ОЧЧОЛОРГО ХАЙДАХ ЭТЭЙ?
Елена Фёдоровна Евдокимова саамай кыра кыыһа – мин кэргэним Розалия Захаровна.
Өлөөнө эмээхсин уруккунан Кыһыл Аармыйа төрүттэммит сылыгар, ол аата 1918 сыллаахха Үөһээ-Бүлүү улууһун Дүллүкү түбэтигэр күһүөрү кыһын бастакы кыстык хаар түһүүтэ хотону кытта балаҕан дьиэ бииргэ тутуллубутугар хотон иһигэр күкүргэ ийэтэ Балбаара төрөтөн күн сирин көрбүт. Кини иннинэ икки уол оҕо утуу-субуу төрөөн кыра саастарыгар «төннөөхтөөбүттэр»…
Этэҥҥэ кыстаабыт, баччырбыт оҕону нөҥүө сыл сайыныгар балык хаалыыр тымтайга сүгэн илдьэннэр Далыр таҥаратын дьиэтигэр сүрэхтэппиттэр. Кырдьаҕас аҕабыыт кыыстарын өлбөт-сүппэт Өлөөнө буоллун, диэн ааттаабыт. Бу кэнниттэн кырдьык алҕаммытын курдук кыыстара хонон турдаҕын аайы биир саастанан диэбит курдук этэҥҥэ буолан маанытык иитиллэн улаатар.
Оччолорго дойдубутугар гражданскай сэрии, былаас былдьаһыытын кэмнэрэ буоланнар Сахабыт сирин үрдүнэн буккуллуу-тэккиллии бөҕөтө этэ. Биир күн кыһыллар тирилээн кэлэннэр былааһы – Сэбиэккэ! Барыбытыгар тэҥ быраабы!.. дэһэннэр кыра-хара дьадаҥы өттүн бэйэлэригэр тарданнар саҥа былааһы уруйдаан оннуларын булбут курдуктара…
Аны, аҕыйах хонон баран үрүҥнэр баар буолан хара көлөһүҥҥүтүнэн үйэлэргэ муспут баайгытын-дуолгутун кыһыллар былдьаан ылан сүрэҕэ суох дьадаҥы кумалааннарга биир биэс харчыта суох түҥэтэлээри тииһэллэр, диэн сэниэ ыаллары бииргэ буоларга ыҥыраллара… Онтон аҕыйах сыл иһинэн өрө турааһыннар син хаптайан, аны саҥа Сэбиэскэй былаас уйгу-быйаҥ олоҕо саҕаланар.
Өлөөнө кыыс сэттэ кылаастаах оскуоланы ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр. Хомсомуол тэрилтэтэ ханна ыытарынан, соруйарынан общественнай үлэлэри тэҥҥэ тутан холкуос ыарахан үлэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбитинэн барар. Оччолорго сэттэ кылаас үөрэх билиҥҥи орто анал үөрэх кыһатыгар тэҥнээҕэ. Эдэр ыччат улахан түмсүүтэ-Хомсомуол баар буолан дьону уопсай үлэҕэ көҕүлээһиннэрэ, сарсыҥҥыга эрэллэрэ, сыаллара-соруктара устаап быһыытынан кырдьык, олох чуолкай курдуга…
Маннык күргүөмүнэн сылдьан күүрээннээх үлэ-хамнас бөҕөтө буола сырыттахтарына эмискэ баҕайы этиҥ эппитинии 1941 сыл, бэс ыйын 22 күнүгэр ньиэмэстэр саба түһэннэр Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаланар!
Бу бириэмэҕэ Өлөөнө кыыс оруобуна тапталын саҥардыыта көрсөн, Дүллүкү уолунаан билсиһэ сылдьар умнуллубат кэрэ кэмнэрэ этэ. Уол маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыра. Эдэр кыыс Өлөөнө 23-тээҕэ, Алексей арыый аҕа 27 саастаахтара. Дойдубутугар кытаанах, байыаннай кэмнэр саҕаланаллар. Сэрии туһунан сводканы күн өрүү-өрүү истэ, билэ тураллара. Сорох дьон ортотугар кистээн дьиксиниилэр, куттаныылар, уолуйуулар даҕаны бааллара… Үгүстэр сэрии соторунан субу кыайыынан түмүктэнэригэр бүк эрэнэллэрэ. От үлэтигэр киирээттэрин кытары, от ыйын 4 күнүгэр уоллаах кыыс сокуонунан холбоһоннор ыал буолаллар. Баара-суоҕа биир эрэ ый устата күүстээх үлэ быыһыгар мүөттээх минньигэс кэмнэрэ бүтэ илигинэ, дьоллоох түгэннэрэ өссө даҕаны муҥура суох салҕанан бара туруох кэриҥнээҕэ эрээри… кэргэнэ Алексей сэриигэ бастакы хомуурга түбэһэн бэбиэскэ тутар! От үлэтэ үмүрүйүө өссө даҕаны ырааҕа.
Кинилэр эҥээрдэриттэн барыта уон сэттэ эдэркээн уол, үлэһит саамай бастыҥнара хомулланнар оройуоҥҥа мед.хамыыһыйаҕа киирбиттэрэ. Уолаттар бары чугас дьоннорун, атаарааччылары аймаамаары: субу, адьас сотору өстөөҕү кыайаммыт этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхпит, диэн кыайыыга эрэллэрэ баһыйан өрө көтөҕүллүүлээх сылдьаллара.
Алексей тапталлаах кэргэнигэр Өлөөнөҕө саныы сырыт, диэн сыапачыкалаах сүрэх кулону, баттах туттарар ободогу, илиигэ кэтэр браслеты кэмпилиэктээн бэлэхтээбит. Арахсар түүннэригэр бука инникигэ эрэллэрин, былааннарын, ыра санаалара хайаан да туоларын туһунан кэпсэппит буолуохтаахтар, диэн сэрэйэбит эрэ… Онтон уруттаан кэпсээтэххэ ити бэлэхтэр билигин даҕаны эмээхсин хомуотугар түгэххэ бүччүм сиргэ ууруллан баччааҥҥа диэри Өлөксөйүн туһунан күндү өйдөбүнньүк буолан, ыраас тапталы кэрэһилээн сэттэ уон ордугуна тоҕус сыл устата бүөмнээн, хараллан сыталлар!
Ис иһигэр киирдэххэ, дьиҥинэн, олус дириҥ ис хоһоонноох, эмээхсин тус бэйэтигэр олус сүдү улахан суолталаах Өлөксөйүн санатар ураты бэлэх буолара биллэр буоллаҕа дии…
Аҕыйах хоноот сэриигэ ыҥырыллыбыттар «Диктатор» борохуотунан бүгүн өрүһүнэн устан ааһаллар үһү, диэн сурах алаастарынан тилийэ сүүрэр. Бүлүү өрүс Дүллүкүттэн уонча биэрэстэ тэйиччи устара. Хаҥас өттүнээҕи туруору эмпэрэ сыыра испиэскэ маҕанынан туналыйан бэлиэтик бу, «Саҥа аппа» анна… диэн өссө төгүл санатардыы туналыйан ыраахха дылы иэҕиллэн көстөрө.
Ким сатыы, ким атынан, сорох оҕуһу туора миинньэн биэрэккэ бары кутуллан киирэллэр.
«Саҥа аппа» аннынан тоҕуоруһуу бөҕөтө буолаллар. Эрдэ кэлбиттэр элбэхтэрэ. Ыраахтан буруо-тараа көстөн борохуоттара кэмниэ-кэнэҕэс чугаһаан иһэн өрүс дириҥ сүнньүн тутуһан нөҥүө биэрэк кытылын кыйа быраһаайдаһан уһун-уһуннук гудоктаан, биинтэ салбахтара ойоҕосторунан эргичийэннэр уҥуорунан ааһа турбута. Биэрэккэ турааччылар ыһыы-хаһыы, айманыы бөҕөтө буолан туран хаалаахтаабыттара, борохуоттан далбаатыыр илиилэр көстөллөрө, иһиирэн ылааччылар кытта бааллара… Өлөөнө, борохуот хаһыыта сүрэҕим ортотунан киирбитэ билигин даҕаны кулгаахпар иһиллэргэ дылы, диэбитигэр кэпсээнин истэ олороммут бары даҕаны долгуйан, чуумпуран ылбыппыт… Ким оччолорго билбитэ, сэрэйбитэ баарай? Өлөөнөлөөх түбэлэриттэн бастакы ыҥырыкка түбэһэн барбыт уон сэттэ эдэркээн уолаттартан хайалара даҕаны төннүбэттии охсуһуу толоонугар хорсуннук сэриилэһэннэр онно үйэ-саас тухары хаалыахтарын туһунан? Ким сэрэйбитэ баарай, алдьархайдаах сэрии түөрт сылы супту салҕанан барыаҕын?
Ыйдар ааһаллар… Өлөөнө «ыарахан» буолбутун билэр… Холкуос үлэтин ыарахан түбүгүттэн уонна бэйэтин харыстаммакка үлэлии сылдьан күһүн эрэһиинэ холуоһалары кэтэ сылдьан халтарыйан охтон 7 ыйдаах кыыс оҕо эрдэ төрөөн кэбиһэр. Эрэйдээх үс хонугу супту ытаан баран өлөн хаалаахтыыр. Төрүттэрин курдук сырдык баттахтаах маҕан оҕо этэ, диэн баран эмээхсин кэпсии олорон үөһэ тыынар…
Алексей суруктара өр буола-буола кэлэллэрэ. Харьков, Воронёж туһаайыыларынан 323 үс нүөмэрдээх стрелковай полка састаабыгар киирсэн сэриилэһэ сылдьабын диирэ. Суруктара эһиилигэр тиийэн тохтоон хаалаллар… өссө сыл аҥаарынан сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбытын туһунан суругу Өлөөнө тутар…
«Бары күүһү – фроҥҥа! Өстөөҕү самнарыахпыт! Барыта Кыайыы туһугар!» – диэн ис хоһоонноох лозуннарынан сирдэтэннэр, байыаннай кэм эрэсииминэн сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри уҕараан көрбөккө тигинэччи үлэлииллэрэ. Төһөнөн таһаарыылаахтык үлэлииллэр даҕаны соччонон Кыайыыны түргэтэтэбит, диэн биир киһи курдук өйдөөх-санаалаах буоланнар ыарахан кэмнэргэ дьон-сэргэ оччолорго аһара түмсүүлээх этилэрэ.
Умайар уот курааннар сатыылааннар ходуһаларын үүнүүтүн, умнастарын аһыыҥка үлүгэрэ сиэн кэбиһэрэ. Ыһыылара курааннаан үксүн тараҕай буолара. Кыһынын уһун түптэлэс тымныылар тураннар салыннараллара. Онно-манна хоргуйан өлөөһүн түбэлтэлэрэ тахсыталыыллара, «хаамаайылар» элбээбиттэрэ.
Сыл аайы саастарын сиппит уолаттар хомуллан, сэриигэ ыҥырыллан Арҕаа фроҥҥа аттаналлара. Холкуостарыгар оҕо, дьахтар, оҕонньор эрэ буолан хаалаллар. Үлэһит, илии тиийбэт үлүгэрэ. Үлэҕэ, нолуокка ирдэбил икки-үс төгүл күүһүрбүтэ. Ийэтэ Балбаара, аҕата Сүөдэр холкуос саамай тутаах үлэһиттэрэ буолбуттара. Алтан сылабаары, үрүҥ көмүс оҥоһуктары кытта эбии син добуочча харчыны көмө оҥорон дойдубут валютатыгар диэн кэрэйбэккэ укпуттара.
Өлөөнө үлэлиирин быыһыгар Сэбиэккэ сэкиритээрдиир. 1943 сыллаахха олунньу ыйга дойдубут үтүөлээх ырыаһыта Анегина Ильина төрөппүттэригэр кини төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ туттаран сүрэхтиир. Сахалар киэн туттар суруйааччыбыт Бүөтүр Тобуруокап сэриигэ барыан иннинэ Дүллүкүгэ учууталлыы сылдьыбыт эбит. Ол сылдьан Өлөөнөлөөххө дьиэлэригэр мэлдьи сылдьара үһү. Бэбиэскэ тутан баран хаартыскатын бакаалаһаары суруйан Өлөөнөлөөххө бэлэхтээбитэ билигин эмиэ баар эбит.
Кыһыҥҥы кылгас күннэргэ тымтык уотунан сырдатынаннар куобах тириитинэн үтүлүк, кээнчэ тигэннэр фроҥҥа ыыталлара. Сайынын Өлөөнө икки аты солбуһуннара сылдьан бэйэтэ көлүйэн, сыбыдахтаан көрөн, истэн, харайан сарсыарда олох эрдэттэн инньэ киэһэ хойукка диэри ходуһаҕа от мустарара. Аттар эрэйдээхтэри күлүмэн үлүгэрэ саба түһэн ыарыылаахтык ытыралларын билигин даҕаны аттарын аһына саныырын туһунан кэпсиир… Аны, икки сылынан өөр да өр күүтүүлээх Кыайыы күнэ үүнэр! Тарбахха баттанар аҕыйах киһи сэрииттэн бааһыран төннүбүттэрэ бааллара. Элбэх сиэртибэлээх, харах уулаах, алдьархайдаах сэрии түмүктэнэн аны эйэлээх олоҕу саҥаттан чөлүгэр түһэрии саҕаланар. Елена Федоровна 1946 сыллаахха кинилэр түбэлэриттэн биир бастакынан Сталин төбөтө мэтээлинэн наҕараадаланар. Мэтээл кэтэх өттүгэр «Наше дело правое – Мы победили!» диэн суруктааҕа.
Санаатыгар Өлөксөйүн күүтээхтиирэ даҕаны… сыллар ааһаллар. Сэрииттэн кэлбит киһилиин (хаайара бэрдиттэн буолуо…) холбоһон, олорон көрөллөр. Кыыс оҕолоноллор. Онтулара 2-3 сааһыгар тиийэн баран эмискэ баҕайы «иһин таарымтата» киирэн өлөн хаалаахтыыр. Кэлин санаатахха муҥура эбит, диэн Өлөөнө быһаарар.
Итинтэн да сылтаан быһыылаах, сатаспакка түргэнник арахсан хаалаллар. Ардыгар санаа түһүүлээх, курус күннэр-дьыллар аастар ааһан иһэллэр.
Үсүһүн олоҕун оҥостоору аны Дүллүкү киһитинээн кылгас бириэмэҕэ олорон көрөллөр, эмиэ кыыс оҕолоноллор. Эбэтин аатынан Балбаара, диэн ааттыыллар. Кыыс өссө эһээхэй эрдэҕинэ, Таҥара таҥнары кыраабытыныы киһитинээн эмиэ тапсыбаккалар өссө эбиитин оҕону аҕатын дьонугар хаалларар курдук усулуобуйа туруорбуттарыгар сөбүлэспэтэр даҕаны Өлөөнө кытаанах санааны ылынан бэйэтэ эрэ соҕотоҕун ааны сабан тахсан барар!
Уруттаан кэпсээтэххэ кыыс улаатан, ситэн бэйэтэ ыал ийэтэ буолан баран ийэтэ Өлөөнө кинилэртэн тоҕо арахсан барбытын, олоҕу билэн, таба өйдөөн ийэтигэр чугаһаабыта. Билигин истиҥ сыһыаннаахтар.
Өлөөнө санаата түһэн мунчаарар кэмнэригэр бүөмнээн Өлөксөйүн бэлэхтэрин туппалаан, имэрийэн көрөрө… көрдөһөр быһыынан саҥата суох өөр да өр харах уулаах одуулаһан олороро үксээбитэ. Ол кэнниттэн кырдьык чэпчээбит курдук буолан инникигэ эрэлэ өссө күүһүрэрэ. Харах харатын курдук харыстаммыт, ис дууһаттан ананан бэриллибит бэлэхтэр кэлин күүстээх санаалар иҥэннэр быһыылаах, кинини өссө араҥаччылыыр харысхал оруолун толорбут курдук буолбуттара. Биһиги да уулуссабытыгар бырааһынньык буолуоҕа, диэн нуучча омук өс хоһоонугар этиллэринии онтон, дьол хараҕа суох, дьылҕа хаан ыйааҕа, оҥоһуута туһунан, сирдээҕи аналгыттан бэйэҥ ханна даҕаны куоппаккын дииллэринии, биһиги барыбыт дьолбутугар, ыйаахпытыгар аны ыраах Сургуулуктан төрүттээх Захар Борисовтыын билсиһэннэр ыал буолаллар. Ити 1951 сыллаахха этэ.
Эһиилигэр бастакы уоллара Сүөдэр төрүүр, онтон салгыы иккис уол Марк күн сирин көрөр. Бииргэ олорбуттара бэһис сылыгар бастакы кыыс Валентина, онтон Мария, кини кэнниттэн Галя төрүүллэр. 1962 сыл бүтэһигин диэки кыра кыыстара мин Розалиям оһоҕос түгэҕэ оҕо буолар. Аҕалара Захар Борисов Сургуулукка ааҕар балаҕаны аан бастаан тэрийбитэ. Үөрэҕи, билиини өрө тутар киһи эбитэ үһү. Далырга оҕото суох аймахтара орто кыыс Галяны көрдөөннөр иитэ ылаллар. Олох салҕанар. Холкуос кэнниттэн сопхуос тутула киирэн дьон ыраас харчыга хамнас аахсар буолаллар. Үлэлээ, хамсаа… Дьоллоох оҕо саас кэмнэрэ, уйгу-быйаҥ олох көстүүтэ барыта баар курдуга. Өлөөнө оҕолорун харайталыырын быыһыгар оҕо дьааһылатыгар ньээҥкэлиирэ. Хата ийэлээх, аҕата Балбааралаах Сүөдэр баар буоланнар сиэннэрин көрсөн, көмөлөһөн бары этэҥҥэ дьоллоохтук олорбуттара. Итинник иллээх баҕайытык, элбэх ахсааннаах дьиэ-кэргэн буолан олорбуттара 19-с сылыгар аҕалара сылы кыайбат бириэмэҕэ ыалдьан өлөр. Бу кэмҥэ кыра кыыстара Роза 7 саастааҕа, улахан уол Сүөдэр 17-лээҕэ. Аны алта сылынан эһэлэрэ Сүөдэр сааһын ситэн анараа дойдуга айанныыр. Олохпут таһыма биллэ тупсан, оҕолор бары оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн араас үөрэх кыһатыгар киирэннэр, идэ ыланнар туһунан баран олоххо оннуларын булаллар. Кэргэннэнэн аны минньигэс сиэннэр Өлөөнөлөөххө кэлэллэр. 1983 сыллаахха Розалиятын кэргэн ыларбар эмээхсин 65 саастааҕа, ийэтэ Балбаара 90-на чугаһаабыт этэ. Сүөһүлээх, хотонноох этилэр. Иккиэн иһит-хомуос бөҕөтө буолан хотонноругар тахсалларын өйдүүбүн. Аһара элбэх отурбаны ыллыҥ, ааспыкка биэдэрэҕин умнубутуҥ, диэн ийэтэ Балбаара кыыһын Өлөөнөнү мөхпүтүн аһара сөхпүтүм. Эмээхсин эмээхсини мөҥөр эбит дуу, диэн… ону биирэ «тук» курдук истэр эбит, ээ… диэн ийэбэр кэлэн сөхпүппүн кэпсээбитим. Аны хотонноругар били бассаапка тарҕаммытын курдук ынахтарын эмиэ иһиккэ ииктэтэллэрэ үһү, хотон муостата кураанах буоллун диэн… көр, оннук чэнчистэр эбит!
Эбээ Балбаара эмиэ сааһын ситэн баран 90-нун лаппа ааһан баран 1987 сыллаахха өлбүтэ.
Кэпсээнтэн кэпсээн: Дүллүкүттэн төрүттээх «Эһэ-харах», Испирдиэн Санников диэн былыр бириискэлэри кэрийэн Бодойбо диэки ороспуойдаан артыаллар көмүстэрин халаталаан Саха сиригэр бэйэтин кэмигэр улаханнык аатырбыт киһи кэргэнэ Аананы Балбаара бодуруугата эбит. Киниэхэ бэлэхтээбит, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи суруктаах хаартыската альбомҥа баарын көрбүтүм. Билиҥҥи кэм статуһунан ол киһини арааһа, криминальнай эйгэ аптарытыата дэнэрэ дуу…
Өлөөнө ийэтин бииргэ төрөөбүт балтын уола, быраата Алексей Абрамов Саха сиригэр биллэр, көстөр биолог-учуонай. Наука дуоктара, бэрэпиэссэр. Элбэх научнай үлэлэр ааптардара буолар. Билигин даҕаны оҕонньор научнай үлэлэрин суруйа сылдьар.
Эмиэ сыллар элэҥнээн ааһаллар, бастакы сиэннэр улаатаннар оскуолаҕа киирэллэр. Араас сылларынан быысаһан бастаан иккис уол Марк быстах былаҕайга былдьатан суох буолар, онтон улахан уол Сүөдэр сүрэҕинэн эмискэ ыалдьан өлөн хаалаллар.
Барыбытыгар хараастыылаах ыарахан кэмнэр этилэрэ.
Билигин сааһыран олорон эргитэ саныыбын ээ…
Ытык Ийэ кынным барахсан!
Бүтүн биир үйэттэн ордук кэмҥэ олорон кэлбит түһүүлээх, тахсыылаах курус, тыйыс кэмнэрдээх, эмиэ даҕаны күлүм гыммыт үөрүү-көтүү түгэннэрдээх олоххор киһи аайы бэриллибэт булгуруйбат күүстээх санаалааххынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү эрэ баҕараргынан, куһаҕан дьаллыкка ылларбыт дьону аһынаргынан, кими даҕаны мөҕө, кэнниттэн саҥара сылдьыбаккынан, оҕолоргун иитэргэр дуоспуруннаах кытаанах ирдэбили, ыйытыгы ирдииргинэн, барыбытыгар сырдыгы, ырааһы, үтүөнү эрэ түстүүргүнэн, сиргэ, айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһары үөрэтэргинэн, туох барыта куһаҕан өттүнэн наар аанньа буолбатын, кэнникитэ эмиэ үчүгэй өрүттэрдээх буоларын илэ бэйэҕинэн дакаастаан: Олох, Дьол, Таптал иһин туруулаһан туран охсуһан кыайыахха сөбүн туһунан бэйэҥ үтүө холобургунан көрдөрөн барыбыт дьолбутугар Эн билигин даҕаны биһиги ортобутугар баар эбиккин, күндү ийэ кынныбыт, хотуммут, ийэбит, эбэбит, хос эбэбит!
«Үйэ саас» бэлиэ хаһаайката, Үөһээ-Бүлүү улууһун, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Елена Федоровна Сирдээҕи дьоло салҕанан барар. Ол курдук, кини бүгүҥҥү сүүрбэччэ сиэннэрэ бары үөрэхтэнэннэр, идэ ыланнар Сахабыт сирин араас муннуктарынан тарҕанан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Хос сиэннэр эмиэ элбэхтэр. Аны хос, хос сиэннэр кэлэннэр олох утума салҕанар, Эбээ Өлөөнө барыбытыгар холобур буолар ураты күүстээх санаатын түмүгүнэн!

Хаартыскаҕа: 1. Үөһээ-Бүлүү улууһун, Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Үйэ саас» бэлиэ хаһаайката, 102 саастаах Евдокимова Елена Фёдоровна билиҥҥи кэмҥэ. 2. Кыыс ийэтэ Балбаара, аҕата Сүөдэр. Алта уонус сыллардааҕы хаартыска. 3. Өлөөнөнү төрөппүттэрэ аҕабыыкка сүгэн илдьэн сүрэхтэппит тымтайдара.
Эдуард Данилович ЕРЕМЕЕВ-Ээдьик.
Сунтаар, Уһун Күөл.
2020 с.
