АМАРАХ СҮРЭХ
Аан тыл
Сир үрдүгэр иэгэйэр икки атахтаах төрөөн-үөскээн, сир-дойду аайы араас майгылаах-сигилилээх дьон баар. Айыыһыт Хотун, эбэтэр Үрүҥ Аар Тойон Таҥара кими эрэ маанылыыр, кими эрэ кэрэгэй кэскиллиир. Олох омсолоох очурдарын, ыарахан түгэннэрин ааспыт киһи аҕыйах, сэдэх да буолуо диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.
Чуолаан Сахабыт сиригэр биһиэхэ, тымныы тыйыс дойдуга төрөөн-үөскээн, кимиэхэ да үҥсэргээбэккэ, муҥатыйбакка хоһуун дьон сиэринэн былыргыттан быйылгыга диэри олорон кэллибит. Сахалар тулуурбутунан-дьулуурбутунан биллэбит. Өбүгэлэрбит саҕаттан үлэһит буоламмыт, тымныы-тыйыс дойдуга симэлийбэккэ, сап саҕаттан да салҕанан баччааҥҥа диэри кэллэхпит.
Ол курдук бу “Амарах сүрэх” диэн кинигэбит туһунан кэпсиир буоллахха, манна саха ньургун уола, хоһуун-хоодуот киһитэ – Ньурба олохтооҕо Степан Степанович Иванов туһунан кэпсэнэр. Мин бэйэм эмиэ оҕо сааһым ыараханнык ааспыт буолан, бу Степан Степанович олоҕун чугастык ылынным. Оҕо сааһын туһунан суруйарбар харахпар ойуулаан көрдүм, аһынным да диэххэ сөп. Бэйэм төрөппүттэрим эмиэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кэммэр олохтон туораабыт буоланнар, бу Стёпа уолчаан тулаайах хаалбытын, тус бэйэтэ оннукка киирэ сылдьыбыт киһи үксүн өйдүөн, уйадыйыан сөп дии саныыбын. Кини төгүрүк тулаайах хаалан эрэйи-муҥу эрэйинэн тэлбитэ. Бу биһиэхэ кини туһунан кэпсиирбитигэр дөбөҥүн, ама да ааспытын иһин тустаах оҕоҕо бэйэтигэр ыарахан дьылҕа буоллаҕа.
Степан улааппытын кэннэ аны Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан, 90-с сыллар ыарахаттарын бары да билэбит. Степан ол кэмҥэ да ыһыктыммакка, иннин диэки дьүккүйэн үлэлээн-хамсаан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан салҕанан олорон, сыыйа көнөн барбыта. Кини тапталлаах кэргэнин көрсөн, төрөтөр оҕону төлкөлөөн, олох диэн күндүтүн билбитэ. Оҕо сааһа ыараханнык ааспыт буолан, тулаайах оҕолору, кыаммат дьону аһатара. Ол иһин бу кинигэбитин “Амарах сүрэх” диэн ааттаатыбыт. Киһи үксүтэ бу олоххо, эрдэ бэйэтэ эрэйи эҥэринэн тэлбит буоллаҕына эрэ, дьон кыһалҕатын өйдүүр. Онон бу мин суруйар дьоруойум Степан Степанович итинник быһыыга холобур буолар.
Мин бэйэм спорт өттүттэн боксаны билэр, онно сыһыаннаах буолан, бу Степаны боксатын бырахпакка салгыы дьарыктаммыта буоллар Сэбиэскэй Сойуус маастарыгар тиийэ үүнүө этэ дии саныыбын. Биһиэхэ манна Өлүөхүмэҕэ бокса сиэксийэтэ, Ньурбаҕа курдук, суоҕа. Оҕо сырыттахпытына сайын арай от звенотугар улахан уолаттар култаҕар бөскөйбүт, бэрчээкки кэтэрдэн баран киирсиһиннэрэр этилэр. Үлэ кэмигэр туох дьарыга кэлиэй, мээнэ кулуппаайдаһар этибит. Арай хойут, Бүлүүгэ үөрэнэ тиийэн баран дьарыктаммытым. Ол кэмҥэ бокса Ньурбаҕа күүскэ сайдыбыт кэмэ этэ. Степан онно дьарыктанан, устунан армияҕа тиийэн эмиэ киирсэн сахалар ааттарын ааттаппыта. Ол туһунан манна ааҕыаххыт.
Степан Степановиһы улууһугар Романтович диэнинэн билэллэр. Норуот өйөөн депутатынан талыллыбыта. Биллэн турар, норуот маннык дьокутааттаныан баҕарар буоллаҕа. Сорохтор Ил Түмэн депутаттарын маннык, норуот диэки санаалаах буолуохтарын баҕараллара.
Степан Степанович билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, үлэ бэтэрээнэ, улууһун дьоно ытыктыыр киһилэрэ. Кини оҕолорун, сиэннэрин аны патриотическай санааҕа иитэр.
Бары үтүөнү кытта Родион Данилов-Ородьумаан.

(Дьиҥнээх олохтон кэпсээн)
Стёпа уолчаан алта сааһыгар сылдьар. Кини үс убайдаах. 1963 сыллаахха боростуой үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Стёпа сайын чиэрбэлээн, аһыыкалаан баран убайдарын кытта өрүскэ балыктыы киирдилэр. Уолчаан күрүчүөккэ чиэрбэ иилэн баран, ураҕаһынан далайан ууга быраҕар. Дьаакырдаах күрүчүөк ууга «чолк!» гына түһэн тимирэр, чорооҕо эрэ дагдайан хаалар. Балык хабан тардыалаатаҕына ураҕас дьырылаан киһи илиитигэр биллэр уонна чорооҕо тимириҥниир. Стёпа өрө тартаҕына балыга ардыгар силлэн хаалан өрүскэ төттөрү түһэр. Ол иһин сыыйа оргууй тардан таһаарар. Күөгүлээн көмүс хатырыктааҕы хаптаран, дьиэлэригэр үөрэн-көтөн чугаһаан истэхтэринэ, арай, дьон бөҕө мустубут. Бары дьэки-курус көрүҥнээхтэр. Убайдара, обургу уолаттар, ийэлэрэ ыарытыйарын билэр буоланнар, хаһан да төннүбэттии барбытын сэрэйдилэр. Харахтара ууланан бырааттарын аралдьыта сатаатылар. Стёпа төһө да кыратын иһин эмиэ биллэ. «Ийэм уонна хаһан да төннүбэт…» диэн санааттан хараастан уолчаан дьиэ кэннигэр баран, умса туттан олорон ытаата. Онтон эр санаатын ылан дьиэҕэ киирдэ. Ийэтэ барахсан быар куустан сытар. Уолчаан ийэтин илиитин тутан көрдө. «Эчи тымныытыан».
Уолчаан ол кэмҥэ түүл-бит курдук сырытта. Оҕолору кытта оонньообот, моҕотойдуу, балыктыы да барсыбат.
Уолаттар арыычча ийэлэрин аһыыта мүлүрүйэн, аҕаларын кытта олордулар. Убайдара сүөһү бэрийэллэр, аҕаларын кытта оттууллар, мас бэлэмнииллэр.
Дьиэ хомуйааһына, иһит сууйааһына Стёпаҕа сүктэрилиннэ. Уолчаан кыра да буоллар барытын тук курдук толорон, бүтэрэн-оһорон иһэр. Ийэтин хаартыскатын көрдөҕүнэ хараҕа ууланар, күөмэйигэр туох эрэ бүөлүү турар курдук. «Тоойуом», – диэн ийэтин сылаас тыла иһиллэргэ дылы гынар. Ол иһин мээнэ уйадыйымаары хаартысканы көрбөккө гына сатыыр.
Аҕалара барахсан уолаттарыгар, ийэлэрэ суох буолбутун биллэримээри күүс-көмө буолан, быыһыгар дьиэ үлэтин бэрийсэ сатыыр да, син биир ийэлэрэ суоҕар дьиэ иһэ дьэки-курус.
Уолаттар таҥастарын бэйэлэрэ сууналлар. Школьнай формаларын, пионерскай хаалтыстарын өтүүктэнэллэр. Аҕалара, уолаттара оҕолортон итэҕэс сылдьыбатыннар диэн, үлэлээн-хамсаан барыны бары ылан биэрэ сатыыр. Ол эрээри кэнники эмиэ ыарытыйарын уолаттарыгар биллэрбэккэ гына сатыыр.
Ыалга ийэ суоҕа охсуулаах буоллаҕа. Оҕолору оскуолаҕа бэрийэн-тэрийэн ыытарга, оскуолаҕа төрөппүт мунньаҕа буолар, быыс булан онно барыахха наада. Пионерскай сбордар буолаллар, тимуровскай үлэлэр. Оскуолаҕа тэрээһин элбэх кэмэ этэ. Стёпа октябрёнок буолан, түөһүгэр значок ииллилэр. Сулус ортотугар будьурҕай баттахтаах, төгүрүк харахтаах Володя Ульянов-Ленин, оҕо эрдэҕинээҕи мэтириэтэ көстөр. Стёпа кыра да буоллар Ленин дьыалатыгар кыттыгастаах курдук сананна. Аҕыйах сылынан өссө пионерга киириэҕэ.
Стёпа холууптары иитэр, ол быыһыгар куруолуктары бэрийэр. Куруолук оҕолорун имэрийэр, таптыыр. «Бу аҕалара, оттон бу ийэлэрэ…» – уолчаан ийэтин санаан өрө сыҥан ылла. Ыган кэлбит хараҕын уутун сиэҕинэн хаһыйар. Аҕалара ыарытыйар буолан сүөһүлэрин, сибиинньэлэрин эһиэхтэрин саныыллар. «Бу куруолуктары эмиэ эһиэхтэрэ турдаҕа, – Стёпа аһыммыттыы көрөр. – Холууптарбын хаалларар инилэр. Кинилэри бэйэм да иитиэм», – уолчаан эрэх-турах сананна.
* * *
Стёпа арыый обургу буолар. Алын сүһүөх кылаастары бүтэрэр сылыгар аҕата ыалдьара эбиллэр. Алтыс кылааска киирэр сылыгар Томскай куоракка эмтэнэн, эпэрээссийэ ааһан, трубканан аһыыр киһи буолан төннөр. Бу сылтан баар түбүктэргэ аҕаларын көрүүтэ-истиитэ эбиллэр.
Стёпа тохсус кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, аны сүллэр этиҥ сааллыбытыныы “аҕаҕыт суох буолла” диэн ыар сураҕы иһиллэр. Оҕолорго төгүрүк тулаайах хаалартан куһаҕан туох кэлиэй. Биир убайын эһээтэ Ньурбачааҥҥа иитэ ылла. Оннук атын убайдара эмиэ ыал устун баран, Стёпа уолчааны тулаайах оҕолор дьиэлэригэр, интернатка ыллылар. Манна сылаас дьиэ, бэлэм аһылык да буоллар чугас дьонун – убайдарын, аҕатын кытта олорбуттара үчүгэй да эбит дии саныыр. Интернатка эмиэ кини курдук тулаайахтар бааллар, сорохторо төрөппүттэрэ аккаастаммыт да оҕолор бааллар. Бэйэтин курдук барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут дьылҕалаах оҕолору чугастык ылынна, бодоруста. Ардыгар киэһэ оҕолору кытта бэйэлэрин истэригэр буолбут дьылҕаларын кэпсэтэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин аһынсан, кистээн харахтарын уутун соттоллор.

Стёпа биир убайа алҕас киһини дэҥнээбит, иккис убайа эмиэ туохха эрэ соһуллубут. «Хайдах миэнэ буолбутун иһин табыллыбатый? Улааттахпына саатар бэйэм дьонум удьуорун салҕаан, киһилии олоҕу олорбут киһи», – дии саныыр Стёпа. Улаатарын хараҕар ойуулаан, ыраланан көрөр. Улаатан үтүө үлэһит буоллаҕына, бу маннык эрэйи көрбүт тулаайах оҕолорго көмөлөһүөм диэн сыал-сорук туруорунна.
Убайдара даҕаны мээнэ көлдьүргээн гымматах буолуохтаахтар. Олохторугар сатамматах оҕолор майгылара-сигилилэрэ алдьанар аҕай буоллаҕа. Кыра бырааттара Стёпа маны билэ-көрө сылдьан, олоххо атын көрүүлээх. Арыгы куһаҕанын билбит буолан, «итинник дьаллыкка ылларыам суоҕа!» дии саныыр. Кинилэр удьуордара сүтэн, симэлийэн хааларыгар баҕарбат.
Стёпа уон икки сааһыгар Степанов Дмитрий Егорович диэн физрук тренергэ спортивнай гимнастиканан дьарыктаммыта. Икки сыл иһинэн Дьокуускайга миэстэлэһэспитэ. Үчүгэй көрдөрүүтүн иһин I разряды ылбыта. Онно харахтара хатанан, кытыгыраһын бэлиэтии көрөн, уолу боксаҕа ылбыттара.

Бастакы хардыыны боксаҕа тренерэ Архипов Эрнст Николаевич дьарыктаан бастакы ситиһиилэр саҕаламмыттара. Хас да төгүллээх улуус чемпиона буолбута. Кэнники Стёпа үүнэн-сайдан, кыаҕыран барбыта. Боксанан күүскэ дьарыктанан, ДСО «Урожай», ДСО «Спартак» чемпионаттарыгар уонна Сэбиэскэй Сойуус Геройа Н.Н.Чусовской бирииһигэр боксаҕа турнирыгар 115 оҕоттон уһулуччу чорбойон, ВЭС тэрилтэтэ туруорбут анал бирииһин ылбыта. «Чаҕылхай кыайыы» диэн номинация хаһаайына буолбута. Бу оҕолорго диэтэххэ улахан ситиһии этэ. Салгыы Виктор Дмитриевич Захаров диэн тренергэ уонна Саха АССР боксаҕа үтүөлээх тренерэ Герасим Алексеевич Быдыгыевка дьарыктанан эмиэ ситиһиилэммитэ.
1979 сыллаахха Стёпа Бурятияҕа баран киирсэн иккис миэстэ буолбута. Онно үс утарсааччыларын быһа хотуталаан тиийбит, олохтоох бурят Сергей Дашиев диэн уолу кытта тэҥ киирсиигэ чаҕылхай охсуһууну көрдөрөннөр Степан иккис буолар уонна судейскай коллегия быһаарыытынан «Кыайыыга дьулуурун иһин» диэн анал бирииһинэн бэлиэтэнэр. Онтон үүнэн-сайдан Томскай, Байкальск, Каспийск, Хоринскай, Бельцыга, Копейск, Брянск курдук куораттарга эппиэттээх күрэхтэргэ кыайыы өрөгөйүн, хотторуу хомолтотун да билэн спортка, олоххо уһаарыллыытын ааспыта.
Уу-нулдьаҕай уолбут улаатан буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, холун этэ хойдон саха уолана буола сиппитэ-хоппута. Боксаҕа оҕо эрдэҕиттэн дьарыктаммыт буолан армияҕа кинини ким да атаҕастаабат, баттаабат этэ. Оҕо эрдэҕиттэн ыараханы ааспыт-көрбүт буолан тулуурдаах-дьулуурдаах эр хоһуун буола үүннэҕэ, диэн этэбит.
Шерловая гораҕа полка, Борзя куоратыгар дивизияны, Чита куоракка полка күрэҕин эрэллээхтик кыайаннар биир дойдулаахтарын кытта бэһиэннэрин спорт ротаҕа Чита куоракка СКА-19 спортротаҕа сулууспалыы хааллартаабыттара. Ыстапаан Чита куоракка сүүмэрдиир күрэххэ олохтоох, ССРС спордун маастарын Евгений Руднев диэн боксёру дөйүтэн кыайбыта. Көрөөччү нууччалар үксүлэрэ Руднев кыайар дии санаабыттара. Руднев да бэйэтигэр эрэнэн холкутук киирэрэ, сэнээбиттии илиитин ыһыктан ылара, «мэ, оҕус эрэ!» диэбиттии сирэйин мэлэс гыннаран ылара. Биир оннук кэмҥэ Ыстапаан хаҥаһынан сыҥаахха сырбатта. Руднев бадаҕа хараҕар сулустары көрөн ылла, туймаарбыт киһилии төбөтүн буккуйар. Ону аһарда сатаан кэннинэн тэйэ сырытта. Рудневы көрөн «ыалдьааччылар» киһилэрэ табыллан, такыма нукус гынан ылбытын көрөн, ыксаан үөгүлэстилэр.
– Женя, давай, соберись!
– Чё ты с ним возишься! Бей его! – диэн үөгүлэһэллэр. Онуоха Руднев эр ылан уонна талбаарбыта ааһан, охсон кулаабытынан барда, атаакалаата. Биһиги уолбут тэйэн сылдьар, охсууну аһаран биэрэр, сороҕун блоктанан уҥа хаҥас садьыйталыыр. Ол гына сылдьан бу ынан кэлбит утарылаһааччытын охсор кэмигэр умса тоҥхойорун билэн, апперкотка сырбатта. Эмискэ утары көрсүүттэн сыҥаахха табыллан, Руднев умса баран ринга канатыгар түһэн, онтон тэптиргэлэнэн тиэрэ таһылынна. Судьуйа ааҕа да барбата. «Барыта бүттэ» диэбиттии илиитинэн сапсынна. ССРС спордун маастарын, Читинскэй уобалас 57 киилэҕэ бастыҥ боксёрун кэбирэхтик дөйүппүт саха уолун көрөөччүлэр рингэттэн сөҕө-махтайа атаардылар.
Ыстапаан бу кыайыытынан Чита куоракка буолбут Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх Күүстэрин күүстээх боксёрдарын күрэҕэр кыттар чиэскэ тиксибитэ. Бу күрэххэ сэргии көрөннөр салгыы биир дойдулаахтара Аан дойду кылаастаах спорт маастара Анатолий Филиппов, Пётр Барлуков буоланнар Украинаҕа Белая церковь куоракка ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпионатыгар кыттарга путёвка ылбыттара. Хомойуох иһин Степан, Пётр соргулара тахсыбатар да улахан тренердэр харахтарын далыгар киирэн таҕыстахтара, саханы көрдөрдөхтөрө диибит.



Ыстапаан 1984 сыллааахха аны Забайкальеҕа, Краснокаменский УР (приграничный укрепрайон) ст. Абагайтуй диэн бөһүөлэк байыаннай чааһыгар, войскаҕа барда.
Казармаҕа хапкаас омуктар кус-хаас саҥатын түһэрэн, мээнэ тиэриллэҥнииллэр. Сержаннар да тылларын истибэттэр. Ыстапаан Укрепрайоҥҥа боевой дежурствоҕа (БД-га) сылдьар биир дойдулааҕа саха уола атаһын Володя Угапьевы кэтэһэн олордоҕуна, биир хара омук кэлэн баайсар. Ону-маны ыйытар, сэнээбиттии санныга тап гына охсор.
– А ты кто такой? Чукча, да? – диир. Ыстапаан мээнэ мөккүһэр санаата суох.
– Нет. Я не чукча. Саха… якут.
– Я не знаю якутов. Я знаю чукчу. Которые на анекдоте пишут. Тупорылый, – диэн бэлэһинэн күлэр. Мэкчиргэ курдук мэлээриҥниир.
– Я тоже не знаю. Ты какой по нации. А может, ты сам чурка?! – диэтэ Ыстапаан холкутук. Онуоха итии хааннаах, илбис хааннаах омук саллаата өһүргэннэ. Чукча диэн баайсан баран, чурка диэнтэн хаана хойунна. Бэйэтин тылынан дьонугар эппитигэр, Ыстапааҥҥа чугаһаатылар.
– Ты чё моего братана обижаешь?! – диэн аны биир хоҥсоҕор муруннаах омук тордуохтаста.
– Я никого не обижал. Просто он спросил, я ответил, – Ыстапаан уолуктаан турар омугу илиитин садьыйда. Онуоха биирдэһэ ытыһынан сирэйгэ сырбатта. Бу сырыыга Ыстапаан тулуйбата. Хара омугу бэйэтин сыҥаахха сырбатта. Онуоха төрдө эмэҕирбит баҕананы түөрэ аспыттыы, баран түстэ. Иккис омуга түспүтүн тэйэн биэрээт боковойга көрүстэ, сыҥаах тыаһа «тас!» гынаатын, казарма муостатыгар тоҥ балыгы бырахпыттыы кэтэҕэ титирии түстэ. Онтон салгыы охсуһуу буолуоҕун, хата сержаннар кэлэн тохтоттулар. Ол кэннэ сарсыныгар Ыстапааны, командир ОСПБ (отдельно-стрелковый пулемётный батальон) командира п/полковник Дремезов ыҥыран ылла. Бэҕэһээ буолбуту арааһа сержаннар кэпсээбит быһыылаахтар, сэмэлии түһэн баран Ыстапааны старшина быһыытынан анаата. «Хапкаас, мусульмаан омуктар аһаралаан эрэллэр да буоллар, мээнэ охсуһа сылдьыма, дьону эчэтимэ!» – диэн сүбэлээтэ.
Дьэ ол кэннэ Ыстапаан биир дойдулааҕа Ньурба уолун кытта иккиэн старшина буолбуттара. Володя Угапьев, Пётр Сергеев (Покровскай) буоланнар күннээх Азия, хайалаах Кавказ уолаттарын үс бэйэлэрэ бүтүн батальону бүк баттаабыттара. Хара омуктар мээнэ хаардыы хаамаллара тохтообута, сүрдэрэ тостубута.
Ыстапаан дойдутуттан кыыһыттан сурук күүтэрэ. Армияҕа кэлиэн иннинэ Маша диэн кыыстыын билсибиттэрэ. Кини дойдутугар үс кыыс үлэлии кэлбиттэриттэн, соһуйбут тугут курдук төгүрүк харахтаах Машаны көрөөт да сөбүлээбитэ. Аҕыйах кэмҥэ билсибиттэрин кэннэ, Маша дойдутугар хоту сиргэ барбыта. Уол сайыһан эрэ хаалбыта. Кэнники отой кинитэ суох сатаныа суоҕун билэн, дьонтон иэс-күүс да буоллар харчы булан Тиксиигэ көппүтэ. Самолётка хойутаан тиийбитин, хата биир киһини өйдүүр лётчиктар тойонноро түбэһэн абыраабыта.
Маша дьиэтэ ханан баарын дьонтон ыйдаран тиийэн баран, Ыстапаан билбэт ыалыгар туох диэҕин санаан долгуйбута. Хата Маша ийэлээх аҕата үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Ыстапаан Маша хоһугар киирбитэ, кыыс эмиэ уолу күүппүтэ-ахтыбыта биллэр. Иккиэн куустуһа түстүлэр, уураспыттара. Онтон иккиэн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, холбоһон ыал буолбуттара. Тулаайах уолга туоҕа кэлээхтиэй – турар бэйэтэ, таптыыр сүрэҕэ эрэ буоллаҕа.



Икки өттүттэн таптал эрэ баар буоллаҕына, атына сыыйа-баайа кыаллан иһиэҕэ. Инньэ гынан Ыстапаан таптыыр кэргэнин хаалларан, соҕуруу дойдуга армияҕа кэлбитэ.
Эр бэрдэ, элик үтүөтэ сырыытын сылдьан, тэгил тэҥнээхтэри кытта күөн көрсөн, хата барыта этэҥҥэ ааста. Билигин манна кинини ытыктыыллар. Дойдутуттан, тапталлаах кэргэниттэн сурук тутартан ордук ама туох баар үһүө. Машата хаартыскатын ыыппытын уол түөһүн сиэбигэр укта сылдьар. Аҕыннаҕына таһааран көрөр.
2 чааһа
Ыстапаан армияттан кэргэнэ Маша баар сиригэр, Булуҥ Күһүүрүгэр тиийбитэ. Кэргэнин ийэтэ Александра Никифоровна уонна аҕата, тоҥустуу биллэр аата Брыкии Баһылай – Василий Иванович диэн. Эдьиийдэрэ, балта, бырааттара, дьиэ кэргэннэрэ бары бары да наһаа үөрэ-көтө, сыллыы-кууһа көрсүбүттэрэ. Дьиэ кэргэн сылааһын билбэтэҕэ ырааппыт, дьонтон истиҥ сыһыаны билбэтэх тулаайах уолу олус долгуппуттара. Олохтоох дьаһалталара кыанар-хотунар уолу таба көрөннөр, уопсайга дьиэ биэрэн туран хаалан спорт инструктордаа эбэтэр участковай милиисийэлээ диэн этии киллэрбиттэрэ. Ону дойдутун, өтөҕүн ахтыбыта бэрт буолан сайын бэс ыйыгар теплоходунан, Машатын сиэппитинэн, төрөөбүт дойдутугар Ньурбаҕа кэлбиттэрэ. Саллаат формалаах, кыыс сиэтиилээх эдэр киһи дьонун кытта олорбут, улааппыт кураанах дьиэтин боруогун атыллаата. “Ийээ, аҕаа, мин кыра уолгут кэллим дии”, – диэн аргыый сибигинэйэн эттэ. Бу сиппит-хоппут саха уолана Ыстапаан этэ.
Тибиилээх-тыаллаах, тыйыс айылҕалаах, хоһуун дьонноох сиртэн арыычча үөс сиргэ кэлбитин Маша эмиэ сөбүлээбитэ. Кини күүппүт-ахтыбыт, таптыыр кэргэнин кытта ханна баҕар барсыах курдуга. Степаны кытта Ньурбаҕа билсэн, онтон кэнники дойдутугар кэлэн баран кинини өр да күүппүтэ.
Төһө даҕаны кыбыһыннар, дьонугар биир уолу кытта билсибитин эппитэ. Биллэн турар, уол туох дьоннооҕун сураспыттара. «Ийэтэ да, аҕата да суох төгүрүк тулаайах уол», – диэн эппитэ. Биллэн турар, ханнык баҕарар ыал кыыстарын кыахтаах дьонноох, дьиэлээх-уоттаах киһиэхэ биэрэллэрэ кэпсээҥҥэ да баар, киинэҕэ даҕаны көстөр. Ол да буоллар Маша дьоно оннук буолбатах этилэр. «Таптаа да тайахтаахха, сөбүлээ да сүгэһэрдээххэ» дииллэринии, сүрүнэ диэн кыыстарын дьиҥнээхтии таптыыр киһини тоҕо да утарыахтарай.
Ыстапаан уол ол санааларын да бигэргэппитэ. Киин соҕус сиртэн, уһук хоту Тиксии сиригэр тигинээн кэлбитэ. Үөрэҕин, үлэтин, армиятын да быраҕан туран кыыстарын туһугар сорунан кэлбитэ өтө көстөрө. Икки таптаспыт, үөрүүнэн сыдьаайбыт уоллаах кыыс харахтара ону толору бигэргэтэллэрэ. Маша дьоно Ыстапааны көрөөт да сөбүлээбиттэрэ.
Билигин эдэр ыаллар Ньурбаҕа көһөн кэллилэр. Туох улахан таһаҕастаах буолуохтарай. Таҥастаах улахан чымыдааннаахтар, үрүксээктээхтэр. Ыстапаан убайа Бииктэр үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Аҕыйах кэмҥэ убайын ааҕы кытта олорон бараннар, Ыстапаан төрөөбүт эргэ дьиэтин өрөмүөннээн сөргүттэ. Онно көстүлэр.
Маша улуус дьаһалтатын райфин отделыгар ревизорынан үлэлии киирбитэ.
1986 сыллаахха, сэтинньи ыйга уол оҕолоро күн сирин көрдө. Ыстапаан ама да тулаайах үөскээбитин иһин туйах хатарар, кэнчээритин кэскилин салҕыыр киһи төрөөбүтүттэн үөрүүтэ муҥура суох сырытта. Уолларыгар аат толкуйдуу сатаатылар. «Стёпа, мин аҕам аатын биэрэбит дуо?» – Маша чох хара харахтара үөрүүнэн кыыспахтыыр. Дьиҥэр Стёпа бэйэтин аҕатын аатын биэрээри санана сылдьыбыта да, доҕорун хомотумаары сөбүлэстэ.
«Чэ буоллун, Маша, эн аҕаҥ аатын биэриэххэ. Мин аҕам аатын биэриэм дии санаабытым да, аҕам Степан бэйэм эмиэ Стёпабын. Аҕам туйаҕын хатарыам», – диэбитигэр иккиэн күлүстүлэр. Маша махтаммыттыы Стёпатын сыллаан «чоп» гыннарда. Иккиэн оҕолорун таптаан ымманыйдылар.
Ыстапаан былыргы сугулаан дьиэтин сөргүтэн, кэммиэрчэскэй производственно-коммерческое предприятие противопожарных услуг диэн ПОЖСЕРВИС дьоҕус, анал тэрилтэтин тэриммитэ. Онно дириэктэринэн үлэлээбитэ. Ону таһынан кыра да буоллар маҕаһыын арыйан үлэлэппитэ, остолобуой арыммыта. Ыстапаан бэйэтэ тулаайах үөскээбит буолан аһыныгас, амарах сүрэхтээҕэ. Ол иһин тулаайах уонна тиийиммэт-түгэммэт араҥа оҕолорун ыҥыран буор-босхо аһатара. Дьон-сэргэ бу үтүө санаалаах киһини сөбүлүү истибитэ. «Хаарыаны, маннык үтүө санаалаах депутаттаах киһи», – диэн баҕа санааларын кэпсэтэллэрэ.
Эрдэ кэпсэммитин курдук, уоллара Васёк кэнниттэн биир кыыс оҕолоро Танюша төрөөбүтэ. Онон кыыстаах уол оҕолонон үөрүүлэрэ муҥура суох.


Ыстапаан тулаайах оҕолору босхо аһатарын таһынан, кыһалҕалаах ыалга көмөлөһөрө. Ону дьон истиһэн кэлэн көрдөһөллөрө. Ыстапаан дьиэттэн маппыт, ол эбэтэр тиксибэтэх инбэлииттэргэ, сэрии огдооболоругар кэпсэтэн квартира да ылларбыт түгэннэрдээҕэ. Ыстапаан киирэн-тахсан, кэпсэтэн-ипсэтэн хайа да киһилиин тылы булар, тапсар уратылаах киһи. Тыла-өһө олохтоох, ылыннарыылаах этэ. Ол да иһин дьон-сэргэ кинини ытыктаан, кэнники улууска депутатынан талбыттара. Ол кэннэ улууһугар дьон-сэргэ убаастыыр, чиэстээх-бочуоттаах киһи буола үүммүтэ-сайдыбыта.
3 чааһа
2000 сыллаахха “2000 үтүө дьыала иһин” Знагынан бэлиэтэммитэ. Степан Степанович 2003 сыллаахха Ньурба улууһугар норуот депутатынан талыллыбыта. 2013 сыл дьоҥҥо амарах сыһыанын, үтүө көрдөрүүтүн иһин үрдүк наҕарааданы – «Гражданская доблесть» диэн үтүө ааты иҥэрбиттэрэ. Ону таһынан улууһу сайыннарыыга киллэрбит тус кылаатын үтүөтүгэр эмиэ наҕараадалаабыттара.
Дьон-сэргэ маны көрө сылдьан, Ньурба куораппыт баһылыгынан маннык норуокка кыһамньылаах, чугас дьон үлэлииллэрэ буоллар олохпут тупсуо, тыа хаһаайыстыбата сайдыа этэ дии саныыллар. Айылҕабыт, өрүстэрбит да мээнэ айгырыа суох этилэр диэн дьон-сэргэ көҕүлээһининэн тирэхтэнэн, 2005 сыллаахха быыбарга кыттар. 7 киһи кыттыбытыттан Ыстапаан, былаас өйөбүллээх хоппут баһылыктан аҕыйах куолаһынан хаалан, үгүс киһи киэҥ итэҕэлэ, өйөбүлэ киниэхэ баарын өссө төгүл көрдөрбүтэ.
Дьыл хонук курдук элэҥниир. Степан Степанович уонна Мария Васильевна билигин оҕолоро улаатан, ыал буолан сиэн оҕолору бэлэхтээтилэр. Күннэрэ кинилэринэн тахсар, ыйдара кинилэринэн киирэр.
Степан Степанович “саатар кинилэр оҕо саастара этэҥҥэ буоллун” дии саныыр. Аныгы сайдыы кэмигэр барылара бары баар. Былыр кинилэр оҕо эрдэхтэринэ дьиэ төлөпүөнэ уонна тэлэбиисэр ахсааннаах ыалга баара. Билиҥҥи оҕолорго суотабай төлөпүөн, смартфон, компуутар эгэлгэтэ. Куһаҕана диэн оҕолор таһырдьа мээнэ оонньообот буолбуттар. Урукку оҕолор сүүрэн-көтөн, лапталаан, харах симсэн, ытыалаһан, хаарынан тамнааттаһан, моҕотойдоон эҥин мэлдьи хамсана сылдьаллара. Оттон билигин оскуолаҕа бэлиэтии көрдөххө, эмис оҕо элбээбит. Билиҥҥи ас да саарбах соҕус. Урукку курдук барыта бэйэ аһа буолбатах. Былыргы оҕолор аллергия диэни билбэт да этилэр. Билиҥҥи ас чипсы, доширак, кока-кола. Айылҕабыт да айгыраан, өрүспүт да мөлтөх туруктаах – Степан Степанович сиэннэрин инники кэскиллэрин санаан өрө тыынан ылла.
…Хараҕар оҕо сааһа көстөн кэллэ. Ардыгар тулаайах диэннэр, атаҕастыыр да түгэннэрэ ханна барыай. Арай биирдэ уулуссанан ааһан истэҕинэ, участковай көрүстэ. Биир дьиэ түннүгүн кимнээх эрэ дьөлү бырахпыттар. Ону күрүө намыһахтыы киниэхэ баайыста.
– Тохтоо эрэ, нохоо! Кэл эрэ манна. Ол түннүгү эн дьөлү бырахпытыҥ дуо?!
– Суох. Мин бу диэки саҥа кэллим.
– Сымыйалаама! Билин! – диэн баран уолу кулгааҕын мускуйбута. Уолчаан оҥорботох дьыалатын туох диэн билиниэҕэй.
Кэнники алдьаппыт буруйдааҕы булбут этилэр. Участковай көрсөн баран «бырастыы гын» да диэбэтэҕэ. Бу санаатахха көмүскэһэр дьоно суох диэн сэнээтэҕэ.
Ыстапаан кэнники улааппытын кэннэ, ол участковай кырдьыбыт этэ. Аны бэйэтин суолга көрсөн ыйыппыта. Бу киниэхэ били кулгааҕыттан өрө ыйаан таһаарар уолчаана буолбатах этэ. Урукку участковай оҕонньор, били улууска аатырбыт боксёр уол кэлэн турарын салла көрбүтэ.
– Дорообо, кырдьаҕаас. Туох сонун?
– До… дорообо. Кимҥиний? – диэн билбэтэҕэ буолбута.
– Билбэтиҥ дуо? Оттон били кулгаахпын мускуйан, өрө ыйаабыт оҕоҥ турабын дии.
– Ээ… – эрэ диэн, иэрийэн сөтөллүбүтэ буолбута.
– Күөгэйэр күҥҥэр сылдьан, дьэ, кыра да киһини буруйга-сэмэҕэ тарда сатаабыккын дии! Оттон кэнники билбиппит, кыахтаах ыал оҕото түннүгү солообутун таах хаалларбыт сурахтааххыт.
– Ээ… хһм… хһымм…
– Чэ, баалаама, кырдьаҕаас. Дьоҥҥо өс туппат киһибин, ити көннөрү ахтан аһардым. Этэҥҥэ буол, чэгиэн сырыт, – диэн баран Ыстапаан ааһа турбута.
1996 сыллаахха сайын Иркутскай куораттан түөрт узбек уолаттара, аһыыр да харчылара суох сылдьан, «братвалартан» уопсайга олоруохпут диэн хос ылан баран иэскэ киирбиттэр. Ол кыһалҕаҕа кыпчыттара сырыттахтарына кимнээх эрэ «көмөлөстөҕүнэ кини эрэ көмөлөһүө, манна амарах сүрэхтээх кини баар» диэн, Ыстапааҥҥа ыйан ыыппыттар. Ону Ыстапаан көрдөһөр дьонтон хаһан да батыммат буолан, үлэлиир тэрилтэтин дьиэтигэр олохсуталаабыта. Армияҕа да сырыттаҕына узбек омуктар, армяннар, азердар курдук мээнэ киһиргээн дьалларыҥнаабат этилэр. Ыстапаан “братвалары” кытта кэпсэтэн иэстэрин төлөрүппүтэ. «Братвалар» диэн этэргэ дылы «өҕүллүбэт өҥнөөх» дьон Ыстапааны билэллэрэ, убаастыыллара, сорохтор сүр баттаталлар да диэххэ сөп этэ. Ол иһин тылын тута ылыммыттара. Узбектар үлэһит дьон буолан, үлэнэн да кинилэргэ төлөспүттэрэ. Ыстапаан билбэт дойдуларыгар кэлэн муна-тэнэ сылдьан, дьоҥҥо иэс да киирбит дьону өрүһүйбүтэ. Онуоха узбектар сиртэн халлааҥҥа тиийэ сүгүрүйэн Ыстапааҥҥа махтаммыттара уонна кэнники Ташкеҥҥа, Навои куоракка, аулларыгар Гиждуваҥҥа илдьэн ыалдьыттаппыттара, маанылаабыттара. Киһи үтүөтэ хаһан баҕарар эргиллэр диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Степан Степанович харчытааҕар дьон махтала ордук диэн билэр. Оҕолорун, сиэннэрин да эмиэ оннук буоларга иитэр. Үтүөнү оҥорбутун кэннэ дьон махтанан: «Үтүөнү оҥорбутуҥ эйиэхэ сүүс төгүл эргийдин», – диэн алгыс кэриэтэ этэллэр. Оччоҕо ол баҕа санаалара оҕолоругар, сиэннэригэр тиийдэҕинэ дьоллоох буолуохтара.
Степан Степанович убайдара ситэ олорбокко, быстах дьылҕаламмыттарын санаан үөһэ тыынна. Барыларын бэйэтин илиитинэн харайбыт, билбит буолан санаата хараастар. Ийэлээх, аҕатын хаартыскатын көрөн: «Ийээ, аҕаа! Эһиги эппит суолгутунан этэҥҥэ сылдьабын. Сап-саҕаттан салҕанан, устунан кэнчээри ыччаппыт кэҥээн, чэчирээн, силигилии сайдан иһиэхпит. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа», – диэн ботугураата. Ити санаатын билбиттии, кыра сиэнэ сэрбэкэчийэн кэлэн көтөхтөрөн кэбистэ. Эһээтэ үөрүүтүттэн сиэнин өрүтэ анньан көтөхтө. Оҕо барахсан иһэ кычыкаланан күлэн чачыгырыыр.
Степан Степанович кэрэ аҥара, далбар хотуна Мария Васильевна кинилэри дьолломмуттуу көрөр. Иккиэн өйөһөн-убаһан, эн-мин дэһэн олорон кэллилэр. Мария Васильевна эмиэ туруу үлэһит буолан наҕараадата элбэх. Хосторун эркинигэр грамота бөҕөтө иилиллибит. Степан Степанович эдэр сылдьан боксаҕа киирсэн ылбыт туоһу суруктара, кубоктара уонна үлэлии сылдьыбыт саха президеннэриттэн М.Е.Николаевтан, Е.А.Борисовтан, биир дойдулаахтара Ил Түмэн депутаттара А.А.Григорьеваттан, В.М.Прокопьевтан, Мииринэй куорат баһылыга А.Т.Поповтан, АЛРОСА компания вице-президенэ И.К.Демьяновтан наҕараадаларын, тус махтал суруктарын, онтон да атын элбэх хайҕабыллары ылбыта эмиэ элбэҕи этэллэр. Ону көрөн сиэннэрэ киэн тутталлар.
Сиэннэриттэн эмиэ эһээлэрин курдук амарах сүрэхтээх саха далбар хотуттара, хоһуун эр уоланнар туйаҕын хатаран, силис тардан үүнүөхтэрэ- сайдыахтара, кини аатын ааттатыахтара турдаҕа.
Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
18.10.2023.













Степан Степанович бокса Аан дойдутааҕы «легендаларын» кытта: Шамиль Сабировтыын уонна Александр Поветкинныын. 2024 сыл ахсынньы 24 күнэ, Дьокуускай, «Триумф» спортивнай комплекс.
Убаастыыр, үчүгэйдик санаһар быраат, атас-доҕор дьонун кытары. 2025 сыл, Ньурба к., база.

КИҺИ КИҺИТЭ, ҮТҮӨ СҮРЭХТЭЭХ
Владимир Михайлович ПРОКОПЬЕВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун дьокутаата:
– Доҕорум, табаарыһым Степан Степанович 60 сааһа номнуо тигинээн кэлбит. Кэм-кэрдиис сүрдээх түргэнник ааспыт эбит.
Биһиги Ыстапаанныын оҕо эрдэхпититтэн билсэн бу баччааҥҥа диэри бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн, үлэлээн-хамнаан кэллибит.
Ыстапаан оҕо эрдэҕинэ спордунан, боксанан дьарыктанан сүрдээх улахан ситиһиилэрдээх, ол туһунан бииргэ сылдьыбыт, эрчиллибит табаарыстара кэпсиэхтэрэ. Мин Ыстапааны арыый атын өттүнэн көрдөрүөхпүн баҕарабын.
Кини киһи киһитэ, наһаа улахан үтүө сүрэхтээх киһи диэн мин сыаналыыбын. Элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүт буолан эдэр эрдэҕиттэн амарах сүрэхтээх, мэлдьи дьоҥҥо көмөлөспүт киһи диэн баҕалаах улааппыта. Онон да буолуо, өр сылларга кыамматтарга, тулаайахтарга, кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөн, өйөөн кэллэҕэ дии. Ол курдук өссө 1998 сыллаахха кыаммат араҥаҕа остолобуой аспытын дьон бары билиҥҥэ диэри өйдүүр, саныыр, билэр. Дойдуга олох уустук 90-с сыллар бүтүүлэрэ, 2000 сыл саҕаланыыта дьон үбэ, харчыта суох кэмигэр бэйэтин кыаҕынан, баҕатынан тэрилтэтин иһинэн остолобуой аһан үлэлэппитэ оҕолорго олус туһалаах этэ. Итиннэ балай да элбэх, күннэтэ 20-тэн тахсалыы оҕону аһатар этэ. Бу дьыала кини элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга ис сүрэҕиттэн көмөлөһөр баҕатын көрдөрбүтэ.
2007 сыллаахха Ыстапаан улуус мунньаҕын дьокутаатынан талыллан, социальнай көмүскэллээх буолуу хамыыһыйатын салайааччытынан оройуоннай сэбиэккэ үлэлээбитэ. Олус үчүгэйдик уонна таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Сүрдээх элбэх өйүктээх көҕүлээһиннэри олоххо киллэриигэ дьокутаат быһыытынан дьаныардаахтык үлэлэспитэ. Бу улуус салалтатыгар социальнай хайысхаҕа үлэлиирбитигэр кини этиилэрэ, сүбэлэрэ, кыттыыта улахан оруоллаах этэ диэн мин быһаччы этэбин. 2016 сылтан инбэлииттэр уопсастыбаларыгар киирэн үлэлээбитэ. Билигин да онно таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Ыстапаан дьоһуннаах ыал аҕата, эһэтэ. Билигин сиэннэрин, оҕолорун ииппитин курдук бэйэтэ көрүүлээх-истиилээх, көрсө-иитиһэ сылдьар.
Түгэнинэн туһанан табаарыспын Ыстапааны 60 сааһын туолбутунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Кини Ньурба улууһун социальнай эйгэтигэр киллэрбит кылаатын иһин тус бэйэм ааппыттан махталбын тириэрдиэхпин баҕарабын. Баҕарыам этэ үбүлүөйдээх күҥҥүнэн сибээстээн чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, барытыгар табыллыыны, ситиһиини, үөрүүнү-көтүүнү. Ыччаттарыҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ эйигин бэйэлэрин ситиһиилэринэн үөрдэ-көтүтэ турдуннар. Өссө даҕаны дьон туһугар үлэҕин салгыы ыыта тур.

2023 сыл.
(«АХТЫЫЛАР», 2025 сыл ыам ыйа)
Комментарийдар:






Степан Степановичка туһунан биир тыынынан ааҕан олуһун диэн долгуйдум, бэйэм эмиэ киниэхэ майгынныыр олохпун санаан аастым, Степан Степановиһы билсиэхпиттэн кини туһунан элбэх үчүгэй тыллары да иһиттиппитим, билбитим көрбүтүм, убаастыыр Убайбыт бэйэтин кэмигэр элбэх үтүөнү мааныны оҥорбута наһаа диэн кэрэхсэбиллээх, Саха сирин, Саха норуотун ханна да сырыттар үрдүк таһымна тута сылдьыбыт Убайбыт буолар, баҕарабын Степан Степановичка үлэтигэр, тус олоҕор үрдүк ситиһиилэри, доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр чугас дьонугар тапталы, дьолу соргуну
Дорооболорун Эьиэхэ Утуену ба5аран туран ыытабын