Попов Виктор Романович туһунан

1937 сыл ахсынньы 5 күнэ. Ыстаалыныскай Конституция күнэ. Бу Мэҥэ Хаҥалас улууһугар улахан сабыытыйа «Холкуос кырдьыга» диэн хаһыат күн сирин көрбүтэ.

Ити күнтэн билиҥҥэ диэри 80 эрэ сыл ситимниир буолбатах, бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин улахан улууһун күннээҕи олоҕун уонна үлэтин сиһилии сырдаппыт үтүөлээх хаһыат өрөгөйө. Ону олоххо киллэрэр туһугар хаһыат аатын үстэ уларыппыта: бастаан «Холкуос кырдьыга», оттон 1962 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн Сэбиэскэй бэчээт күнүттэн «Ленинскэй знамя» уонна 1993 сыл алтынньы 16 күнүттэн күн бүгүнүгэр диэри «Эркээйи» аатын үрдүктүк тутан кэллэ. «Ленинскэй знамя» хаһыат ол кэмнээҕи баартыйа ыйыытынан тэриллибит өрүс уҥуордааҕы холкуоһунай-сопхуоһунай управлениеҕа холбоммут Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Амма, Алдан оройуоннарын олохтоохторугар ананан таһаарыллыбыт хаһыат этэ.

Ити сылларга элбэх эрэдээктэр, айар үлэһит үлэлээн, суруйан-бичийэн аастылар. Кинилэр ортолоругар ССРС (РФ) суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ 8 киһи үлэлээбиттэрэ. Бу атын ханнык да оройуон хаһыатыгар буолбатах түбэлтэ. Ол туһунан мин «Элбэх суруйааччылары ииппит хаһыат» (2008 с. алтынньы 9 күнүнээҕи «Саха сирэ» хаһыат) диэн бэлиэтээһини хаһыат тахсыбыта 70 сылыгар эппиэттиир сэкирэтээр Виктор Романович Попов «Хаһыат история кэрэһитэ» диэн кинигэтин билиһиннэрии быһыытынан суруйбутум.

Биир идэлээҕим Бииктэр Боппуок (мин эмиэ Бүлүү улууһун хаһыата өссө «Өктөөбүр суола» диэн ааттаах эрдэҕинэ, балачча кэмҥэ эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбит буоламмын итинник этэбин) уонна «Эркээйи» хаһыат үгүс ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар арахсыспат өйдөбүллэр буолан сылдьаллар диибин. Кини ааспыт үйэ 1960 сылыгар «Холкуос кырдьыга» хаһыат эрэдээксийэтигэр күннээҕинэн үлэҕэ ылыллыбыт. Үксүгэр кэриэктэр типэгирээпийэҕэ олорон үлэлиир буолан, типэгирээпийэ үлэһиттэрэ киниэхэ ордук чугас буолаллара. Ол да иһин Виктор Романович очотооҕу хаһыат кэриэктэрин Варвара Николаевна Лукинаны уонна Марфа Мефодьевна Плотникованы «эдьиийдэрим барахсаттар» диэн ааттыыра түбэспиччэ буолбатах.

Ити курдук кэриэктэрдии сырыттаҕына, литэрэтииринэй үлэһит дуоһунаһыгар өрө таһаараллар. Ити 1967 сыллаахха, 50 сыл анараа өртүгэр этэ. Аны айар үлэ кистэлэҥнэрин баһылааһыҥҥа туруммута. Ол да иннинэ, кэриэктэрдиир кэмигэр, нууччалыыттан сахалыы тылбаастааһыҥҥа, инпэрмээсийэлэри суруйууга хаһыаттарга көмөлөһөр буолан, бастаан утаа санаатыгар ыарырҕатар курдук ылынан баран, дьылҕата таайан, таһаарыылаахтык үлэлээн барбыта. Оттон 1972 сыл атырдьах ыйыттан күн бүгүнүгэр диэри хаһыакка эппиэттиир сэкирэтээр. Өрөспүүбүлүкэҕэ Бииктэр Арамаанабыс саҕа уһуннук, ситиһиилээхтик үлэлээбит эппиэттиир сэкирэтээр улуустарга суох. Киһитэ кини буолан, араас көрдөбүллээх да, ирдэбиллээх да тохсус эрэдээктэригэр илиитин араарбакка үлэлии сылдьар. Ол иһигэр, мин билэрбинэн, олус хабыр соҕус майгылаах эдэр да, кырдьаҕас да эрэдээктэрдэр үлэлээн ааспыттара. Кинилэр бары харахтарын толорор гына эппиэтинэстээхтик үлэлээһин үгүс сыраны-сылбаны, билиини-көрүүнү ирдиир буолуохтаах.

Кинилэр бары, биир киһи курдук, Бииктэр Арамаанабыс үрдүк эппитиэнэстээҕин, көрдөбүллээҕин уонна сурук-бичик үлэтин чахчы баһылаабытын бэлиэтииллэр. Сэкирэтирээт  хаһыат үрдүк эппиэтинэстээх ыстааба. Өссө ол саҕана киинэ да диэххэ сөп.

Кини сэкирэтээр быһыытынан булумньута хаһыакка арааманы таба тутуута буолар. Урут туох эрэ ураты суолталаах матырыйаалы бэлэмнээн суолта биэрэн, араамаҕа астар диэн суруллубатах сокуон баара. Ону Бииктэр Боппуок, аһары баран, «Эркээйи» хаһыат бары матырыйаалларын сырдык араамаҕа ылыыны атын хаһыаттартан бастаан туттубута. Ордук хаһыат бүтэһик балаһатын арыйдаххына, манна араас суоллаах, ойуулаах араама дэлэй буолуо. Ону улуус ааҕааччылара бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар. Арай урут, сэбиэскэй кэмҥэ, киин хаһыаттартан «Известия» эрэ хаһыат арааманы хото туттар буолара …

Сорох киһи, сэкирэтээр түбүктээх үлэтигэр үтүрүттэрэн, хаһыакка суруйбат буолан хаалара баар суол. Оттон биһиги Бииктэрбит айар, суруйар сэкирэтээр буоларын күн ахсын көрөн итэҕэйэбит. Ону таһынан эдэрдэри хаһыат уустук, мындыр идэтигэр уһуйар. Бииктэр Боппуок улууска тахсар бары кинигэлэргэ кыттыһар, ахтыы да суруйар, тылларын-өстөрүн устуруустааһыҥҥа көмөлөһөр.

Оттон успуор тиэмэтигэр Бииктэр Боппуок бэйэтэ маастарга хандьыдаат күүстээх дуобатчыт уонна II разрядтаах саахыматчыт быһыыларынан иһиттэн дириҥник хорутан сааһылаан суруйар. Улууска буолбут күрэхтэһиилэргэ саахымакка да, дуобакка да ким хас сыллаахха хаһыс миэстэни ылбытын уонна туох комбинацияны туһаммытын өйүгэр тута сылдьарын сөҕүөххүн эрэ сөп.

Бииктэр Боппуок итинэн эрэ муҥурдаммат. Ат сүүрдүүтүн, спортивнай куйуурдааһын, айылҕа харыстабылын боппуруостарын астыктык ырытан, киһи көрөн турарын курдук итэҕэтиилээхтик суруйар. Эдэр эрдэҕиттэн хаартыскаҕа түһэрэр буолан, суруйууларын хаартыскаларынан ситэрэн-хоторон биэрэр. Ааҕааччы кини суруйууларын кэтэһэр уонна ардыгар сакаас оҥорор. Бииктэр эрэ суурйдаҕына, хаһыакка тахсыбыттары итэҕэйэр уонна астынар дьон элбэхтэр. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттара эмиэ кини суруйууларын хото таһаараллар.

Манна сыһыаннаан биир эрэ түгэни аҕалабын. 2007 сыл алтынньы 3 күнүгэр «Пусть дольше века длится век» диэн Бииктэр Боппуок «Эркээйи» хаһыакка 100 сааһын туолбут Сергеевна Трохова туһунан суруйбут. Нөҥүө нүөмэригэр М.С.Троховаҕа өрөспүүбүлүкэ «Үйэ саас» бэлиэтин туттарыы туһунан эрэпэртээһин таһаартарбыт.

Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ улууһа Мэҥэ Хаҥалас хаһыата «Эркээйи» элбэх наҕараадаларга тиксибитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ ааҕааччылар ортолоругар маассабай үлэни тэрийиигэ 1972 сыллаахха Бүтүн Сойуустааҕы М.И.Ульянов аатынан бириэмийэни 2006, 2007, 2008 уонна 2013 сылларга СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын граннарын, 2012 сыллаахха «Пресса кыһыл көмүс пуондатын» лауреата, эмиэ ити сыл СӨ суруналыыстарын сойууһун «сыл хаһыата» аналлаах бириэмийэтин ылбыта. Ити наҕараадаларга ыстаап ыстаастаах салайааччыта Бииктэр Боппуок сырата эмиэ баар.

Биир идэлээҕим В.Р.Попов хара төрүөҕүттэн хаһыаччыт буоларга, айар үлэҕэ ананан кэлбит киһи. Кини таайдарынан саха саҥалаах бары билэр киһибит норуодунай артыыс Гаврил Колесов уонна саха бэчээтин саарына Лука Колесов буолаллар. Бииктэр ийэтэ Ефросинья Гаврильевна кинилэр аҕастара этэ. Аҕата Роман Николаевич Берлини ылар иһин кырыктаах кыргыһыыга охтубута биллэр, сураҕа суох сүппүтэ.

Кэргэн Мария Константиновна Попова Мэҥэ Хаҥалас типэгирээпийэтин бэтэрээнэ, «Бочуот знага» уордьаннаах типографист. Таһаарыылаах үлэтинэн социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, Майа сэбиэтин үс ыҥырыыга дьокутаата. Биир тылынан, судаарыстыба эрэллээх үлэһитэ киһи. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, сайынын даачатыгар Павловскайга оҕуруот арааһын олордор. Оҕолоро хаһыат эппиэттээх үлэтигэр сылдьаллар.

В.Р.Попов түөһүн «Гражданскай килбиэн», Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Майа сэлиэнньэтин ытык киһитэ, ССРС уонна СӨ Бэчээтин туйгуна бэлиэлэр киэргэтэллэр. Ахсынньы 27 күнүгэр 80 сааһын томточчу туолар күнэ, онон, өр сылларга үлэлээбит хаһыатын кытта үөлээннээхтиилэр. Кини инники былааннарын олоххо киллэрэригэр туйгун доруобуйаны баҕарыаҕыҥ.

Клавдий ПАВЛОВ,

РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

2017 сыл, ахсынньы ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *