ҮТҮӨ, КӨНӨ МАЙГЫЛААҔА
Улуу сэрии иннинэ сылын аайы “Кыһыҥҥы Ааллаах Үүн таһаҕаһа” диэн холкуостарга түһэриллэр былааннаах үлэ көрүҥэ баара. Бу олус уһун уонна сылаалаах үлэҕэ дьон хоһуунун, көлө кыахтааҕын талан ыыталлара. Онно Чурапчы оройуонун Белолюбскай нэһилиэгин “Хомсомуол” холкуоһуттан 4-5 киһи сылдьара. Олор истэригэр – мин таайым Иван Павлович Попов.

Айанньыттар сындалҕаннаах сырыы кэнниттэн киэһэ хонуктарыгар сэһэргэһэн, хаартылаан, эдэр дьон илии-атах оонньуутун оонньоон сынньанар эбиттэр. Биирдэ оннук киэһэҕэ симиэбийэҕэ мустубут дьон, саха сиэринэн, ат көнтөһүнэн быа тардыспыттар. Судургу күрэхтэһии буоллаҕа, баар дьон бары, нууччалыын-сахалыын кыттыбыттар. Түмүгэр, биир модьу-таҕа көрүҥнээх нуучча хаалан хаалбыт. Итини көрөн турбут Ньукулай Боппуок олус абаккатыйан Уйбааҥҥа:
– Быраат, ыл эрэ, киирэн холонон көр, хоттордоххуна мин киириэм, – диэбит.
Убайа тыл быктарбытын быһа гыммакка, Уйбаан киирэн кыайыылааҕы утары олорунан кэбиспит. Анарааҥы киһи уу ньуулдьаҕай эдэр оҕо киирбитин сэнии көрөн аҥаар илиитинэн тардыһаары тииһигирбитин, таайым буолумматах. Ньыгыл таас курдук улахан киһини эдэр оҕо бэйэтинэн тылланан киирбитин көрөөрү, үөмэхтэһии бөҕө буолбут. Тардыһыы саҕаламмыт…
Уйбаан анараа киһини адьас тулуппатах, эбиитин киһитин саҥыйаҕын эҥээрин саралыы тардан кэбиспит. Өйдөөн көрбүттэрэ, анараа киһи сиргэ намылыйан түспүт сонун тэллэҕин доҕоро киһи хам үктээн турбут эбит. Ол да көмөлөспөтөх. Бу түгэни Ааллаах Үүҥҥэ элбэхтик таһаҕас таһыспыт, ону илэ көрбүт Иван Дмитриевич Каженкин кэпсиирэ.
Биир дойдулаахпыт, тимир ууһа Михаил Барахсанов көрсүө-сэмэй Уйбаан Боппуок туһунан элбэҕи сэһэргиирэ… Нэһилиэк киинигэр Арыылаахха таҥара дьиэтин таһыгар турбут 52 буут ыйааһыннаах куолакал баара. Уйбаан, оонньоотоҕо аатыран, ол куолакалы иҥнэри тардан иһигэр оҕолору киллэрэрэ үһү. Бу куолакалы 1943 сыллаахха “сэрии наадатыгар” диэн ханна эрэ анал сыарҕанан тиэйэн барбыт этилэр.
Оччолорго саас аайы сылгылары сургуйга хаайан сэлиир үгэстээхтэрэ. Биирдэ Нэлэгэр диэн алаас сургуйугар биир биэ кыайан сэлэппэккэ куотан өрө мөҕө сылдьыбыт. Биэ күрүө кытыытыгар чугаһаан кэлбитигэр, хааччах тас өттүгэр турбут Уйбаан биэни көҕүлүттэн харбаан ылбыт. Кытаанах тардыһыыттан сургуй сүнньүөҕэ тостоору имиллэҥнээбит, биэ төлө туттаран куота ойбут. Уйбаан олус соһуйан:
– Бу хайдах тыыннааҕынан сылдьан сытыйан хаалбыт баҕайыный! – диэн баран илиитигэр хаалан хаалбыт хааннаах көҕүлү киэр бырахпыт. Кини биэни туппатаҕыттан улаханнык абаккарбыта үһү.
1942 сыллаахха Уйбаан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Өлүөнэни өксөйөн иһэр борохуот кумах кытылга тохтообутугар, фроҥҥа барааччылар “кэриэс-хомуруос оонньуу” диэн ааттаан, сахалыы күрэхтэспиттэр. Учуутал үөрэхтээх убайа Ыстапаан Боппуок көҕүлээһининэн, Уйбаан тустар буолбут. Туста киирээт, икки киһини туох да албаһа-таймата суох, хара күүһүнэн самахтарын туорайыттан ылан олуйа тутан охтортообут. Уйбаан тустан тахсан уоскуйбутун кэннэ убайа Ыстапаан:
– Ити оройуоммут аатырбыт бөҕөстөрүн Сиипсэби уонна Сэмпээйэби быраҕаттаатыҥ, – диэбит. Онтон таайым улаханнык соһуйбут:
– Тоҕо эрдэ эппэтэххиний, билбитим буоллар кинилэри утары киирэ да сорунуом суох этэ…
Иван Павлович 1944 сыллаахха сэрииттэн ыараханнык бааһыран, снаряд отуттан тахса чугуун үлтүркэйэ “сүгэһэрдэнэн” дойдутугар эргиллибитэ. Ол кэлэн сэрииттэн айгыраабыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэриигэ умса-төннө түспүтэ. Биирдэ холкуос киинигэр Уһун Өлөөҥҥө оройуон боломуочунайа кыттыылаах холкуос уопсай мунньаҕа буолбут. Уйбаан, таах туруохтааҕар, бүтүн илиитинэн балаҕан өһүөтүгэр ыйаммыт хомуут кулгааҕын быатын эрийэ турбут. Онто быһа баран хаалбытыгар, туох да дьээбэни-хообону билбэт судургу таайым:
– Бу маннык сэбинэн ыһыыны түргэнник ыстараары гынар быһыылааххыт, – диэн саҥа аллайбыт.
Эмиэ ити саас, саҥа хатыллыбыт кыл көнтөс бөҕөтүн холоон көрөөрү баҕанаҕа баайан баран өлүөр уҥа илиитинэн быһа садьыйан кэбиспитэ үһү.
Таайым Иван Павлович төһө эмэ бүттэтэ суох эчэйиилээҕин үрдүнэн, үлэни барытын ким да көмөтө суох бэйэтэ оҥоро сатыыр мөккүөрдээҕэ. Оннооҕор холкуос хаҥыл сылгытын бэйэтэ миинэн айааһыыра. Ардыгар, урут чэгиэн сылдьыбыт үтүө кэмнэрин санаан, аҥаар илиитинэн мас тардыһара. Уопсайынан күрэхтэһиини, дьон көрүн-нарын олус чугастык ылынан үөрэ көрөрө. Ол курдук, бэл отучча оскуолагы илдьэ сылдьар, илиитэ суох эрээри, эдэрдэри кытта сүүрүүгэ киирэн холоһон көрөрө.
Үтүө, көнө майгылаах, көрсүө-сэмэй таайым Уйбаан эдэр сылдьан көтөҕөлүү оонньообут, 20-тэн тахса буут ыйааһыннаах тааһа билигин да Чурапчы Арыылааҕар сытар. Олохтоохтор кэпсииллэринэн, ол тааһы кини кэннэ ким да көтөҕөн көрө илик, өндөппүт да дьон баарын туһунан истибэппин.
Хара кырыыстаах сэрии хаарыан да бэйэлээх дьоммутун сарбыйталаабыта.
Пётр Терентьевич КАРСАНАЕВ,
Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанын кавалера, РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ.
«Кыым» хаһыат, 2012 сыл.


Иван Павлович Попов бииргэ төрөөбүт быраата Ананий Павлович Попов кэргэнинээн Елена Герасимовналыын.
Иван Павлович кэргэнэ, Тарабукиннар эдьиийдэрэ Попова (Тарабукина) Пелагея Федотовна дьүөгэтинээн Малышева Валентина Георгиевналыын.
ХОРСУН БУОЙУН – КЫТААНАХ УЙБААН
Сахабыт сиригэр бэйэлэрин лаппа кыанар, сымса, кытыгырас уонна күүстээх дьон тустарынан кэпсииллэрин, суруйалларын сэргиибин.
Оннук биир күүстээх, бэйэтин кыанар киһи Попов Иван Павлович (Уйбаан) туһунан Накатов Константин Гаврильевич (Көстөкүүн) кэпсээбитин эһигини эмиэ сэҥээриэхтэрэ дии санаатым.
Уйбаан 1922 сыллаахха Чурапчы Арыылааҕар элбэх оҕолоох бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кытаанах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэр. Кини оҕо сааһыттан кытыгырас, кыайыгас үлэһит киһи буола улааппыта. Аҕа дойду сэриитигэр 23 саастааҕар повестка кэлэн, икки сыл уоттаах кыргыһыыга кыттар. Кини Старай Руссаҕа, Ильмень күөлгэ уонна уонна Великие Луки куорат аттыгар кыргыһыыларга 20-с отдельнай хайыһар биригээдэтин стрелогунан хорсуннук сэриилэспитэ. Икки атаҕар, илиитигэр ыараханнык хаста да бааһырбыта. Хорсун буойун Аҕа дойду Улуу сэриитин I степеннээх, Албан Аат III степеннээх орденнарынан, Германияны Кыайыы иһин о.д.а. мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Иван Попов илиитигэр, атаҕар, санныгар улаханнык бааһыран дойдутугар эргиллэр, хаҥас илиитэ кууран-хатан хаалар
Уйбаан Павлович төһө да инбэлиит буолан кэллэр, сэрии кэннинээҕи олоҕу тутууга актыыбынайдык ылсан үлэлээбитэ. Арыылаах ааҕар балаҕанын, нэһилиэк Сэбиэтин уонна сельпо бэрэссэдээтэллэринэн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлиир. Кини 80-ча сааһыгар чугаһаан баран өлбүтэ.
Уйбаан тыыннааҕар бэйэтин кыаҕын-күүһүн дьоҥҥо биллэрэ-көрдөрө, кэпсэнэ сылдьыбатах, наһаа көнө-сэмэй саха киһитинэн дьонугар-сэргэтигэр биллэр. Кини үрдүк, көнө уҥуохтаах (187 см), толору эттээх-сииннээх, ыраас хааннаах, сыҥааҕын олоруута муннуктанан кини дьүһүнүгэр дьонтон ураты күүстээх көрүҥү биэрэрэ. Уоттаах киэҥ харахтааҕа, суон кырыылаах харылаах, баппаҕайа дьоҥҥо тэҥэ суох улахан этэ диэн кэпсиир Көстөкүүн.
Көстөкүүн Уйбаан күүстээҕин, кытаанаҕын, кыанарын көрбүтүн улаханнык сөҕөн-махтайан, өрө көтөҕүллэн, хамсанан көрдөрөн бу баардыы кэпсиирэ. Иван Павлович Попов күүһүн, кытаанаҕын кэриэстээн биир дойдулаахтара, төрөппүт оҕолоро Уйбаан сэриигэ барыан иннинэ көтөхпүт сымара тааһын күрүөлээн аатын-суолун суруйдулар. Уон биэс бууттан тахса ыйааһыннаах сымара тааһы 20-чэ саастаах уол көтөҕөн Арыылаах таҥаратын дьиэтин эргийэ хаампыт. Кэнники бу тааһы ким да көтөҕөн хаампыта биллибэт.
Уйбаан сэрии кэнниттэн төһө да аҥар илиилээх эргиллэн кэллэр, нэһилиэгин, оройуонун ыһыахтарыгар уонна спартакиадатыгар, атах оонньууларыгар, сүүрүүгэ, быа тардыһыытыгар үрдүк таһымнаахтык кыттара.
Арыылаах оскуолата оччолортон түөрт үүттээх остуолба күрүөлээҕэ, баҕана икки арда үс миэтэрэттэн тахса арыттааҕа. Уйбаан уонтан тахса остуолбаны, биир эркини остуолбаттан остуолба үрдүгэр кылыйа оонньуура уонна икки бууттаах (32 кг) гиирэни ампаарын үрдүнэн быраҕаттыыр идэлээҕэ. Икки турбут уолаттар гиирэни ампаар кэнниттэн аҕалалларыгар сылайаллара. Бу сэрии иннинэ буолуон сөп эбит…
Саха дьоно саас ахсын үөр сылгылары мунньан хаарчахха хаайан сылгы сиэлин сэлээн (быһан), бэлиэ оҥорон, үөрдээн сайылыкка ыыталлар. Сылгы сиэлин сэлээһин биир ыарахан, элбэх бириэмэни ылар үлэ. Уйбаан кыбычыын устун ааһан иһэр ханнык баҕарар сылгыны быата-туһаҕа суох уҥа илиитинэн көҕүлүттэн харбаата да, сылгыта сэргэҕэ бааллыбыт курдук турара.
Уйбаан биирдэ оонньоон биригэдьииринээн сакалааттаһан баран, түөрт үөстээх кылтан өрүллүбүт ат көнтөһүн ытыһыгар иккитэ эрийэн ылан, сэргэттэн быһа тардан дьону сөхтөрбүтэ.
Тыйыс айылҕалаах төрөөбүт Сахабыт сиригэр күүстээх, кытыгырас, кыанар дьон, кырдьык, олорон ааспыттарын уонна баар да буолуохтарын киһи итэҕэйэр. Бу дьон ыраас салгынынан тыынан, айылҕа биэрбит киһи доруобуйатыгар туһалаах аһынан эрэ аһаан-таҥнан олорбуттара саарбаҕа суох. Куһаҕан дьаллыктар – табах, арыгы ханан да сыстыбатах дьоно буолаллар. Биһиги көлүөнэ дьон чөл олоҕу тутуһан олордохпутуна, доруобуйабытын тупсардахпытына кэнники көлүөнэ сахалар уһун үйэлэргэ ааттарын ааттатар, күүстээх, өйдөөх ыччаттар баар буолуохтара турдаҕа…
Олег МАРКОВ,
Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
1990 сыл.
(«АХТЫЫЛАР», 2025 сыл ыам ыйа)


