Петрова Светлана Гаврильевна ахтыыта

СИТИҺИИЛЭЭХТИК ҮЛЭЛЭЭБИППИТ

“АХТЫЫЛАР” сайтка Петрова Светлана Гаврильевна – Үлэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатын бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, АПК бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Бочуоттаах наставник, Сүлэ нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, “Сэрии кэмин оҕото” араас кэмнэргэ суруйбут ахтыылара таҕыстылар.

ҮЛЭБИТ ҮТҮӨ ТҮМҮКТЭРЭ

Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА – Ньурба оройуонун “Сүлэ” сопхуос бастакы дириэктэрэ, үлэ бэтэрээнэ, АПК бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун ытык олохтооҕо

– “Сүлэ” сопхуос 1986 сыллаахха ССРС Үлэнэн Албан аатын кинигэтигэр киллэриллибитэ, Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ элбэх сыллаах от сиэмэтин үүннэрэн тарҕатыыга тэҥнээҕин булбатаҕа, үлэлээн ааспыт кэмигэр (1982-1992 сс.) сылы наар барыстаахтык түмүктүүрэ. Идэтийбит сопхуос ситиһиитин төрдө – науканан салайыллыыта, мелиорацияны уонна химизацияны кытта быһаччы ситимнээҕэ этэ.

Саҥа сопхуос 1982 с. тэриллэригэр “Ньурба” сопхуостан 2700 гектар тыа хаһаайыстыбатын сирэ, ол иһигэр 1170 гектара – бааһына, араарыллан бэриллибитэ. Ити сыһыарыллыбыт сирдэртэн 1130 гектара Илья Дмитриевич Теленков оҥорторбут халытан нүөлсүтүллэр Нюрбинка үрэх уҥа өттүнээҕи (710 га), хаҥас өттүнээҕи (420 га) ситимнэригэр киирэр сирдэр этилэр. Ардахтан нүөлсүтүллэр 98 гектардаах “Лүҥкү” ситимэ учуонайдар үлэлиир бааһыналарыгар сиппэккэ турара. Бу ситими ММС (массыына-мелиоративнай ыстаансыйата) тэрилтэтин А.С.Захаров салайар кэмигэр ситэрбиттэрэ. ДДА-100 диэн туман оҥорон, уу ыстарар тэрили ДТ-75 тыраахтар сыҕарыта сылдьан ыстарыахтаах эбит этэ даҕаны, иҥнэри сиргэ кэллэр эрэ кынатын тосту түһэн кэбиһэрэ. Онон туһалаабакка быраҕыллыбыта. Уопуттарга халытар ситим, хата, тохтообокко үлэлии турбута. Тэрилтэ грейдер хаалларбыта ардах кэнниттэн суол тэҥниирбитигэр бэркэ туһалаабыта. Күрүөтэ-хаһаата суох сопхуоска күрүө тутуута тутаах боппуруос этэ. Икки сыл иһигэр 30 км күрүө тутуллубутуттан 16 килэмиэтирин ММС тутан киллэрбитэ.

Ойууру солоон бааһына оҥоруу – ыарахан үлэ. Улахан тыраахтардарынан Бөрө Тумула диэн солооһуну хас эмэ сыл кыһыннары астаран оҥоро сатаан баран, ситэрбэтэхтэрэ биһиги сопхуоспутугар көспүтэ. Ону саҥаттан үбүлээһин көрдөрөн оҥорторон, бааһына гыммыппыт. Итини таһынан Кирпииччэҕэ 36, От Арыыга 57, Стационарга 8 гектардаах, кэлин Кумах Күрүө Куочай Арыытыгар 80 гектардаах солооһун үлэтэ ыытыллыбыта. Ити үлэлэр хаачыстыбалаахтык ыытыллалларын сопхуос мелиоратордара, маҥнай Б.Г.Васильев, кэлин Е.Н.Михайлов хонтуруоллууллара. ММС исписэлииһэ Ренат Газизовтыын кытаанахтык киирсэн ылларбыт даҕаны, тыл тылбытыгар киирсэн, солооһуҥҥа хаалбыт кыра маһы-сыыһы, силис тобоҕун бүтүн сопхуоһунан субуотунньуктаан ыраастаан, көмөлөһүннэрэн, үлэлэрин туттарааччылар. Тэрилтэ салайааччытынан үлэлээбит эдэр Владимир Николаевич Белоглазовтыын биир тылы буларбыт.

Сопхуос бэйэтин күүһүнэн эмиэ ходуһалары, оһорбо сирдэри хорутан, бааһына оҥосторо. Онон, кэнники эбии бэриллибит сирдиин холбоон, “Сүлэ” сопхуос барыта 3328 гектар иэннээх сири бас билэр буолбута. Итинтэн бааһыната 1986 с. 2159 гектар этэ. От ыһыылаах, биэс хонуулаах севооборот икки ротациятыгар 1630 туонна сиэмэ кэлбититтэн 1360 туонната өрөспүүбүлүкэ сопхуостарыгар, бэл Магадаҥҥа уонна Тюмеҥҥэ тиийэ атыыламмыта. Учуонайбыт, СӨ наукатын академига, биология билимин дуоктара Г.В.Денисов: “…В результате мощного движения за создание невиданной доселе на Севере отрасли сельского хозяйства – семеноводства луговых растений в 1988 году Якутия произвела 800 тонн семян. К такому объёму никто на Севере не подходил. Были полностью обеспечены потребности республики, началась отгрузка семян совхозам Тюмени, Магаданской области и Чукотки. К 1990 году в республике было уже 100 тыс. га сеяных сенокосов. Каждый третий стог сена Якутии стали давать рукотворные луга урожайностью 20-30 ц сена с гектара…” – диэн суруйбута (“Мысли под занавес”, 2015 г., стр.198).

Науканы, мелиорацияны кытта дьүөрэлээн, эдэр, эрчимнээх, лиҥкир эр дьон мэхэньисээтэр үлэһиттэрдээх сопхуос тэриллэн, уон сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитин түмүгэр Сүлэ нэһилиэгэ үүнэ-сайда, кэҥии-чэчирии турар.

 


БАСТАКЫНАН КИЛЛЭРБИТЭ

Петрова Светлана Гаврильевна – Үлэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатын бэтэрээнэ, АПК бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Бочуоттаах наставник, Сүлэ нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, “Сэрии кэмин оҕото”

– Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан тэриллибит улахан “Ньурба” сопхуоска уон сыл устата дириэктэрдээбит Саха АССР үтүөлээх зоотехнига, Үлэ Кыһыл Знамята орден, элбэх мэтээл кавалера, Ньурба бочуоттаах олохтооҕо Павлов Алексей Андреевиһы кытта үлэбинэн балайда алтыстаҕым.

Күннэр-дьыллар илим хотоҕоһун курдук субуллан ааһаллар. Аан бастаан кинини көрбүтүм 1964 сыллаахха техникуму бүтэрэн төрөөбүт колхуоспар агронуомнаабыт бастакы сылбар эбит. Колхуос Уус бааһыната диэн сирин МТС-тар кэҥэтэн солообуттарын бэрэбиэркэлии, кэлин РФ үтүөлээх землеустроителэ буолбут А.И.Фёдоров, кураан турар буолан Ньурбаттан аҕыс көстөөх Чуукаарга көлөөскөлөөх матасыыкылынан Алексей Андреевичтыын тахсыбыттара. Өҥөлдьөлөр Тэҥкэҕэ саҥа солооһуҥҥа бурдук ыспыттарын эмиэ көрөр соруктаах эбиттэр. Мин саас Тэҥкэҕэ, Чуукаартан икки аҥар көстөөх сиргэ, урут хаһан да сылдьыбатах буоламмын сиргэ-уокка үөрүйэх кэргэним Уйбаанныын дьон суолу ыйбытынан, баран кэлбиттээҕим. Өҥөлдьөлөр ыһыыны бүтэрэн дойдуларыгар уҥуор туораабыт этилэр, бурдук уоһуннаан эрэрэ. Обоччоҕо түһэн сытар сылгыга түбэһэ түһэммит Уйбаан хостоон таһааран турар. Бииргэ үөрэммит Хайаайын кыыһа Аана онно ыал буолан олороругар хонон баран, төннүбүппүт.

Агронуом ааттааҕы матасыыкылларыгар мэҥэһиннэрэн солооһуннары кэрийэн көрө илдьэ бардылар. Уус бааһынатын көрөн, Андайбытынан, Мөрөөйүттэн суолунан Өҥөлдьө өттүгэр туораан Тэҥкэбитигэр тиийдибит. Киэҥ нэлэмэн бааһынаҕа ньэчимиэн бурдук ситэн саһара долгуйан турар. Соҕотох комбайммыт хомууру саҕалаан иһэн солооһун ситэ хомуллубатах силиһиттэн-мутугуттан мэһэйдэтэн алдьанан турар. Тугу көмөлөһүөхпүт баарай! Төнүннэхпит дии. Алексей Андреевич миигин “сууттанар киһи буолбуккун” диэн куттаата. Тыа хаһаайыстыбатын оройуоннааҕы управлениетыгар кылаабынай зоотехник эбээһинэһин толорооччу эбит. Комбайн алдьаммытыгар мин тоҕо сууттаныахтаахпыный диэн отой ылымматым, испэр өһүргэнэн буугунуубун, таспар таһаарар кэлиэ дуо. Хата, кэлин истибитим, Өҥөлдьөттөн Уус Баһылай барахсан кэлэн комбайны оҥорон хомууру сүтүгэ суох бүтэрбит этилэр.

Төннөн иһэн куруҥҥа тохтоон, миигин суолга хаалларан, землеустроитель каартатын хостоон таһааран, онон сирдэтэн, син өр хааман уонча куобахтаах кэллилэр. Дьиэм таһыгар түһэрэн икки куобаҕы биэрэ сатаабыттарын ылбакка, “бэркит ээ” диэбэтэх буолан баһыыбалаабакка да киирэн хааллым.

Итинтэн уончаны кыайбат сылынан Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын агрономическай факультетын 1972 сылга кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, “Ньурба” сопхуос базатыгар үлэлиир Өрөспүүбүлүкэтээҕи агрохимлаборатория Тирэх пуунугар агронуомунан ананан үлэлиир буоллум. Тыа хаһаайыстыбатын институтуттан, Н.С.Пермяков салайааччылаах А.А.Софронеев, биология институтуттан Д.П.Яковенко эмиэ тирэх пууннарга үлэлии олорор эбиттэр. Наука саҥа ситиһиилэрин быһаччы производствоҕа киллэрэр полигон бу сопхуос эбит. Сопхуос үгүс чыпчаал ситиһиилэрэ кинилэр биэрбит рекомендацияларыгар олоҕуран оҥоһуллубуттара. Холобур, Пермяковтаах рекомендацияларынан Ньурбачааҥҥа В.Н.Васильев ыччат сүөһү отуутун тэрийэн сууккаҕа 1260 г эбиллиитин ситиһэн турар.

Бастаан үлэлии киирэрбэр Григорьев Михаил Афанасьевич дириэктэрдиирэ. Онтон икки сылынан А.А.Павлов анаммыта. Сопхуос икки этээстээх киин хонтуората эбии биир остуол турар миэстэтэ суох буолан, сортоучаастак хонтуоратыгар кыбыллыһарым. Уоҕурдуу, нууччалыыта удобрение, аатыттан да көстөрүнэн “добро” диэн, үтүөнү эрэ оҥоро сылдьарбынан мин эмиэ сирдэрбэтэҕим. Оттуур звенолар, бурдук, хортуоппуй, оҕуруот астарын үүннэрээччилэр уоҕурдууну сөптөөхтүк туттаннар үрдүк ситиһиилэнэллэрэ. Алексей Андреевич телефонуттан, оччолорго Дьокуускайга тахсар телефон дириэктэргэ эрэ баара, көҥүллэтэн тэрилтэбин кытта сибээстэһэрим. Сыл түмүгүнэн Сортоучаастактары кытта сопхуос управляющайдарын, хонуутун биригэдьиирдэрин, специалистарын мунньан үлэбитин отчуоттуурбут, сыана быстарарбыт. Онон дуогабардаах харчыны сопхуос биирдэ да аккаастаабакка тэрилтэбэр түһэрэрэ. Кэлиҥҥи сылларга эбээһинэһим кэҥээн, оройуон агрохимигэ оҥороннор тэрилтэ сопхуостан харчы түһэртэрбэт буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар Ньурбаҕа хонтуораламмытым. Устунан управление кылаабынай агрономунан ананан үлэлээбитим.

Биология институтун ходуһалары үөрэтии лабораториятыттан уоба Магадантан көһөн кэлбит учуонайдар Г.В.Денисов, В.С.Стрельцова “Ньурба” сопхуос Сүлэтигэр 1974 сылга научнай производственнай стационар (РПС) тэрийэн далааһыннаах үлэни саҕалаабыттара.

Саха сиригэр үүнэр оттор сиэмэлэрин вертолётунан, катерынан киэҥ сирдэринэн сылдьан хомуйан уопуттары оҥортоон селекциялыыр үлэлэригэр туһаммыттара. Улан-Удэттэн дириҥник киирэр силистээх курааны тулуйар Сибиир күкээриһин Камалинскай суордун сиэмэтин элбэтэн сопхуос бааһыналарыгар ыһыыны луговод үөрэхтээх агронуом Н.Г.Тихоновынан саҕалаппыттара.

Балтараа сүүс гектардаах Кыталыктаах бааһынатыгар ыһыллыбыт оту көрө тиийбитим, бүтүннүү сытыкан отунан саба бүрүллүбүт. Николай Гаврильевич учуонайдар ДВШ тыраахтардарынан учуонай Валентина Семёновналыын саҥа тахсыбыт үнүгэстэргэ күн уотун киллэрээри оҕустара сатыы сылдьаллар. Оттон ордон улахан тыраахтардары биэрбэт үһүлэр. Сопхуос хонтуоратыгар ойутан тиийэммин Алексей Андреевичка киирэн, быһаарсан И.Н.Баянов сиилэстиир звенотун киллэрэн оҕустаттаран, бааһына кытыытыгар хас да кээһиилээх оту туруорбуттара. Нөҥүө сылыгар эмиэ оҕустаран таска таһаарбыттара. Ол үрдүнэн бааһына аҥара аахтаммыта.

Биология дуоктара, “Дружба народов” уордьанынан наҕараадаламмыт, кэлин СӨ академига буолбут Г.В.Денисов “Саха сирэ Россия күөх курдааһына буолар, от үүннэрэн хомуйан сүөһү аһылыгынан хааччыйар регион буолар кыахтаах” диэн теориялааҕа. Онно бастакынан от сиэмэтин үүннэрэн өрөспүүбүлүкэ сопхуостарыгар барыларыгар тарҕатан үүнүүнү биэрбэт буолбут ходуһалары тупсарыы турар. Кини туруорсуутунан от сиэмэтин үүннэрэн тарҕатар идэтийбит сопхуоһу тэрийэр туһунан оччолорго тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ М.Е.Николаев дьаһайбыта. Оройкуом үһүс сэкирэтээрэ И.П.Гаврильев баһылыктаах хамыыһыйа тэрилиннэ. Саҥа тэриллэр сопхуос сирин-уотун быһааран, каартатын, били саҥа үлэлиирим саҕана А.А.Павловтыын матасыыкылынан Тэҥкэҕэ илдьэ сылдьыбыт тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар үс сыл бииргэ үлэлээбит киһим, землеустроитель Афанасий Иннокентьевич Фёдоров отделын үлэһитин, эдэркээн В.М.Прокопьевтыын түүннэри оҥорон ыйыллыбыт болдьоххо саҥа сопхуос техно-экономическай төрүтүн хамыыһыйа туттарбыта.

Саҥа сопхуоска агронуом идэлээх буоламмын дириэктэринэн миигин анаатылар. Тэриллээһинигэр сир-уот, баай-дуол үллэһигэр Алексей Андреевич хаһаайынныы сыһыаннаспыт эбитин, кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, билигин өйдүүбүн! Сүлэ сопхуос уон сыл ситиһиилээхтик, өрүү барыстаахтык үлэлээн ааспыта ону кэрэһэлиир. Оттон Афанасий Иннокентьевич Фёдоров землеустроителлиин үлэлиирим устатыгар өрүү өйдөһөн-өйөһөн сылдьыбыппыт, улаханнык убаастыыр киһим этэ.

Ол иһин этэбин ээ, үлэбэр-хамнаспар бу икки идэлэригэр бэриниилээх дьон улахан оруолламмыт эбиттэр диэн.

Алексей Андреевич Павлов бэйэтин сопхуоһугар от ыһан ходуһалары төрдүттэн тупсарар биригээдэни саҥаттан, өссө элбэх үлэһиттээн, тиэхиньикэлээн тэрийбитэ. Биригээдэни луговод агронуом Н.Г.Тихонов таһаарыылаахтык үлэлэппитэ. Кинилэр уопуттарыгар олоҕуран бүтүн өрөспүүбүлүкэ сопхуостарыгар ходуһалары төрдүттэн от ыһыылаах тупсарыы ыытыллар буолбута. Сүөһү аһылыгынан анаан дьарыктанар дириэктэри кормопроизводствоҕа солбуйааччы улахан сопхуостарга киирбитэ. Онон “Сүлэ” сопхуос хомуйбут отун сиэмэтэ хамаҕатык атыыгар барара. Хас үһүс кэбиһиилээх от – от ыһыллыбыт тупсарыллыбыт ходуһаларыттан өрөспүүбүлүкэҕэ турар буола сылдьыбыттаах.

 

 


КЭСКИЛИН КӨРӨРӨ

Петрова Светлана Гаврильевна – Үлэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатын бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, АПК бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Бочуоттаах наставник, Сүлэ нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, “Сэрии кэмин оҕото”

– Саҥа тэриллибит от сиэмэтин ыһан тарҕатарга идэтийбит “Сүлэ” сопхуос барыта хомсомуол саастаах эдэр механизатор ыччаттартан турара. Ол быһыытынан уонна оройуон кииниттэн алта биэрэстэлээх эрэ сиргэ олохсуйбутунан даҕаны В.И.Никифоров бастакы сэкирэтээрдээх хомсомуол оройкомуолун хараҕын далыгар сылдьара, соц. куоталаһыыларга кыттан араас бириистэринэн, вымпелларынан, туристическай путёвкаларынан наҕараадаланара. Оннооҕор духовой инструменнардаах оркестрынан, бильярдынан, ыччаттар Орто Азия дойдуларынан туристыыр путёвканан наҕараадаламмыттара. Духовой оркестры тыаһатар дьон суох буолан оройуон кулуубугар, бильярды Сүлэ кулуубугар бэлэхтээтилэр быһыылааҕа.

1984 сыллаахха А.А.Томтосов, оройкуом сэкирэтээрэ, Валентин Ивановиһы Ньурба сопхуоска дириэктэринэн таһаарбыта. Ити сайын улахан кураан туран от кыайан бэлмнэммэтэҕэ. Дириҥник киирэр силистээх курааны тулуйумтуо Сибиир күкээриһэ оту учуонайдарбыт сүбэтинэн үүнэрэр буоламмыт оппут син биир бэркэ үүммүтэ. Оройуон иһигэр биһиги оппут урут наада буолбакка курааннаабыт Мэҥэ Хаҥалас, Таатта оройуоннарыгар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үллэриитинэн 500-түү тоннаҕа тиийэ сайын уу суолунан, кыһын улахан массыыналарынан тиэнэн барааччылар. Бу дьыл биһиги оппут соломотун барытын 1200 тоннаны оройуон сопхуостарыгар бэрдэрбиттэрэ. Степан Васильев аатынан сопхуос сүүнэ улахан стоговозтары оҥостон Хатыыга тиийэ тыраахтарынан астаран тиэнэн тахсыбытын, Чуукаар сопхуос эмиэ сороҕун стоговоһунан, пресстэммит өттүн массыыналарынан тиэммитин өйдүүбүн. Элбэҕин “Ньурба” сопхуос ылбыта. Эдэр киһиэхэ ити кыстык улахан тургутук буолбут буолуохтаах, бокуойа суох табаахтыы олорор буолааччы. “Эһиги оккутун эбинэммит дьылы этэҥҥэ туораатыбыт”, – диэн мээнэҕэ тыл ыһыктыбатах буолуохтаах!

1985 сыллаахха сыһыарыллыбыт 2700 гектар сирбитин толору баһылаан, өрөспүүбүлүкэҕэ от сиэмэтигэр наадыйыы ЛМО (лугомелиоративнай этэрээттэр) тэриллэн улаатан “Ньурба” сопхуостан эбии 634 гектар сири “Сүлэ” сопхуоска биэрэргэ диэн райсовет уурааҕа тахсыбыта. Валентин Иванович сирин харыһыйдар даҕаны, биэрдэҕэ дии! Онон биирдии хонуубут 500 гектар, барыта севооборокка 2500 гектар, уопсайа 3328 гектар тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдээх сопхуос буолан салгыы үлэлээбиппит.

Горбачёв саҕаттан испит иирэн, таспыт дьалкыйан барбыт эбит. Пятилетка былаана диэн оҥоһуллара. “Бүлүү” бырагыраама диэн аҥардас биһиги сопхуоска 4 мөлүйүөн, оччотооҕуга ити сөҕүмэр суума, солкуобайдаах тутууга былаанныырга хонтуруолунай сыыппара диэн кэлэн, экэнэмиистэрбиниин түүннэри үлэлээн көрдөрүүлээх экспериментальнай киин уһаайба буолар курдук бары объектарын тутуу торумун оҥорон туттардыбыт. Ити идеяны генбылаан оҥорторбут архитекторбыт К.Г.Туралысов киллэрбитэ. Ханна баар! Хаарыаннаах Союзпут сууллан кумааҕыга эрэ хаалбыта. Хата эрдэ генбылаан оҥорторбут буоламмыт тоҕуһуонус сыллар кэннилэриттэн социальнай объектар тутуллан тураллар.

1992 сыллаахха мин Сүлэ орто оскуолатыгар дириэктэри производствоҕа солбуйааччынан үлэлии сырыттахпына Валентин Иванович Ньурба бастакы баһылыга буолла. Оскуола кэнэҕэһин колледж-имение буолар кэскиллээх улахан бырагырааматын биологическай наука дуоктара, СӨ наукаларын академиятын академига Г.В.Денисовы кытта оскуола дириэктэрэ И.Ф.Данилов оҥорбуттара. Элбэх объект тутуута, техниканан хааччыллыы, үбүлээһин былааннаммыта. Союз ыһыллан тутуу, үбүлээһин кыайтарбатаҕа. Хата, Ленскэй оройуон банкрокка барбыт биир фермерин техникатын оройуон салалтата толуйан ылан толору техниканан хааччыллыбыппыт, 34 гектар сир анаппыппыт. Г.П.Денисовпыт президени кытта кэпсэтэн уураах таһаартарарга, тутуутун, үбүлээһинин быһаартарарга кэпсэппит, оройуонтан уураах проегын киллэриэххэ наада диэн буолбутугар, тоҕо эбитэ буолла, оскуолаларынан дьарыктанар райсовет үлэһитэ Р.И.Фёдоров батынан кэбиһэн турар. Уураах проегын бэлэмнииргэ Валентин Иванович миэхэ дэбиэринэс биэрэн учуонайгынаан үлэлээҥ диэн киин куоракка командировкалаата. Тыа хаһаайыстыбатын специалистара куорат аспаалыгар буолбакка производство баар сиригэр тыаҕа үөрэниэхтээхтэр диэн бигэ санаатын олоххо киллэрэ сатыыр Герман Васильевичтыын бырайыагы архитектор К.Г.Туралысовы дьиэтигэр ыҥыран аҕалан көмөлөһүннэрэн оҥордубут. Оччолорго М.Е.Николаев президент көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир Ньурбаттан төрүттээх О.И.Фёдороваҕа көрдөрөн кимтэн-кимтэн сөбүлэҥ ыларбытын суруйтардыбыт. Үөрэҕирии миниистирэ Голиковка, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Ивановка сууххайдык сөбүлэҥҥэ илии баттаттым. Үп миниистирэ В.И.Птицыҥҥа сарсыарда 9 чааска Валентин Ивановичтыын бииргэ киириэх буолан болдьостубут. Уурааҕым бырайыагын туппутунан Үп министиэристибэтигэр тиийбитим – киһим суох! Төннүөхпүн кэрэйэн, салыннарбын да, киирэрбэр тиийдим. Владимир Ильич көрбөлөөн баран: “Ким инициативатынан уураах таһаартараары гынаҕыт?” – диэн боппуруос биэрдэ. Мин туох баарынан, учуонайбыт Г.В.Денисов туруорсуутунан, М.Е.Николаев сөбүлэҥинэн киллэрдибит, диэччи буоллум. “Быйылгы дьылга үп кырыымчыгынан көрүллүбэт” диэн виза туруоран кэбистэ, бүттэхпит ол! Валентин Иванович киирсэн хаһаайын-хаһаайын курдук оройуоммут кэскилин туһугар диэтэр баҕар ааспыт буолуохтааҕа хааллаҕа. Уолдьах, ол күн баһылыктаан уурайара биллэн хаалан кэлбэтэх этэ. В.А.Петрова баһылыктыыр кэмигэр дьокутааппыт В.Т.Николаевынан туруорсан көрбүппүт да, син биир табыллыбатаҕа. Хапытаал үйэтигэр адьырҕа буолуохха наада диэн алмаастан оройуон дэлэгэйдик ыһыгыннардар да, учуонайбыт идиэйэтигэр кэлэн суолта биэрбэтэҕин түмүгэр кур бэйэтэ кубулуйбакка тыа хаһаайыстыбатын специалистара куорат аспаалыгар үөрэнэллэр, тыаҕа төннөллөрө да аҕыйах быһыылаах. Ол охсуутугар дэриэбинэлэр тыаһа-ыма суох улам нэһилиэнньэлэрэ аҕыйаан тутуу барара да наадата суох буолуох курдук!

Валентин Ивановичтыын үлэбинэн эрэ алтыспыт киһи, “Сырдык аартыкка сирдээбит аҕабыт ыллыктаах олоҕо” диэн суруйбут кинигэтин ааҕан баран саха дьонун сэрии инниттэн олоҕун летопиһа диэн сыаналаатым. Сэбиэскэй былаас баара-суоҕа 70 эрэ сыл иһигэр сөҕүмэр да инники хардыыны түҥкэтэх саха дьонугар оҥорбут эбит! Төһөлөөх үөрэх-сайдыы буолбутуй, киһи-сүөһү элбээбитий? Аҥардас сопхуостарга биирдии солкуобайыгар түөртүү солкуобайыгар көрөн тыа дьонун биир тэҥник өйөөбүтэ элбэҕи этэр эбээт! Билиҥҥи субсидия, субвенция, грант диэн дэбигис киһи сатаан туһаммат өҥөлөрүнээҕэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ промышленностан киирэр дохуоттан өлүүлэрэ, чэпчэки сыаналаах эти-үүтү, хортуоппуйу, оҕуруот астарын государствоҕа биэрбиттэрин төлөбүрэ боростуойунан, муударайынан сөхтөрөр. Хара ньуура суох үлэһит, элбэхтии оҕолоох биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт үөрэх туһатын өйдөөн үөрэттэрбит ыччаттара бэйэлэрин оҕолорун Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй кэс тылын толорор гына иитэн таһааралларыгар саарбаҕалаабаппын. Кинигэттэн элбэх билэр дьоммун, оннооҕор урууларбын-аймахтарбын булан ааҕан үөрдүм. Уу сахалыы, уустаан-ураннаан суруйбутун ааҕан хайҕаатым.


Бэчээккэ бэлэмнэннэ: 2025 сыл, муус устар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *