэнэрэ. Бу олоххо тардыһыы дьиҥ биир дьикти өрүтэ буолар, мээнэ киһи бачча сааһыгар диэри итинник олорбот. Сахалыы тыыннаах, олоххо ураты көрүүлээх, мындыр, муударай, барытыгар сатабыллаах, киэҥ билиилээх саха дьиҥнээх далбар хотуна этэ – Ирина Николаевна.

Ирина Николаевна дьонугар барыларыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит. Ийэҕит, эбээҕит, хос эбээҕит олоҕун салгыыр дьон куруук кини сырдык мөссүөнүн өйгүтүгэр-сүрэххитигэр илдьэ сылдьыҥ, сирдьит сулус оҥостуҥ.

Светлана, Саргылана СИВЦЕВАЛАР.

Дьокуускай куорат, 2025 с. сэтинньи.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *