Неустроев Гаврил Алексеевич туһунан

САХА ПОЭЗИЯТЫН БИИР ЧАҔЫЛХАЙ СУЛУҺУН СЫРДЫК ААТЫГАР

Таптыыр паапабыт, эһээбит Гаврил Алексеевич Неустроев бу сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр анараа дойдуга барбыта номнуо 40 хонуга буолла.

Гаврил Алексеевич 1955 сыл кулун тутар 9 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Танда бөһүөлэгэр колхозтаах түөрт оҕолоох ыалга тапталлаах үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Заболоцкая Варвара Михайловна – Чөлөкө Мэхээлэ кыыһа, аҕата Неустроев Алексей Михайлович – Сыҕай Мэхээлэ уола. Чөлөкө Мэхээлэ тоҕус оҕоломмутуттан иккитэ эрэ – Маайа уонна Варвара – дьон буолбуттар. Аҕабыт ийэтин икки таайа – Охонооһой уонна Хабырыыс сэрииттэн төннүбэтэхтэр. Сыҕай Мэхээлэ суос-соҕотох уол оҕотуттан Өлөксөйтөн – Мотя, Аня уонна биһиги аҕабыт Гаврил төрүүллэр. Дьоллоох оҕо саастара Тиит-Арыы учаастагар ааспыт.

1972 сыллаахха Танда орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, 17 саастаах эдэркээн оҕо сыл кэриҥэ Танда орто оскуолатыгар кочегарынан үлэлиир. 1973 сыллаахха Сэбиэскэй армияҕа ытык иэһин толорон сулууспалыы барар, Читаҕа артиллериһынан ананар.

Сулууспалаабыт сылларын кэлин наһаа истиҥник саныыра.

1975 сыллаахха армияттан дойдутугар кэлэн музейга, оскуолаҕа, нэһилиэк автопаркатыгар кочегардыыр, ол быыһыгар Бороҕоҥҥо Росбанк отделениетыгар стрелок-охранниктыыр. 1983 сыллаахха Өктөмнөөҕү политех-училищетыгар культорганизатор-баянист идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. 1985 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Бээрийэтээҕи культура дьиэтин художественнай хайысхатын салайааччытынан үлэлии киирэр. Бээрийэҕэ үлэлии сылдьан олоҕун аргыһын Розалия Ивановналыын көрсөн, 1985 сыллаахха холбоһон Тандаҕа көһөн киирэн ыал буолаллар. Сүөһү ииттэн, буруо таһааран алта оҕолоноллор, түөрт сиэн тапталлаах эһээтэ.

1989 сылтан Герой Егоров аатынан совхоз “Кэнчээри” детсадыгар завхоһунан, музыкальнай салайааччынан таһаарыылаахтык ылсыһан үлэлээбитэ. Бу кэмнэргэ нэһилиэккэ депутатынан талылла сылдьыбыттаах. Ыһыллыы-тоҕуллуу 90-с сылларыгар быстах охранниктыыр, кочегардыыр, оскуола интернатыгар оробуочайынан, нэһилиэк бэкээринэтигэр өр сылларга килиэп таһааччынан үлэлиир. 2008 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөн киирэн, охраннай агентстволарга охраннигынан үлэлиир, Коммунистическай партия чилиэнэ буолар.

Күндү паапабыт дьоҥҥо-сэргэҕэ куруутун истиҥник сыһыаннаһара. Чиэһинэй, сэмэй майгылаах, амарах, аһыныгас санаалаах этэ. Ол курдук “Почётный донор” диэн званиелаах. Элбэхтэ билэр дьонугар көмөлөһөн дьиэ, сарай, оһох тутан, буор хаһан дьон махталын ылара.

2016 сыллаахтан ыалдьан 45 сыллаах үлэтин түмүктээн, пенсияҕа тахсар.

Бу үлэлээбит сылларын көрдөххө, аҕабыт ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, сирбэккэ-талбакка үтүө суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үлэлээбит. Ол иһин ханна да үлэлээтэр, тугунан да дьарыгырдар куруутун хайҕанара, кинини холобур оҥостоллоро.

Паапабыт Гаврил Алексеевич барыбытын атахпытыгар туруорбута. Кини курдук үлэһит, тулуурдаах, үтүө санаалаах буоларбыт оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэригэр көстөр – бары үөрэхтэнэн, үлэһит дьон буоллахпыт.

Саха литературатын төрүттээччилэриттэн, классик суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Н.Д.Неустроев сиэн быраата – аҕабыт Гаврил Алексеевич айылҕаттан айдарыылаах улахан талааннаах суруйааччы. Олоҕун биир сүрүн өрүтэ – айар үлэтэ, хоһоон абылаҥа. Билигин санаатахха, аҕабытыгар бу көлүөнэнэн бэриллэр Неустроевтар хааннарыгар сүүрэр сүдү талаан кыыма саҕыллыан саҕыллыбыт, сайдыан сайдыбыт эбит. Уус-уран, олус баай тыллааҕа, төрөөбүт тылын ыраастык туттара.

Кини бастакы суруйууларын оскуолаҕа отой эдэркээн оҕо сылдьан саҕалаабыт. Эдэр сылдьан армияҕа Монголия айылҕатын кэрэ көстүүлэриттэн иэйиилэммит Дацанскай, кэлин Ноо Хабырыыс диэн псевдонимнарынан суруйар этэ. Талааннаах киһи туохха барытыгар талааннаах диэбиттии, литература араас жанрыгар суруйара. Дириҥ ис хоһоонноох, истиҥ иэйиилээх кэрэ хоһооннору, кэпсээннэри, көрүдьүөстээх заметкалары, памфлеттары, тылбаастары, ахтыылары, ырыалары бу күн сиригэр бэлэхтээн, кроссворд, сканворд, филворд, анаграмма айан дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылбыта.

Аны баянист бэртээхэйэ. Аҕата Өлөксөй бэйэтэ эмиэ талаан бэрдэ киһи уола талааннааҕын бэлиэтии көрөн, кыра кылааска үөрэнэ сырыттаҕына суруттаран баян ылан биэрэр. Баяҥҥа сатабыллаахтык оонньуур, дьоҕурдаах кырачаан уолу музыкальнай оскуолаҕа үөрэххэ ылбыттарын, бастакы күнүгэр аҕата Өлөксөй уола сайыһан ытаабытыгар аһынан дьиэтигэр төттөрү илдьэ барар. Ол туһата доҕотторунаан оскуола ааҕан сиппэт биэчэрдэрин баяҥҥа оонньоон сырдаталлара. Онтон ыла баян, баян алыптаах музыката – паапабыт олоҕун тухары арыалласпыт, доҕуһуолласпыт күндү доҕоро буолар. Аҕабыт доҕотторунаан да, бэйэтэ да үтүмэн элбэх мероприятиелары, биэчэрдэри, кэнсиэрдэри баян чаҕылхай тыаһынан үгүстүк киэргэтэрэ.

Одноклассницата, оҕо сааһын доҕоро, оччолорго Тандатааҕы музей дириэктэрэ Евдокия Константиновна Колодезникова аҕабыт араас кэмнэргэ суруйбут хоһооннорун тиһэн Уус-Алданнааҕы кииннэммит библиотекаҕа «Омоон суол» диэн электроннай кинигэ таһааттарбыта. Үгүс хоһоонноро улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттарга, чуолаан «Кыымҥа», «Күрүлгэн» альманахха бэчээттэммиттэрэ, Кыымтан махтал сурук ылбыта.

Ол онно, оттонор үрэххэ…

Олоҕум түстэммит уйатын,
Олугум кыырайбыт кыһатын –
Омоон суол хаалларбыт Тандабын
Олус да күндүтүк саныыбын!

Ол кытыы, кыракый үрэххэ
Оонньообут кырдалбын киэргэтэ,
Ойор күн үөрүүтүн үксэтэ
Оһуордаах өлгөм от үүннэҕэ.

Ол кытыы, оттонор үрэххэ
Оҕо саас кимҥэ эрэ бүттэҕэ,
Оттомҥо миэстэтин биэрдэҕэ,
Ойуурга, талахха бүктэҕэ.

Ол кытыы, ходуһа үрэххэ
От оттуур күүрээннээх түбүккэ
Оҕонньор-эмээхсин биир тэҥҥэ
Оргуйар уоҕунан күүрдэҕэ.

Ол онно, уйгулаах үрэххэ,
Отордуур кырыстаах биэрэккэ,
Оҕо-аймах чаҕаара күллэҕэ,
Оһуокай чугдааран эрдэҕэ.

Ол онно, мин эмиэ кыттаммын,
Оттоһор оҕо саас суолларын,
Олохпор саҥалыы үктүөхпүн
Олуһун баҕардым, бу бүгүн…

Паапабыт 60 сааһыгар ыалдьыар диэри айар үлэтин бырахпатаҕа, умсугуйан туран суруйара. Кэлин ыалдьан баран кыайан суруйбат, баяҥҥа оонньообот буолбутуттан санаарҕыыра, сонньуйара. Ол эрээри аҕабыт күүстээх санаалаах буолан бу олоххо дьулуурун сүтэрбэтэҕэ, ыарыытыгар бэриммэтэҕэ, байыаннайдык охсуһара. Күннээҕи бытархай түбүккэ-садьыкка, бэл диэтэр хаама сылдьар дьон аахайбаттарын, хас биирдии туттууга-хаптыыга туох эрэ ураты саҥа суолта уурар буолбута. Аны санаатахха – улуу кыраттан саҕаланар… Бэйэтэ урут: «Москуба куорат тута тутуллубатаҕа», – дииринии, кыра-кыралаан дьарыктанан, эмтэнэн, олоҕор саҥа өйдөбүллэри ууран уон сыл ыарыытын кытта эн-мин дэсиһэн, сэнэхтик, сэниэлээхтик олорбута. Күүстээх санаа, тулуур…

Ноо Хабырыыс – саха поэзиятыгар бэлиэ суол-иис хаалларбыт чаҕылхай сулус дии саныыбыт. Кини айымньыларыгар Аҕа дойду сэриитин уорааннаах кэмнэрин, Улуу Кыайыыны уһансыбыт геройдарга сүгүрүйүүтүн, күүстээх державатын – Сэбиэскэй Сойууһун ахтан суруйара. Учууталга махталы, төрөөбүт дойдутугар, ийэтигэр, үөлээннээхтэригэр, табаарыстарыгар, уопсайынан киһиэхэ – икки атахтаахха убаастабылы, тапталы туойара.

Кырдьыга даҕаны, аҕабыт олоҕун эргитэн көрдөххө кини олорбут олоҕо, айар үлэтэ быыстала суох истиҥ иэйии, сүдү күүс – ТАПТАЛ көмүс утаҕынан тиһиллибит эбит. Киһиэхэ – таптал, олоххо – таптал.

Күндүттэн күндү тапталлаах паапабыт, эһээбит Гаврил Алексеевич биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах буолуоҕуҥ. Өйдүү-саныы сылдьыахпыт, эн курдук аҕалаах буоламмыт бу олоххо толору дьолу билэ сырыттахпыт. Биһиги эйигин күүскэ таптыыбыт, эн биһигини үөһээттэн харыстыы, араҥаччылыы, арчылыы сылдьыаҥ диэн билэбит…

Кэргэнэ, оҕолоро, күтүөттэрэ, сиэннэрэ.

2025 с. балаҕан ыйын 30 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *