Ларионов Владимир Петрович туһунан

НАУКА САЙДАРЫГАР КҮҮСТЭЭХ ҮЛЭНИ ЫЫППЫТА

Быйыл 2022 сылга Саха АССР государственноһа тэриллибитэ 100 сылыгар, Россия наукатын күнүгэр академик Владимир Петрович Ларионов төрөөбүт күнүгэр аналлаах ахтыы.

Мин 1968 сыллаахха Муома орто оскуолатын бүтэрэн баран, “Оскуола, Үлэ, Үрдүк үөрэх” диэн Саха комсомолун ыҥырыытынан совхозка үлэлии хаалбытым. Онтон армияҕа сулууспалаабытым. Ол кэннэ Харьковка Ф.Э.Дзержинскэй аатынан юридическай институту үөрэнэн бүтэрэн баран Усуйаана оройуонугар прокурор көмөлөһөөччүтүнэн үлэҕэ ананан барбытым.

Райкомол бюротун чилиэнинэн, Депутатскайдааҕы бөһүөлэк сэбиэтин депутатынан талыллан общественнай үлэҕэ активнайдык кыттыбытым. Бастакы күннэртэн ыла мин общественнай үлэбэр наставниктарынан үлэ геройдара Матрёна Аммосова, Прокопий Быканов, Семён Горохов буолбуттара. Элбэх командировкаларга сылдьыбытым.

1979 сыллаахха куоракка үлэлиир таксистар уонна СГУ АХЧ үлэһиттэрэ студеннары атаҕастааннар улахан айдаан тахса сылдьыбыта. Буруйдаахтары Үрдүкү Суукка сууттаналларыгар государственнай буруйдааччынан республика прокурора Н.Н.Каратаев бирикээһинэн миигин Депутатскайтан ыҥыран суукка кытыннарбыттара. Буруйу оҥорбуттар уонна студеннары кырбаабыт ССРС Ис дьыалатын министерствотын саллааттара сөптөөх уголовнай эппиэтинэскэ тардыллыбыттара.

Н.Н.Каратаев сөбүлэниитинэн миигин ССКП Обкомун уурааҕынан куораттааҕы Горком административнай отделга үлэҕэ командировкалаабыта. Уопсайа советскай-партийнай, государственнай органнарга мин 40-тан тахса сыл үлэлээбитим.

1982 сыллаахха Горком I секретара С.С.Сосин миэхэ Пушкин аатынан библиотекаҕа Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 350 сылыгар аналлаах научнай-практическай конференцияны тыл, литература институтун учёнайдарын ыыталларыгар кытын диэн сорудахтаабыта.

Мунньахха барыам иннинэ В.П.Ларионовтыын билсибитим. В.П.Ларионов мин Украинаҕа үөрэммиппин наһаа сэҥээрбитэ уонна мин киниэхэ СГУ проректора И.Г.Спиридонов, старшай преподаватель юридическай наука кандидата Республикаҕа прокурорунан үлэлээбит М.М.Фёдоровы кытта биһиги бэлэмнээммит СГУ историко-филологическай факультетын иһинэн “Правоведение” диэн отделение тэриллэрин ааҕан, юридическай наука Саха сиригэр сайдыа диэн В.П.Ларионов баҕа санаатын эппитэ.

Научнай конференция бириэмэтигэр Владимир Петрович республика культуратыгар, наука араас эйгэтигэр, историятыгар дириҥ билиилээҕин көрдөрбүтэ. Конференция Үлэ Геройа М.С.Сергеевы уонна ТЛИ директора, профессор Е.И.Коркинаны кытта билиһиннэрбитэ.

Филиал кэккэ учёнайдара Саха сирэ Россия састаабыгар бэйэ санаа өттүнэн киирбиппит туһунан архыып докумуоннара көстүбэтэхтэр, онон нууччалыы сурулларынан “О добровольном вхождении” диэн тылы утарбыттара. Рекомендация ылыллаатын кытта Обком бюротун мунньаҕа буолбута уонна ССКП киин комитетын Саха сиринээҕи филиал сайдыытынан сибээстээн уонна Россия Правительствота ылбыт уурааҕын олоххо киллэриинэн филиал 5000 наукаҕа үлэлиир тэрилтэҕэ босхоломмут партийнай комитет тэриллэрин туруорсубута. Киин комитеттан Уураах кэлээтин кытта, Дьокуускай куораттааҕы партия Горкома “Партком” тэриллэрин тэрээһин үлэтин саҕалаабыта.

Мин академик Н.В.Черскай, институт директорын солбуйааччы В.П.Ларионов, Горком секретара А.Е.Эверстова, институттар үлэһиттэрин кытта көрсүһүүлэргэ сылдьыбытым. Уопсай мунньахха партийнай конференция кыттыылаахтара миигин Партком секретарынан талбыттара. Мин солбуйааччыларбынан В.П.Ларионов, Р.С.Григорьев, Н.Г.Соломонов, Г.Ф.Крымскай, Е.И.Коркина талыллыбыттара.

Тоҕус П артком чилиэнин иһигэр А.Я.Овчинникова, З.А.Корнилова, С.Г.Лосорова, рабочайдартан С.П.Черноградскай талыллыбыттара. Партком этии киллэрэн Комсомол Комитетын секретардарынан А.А.Кугаевскай, Н.И.Гермогенов, Н.П.Апросимова, профсоюз председателлэринэн Е.М.Аммосов, П.А.Барашков үлэлээбиттэрэ.

Биһиги В.П.Ларионов, Р.С.Григорьев буоламмыт ССКП Киин Комитетын үөрэххэ отделын сэбиэдиссэйигэр В.А.Медведевка приёмҥа сылдьыбыппыт. Ол кэпсэтии түмүгүнэн Саха сириттэн МГУ-га, МВТУ им. Баумана, Ленинград, Омск, Томск, Новосибирскай үрдүк үөрэҕи бүтэрбит Саха сирин студеннарын дойду атын уобаластарыгар ыыппакка эрэ дойдуларыгар кэлэн наука салаатыгар үлэлииллэрин ситиспиппит. Ити сылларга эдэр специалистар бу кэнники кэмнэргэ наука доктордара, кандидаттара буоланнар научнай чинчийэр институттар, СВФУ биллиилээх учёнайдара буола үүннүлэр.

1983 сыл саҕаланыытыгар Партком мунньаҕар В.П.Ларионов этии киллэрэн ССРС Академиятын мунньаҕар кыттарга диэн уураах тахсыбыта. Ол уураахха олоҕуран Саха сиринээҕи филиал учёнайдара В.П.Ларионов, Н.Г.Соломонов, В.В.Ковальскай, Ю.С.Уржумцев, П.Я.Яковлев, Г.Ф.Крымскай ССРС наукаларын Академиятын член-корреспонденнарынан талыллыбыттара. Саха сиринээҕи филиал суолтата наһаа улааппыта.

Партком уурааҕынан научнай-чинчийэр институттар производствоҕа быһаччы кыттыылара хас эмэ төгүл улааппыта. Республика сайдыытыгар норуот хаһаайыстыбатын салааларыгар сыһыаннаах тэрилтэлэр программалара филиал институттарын кытта ыкса сибээстээх этилэр.

Правительство мунньахтарыгар Партком уурааҕын В.П.Ларионов, Н.Г.Соломонов, Е.Г.Егоров, А.Д.Кириллин хайаан да кытталлара.

В.П.Ларионов, Г.Ф.Крымскай, Н.Г.Соломонов Партийнай Комитет Филиалга үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйаларын, дьиэтинэн-уотунан хааччыллыыларын туһугар сыһыаннаах программалары олоххо киллэрэргэ күүскэ дьарыктаммыттара. Институттар үлэһиттэрэ бары партийнай тэрилтэ тэрийэр субботниктарыгар кыттан кылгас бириэмэ иһигэр 7 институт лабораторнай корпустара тутуллалларыгар күүстээх көмө буолбуттара. Субботниктар көмөлөрүнэн эдэр учёнайдар уопсайдара, поликлиника, балыыһа, маҕаһыын, икки детсад тутуллубуттара. 200 филиал эдэр үлэһиттэрэ МЖК иһинэн тутууга кыттыһан олорор дьиэлэрин-уоттарын быһаарбыта. Кыайыы 40 сылыгар Партком ылыммыт программатын толорон Сайсарыга, Ильменская, Академическая, Парковая, Советская, Чехова уулуссаларга олорор филиал үлэһиттэрэ Ярославская, Кирова, 50 лет ВЛКСМ кварталларыгар тутуллубут благоустроеннай 80-120 квартиралаах дьиэлэргэ көспүттэрэ.

Партком чилиэнэ В.П.Ларионов эдэр учёнайдар научнай диссертацияларын көмүскүүллэрин хонтуруоллуура, ол түмүгэр наука кандидаттарын, доктордарын ахсааннара 2-3 төгүл улааппыта.

1985 сыллаахха Сибиирдээҕи салааҕа Саха сиринээҕи филиал учёнай степеннээхтэрэ саамай элбэх этилэр. Филиал партийнай тэрилтэтигэр элбэх сүбэни-аманы филиал салайааччыта академик, Социалистическай Үлэ Геройа, Обком бүрүөтүн 30 сыл чилиэнинэн үлэлээбит Н.В.Черскай өҥөтө олус диэн улахан суолталаах.

В.П.Ларионов Академик Черскайы кытта бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн үлэлээбиттэрин түмүгэр филиал аан дойду таһымыгар ааттанар кыахтаммыта.

В.П.Ларионов Новосибирскайга, Москваҕа элбэх командировкаларга сылдьан ИФПТС, Институт биологии, ИГДС, ИКФИА, ИЯЛИ, Институт геологии – баларга олохтоох учёнайдар ананалларын ситиспитэ.

2023 сылга республикаҕа академик В.П.Ларионов 85 сааһыгар аналлаах улахан тэрээһиннэр буолуохтара диэн бигэ эрэллээхпин. 90-с сылларга филиал парткомугар үлэлээбит үөлээннээхтэрим: В.П.Ларионов ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан, З.А.Корнилова РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан, институт дириэктэрэ Е.Г.Егоров депутатынан, Саха Правительствотын председателин солбуйааччытынан, А.Д.Кириллин Үрдүкү Сэбиэт председателин солбуйааччытынан, А.А.Кугаевскай Үп министринэн үлэлээбиттэринэн киэн туттабын.

Ахтыыны оҥордо Владимир Петрович ДАНИЛОВ,

ССРС академияларын наукатын Саха сиринээҕи филиалын партийнай тэрилтэтин 1982-1988 сылларга парткомун секретара, 1990-1993 сс. СР Үрдүкү Сэбиэтин депутата, 1997-2002 сс. Ил Түмэн депутата, 1993-2000 сс. СР бастакы президенин көмөлөһөөччүлэрин салайааччыта, юридическай наука доктора.

2022 с. олунньу ый.

(“Ахтыылар”, 2025 с. алтынньы)

Ларионов Владимир Петрович туһунан: 1 комментарий

  1. Александр Георгиевич Жирков

    Хорошо написано.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *