Данченко Анна Семёновна туһунан

СҮРЭХПИТИГЭР КУРУУК ТЫЫННААХ БУОЛУОҤ

Тапталлаах кэргэним, ийэбит, эбэбит, хос эбэбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Россия бочуоттаах донора, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ туһааннааҕа, үрдүк категориялаах терапевт-быраас, үлэ бэтэрээнэ, Чинэкэ нэһилиэгин ытык олохтооҕо Анна Семёновна Данченко уhун ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан барда.

Ийэбит Анна Семёновна 1943 сыллаахха тоһуттар тымныылаах тохсунньу ыйга, сэрии ыар-аччык сылларыгар Бүлүү оройуонун биир кэрэ-бэлиэ, мааны айылҕалаах Уотту сиригэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Семён Гаврильевич Протопопов сэрии толоонуттан төннүбэтэҕэ; ийэтэ Мария Васильевна Кондакова ‒ Сталин уордьаннаах холкуос, сопхуос туруу үлэhитэ этэ.

Ийэбит Бүлүү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын ситиhиилээхтик бүтэрэн, СГУ медицинскэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1968 сылллаахха быраас идэтин ылан, үлэтин Бүлүү куоратыгар оҕо тубдиспансерыгар ординаторынан саҕалаабыта. Салгыы 1969 сылга Чинэкэ балыыhатыгар участковай бырааhынан анаммыта уонна, ханна да халбарыйбакка, 44 сыл устата кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ.

Кини салайбыт балыыһатын көхтөөх кэлэктиибэ үүнэн-сайдан, тэрилтэ «Коммунистическай үлэ» удаарынньыга кытары буолбута. Саҥа стационар, амбулатория дьиэлэрэ, стоматологическай кабинет үлэҕэ киирбиттэрэ. Анна Семёновна өр сыллаах сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан «Гражданскай килбиэн» ытык бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Анна Семёновна нэhилиэк дьоно эт-хаан өттүнэн чэгиэн буолалларын туhугар түүнү-күнүһү аахсыбакка, харыстаммакка, идэтигэр олус бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Дьон кыһалҕатын тус кыһалҕатын курдук үллэстэн, санааларын көтөҕөн, үтүөҕэ эрэли саҕан, кэмигэр сөптөөх диагноз туруоран элбэх дьон олоҕун быыhаабыта, эмчит буолар аналын эҥкилэ суох толорбута.

Ийэбит балыыһаҕа бэйэтэ ыараханнык ыалдьа сытан ыарыһахтарга сүбэлээн, санааларын көтөҕөн көмө-ама буолара.

Кыыс оҕо төрөөн, ийэ буолар аналын толорон ‒ түөрт оҕо күн-күбэй амарах ийэтэ, таптыыр кэргэн, тапталлаах эбээ, хос эбээ буолуу дьоһун дьолун билбитэ.

Үтүөкэн майгылаах, “үтүөрүөҥ” диэн тыллаах күндү ийэбит, быдан дьылга быраһаай! Үтүө-мааны киhибит, төһө да чугас аймах дьонуҥ ортотуттан барбытыҥ иһин, эн биhиги өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр куруук баар, тыыннаах буолуоҥ…

Кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ.

*​ *​ *

От имени коллектива ГБУ РС(Я) «Вилюйская ЦРБ им. П.А. Петрова» выражаем искренние соболезнования родным и близким Данченко Анны Семёновны, отличника здравоохранения РС(Я), ветерана труда, Почётного донора России и Почётного гражданина Чернышевского наслега.

Анна Семёновна посвятила свою жизнь служению людям, проработав участковым врачом-терапевтом в Чернышевской больнице. Её профессионализм, забота о пациентах и неоценимый вклад в развитие здравоохранения района навсегда останутся в сердцах людей. Она была не только выдающимся специалистом, но и настоящим другом, мудрым наставником и вдохновителем для многих.

Дети войны, она знала, что такое трудности и лишения, но всегда оставалась оптимистичной и готовой прийти на помощь тем, кто в ней нуждался. За свою самоотверженную работу Анна Семёновна была награждена знаком отличия «Гражданская доблесть», что свидетельствует о её высоких заслугах перед обществом.

Пусть земля ей будет пухом!

Коллектив Вилюйской ЦРБ.

*​ *​ *

Улаханнык ытыктыыр, убаастыыр, барыбытыгар күндү бырааспыт Анна Семёновна биһиги нэһилиэкпитигэр 40 сыл үлэлээбитэ. Дьон-сэргэ, кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ туруктаах доруобай сылдьалларын туһугар күннэри-түүннэри бэйэтин харыстаммакка, бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

Ыарыыбытын кытары тэҥҥэ үллэстэн, санаабытын көтөҕөн, “үчүгэй буолуо” диэн үөрдэрэ. Оччолорго, медоборудование суох кэмигэр, чуолкай сөптөөх диагноһы туруоран эмтиирэ. Элбэх дьону эмтээн быыһаабытын улаханнык сыаналыыбыт. Махтанабыт, умнубаппыт.

Анна Семёновнабыт кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, бары уруу-аймах дьонугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Чинэкэ нэһилиэгин администрацията.

*​ *​ *

Ийэҕит барахсан анараа дойдуга бараахтаабытынан дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. 40 сыл медицинаҕа үлэлиирим тухары Анна Семёновна курдук билиилээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах, дьону түмэр, өйүүр-өйдүүр бырааһы көрсө иликпин. Киниэхэ махталым муҥура суох.

Чинэкэттэн Антонина НИКОЛАЕВА.

2025 с.

​(«Ахтыылар», 2025 с. сэтинньи)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *