СЭМЭЙ КИҺИ СЭМЭН
Бүгүн мин сэмэй киһи – опера ырыаһыта Сэмэн Оконешников уонна кини сорох үөлээннээхтэрин туһунан ахтан аһарыахпын баҕардым.

Мин өйбөр-санаабар Сэмэн Петрович олус эйэҕэс санаалаах, үтүөнү өрө туппут дьоһуннаахай, киппэ киһи этэ. Күлэн-үөрэн мичилийэн турара бу баарга дылы. Суруйа олорон билбитим кини миигиттэн 8 сыл балыс эбит. Аҕа саастаахпын оччоттон билэрим, ол гынан баран көрсө түһээт, мин иннибэр оҕо киһи турар диэн санаа “кылам” да гыммат этэ. Эдэр эрчимнээх киһи аурата (суоһа) кэпсэтии тиэмэтин сүрүннүүрэ, “һуу-һаа” буолары уоскутара. “Сэрии оҕото буоллаҕа эбээт”, – диэн түмүк курдук бэлиэтиэххэ сөп. Онуоха кини үлэлиир эйгэтэ, онтуката уустуга, улахан эппиэттээҕэ киниэхэ эдэркээн эрдэҕиттэн сүктэриллибит. Олоххо-дьаһахха дуоспурун баар буолуохтааҕын эрдэ билбит. Үтүө суобаһы, кылааннаах өйү-санааны бэйэтигэр дьиппиэнник иитиэхтээбит эбит.
Көрсө түстэхпинэ ситиһиилэринэн эҕэрдэлиир этим. Ол курдук, 1977 с. куоракка ыытыллыбыт “Лучший дебют года” диэн күрэххэ кыайыылааҕынан тахсыбыта; аны туран 1979 с. конкурска Дьокуускай куорат комсомолун лауреата буолбута. Онтон да атын кэнсиэрдэргэ кыттан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылара.
Кыайыыларынан эҕэрдэлээн туран, кини аатынан киэн туттарбытын санатарым, чуолаан биһиги, биир дойдулаахтара – намнар. Өссө үрдүк чыпчаалларга дабайа тур диэн баҕа санаабытын тиэрдэрбит.
Киһибит олус долгуйара, сирэйэ кытаран хаалааччы, тэпсэҥниирэ, кыбыстара. Сэмэйэ бэрт буолаахтаатаҕа… “Оо, убаай, миигин наһаа да үрдүккэ таһаара, бастыҥнарга тэҥнии сатыыгын. Хата көрүстүҥ да ис сүрэххиттэн үөрэн туран дорооболоһоргор махтанабын”, – диирэ.
Биир түгэҥҥэ киниттэн ыйыппытым: “Хатыҥ-Арыы начаалынай оскуолатыгар биһигини кытта Валя Оконешникова диэн наһаа ырыаһыт кыыс баара. Ол, бука, эн эдьиийиҥ буолуо. Баар дуо, ыллыыр дуо?”. Онуоха Сэмэн үөрэ-көтө Валентина Аммаҕа баарын, оҕо, сиэн, хос сиэн бөҕө хамандыыра буолбутун; улуус самодеятельноһын биир тарбахха баттанар солистката диэн ааттанарын кэпсээбитэ. Ол иһин Сэмэҥҥэ эппиппин санаан кэллим: “Удьуор ырыаһыттар эбиккит, ситимҥит быстыбакка бара турдун”.
Сэмэн Петрович эдэркээн сылдьан, 19 саастааҕар профессиональнай ырыаһыт буолбут эбит: Дьокуускайдааҕы музыкальнай-драматическай театр хуоругар уонна ону тэҥэ Телевидениенэн уонна араадьыйанан биэрии Государственнай Кэмитиэтин хуоругар ылласпыт. Армияҕа 1965-1968 сс. сулууспаҕа ыҥырыллар уонна эмиэ ырыа ыллыгар киирэн Кыһыл Знамялаах Забайкальскай байыаннай уокурук ырыа-үҥкүү ансамбылыгар сулууспалыыр.
Ити аатырбыт ансаамбыл Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта, үтүөкэннээх да кэнсиэри бэлэхтээбитэ. Биһиги, университет дьоно, ансаамбыл кэлиитигэр бука биһиги уолчааммыт, саллаат Сэмэн Оконешников тыла-өһө тиийэн Дьокуускайга анаан-минээн кэллэхтэрэ буолуо диэн саныырбыт. Бэйэтэ, Сэмэнчикпит, ыллаһара-туойара буолуо диэн эрэнэрбит. Киһи мунчаарыах биһиги уолчааммыт туохха да көстүбэтэҕэ. Хомойбуппут. Бэйэтэ баар этэ эбээт! Саатар хуорга да турара көстүбэтэҕэ. Оннук түбэлтэ биһигини долгуппута, санаабытын түһэрбитэ. Тоҕо ыллаабатаҕа буолла, сыана кэтэҕэр хаама-сиимэ сылдьара көстөр этэ дии?!
Айылҕаттан айдарыылаах буолан, онуоха сүрэҕэ-бэлэһэ, сайдарга, үүнэргэ баппат баҕата туһалаах аартыктар арҕастарын булан, өбүгэлэрбит ыйбыт сүбэлэрин истэн: “Үөрэх баар – бараммат баай” диэни тутуһар. Ол түмүгэр Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище вокал отделениетыгар үөрэнэр, онтон үрдүк үөрэххэ талаһан М.П.Мусоргскай аатын сүгэр Ураллааҕы консерватория вокальнай факультетыгар үөрэнэр (1969-1976 сс.). 1973 с. Саха музыкальнай-драматическай театрыгар опера солиһа. Куолаһа – лирическэй тенор. Саха опера олоҥхотугар, Ньургун Боотур испэктээкилгэ Уолан партиятын ыллаан дьырылаппытыгар эдэрдиин-кырдьаҕастыын чыыста бары: “Дьэ, доҕоор, Красавчик бэйэтинэн тиийэн кэлбит буолбаат!” – диэн олоҥхо геройун уонна толорооччу артыыһы холбоон, астынан, үөрэн ытыс таһыныыта уохтааҕа, күүстээҕэ буолбута. Оннук дохсун ытыс таһыныытын “овация” диир буоллахтара.
Сэмэн Оконешников соҕотох тенор буолан бары туруоруллар опералар кинитэ суох сатаммат этилэр. Дьэ, бэлиэтиэххэйиҥ эрэ ханнык композитордар, туох диэн ааттаах айымньыларыгар, кимнээх уобарастарын биһиги киһибит аспыт эбитий? Ити инники Ньургун Боотурга Уоланы эттибит. “Лоокуут уонна Ньургуһун”, композитор Г.Григорян – Лоокуут обраһа; “Цветок Севера”, Г.Григорян – Ахмед; “Сын Солнца”, А.Созонов – Манчаары; “Колыбельная”, З.Степанов – Кюндэли; “Евгений Онегин”, П.Чайковскай – Ленскэй; “Русалка”, Даргомыжскай – Князь; “Кыһыл ойуун”, Г.Литинскай – Саһыл ойуун; “Майская ночь”, П.Римскай-Корсаков – Левко; “Иоланта”, П.Чайковскай – Водемок; “Севильский цирюльник”, Дж.Россини – Граф Альмавива; “Князь Игорь”, А.Бородин – Владимир Игоревич; “Риголетто”, Дж.Верди – Герцог; “Травиата”, Дж.Верди – Альфред; “Фауст”, Шарль Гуно – Фауст; “Борис Годунов”, П.Мусоргскай – Юродивый; “Пиковая дама”, П.Чайковскай – Чекалинскай; “Турандот”, Дж.Пуччини – Император Альтоум; “Волшебная флейта”, Моцарт – Жрец; “Чио-Чио-Сан”, Д.Пуччини – Горо; “Алеко”, С.Рахманинов – Алеко.

Дьэ, ситигирдик, кини репертуарыгар нуучча, саха уонна арҕаа дойдулар композитордарын айымньылара, ССРС бастыҥ ырыалара, мелодистарбыт үтүөкэн музыкалара арыллан, ырыалара киирэн Сэмэн Оконешников кыаҕын тэниппиттэрэ. 1980-с сылларга киэҥник биллибит “Эҥсиэли” диэн вокальнай квартекка ыллаһар. Гастроллар Саха сирин улуустарын, нэһилиэктэрин тилийэ көппүттэрэ. Итинник киэҥ тахсыылаах үлэтин учуоттаан, ырыаһыкка “Отличник культурного шефства над селом” диэн знагынан наҕараадалаабыттара.
Мин биир улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ сылдьыспыт дьоллоохпун.
Ол Саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар көҥүл өттүнэн киирбитэ 360 сылын бэлиэтиир көрсүһүү этэ. Ити 1992 с. алтынньыга Москваҕа, Саха постпредствотыгар буолбута. Биһиги бастакы президеммит М.Е.Николаев баһылаан-көһүлээн ыыппыта. Кини ыҥырыытын ылынан Россия президенэ Борис Николаевич Ельцин сылдьыбыта. Биһиги республикабыт ситиһиилэрин көрдөрөр араас быыстапкалар аһыллыбыттара, үлэ, үөрэх, наука, культура, искусство эйгэтин чаҕылхай талааннара ыҥырыллан көрсүһүүнү күүһүрдүбүттэрэ. “Төгүрүк остуол” диэн ааттаммыт аһаҕас кэпсэтии буолбута. Онно Россия президенэ эҕэлээх ыйытыыны туруоран биһигини өмүтэ сыыспыта: “Мне сообщили, что над зданием Правительства Якутии развевается только один флаг, флаг Республики Саха (Якутия). А где флаг Российской Федерации?”. Дьэ итинник ыйытыы иһэ-истээх, холо-хойохтоох этэ. Борис Ельцин чугас эргимтэтин иһигэр Саха Республикатын баһылыга Михаил Николаевка күлүк түһэрэ сатаан арааһы туойар дьон тыллара-өстөрө этэ. Ыйытыыга эппиэтинэн мустубут дьон күргүөмнээх күлүүлэрэ буолбута.
Кэпсэтии дьыалабыайдык, тэтимнээхтик, астыктык барбыта. Көрсүһүүнү түмүктүүргэ опернай солистарбыт күннээтилэр. Бастаан Иван Степанов, бас, “Эй, ухнем!” диэн нуучча норуодунай ырыатын ньиргиттэ. “Вот это голос!” – диэн саҥаран Борис Ельцин үөрбүтүн, астыммытын биллэрбитэ.
Бас кэнниттэн үгүстүк тэнийбэтэх куолас, кыраһыабайын, күндүтүн, үтүөкэнин иһин меццо-сопрано диэн ааттаммыт куолас биһиги Нина Чигирева диэн чаҕылхай ырыаһыппытыгар тиксэн, Россия бастакы президенин Б.Н.Ельцини кытары көрсүһүүгэ дьиэрэйбитэ. Онно ылламмыта “Ночь” диэн романс, тыла А.С.Пушкин, музыката Антон Рубинштейн. Онтон сценаны Альбина Борисова ылбыта, ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир лирико-колоратурное сопрано диэн куолаһынан “Соловей” (тыла Антон Дельвиг, музыката Александр Алябьев) диэн ырыаны ыллаан чаҕылыннарбыта. Биһиги кыһыл көмүс тенорбут Сэмэн Оконешников Джузеппе Верди “Риголетто” оператыттан Герцог ырыатын толорбута. Саха сирин опернай ырыаһыттара чахчы улахан маастардар буолбуттарын Россия президенигэр көрдөрбүттэрэ. Борис Николаевич бэйэтэ да олус астынан олорор этэ, Михаил Ефимовиһи кытары ботугураһан кэпсэтэригэр эппитэ: “Если вы оформите соответствующие документы, я – поддержу”.
Ону таһынан сахаларга түҥ былыргыттан туттуллар музыка тэриллэрэ баарын туһунан биһиги дьоммут кэпсээтилэр уонна саамай киэҥник тэнийбит – хомус баарын бэлиэтээтилэр. Пётр Оготоев, биир саамай биллиилээх виртуозпут, ойон туран оонньоон сыбыгыратта. Борис Николаевич олус сэргээн иһиттэ, онтон хомуһу көрдөөн ылла уонна оонньуу сатаата. Туох да музыката тахсыбата, хомус тыла президент тииһин лаһырҕатта. Истээччилэр күлүстүбүт, онуоха “хомусчут” президент быһаарыылаах буолла: “Почему смеётесь? Это я репетирую”.
Биһи күлсэбит, Хомустаах президеммит үөрбүт сирэйэ мэлтэйии бөҕө! Уоскуйдубут. Иккис “туур” саҕаланна эрээри, хомуспут тыла президеммит тииһиттэн арахсар аат диэн суох. Борис Николаевич хомуһун эргим-ургум тутта уонна пиджагын сиэбигэр уктан кэбистэ: “Я буду тренироваться”, – диэтэ. Көрөөччүлэр күлүстүбүт, оонньоон этэн эрдэҕэ дии санаан.
Оттон хомус дьиҥнээх хаһаайына Пётр Оготоев туһугар хаһан да күүппэтэх түгэнэ сабардаата. Онтуката саҥарарыгар, туттарыгар-хаптарыгар көстө сылдьар буолла. Уопсайынан, ити хомус “концертнай” диэн анаан-минээн оҥоһуллубут эбит, сити күн Канадаҕа көтүөхтээхтэр, кэнсиэрдии. Дьэ, ол иһин П.Оготоев аналлаах хомуһун Борис Николаевичтан төннөрдө, “манньатыгар” атын тупсаҕай хомуһун “этитээт”, махтал тылларын холбоот Россия баһылыгар туттаран кэбистэ.
Дьэ ити курдук биир үтүө көрсүһүү үөрүүлээхтик түмүктэммитэ.
1993 с. бэс ыйын 16 к. Российскай Федерация президенэ Борис Николаевич Ельцин Ыйааҕынан биһиги чулуу артыыстарбытыгар үрдүк званиелар иҥэриллибиттэрэ: Борисова Альбина Михайловна, Оконешников Семён Петрович, Степанов Иван Прокопьевич, Чигирёва Нина Николаевна – Российскай Федерация народнай артыыстарынан буолбуттара; Оготоев Пётр Петровичка Российскай Федерация үтүөлээх артыыһын аата иҥэриллибитэ.
Инники этиллибит наградалары таһынан Семён Петрович ситиһиилэрэ:
— Заслуженный артист РСФСР (1982 г.);
— Благодарственное письмо президента Республики Саха (Якутия) “За большие заслуги перед народом республики” (1994 г.);
— Знак отличия Республики Саха (Якутия) Гражданская доблесть;
— Почётный гражданин Намского улуса (1994 г.).
Бу кылгас суруйуубар сүнньүнэн 5 киһи эрэ аата арыллар. Сэрии оҕолоро. Олортон иккилэрэ биһиги кэккэбитигэр суохтар: Семён Оконешников улахан ыарыыга хаптаран 2019 с., Пётр Оготоев массыына саахалыгар 2008 с. тыыннара быстаахтаабыта. Сурукка кэпсэммит дьоммут, чуолаан ылгын киһибит Семён Петрович Оконешников Саха сиригэр культура, искусство сайдарыгар улахан кылааты киллэрбит, саха аатын бүтүн Россияҕа, модун Советскай Союзка, аарыма Аан дойдуга ааттаппыта эбээт. Ону умнубакка, өйдүү, саныы, киэн тутта сылдьыаҕыҥ.
СИС.
