Иван Егорович Федосеев-Доосо туһунан киһи барыта билэрин курдук саныырбыт тутах эбит. Аҕа саастаах көлүөнэ кинини билэригэр саарбахтааһын суох. Оттон орто уонна аныгы ыччат көлүөнэ, ырыаларын ыллыы сылдьар эрээри, Доосону ситэ-хото билбэттэрэ көһүннэ. Итини мин үйэҕэ биирдэ кэлэн барар киһи 90 сааһын туолуутун бэлиэтиир үтүөкэн тэрээһиннэргэ сылдьан харахпынан көрөн, кулгаахпынан истэн итэҕэйдим.
Кэргэнэ Степанида Николаевна, уолаттара Николай уонна Иван аҕаларын сырдык аатын кэриэстээн бэттээхэй тэрээһиннэри ыыттылар. Саха араадьыйатыгар уонна телевидениетыгар биэриилэр, дойдутугар Дириҥҥэ, түмүккэ Өксөкүлээх киинигэр көрсүһүүлэр Доосо олорон ааспыт олоҕун үгүс өттүттэн сырдатан, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Кини баара-суоҕа 23 сааһыттан бэчээттэнэн барбыт поэт, прозаик, публицист, тылбаасчыт, литературнай критик, ССРС Бэчээтин туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, А.П.Илларионов аатынан Ил Түмэн Суруналыыстыкаҕа бириэмийэтин лауреата. Эдэркээн эрдэҕиттэн ССРС Суруналыыстарын, Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, 50-тан тахса кинигэ ааптара, Эрилик Эристиин, Карамзин ааттарынан литературнай, Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэлэр лауреаттара, Чурапчы уонна Таатта улуустарын, Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо кини этэ. “Хаама сылдьар энциклопедия”, аатырбыт тамадаа, араатар, үгүс киһи үтүө аатын тилиннэрбит быраабы көмүскээччи – эмиэ кини. Сорох айымньылара ирландия, польша, монгол, казах, киргиз, тува, алтай, башкир, бурят, удмурт, осетин омуктарын тылларынан бэчээттэммитинэн, ырыата омуктарга, ХНТ штаб-квартиратыгар, США үгүс куораттарыгар дьиэрэйбитинэн дьоллоох этэ. Бу барыта соҕотох киһиэхэ батан, түмүллэн сылдьыбыт. Онто быычылаан, таһыгар таһымнаан, иҥэн-батан сылдьыбакка мөккүөргэ кыттар, ииссээҥҥэ эриллэр түгэннэрдээҕин ахталлара. Бигээн көрөн үктэммэт, талах быыһыттан ким кыайарын кэтии сыппат быһыыта-майгыта итинниккэ тиэрдэн эрдэҕэ…
Баһын былаахыга ууран туран “дьаарай националист” Күлүмнүүрү, билиэҥҥэ сылдьыбыт “таҥнарыахсыт” М.А.Алексеевы ис дьиҥнэрин таска таһаарбыт, бар дьоҥҥо биллэрбит – кини. Өр сылларга улуу революционер Пётр Алексеев аатын сүкпүт таатталарга дьиҥнээх ааттарын төнүннэриигэ, хомуйуус партия өрөгөй кэмигэр (!), күүс-көмө, тирэх буолуутун, архыыбы хасыһыытын сорохтор кэлин эрэ билэбит. Историческай аата төннүбүт Таатта дьоно, ордук билиҥҥи ыччата, итини төһө билэрэ буолла? Г.П.Башарин туох буруйугар партиятыттан, үлэтиттэн эһиллибитэй, учуонай степениттэн маппытай, хаайылла сыспытай? Туох улахан ыар буруйу оҥорбутугар?! Үс сүдү улахан суруйааччыларбытын сырдаппытын иһин… Доосо маны эмиэ таах көрөн олорботох, көмүскэспит.
Доосо 27 сыл устата солбуллубакка “Хотугу сулус” (билигин “Чолбон”) сурунаалга эппиэттиир сэкэритээринэн үлэлииригэр сурунаал тирааһа 30 000 тиийэ сылдьыбыт, оччо элбэх киһи суруттарбыт. Кумааҕы тиийбэтинэн, бэчээттиир кыах суоҕунан 17 000-ны ааҕааччыга тарҕаппыттар, баар-суох сахалыы тыллаах сурунаал үгүс ааҕааччыларын матаран хомоппуттар, кыһалҕаттан. Редакция ити бэрт дьадаҥы, бас билэр массыыната да суох, умнаһыт олохтоох кэмигэр. Кумааҕы булуута, тиэйэн аҕалыыта, сурунаалы кэмигэр таһаарыы, араас бэйэлээх Москва, атын үгүс республикалар ааттаах-суоллаах суруйааччылара ыалдьыттыы ыҥырыллан кэллэхтэринэ олохторун оҥоруу, аһыыр астарын булуу, көрсүһүүнү тэрийии, атаарыы о.да. а. бүппэт үгүс түбүк Доосо санныгар сүктэриллэрин туһунан суруйааччылар бэйэлэрин ахтыылара урут уруккуттан баар.
Биллэн турар, истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтин Доосо төрөөбүт-үөскээбит Хоптоҕотун дьоно-сэргэтэ тэрийдэ. “И.Е.Федосеев-Доосо аатынан” оскуола кэлэктиибэ, Дириҥ бөһүөлэгин олохтоохторо умнуллубат кэрэ киэһэҕэ мустан ыллылар. Улуус кииниттэн – Чурапчыттан Култуура, Үөрэх управлениеларын, администрация анал делегацията уонна Дьокуускайтан кэлбит Доосо чугас дьонун кыттыыта дьикти киэһэни сэргэхситтэ диэхтээхпин. Олохтоох оскуола (дириэктэр М.С.Игнатьев) оҕолорун ырыалара-тойуктара, дьүһүйүүлэрэ, Дириҥнээҕи норуот театрын ырыаһыттарын толорууларыгар Доосо сүрэхтэн сүппэт ырыалара дьоро киэһэ киэргэлинэн буоллулар. Дьокуускайтан тиийбит суруйааччылар И.Осипов – Ойуур Уйбаан, А.Варламова-Айысхаана ахтыыларын, Ил Түмэн дьокутаата И.Шамаев улуу учуутала М.А.Алексеев сырдык аата тиллиитигэр Доосоҕо махталын уонна кырдьаҕас кийииттэрэ, саҥастара С.Н.Федосеева махталын, кэс тылларын, үтүө баҕарыыларын олохтоох дьон истиҥник ылынна.
Степанида Николаевна бу үтүө тэрээһини уолаттарын Иваны, Николайы, кийииттэрин Маргаританы уонна Татьянаны кытта көҕүлээбиттэригэр махтаныах тустаахпыт. Кийииттэр ийэ киһилэрин “сиргэ үктэннэрбэккэ” өйөөн-убаан илдьэ сырыттылар.
Ахсынньы 21 күнүгэр “Өксөкүлээх киинигэр” түмүк тэрээһиҥҥэ, ыраах Чурапчыттан тиийэ кэлэннэр үгүс киһи муһунна. Итиннэ Москваттан субу төннүбүт Доосо биир идэлээх суруйааччылара көхтөөх кыттыыны ыллылар, ахтыылары оҥордулар. Доосо сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймахтара, үгүс чугас дьонноро кэриэстии кэлбиттэр. Академик В.Н.Иванов, Ил Түмэн баһылыга А.Н.Жирков, дьокутаат И.И.Шамаев, “Бичик” кинигэ кыһатын кылаабынай редактора В.Н.Луковцев, НВК-тан араадьыйа редактора В.И.Петрова о.д.а. республика бэлиэ дьоно Доосону кэриэстээн үтүө тыллары эттилэр. Кырдьаҕас литературнай критик, ф.н.д. Д.Е.Васильева Доосо олоҕун, үлэтин сырдатар кинигэ таһаарбытын ахтыыта мустубут дьон болҕомтотун тарта. Онон И.Е.Федосеев-Доосо, кырдьыгы кынат оҥостубут улахан суруйааччы, бары өттүттэн, туга да тумнуллубакка, умнуллубакка ахтыллан ааста.
Бу, аҕыйах да хонуктаах буоллар, сындалҕаннаах сырыылары Доосо үгүс үөрүүтүн, хомолтотун өр сылларга тэҥҥэ үллэстибит хотун доҕоро С.Н.Федосеева сылайары аахсыбакка бэккэ тулуйбутуттан үөрэҕин. Степанида Николаевнаҕа анаан үгүс үтүө тыл этиллиэн этилиннэ. Кини курдук уһун сылларга эр киһитин арыаллаабыт, тиһэҕэр тиийэ өйөөбүт, көмүскээбит, өлбүтүн кэннэ 4 үтүө кинигэни таһаартарбыт саха дьахтара суох. Үгүс дьон маны саамай сөпкө бэлиэтээтэ. Киһиэхэ дьиҥнээх таптал, бэриниилээх буолуу, уонна “кырдьык кыайыыта, үтүө өрөгөйө” диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Иван БУРЦЕВ.
2017 сыл, ахсынньы ый.
(«Ахтыылар», 2022 с. тохсунньу ый)
