Никифорова Евдокия Алексеевна, Новиков Егор Николаевич тустарынан

ААТТАРЫН ААТТАТА СЫЛДЬЫАХПЫТ

Үтүө күнүнэн, “АХТЫЫЛАР” сайт үлэһиттэрэ! Дорҕоонноох дорообото тутуҥ.

Мин Бүлүү нэһилиэгин Лөкөчөөн дэриэбинэтиттэн Ольга Егоровна Новикова тиийдим. Кыайыыны уһансыбыт ийэлээх аҕам туһунан, Кыайыы 80 сылыгар анаан, уһун кэмнэргэ иэйии гынан сылдьыбыппын хайаан да бэчээттэтиэхтээхпин диэн сыал-сорук оҥостон, суруйан эрэбин.

Биһиги бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Дарья – Илбэҥэҕэ, Владимир – Дьокуускайга, Анна – Лөкөчөөҥҥө, Иван – Лөкөчөөҥҥө, Мария – Кыһыл Сыырга олороллор, бары бочуоттаах сынньалаҥҥа. Сиэн, хос сиэн көрүүтүгэр түбүгүрэн, ситиһиилэриттэн кынаттанан, үйэлэрин уһатан, иллээхтик-эйэлээхтик суулаһан олороллоро үчүгэй бөҕө буоллаҕа.

Күн-күбэй ийэм Огдооччуйа Өлөксүөйэбинэ Никииппэрэбэ Горнай Маалтаанытыгар төрөөбүт. Аҕатынан Күүстээх Моруот сиэнэ буолар.

Ийэм Новикова Евдокия Алексеевна, үлэ, тыыл ветерана.

Ийэм уһун көнө уҥуохтаах, сытыы-хотуу көрүҥнээх, сымса-түргэн туттуунуулаах этэ. Бэрдьигэстээхтэн Бүлүү Лөкөчөөнүгэр дьоно икки эмдэй-сэмдэй оҕолордоох кэлэн, Холболоох Бэрэтигэр олохсуйбуттар. Ол кэмнэргэ Лөкөчөөн эбэлэрэ эмис соболорунан, кыыла дэлэгэйинэн, таба үктэнэн, сүөһү-сылгы ииттэн, ол кэминээҕи ыал сиэринэн сэниэ соҕустук буруо таһааран олорбуттар. Онно олорон өссө икки балыстанар уонна бырааттанар. Ийэм бырааттара Миитэрэй, Уйбаан, Бүөтүр, Ньукулай, балыстара Кэтириинэ, Өлөксөөндүрэ диэннэр.

Аҕата Өлөксөй булчут бэрдэ, муҥханы баһылаан-көһүлээн сылдьыбыт. Кыаммат ыалларга муҥха соботуттан өлүүлээн биэрэрэ. Оҕолорун батыһыннара сылдьан саанан ытарга, хотууру, кыраабылы хайдах уһанан оҥосторго, туһаҕы хайдах иитэргэ, балыктыырга үөрэппит. Илими абырахтыырга, күөлгэ илими үтэргэ кытта уһуйбут. Ийэм “тэбис-тэҥҥэ сылдьыһарым” диирэ. Кини 19 сааһын туолуута Аҕа дойду улуу сэриитэ буолбутун туһунан дьоно кэпсэтэллэрин истибит.

Ол дьыл кыһына ордук тымныйан буолуо, аҕалара сэбиргэхтэтэн хаалар. Онтон ийэтэ ыалдьан өр буолбатах, иккиэн утуу-субуу өлбүттэр. Биһиги ийэбит барахсан балыстарыныын, бырааттарыныын төгүрүк тулаайах хаалбыттар. Улахан киһи буолан, эдьиийдэрэ (ийэбит) оҕолору ханна да ыһыталаабакка, бэйэтэ ынахтары көрөн, бултаан-алтаан, сүөһүлэрин тириитин сүлэн, талкыга имитэн барыларын таҥыннартаан олорбут. “Күһүн-саас дьорохойго, күөл хоруутугар туу уган сэмсэлэнэрбит, кыра бырааттарым дьарык гыналлара”, – диирэ. Ийэм колхозка оҕуһунан от тиэйиитигэр, Илбэҥэҕэ балыыһа тутуутугар, бэрэбинэни таһыыга сылдьыбыт. Үлэтин хамнаһа бурдук, тойуу саахар буолара. Аны сэриигэ диэн түһээн хомуйаллара, ону куобах үтүлүгү тигэн биэрэрэ. Атын ыарахан үлэни барытын толороро. Эдэркээн нарын санныгар ыарахан үлэ буоллаҕа, эр киһи үксэ сэриигэ бардаҕа, онон үлэһит илии тиийбэтэ биллэр.

“Аас-туор олохтоох буоларбыт. Сүөһүбүт, сылгыбыт тириитин отой харахпыт харатын курдук туттарбыт. Тириилэрин уһуннук бысталаан тэһиин, быа оҥосторбут. Иҥиирдэрин субуйан ылан, синньигэс гына арааран сап гынабын, бөҕө баҕайы буолааччы. Сиэллэринэн ситии быа, сотом бааһырыар диэри өрөн, сөптөөх уһун быалары оҥостооччубун. Бырааттарбар, балыстарбар ыстаан тигэн, кыыл тириитинэн бэргэһэ, үтүлүк тигэттээн кэтэрдэрим. Ичигэс таҥас буоллаҕа дии, онон тыыннаах хаалбыттара”, – диэн кэпсиирэ ийэм. Санаан көрүҥ, 19-таах кыыс оҕо сатабылын, мындырын! Киһи сөҕөр эрэ. Ийэм: “Түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх этим”, – диирэ.

– Кыһынын нэһилиэк-нэһилиэк аайыттан мустаннар атыыр муҥхалар буолаллара, онно эбэһээт сылдьарым. Ол сылдьан аҕаҕын кытта көрсөн, сөбүлэһэн ыал буолбуппут. Туохпут кэлээхтиэй, аҕаҥ чылыгырыайкатын тэллэнэн, миэнинэн саптан утуйарбыт. Хата аҕаҥ сүрэҕэ-бэлэһэ, булчута – аска отой быстарбат буолбуппут. Ол олорон балыстарбын үөрэттэрэрин үөрэттэрэн, ыал гынарын ыал гынаттаан атаарбыппыт, – диэн кэпсиирэ ийэм.

Айбыт аҕам Дьөгүөр Ньукулаайабыс Новиков, 1920 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүт.

Аҕам Новиков Егор Николаевич, сэрии ветерана.

Өргүөттэн төрүттээх, арааһа билигин ити Хампа буолуо диэн сабаҕалыыбын. Аҕам ийэтэ эрдэ өлөн, кини сылаас тапталын билбэккэ улааппыт. Аҕата соҕотох ииппит. Эhэм бииргэ төрөөбүттэрэ бары булчут хааннаах буоланнар, уолларын булка сыһыарбыттар ахан. Үлэһит, бүгүрү буолан кыахтаах буола улаатар. Сааһын ситиитигэр Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолар. 1943 сыл от ыйыгар Бүлүү военкоматыттан повестка тутаат да, төрөөбүт алааһыттан хаан-уруу аймах Сэмэн Евсеевтыын атынан барбыттар. Тиийбиттэрин кэннэ икки аҥыы ыыталаабыттар, аҕам отой уоттаах сэрии ортотугар баар буола түспүт. “Киһи кута-сүрэ тостор дьаабыта, сэрии диэннэрэ”, – диэн отой кэпсээбэт эбит. Элбэх мэтээллэрдээх, орденнардаах эбит, онтун госпитальга араанньы буола сытан, биир дойдулааҕын (хос аата Ытык) көрсөн, чымыдаанын дөкүмүөнүн: “Дойдубар илдьэ бараар, дьоммор тиксэрээр”, – диэн көрдөһөн, биэрэн ыыппыт. “Ол курдук ол чымыдаан сүппүтэ, көстүбэтэҕэ, тиксэрбэтэхтэрэ”, – диэбитэ ийэм.

Биирдэ улахан кыргыһыы буолбутугар улаханнык бааһырбыт. Поеһынан өр айаннаан, хаан бөҕө баран госпитальга тиийиитигэр өйө суох киһини көрөөт “өлбүт, морга илдьиҥ” диэннэр, икки суукка морга сытыарбыттар. Хата түбэһиэх быатыгар өлбүт саллаат дьоно, медик үөрэхтээх чүөчэ, аҕам хаана таммалыы сытарын көрөн аймалҕан бөҕөтүн тарпыт: “Тыыннаах саллааты манна өлүктэри кытта укпуккут”, – диэбит. Аҕабын быыһаабыт үтүө суобастаах чүөчэҕэ махтана саныыбын – үлэтигэр бэриниилээҕин иһин. Өлбөт быата тартаҕа буолуо, сөптөөх бириэмэҕэ түбэстэҕэ эбитэ дуу, аҕабыт онон тыыннаах хаалар. Элбэх оҕону төрөтүөх быатыгар өлөр-өлүүнү кыайдаҕа дии…

Кэлин ылбыт мэтээллэрин илдьэ кэлбит: “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, “Берлини ылыы иһин” диэннэр. Сороҕун өйдөөбөппүн, аҕам ырбаахыбар иилэн биэрэрин өйдүүбүн, испэр иилэн ону кылыгырата-кылыгырата төттөрү-таары сүүрэкэлээн оонньуурум.

Мин аҕабын түөрт-биэс саастаах оҕо сылдьан өйдөөн хаалбыппын. Ыарытыйар буолан куруук дьиэҕэ баара, сытан тахсара, эбэтэр оһох кытыытыгар олоппоско олороро. Ачаалатар буолара, көтөҕөн олорон атаҕын дибдигирэтэн эйиэккэлэтэрэ, сыллаан бөҕө буолара. Онон-манан үүнэр кытаанах баҕайы бытыга сирэйбин тэһитэ кэйэрин, баттахпын тараан өр да өр өрөрүн… “Кыргыттарын ордук сөбүлүүрэ, уолаттарын кытаанахтык тутаттыыра”, – диирэ ийэм.

Ол иһин да буолуо, аҕам бүтэһик күннэригэр сыттаҕына, Бүлүү балыыһатыгар кыра киһини миигин илдьэ барбыта. Мин үөрүү бөҕөтөө. “Ан-2” сөмөлүөтүнэн барарбын истэн, борохуотунан устуом дии саныыбын. Кырылас кумаҕы хааман, элбэх да элбэх турбалаах дьиэҕэ тиийдибит. Киирбиппитигэр сытар ыарыһах дьон бары миигин тула буола түстүлэр, сиэппэр кэмпиэт арааһын симэллэр. Устунан көтөҕүллэн, илииттэн илиигэ бардым. Барахсаттар сыллаан бөҕөлөр, кыра киһини көрөн үөрдэхтэрэ буолуо, дьиэлэрин ахтыбыт уохтарыгар. Сиэстэрэ кэлэн палаатаҕа сиэтэн киллэрдэ.

Арай аҕам маҕан суорҕанынан саптан, өрө көрөн баран сытаахтыыра. “Аҕаа» диэм ыккардыгар ийэм: “Бар, түннүк сырдыгын диэки тур, көрүө баҕар, илиитин имэрий, – диэтэ. Аргыый аҕайдык сыҕарыйан чугаһаан бараммын, чэрдээх илиитин имэрийбитэ буоллум. Арай сылаас илиибин билбит курдук тарбахтара хамсаан барда, илиибин дорооболоһордуу туттум. Хамсаан барда, көрбүтүм аҕам харахтарын уута сыттыгар таммалаан эрэр эбит. Илиибин ынырык күүскэ ыһыктыбаттыы ыбылы туппутугар тарбахтарым хабырыта барыах курдук буоллулар, куттанаммын илиибин сулбу тардан ыллым. Арай аҕам дьигиһийэ-дьигиһийэ саҥа таһаарбакка ытыы сытара, ону сиэстэрэ: “Дьэ бэрт, Дьөгүөр ама буолсу, өйүнэн сытар эбит, ити кыыһын билэн ытыыр, барахсан саҥарбат эрэ”, – диэн ийэбин саататар курдук эппитэ.

Дьэ ити курдук бүтэһигин аҕабын кытта быраһаайдаһан турабын. Оо, аҕам эрэйдээх ол кэмҥэ тугу эрэ эргитэ санаан, хараҕын уутун тохпута буолла? Дьиэбитигэр кэлээппитин кытта сотору буолбакка, “быстыбыт үһү” диэн сурах ситэ баттаан ылбыта. Ийэм барахсаны аһынабын ээ, эркин курдук эрэммит киһитэ өлбүтүгэр төһөлөөх хараастыбыта буолуой…

Тапталлаах төрөппүттэрбит биһиги баччаҕа кэлиэх быабытыгар, аҕыйах бириэмэҕэ бииргэ олорон олох кэрэтин, оҕо дьолун билэн, биһиги туспутугар олорон ааспыт буоллахтара.

Аҕабыт 2020 сыллаахха төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар сиэннэргэ бэлэх-мэтээл оҥотторбуппут уонна түҥэтэлээбиппит. Ону сиэннэрбит ыам ыйын 9 күнүгэр парадка кэтэллэр, көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх.

Ол парад кэнниттэн эһээлэрин чиэстээн, улааппыт сиэн уолаттара мустаннар олорбут өтөҕөр кустуу-балыктыы барбыттара. Байанай бэркэ диэн өттүк харалаан, кус арааһын, бөдөҥ хааһы, эмис собону бултуйан уолаттар үөрүү үктэллээх кэлбиттэрэ. Бу буоллаҕа ытыгылыыр бэлиэбит, ийэлээх аҕалаах буоламмыт бары бииргэ, иллээхтик сылдьарбыт. Өйөһөн-өйдөһөн, аймахтар биир сомоҕо күүс буоламмыт, 90 сиэн, хос сиэн буолан тэнийдэхпит, ааттарын ааттата сырыттахпыт. Хайдаҕын да иһин олоххо киһи хатарыллан ордон, олох салҕанара буолуо. Төрөппүттэрбит, төрүттэрбит кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар үтүө холобур, үтүө өйдөбүл үйэлэргэ симэлийбэккэ хаалыаҕа. Кинилэр ааттарын киртиппэт туһугар кыһаллан дьоллоох олоҕу олорор эбээһинэспит, ытык иэспит.

Тапталлаах төрөппүттэрбит.

Махтанабын ийэлээх-аҕабар – миигин төрөппүттэригэр, олоххо бэлэмнээх гына иитэн таһаарбыттарыгар. Биһиги көлүөнэ оҕолоро эмиэ 90-с сыллар ыарахан кэмнэрин амсайан биллэхпит, төрөппүттэрбит көмөлөрүнэн бэлэмнээх буоламмыт аһардыннахпыт дии. Сүгүрүйэбин, ытыктыыбын, кэриэстиибин – ахтар-саныыр күндү дьоммун.

Бииргэ төрөөбүттэр бу хаартыскаҕа баарбыт.

АҔА ЫРААС ТАПТАЛА

Палаата аанын арыйан

Киирбитэ кыысчаан,

Аҕатын бүтэһик күнүгэр

Быраһаайдаһа кэлбитэ.

Аҕатын чэрдээх илиитэ

Сыттыкка сытарын

Кыракый илиитин оҕотунан

Сэрэниин-сэрэнэн туппута.

Сылаас илии даҕайтын

Илиитин иминэн билэн,

Тарбахтара хамсаан

Ыгыта туппахтаата.

Өйдөөтө быһыыта кыракый

Лыах курдук кыысчаанын,

Кытаанах илии ыһыктыбат

Кырачаан сымнаҕас илиини.

Аҕа уйан сүрэҕэ таайдаҕа

“Быраһаай, чыычааҕым” диэҕин

Саҥата тахсыбат,

Уҥуоҕа халыр-босхо барда.

“Этэҥҥэ эрэ буолуҥ,

Миигин суохтаайаҕыт,

Кытаанах буолуҥ, умнаайаҕыт” дии-дии,

Маккыраччы ытаата.

Аҕа ыраас таптала

Симэлийбэт үйэлэргэ,

Оҕолорун, сиэннэрин

Үөһэттэн көрөн,

Көмүскэл буолан

Харыстыы сырыттаҕа…

Ольга Егоровна НОВИКОВА.

Бүлүү, Лөкөчөөн.

2025 сыл, муус устар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *