АЛМААС КӨСТҮҮТҮГЭР ҮТҮӨЛЭЭХ
Биһиги аҕабыт Николаев Пётр Ксенофонтович 1922 сыл ыам ыйыгар Элгээйи Угут күөлүгэр төрөөбүтэ. Элгээйи 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Улуу сэрии иннинэ Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэммитэ.
Аҕабыт Николаев Пётр Ксенофонтович.
Үөрэҕин бүтэрэн баран Сунтаардааҕы Земпередел салаатыгар счетовод-бухгалтерынан үлэлээбитэ.
Николаев Пётр Ксенофонтович.
Сэрии саҕаланыытыгар идэлээх дьону мобилизацияҕа хаппакка, наадалаах миэстэҕэ анаан үлэлэтии ол да саҕана баар эбит. Ол иһин идэлээх кадры оччотооҕу Наахара нэһилиэгэр Кириэстээххэ Молотов аатынан колхоз суотчутунан анаан ыыталлар. Колхоз бөдөҥсүйэн С.М.Киров аатын ылбытыгар салгыы суотчутунан үлэлиир. Кириэстээххэ сэрии кэмигэр ийэбит Иванова Мария Андреевналыын дьоллорун холбоон, ыал буолаллар.
Ийэм, аҕам уонна таайым сэрии ветерана Николаев Семён Егорович.
1948 сылтан Бүлүү бассейныгар алмааһы көрдөөһүн саҕаланар. Григорий Хаимович Файнштейн экспедицията 1949 сыл сайына саҕаланыытыгар Бүлүү өрүһүн таҥнары устан, ыран-быстан Кириэстээхтэн 4 км үөһэ Арыы-Чай диэн үйэлэр тухары Күрдьүгүнүүр уораанынан (порог) тибиллэн үөскээбит кумах арыы утары биэрэккэ тохтууллар.
Экспедиция салайааччыта Г.Х.Файнштейн: “Дьэ саамай үлэлиир кэммитигэр кэлэн аспыт-үөлбүт бүттэ, сэп-сэбиргэл, үлэһит илии, көлө наада”, – диэн Киров колхоз салалтатыттан хас да күн көрдөһөр, 100 тыһыынча солкуобайда иэстээҥ диэн.
Экспедиция сыала-соруга чып кистэлэҥҥэ тутуллар буолан, оннооҕор НКВД дьоно билбэт эбиттэр.
Хас да күн көрдөһүү кэнниттэн колхоз бэрэссэдээтэлэ Николай Игнатьевич Саввинов (Харса суох), суотчута Пётр Ксенофонтович Николаев буоланнар кистээн кэриэтэ 100 тыһыынча солкуобайы иэс биэрэргэ диэн докумуоҥҥа илии баттыыллар.
Ити харчыны ылан Григорий Хаимович экспедицията ыһыллыбакка салгыы үлэлиир кыахтанар.
Г.Х.Файнштейн: “Экспедиция улахан кыһалҕалаах кэмигэр, бобуулааҕын үрдүнэн, 100 тыһыынча солкуобайы биир сылга иэс биэрэн биһигини дьиҥнээх катастрофаттан быыһаабыттара”, – диэн ахтар (“Күн тааһа – үйэ арыйыыта” кинигэттэн. Д.С.Зверев, М.Х.Конобулова. 43 стр.).
Ити дьаһаныылара, экспедиция үлэлиир кыаҕын өрүһүйүүлэрэ бу икки киһиэхэ охсуулаах буолан тахсар. Сотору буолаат НКВД инспектора тахсан, бэрэбиэркэ ыытан баран иккиэннэрин үлэлэриттэн уһултарар уонна “колхоз үбүн туга-ханныга биллибэт дьоҥҥо иэс биэрбиттэр” диэн холуобунай дьыала тэрийэр. “Ол түмүгэр бэрэссэдээтэл Н.И.Саввинов, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Е.А.Амбросьев уонна колхоз бухгаалтыра П.К.Николаев үлэлэриттэн уһуллубуттара” (Ити кинигэ, 25 стр.).
Алмаас көстүбэккэ уһаабыта буоллар, бу үс киһи дьыалата туох сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыан санаатахха киһи этэ тардар.
Урут да, билигин да тэрилтэ харчыта хамсыырын икки киһи эрэ илии баттаан эппиэтинэс ылыналлар, ол маҥнайгы салайааччы уонна бухгаалтыр. Бааҥҥа баар илии баттааһыннарыгар тэҥнээн, чуолкай буоллаҕына төлөбүрү ыыталлар.
1949 сыл атырдьах ыйын 7 күнүттэн саҕалаан сайын устата көстүбүт 22 алмаас кыырпахтара бу дьон дьылҕаларын быыһаабыттара, үлэлэригэр төннөрбүттэрэ. Экспедиция ылбыт иэс харчытын төннөрбүтэ, ону ааһан колхозка уонна нэһилиэнньэҕэ элбэх көмөнү оҥорбута.
Кириэстээхтэн саҕаламмыт алмаас эпопеята билигин аан дойду үрдүнэн аатырар “АЛРОСА” хампаанньа үөскээһинигэр тириэрдибитин бары билэбит.
Ол иһин 1992 сыллаахха Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е.Николаев дьаһалынан алмаас көрдөөһүнүгэр кыттыгастаах дьоҥҥо араас материальнай, моральнай көмөнү оҥорорго 789 киһи испииһэгэ оҥоһуллубута, ол иһигэр Кириэстээхтэн 54 киһи. Хомойуох иһин, оччотооҕу Кириэстээх нэһилиэгин дьаһалтатын көтүмэх сыһыанынан, араас ахтыыларга аҕабыт Пётр Ксенофонтович Николаев аата ахтылларын, бэрэссэдээтэлин кытта эппиэтинэһи ылынан экспедицияҕа көмөтүн иһин эмсэҕэлии сылдьыбытын үрдүнэн, ити испииһэккэ тоҕо эрэ киирбэтэх.
Аҕабыт ийэбитинээн алта оҕону атахпытыгар туруортаан, колхозка, совхозка иккиэн үлэ бөҕөтүн үлэлээн, дьон-сэргэ убаастабылынан туһанан дьоллоох олоҕу олорон ааспыттара.
Биэс бииргэ төрөөбүттэр хаартыскаҕа бары баарбыт. Улахан убайбыт ыалдьан суох буолбута.
Аҕабыт колхоһугар совхозтар тэриллиэхтэригэр диэри бухгаалтырынан, онтон совхозка учётчик-заправщигынан, завхоһунан үлэлээбитэ. Көнө, чиэһинэй, аҕыйах саҥалаах, үлэлиирин эрэ билэр саха боростуой киһитэ этэ. Ханна да халбарыйбакка Кириэстээххэ олорон 64 сааһыгар, 1986 сыллаахха орто дойду олоҕуттан барбыта.
Орто уола, ахтыы ааптара Николаев Пётр Петрович.
Бэйэм 1978–1998 сылларга кэргэним дойдутугар Мэҥэ-Хаҥаласка тутуу инженериттэн саҕалаан партийнай, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ, улуус дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччытыгар тиийэ 20 сыл үлэлээбитим. Салгыы Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар араас дуоһунастарга 12 сыл, пенсияҕа тахсан баран 9 сыл ДЮСШ-1 хаһаайыстыбаннай чааһын салайбытым. Билигин ЧОП-ка охранниктыыбын, 76 сааспар сылдьабын.
Суруйда орто уола
Пётр Петрович НИКОЛАЕВ, Сунтаар, Кириэстээх, Мэҥэ-Хаҥалас 1-гы Тыыллыма нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо.
2025 сыл муус устар ый.





