Кураев Алексей Иванович туһунан

ТУЙМААДА САЛЛААТА

Кураев Алексей Иванович 1926 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр Дьокуускай куоракка үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Эдэркээн сааһыгар, 1944 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Дьокуускайдааҕы военкоматынан Ийэ дойдутун көмүскүүр уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыта.

Туймаада хочотуттан сэриигэ ыҥырыллан 649-с полкаҕа, 12-с туспа стрелковай батальоҥҥа, 3-с туспа стрелковай полкаҕа, 90-с туспа стрелковай ротаҕа, 31671 нүөмэрдээх байыаннай чааска түбэспитэ. Ону учуоттуур-сулууспалыыр байыаннай билиэккэ сыһыарыллар докумуоҥҥа рядовой саллаат быһыытынан суруллубута туоһулуур.

Рядовой стрелок Алексей Кураев (бастакыта) бойобуой доҕорунаан.

Саллаат Алексей Кураев Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн хорсуннук көмүскээбитэ. Рядовой, стрелок буолан наар инники күөҥҥэ, сэрии саамай уот кутаатыгар сэриилэспитэ. Үгүс өстөөҕү сууһаран, хаста да өлө сыһан, дьолго тыыннаах ордубута. Кыайыы кэнниттэн уһуннук салгыы сулууспалаабыта. Кэмниэ-кэнэҕэс, ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин 1950 сыл тохсунньу 28 күнүнээҕи уурааҕар олоҕуран, ити сыл ыам ыйын 15 күнүгэр 31671 нүөмэрдээх байыаннай чаастан саппааска атаарыллыбыта.

Кыайыы саллаата Кураев Алексей Иванович.

Кыайыы саллаата уоттаах сэрии толоонугар Ийэ дойдутун иннигэр иэһин ити курдук чиэстээхтик төлөөбүтэ уонна дойдутугар Туймаада хочотугар Дьокуускайга кыайыы кынаттаах эргиллибитэ.

Кини «За победу над Германией», Японияны утары сэриигэ эмиэ кыттан «За победу над Японией» мэтээллэрдээҕэ, «30 лет Советской Армии и Флота» диэн правительственнай наҕараадалааҕа тустаах докумуоҥҥа суруллар.

Алексей Иванович сэрииттэн кэлэн Саввина Мария Михайлованы кэргэн ылан, эйэлээх олоҕун оҥостор. Иэдээннээх сэрии айгыраппыт олоҕун чөлүгэр түһэрэр үлэ саамай үөһүгэр сылдьар. Араас үлэлэргэ рабочай, мас кэрдээччи, тракторист быһыытынан салайааччылара эппиттэринэн үлэлиир. Ол сылдьан уус дьоҕурдааҕын билэннэр, 1366-с нүөмэрдээх автоколоннаҕа алтыс разрядтаах уус быһыытынан бигэргэтэллэр.

1366-с автоколоннаҕа үлэлиир Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ветераннара.

Алексей Иванович сэттэ кылаас үөрэхтээҕэ, нууччалыы олус ыраастык саҥарара. Хаһыаты, сурунаалы, кинигэни тута сылдьара. Үлэлиир коллективыгар убаастанар, үрдүк таһымнаах уус буоларын бигэргэтэн элбэхтэ бириэмийэлэммитэ, ол иһигэр рационализаторскай этиилэрэ олоххо киирбиттэрин туһунан үлэтин киниискэтигэр суруллар. Үлэҕэ ситиһиилэрин, тэрилтэ сайдарыгар киллэрбит кылаатын иһин Бочуот дуоскатыгар киллэриллибитин туһунан эмиэ суруллар.

Алексей Иванович тапталлаах кэргэнэ Мария Михайловнаныын алта оҕоломмуттара. Оҕолоро бары төрөппүттэрин батан үлэни өрө туппуттара. Улахан кыыстара Роза Алексеевна 40 сыл акушерканан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, сиэннэрин көрөр. Уола Иван Кураев боксаҕа ССРС спордун маастара этэ… Хомойуох иһин, үрдүк чыпчаалга тахсан иһэр эдэр уол спортка-олоххо дьиҥнээх таһымын ылбакка, ДНД-га студенныыр сылларыгар бэрээдэги көрө сылдьан 1990 сыллаахха бандьыыттар сааларын уоһуттан олохтон хомолтолоохтук туораабыта. Иван Кураев аатын үйэтитэн, сыллата боксаҕа турнир ыытылларыгар кини аймахтара Саха Республикатын Боксаҕа федерациятыгар махтаналлар.

Туймаада саллаата Алексей Иванович Кураев олус сэмэй киһи этэ. Сэрии туһунан оҕолоро ыйыталастахтарына хараҕа хараҥаран, сүөм түһэн олорон: «Эһиги ону ыйыталаһымаҥ, эһиги олоххутугар сэрии суох буолара буоллар…» – диирэ.

1985 сыллаахха, Кыайыы 40 сылыгар, куорат администрациятыгар ыҥыран сотору-сотору бэтэрээннэргэ квартира биэрии туһунан мунньах буолара. Алексей Иванович онно ыҥырыллан сылдьара, ол эрээри контузиялаах уонна сэмэй буолан күлүк өттүгэр түбэһэр курдуга, онон отой да испииһэктэн туоратыллыах курдук буолбута. Бэйэтэ тугу да кэпсээбэт. Улахан кыыһа сэрэйэн, ытырыктатан тиийэн быһаарсыытын түмүгэр дьэ түөрт хостоох квартира бэриллэр. Алексей Иванович туох да хом санаата суох, ис-иһиттэн үөрэн: «Оҕолорбун кытта кырдьар сааспар толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор дьоллоннум», – диирэ.

Сэриигэ ылбыт контузията доруобуйатын улаханнык кэбирэппитэ, ол эрээри олоҕун тиһэх күннэригэр диэри дьэбирдик, кытаанахтык ыар ыарыыны утарсан туран олохтон бараахтаабыта. Дьылҕа хаан ыйыытынан улахан кыыһа, икки сиэнэ, икки хос сиэнэ кини олоҕун инникигэ ситимнээн салгыыллар.

Сиэмэх халабырдьыт өстөөҕү кыайыы 80 сылыгар, Кыайыы күнүн иннинэ: «Сэриини инники күөҥҥэ сылдьан рядовой саллаат кыайбыта, киниэхэ сүгүрүйүөхтээхпит», – диэн И.В.Сталин уот харахха этиитэ сиэрдээҕин, кырдьыктааҕын саныыгын.

Бүгүн Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөн сэрии толоонугар олохторун толук уурбут, хааннарын тохпут аҕаларбыт, эһээлэрбит сырдык мөссүөннэрин үйэтитэр кэммитигэр «Солдат Туймаады» мемориальнай комплекска Кураев Алексей Иванович аата суох. Сыыһа-халты тахсыыта олоҕу арыаллыырын өйдөөн туран аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит, Аҕа дойду уоттаах сэриитин кыттыылааҕа Кураев Алексей Иванович аата үйэтитиллэн суруллуо диэн чугас дьоно, аймахтара эрэнэ саныырбытын биллэрэбит.

Антон Николаевич АДАМОВ.

Дьокуускай, 2025 сыл муус устар ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *