АҔАБЫТ КУРУУК СЫРДЫККА, КЭРЭҔЭ ТАЛАҺАРА
Биһиги аҕабыт Максимов Дмитрий Софронович 1918 сыл алтынньы 10 күнүгэр Таатта улууһун II Байаҕантай нэһилиэгэр (билигин Уус-Таатта) төрөөбүтэ.
Кини аҕата Максимов Софрон Алексеевич кадровай булчут этэ, «Саха АССР үтүөлээх булчута» диэн бочуоттаах бэлиэлээҕэ, сэрии сылларыгар бултаан элбэх киһини абыраабыта, өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Ийэтэ Мария Спиридоновна эрдэ өлбүт, аҕабыт маачаха ийэтин Ксения Николаевнаны олус ытыктыыра, ийэтинэн ааҕара. Бииргэ төрөөбүттэрэ алтыа этилэр – Киристиэнэ, Василий, Софрон, Дмитрий II, Августина.
Аҕабыт 7 кылааһы бүтэрээт, 1938 сыллаахха Ытык-Күөлгэ киирэн оройуоннааҕы счётнай отделениеҕа биир сыл инспекторынан үлэлээбитэ. 1939-1942 сылларга дойдутугар кэлэн сэбиэт секретарынан, колхозка счетоводунан, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, Уолба маҕаһыыныгар продавеһынан, күндү түүлээҕи туттарааччынан үлэлээбитэ.
1941 сыл бэс ыйыгар бастакы окко киирбит күннэригэр сэрии буолбут ыар сураҕын Ытык-Күөлтэн боломуочунай Пётр Андросов биллэрбитэ. Онтон армияҕа дьону ылыы саҕаламмыта. Аҕабыт дьонун, убайдарын кытары сэриигэ барсарга санаалааҕын ол кэмҥэ ылбатахтар. Онтон 1943 сыл ыам ыйыгар Уолбаттан армияҕа ыҥырыллыбыта.

Ытык-Күөл призывной пуунугар ыҥырыллыбыт дьону салайарга взвод командирын эбээһинэһин толорорго анаабыттара. Ытык-Күөлгэ үс хоммуттарын кэннэ Уус-Тааттаҕа сатыы аҕалбыттара, манна кэлэн биир хонон баран таһаҕас тиэйэр пароход баржатыгар олорон өр айаннаан Дьокуускай куораты булбуттар. Манна хас да хоммуттарын кэннэ эмиэ пароходунан Лена устун өрө устубуттара. Уонтан тахса хонук устата айаннаан Усть-Кутунан Иркутскай куоракка тиийбиттэр. Онтон салгыы поеһынан айаннаан, саллааттары түмэр сирдэригэр Мальтаны 7 км ааһан, станция «Белая» диэн сиргэ байыаннай чаас баар сиригэр тиийбиттэрэ – 700 киһи буоланнар. Онно алта-сэттэ хоммуттарын кэннэ медкомиссиянан сыыйан 15 киһини хаалларбыттара, ол иһигэр биһиги аҕабытын. Аҕабыт оҕо сылдьан дэҥнэнэн аҥаар хараҕа суох эбит. Хайдах хаһан дэҥнэммитин чугас аймахпыт, эдьиийбит Евдокия Петровна Максимова өйдүүр эбит этэ, аҕабыт быыкаа оҕо сылдьан, ат кыла ыйанан турарыгар хайдах эрэ гынан хараҕын күүскэ дэҥнээбит, хаан бөҕөтө кэлбитэ диэн. Аҕам аҥаар хараҕа көрбөтүн соннук кимиэхэ да эппэккэ фроҥҥа ыҥырыллан барбыт, хата ол Мальтаҕа медкомиссияҕа көрөннөр, элбэх оҕо, сиэн, хос-хос сиэн кэлэр быата тартаҕа, уоттаах сэриигэ ыыппатахтар. Онон үс аҥаар сыл устата байыаннай тутууга сылдьыбыта. Онно сахалартан 50-ча киһи баар этилэр. Араас омук дьоно армияттан сыыйыллан кэлэн үлэлээбиттэрэ. Уопсайа 500 киһи үлэлээбит эбит.
Аҕабыт 1943 сылтан 1946 сылга диэри байыаннай ыскылаат, аэропорт тутууларыгар, араас үлэҕэ биригэдьииринэн үлэлээбит. Трудовой фронт уоттаах сэрии курдук буолбатар даҕаны син биир наһаа кыһалҕалаахтык, эрэйдээхтик сылдьыбыттар. Ас-таҥас кырыымчык буолан дьон аччыктаан өлөрө элбэх эбит. Быкка-былахыга ыстараллара, аһылыктарын күннээҕи нуормата 300 г килиэп, хаппыысталаах-хортуоска уутун миин диэн иһэр эбиттэр. Биир сыл устата балааккаларга олорбуттар, онтон дьиэ туттан икки сыл устата онно олорбуттар. Утуйалларыгар соннорун үрдүлэригэр сытар эбиттэр.
Биирдэ түөрт этээстээх дьиэ тутуутугар иккиэ буолан үөһэ кырыыһаҕа үлэлии сылдьыбыттар. Аҕам сыыһа туттунан кырыыһаттан сууллан иһэн кып-кыра синньигэс туох эрэ баарыттан тутуһан хаалбыт, хамсыыр да, хаһыытыыр да кыаҕа суох сыттаҕына напарнига нуучча оҕонньоро хайдах эрэ гынан билэн кырыыһа анараа өттүттэн кэлэн быыһаан ылбыт. Ол киһини үйэтин тухары өйдүүрэ: күп-күөх харахтаах, маҥан куудара баттахтаах, маҥан бытыктаах этэ диэн. Таҥара илэ кэлэн быыһаабыта диир этэ. Киһи дьылҕата диэн оннук.
Тааттаттан алтыа эбиттэр – Кладкин Пётр, Туласынов Гаврил Иннокентьевич, Неустроев Николай Игнатьевич, Хатылаев (Баайаҕа), Матаннанов Прокопий, Неустроев Сидор. Бэйэ-бэйэлэрин кытары иллээхтик сылдьаллара. Аҕабыт куолаһа кылыһахтаах этэ, сахалыы үчүгэйдик ыллыыра, хоһуйан да, тойуктаан да, биир эмит сынньалаҥ мүнүүтэ түбэстэҕинэ олорон дьонугар ыллаан иһитиннэрэр эбит. Ону ханнык да омук дьоно буоллун сэҥээрэн истээччилэр, оннооҕор иккистээн-үһүстээн көрдөһөн ыллатааччылар диэн аҕабыт кэпсиирэ.
Аҕабыт Трудовой фроҥҥа «Үлэҕэ килбиэнин иһин» медалынан наҕараадаламмыта. 1946 сыл алтынньы ыйга дойдутун булбута.
Нэһилиэгэр кэлэн ааҕар балаҕаҥҥа, колхозка суотчутунан, колхозка, совхозка биригэдьииринэн, сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1946 сыллаахха ийэбитин Николаева Александра Тимофеевнаны кытта ыал буолан, аҕыс оҕоломмуттара.

1955 сыллаахха Коммунистическай партия чилиэнэ буолбута.
Аҕам ийэбинээн биир алааска – Кырамдаҕа төрөөбүт-улааппыт оҕолор, ийэм киниттэн уон сыл балыс.
Ийэм кэпсииринэн сэрии сылларыгар аҕабытыгар похоронка кэлбит эбит. Ону дьонуттан, аҕатыттан кистээбиттэр, биэрбэтэхтэр. Бу кыыс мэнигэр тэптэрэн кэпсээн биэрэрэ буолуо диэн ийэбин сэрэтии бөҕөлөр үһү, ийэм дьоно.
Аҕабыт 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэр. Дьокуускайтан сатыы тахсыбытын кэпсиирэ. Ол сатыы айана биир туспа кэпсээн. Ааһан иһэн уу иһиэхпит этэ диэн ыаллар олорор алаастара диэн киирбитэ – кубус-кураанах балаҕаннар, дьон өрдөөҕүтэ остуолга аһаабыт иһиттэрэ-хомуостара соннук туран хаалбытын көрөн наһаа соһуйбутун, уолуйбутун кэпсээбитэ. Ол чурапчылары көһөрүү дьулаан кэмнэригэр ыалы ыалынан эмискэ хомуйан барбыт дьиэлэрэ эбит.
Ийэм аҕабыт армияттан кэлбитин өйдүүр эбит этэ: арай биир күн Кырамдаҕа Саппырыан оҕонньордоох Уолчааннара (аҕам оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата) кэлбит үһү диэн үөрүүлээх сонун тилийэ көппүт. Ийэм маҕаһыыҥҥа (дуу кулуупка дуу) тиийбитэ, онно биһиги аҕабыт дьону кытта үөрэ-көтө кэпсэтэ олороро үһү.
Ийэм кэпсээнин санаан кэллэхпинэ, аҕам, армияттан ыыппыт хаартыскатыгар олорорун курдук, маҕан байыаннай таҥастаах, кэпсии-ипсии үөрэ-көтө олорорун харахпар көрөр курдукпун. Ол хаартыската убайым Дмитрий музейыгар баар. Бэйэтин, уолун, сиэнин армияҕа сылдьыбыт хаартыскаларын кытары коллаж оҥорон ууран туруорар этэ.
Мин аҕыс оҕолоох улахан дьиэ кэргэн кыра оҕото буолан ийэ-аҕа, эдьиийдэр, убай тапталларын билэн улааппытым. Дьоллоох оҕо саас диэн ол буоллаҕа. Аҕабынан, Максимов Дмитрий Софроновиһынан, кыра эрдэхпиттэн киэн тутта улааппытым. Кини сахаҕа үрдүк көнө унуохтаах, хап-хара будьурхай-куудара баттахтаах кыраһыабай киһи этэ.

Майгыта үчүгэйэ, булчута, ырыаһыта, дьону кытта табан-ыпсаран кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ, үлэтигэр бэриниилээҕэ, чиэһинэйэ, көнө-үтүө санаалааҕа, билигин санаатахха, адьас таһыччы үтүө-мааны киһи эбит.
Ийэбит Александра Тимофеевна Николаева бэйэтин сүрдээҕин кыанар, сытыы-хотуу, өйдөөх, сыыдам туттунуулах, үлэһит-хоодуот буолан аҕабынаан иккиэн бачча элбэх оҕону улаатыннардахтара, киһи-хара гыннахтара. «Үлэм сүнньүнэн араас таһымнаах үөрэхтэргэ, мунньахтарга куоратынан, соҕуруунан бардахпына кэргэним Александра оҕолорун-урууларын, сүөһүтүн-аһын, маһын-мууһун бэйэтэ көрөн-дьаһанан олороро. Эн үлэлээтэххинэ-сырыттаххына эрэ биһиги олохпут тупсар, кытаат диирэ, үөрэ-көтө атаарара», – диэн ийэбит туһунан аҕабыт кэлин кырдьан олорон cүрдээҕин астына-махтана кэпсиирэ.

Аҕабыт оҕолорун наһаа таптыыра. Улаханнык дьиэ үлэтигэр кыттыспат да буоллар (наар үлэҕэ сырыттаҕа) дьиэтигэр быыс буллар эрэ хайа эрэ оҕо киниэхэ көтөхтөрбүтэ-сүктэрбитэ эрэ баар буолара. Биһиги, оҕолор, аҕабытын ыраахтан көрдүбүт даҕаны бары куоталаһа-куоталаһа олбуор ааныгар сырсан тиийэн моонньугар иилистэрбит. Хайаан да кэһиилээх буолара. Оччолорго отой сэдэх оонньуурдары, куукулалары, иһиттэри-хомуостары аҕалара. Аныгылыы эттэххэ, наһаа “вкустаах” эбит. Сэттэ кыргыттарыгар араас муодунай таҥнар таҥаһы, соннору, плащтары, платьелары, атах таҥастарын, сапожкалары о.д.а. размердарбытын адьас сыыспакка аҕалбыт буолара. Кэрэни, кэрэхсэбиллээҕи, үчүгэйи наһаа сэргиирэ, арааран булан көрөрө, араас үчүгэй сувенирдары табан-талан, кэһиилэнэн аҕалбыт буолара. Германияттан аҕалбыт таҥастара, сервизтэрэ, сувенирдара билигин да бааллар. Бу санаатахха эстетическэй вкус киниэхэ айылҕаттан бэриллибит эбит. Элбэх кыргыттардаах диэх курдук таҥас-сап ханнык муодатын билэрэ, биһиги таанцыга, киинэҕэ бараары сиэркилэ иннигэр бэлэмнэнэрбитин дьыбааҥҥа хаһыат ааҕа да сыттар көрөн, “бээрэ, ити үчүгэйдик өтүүктээбэтэххин дуу… бу ас сыстыбыт дуу… бу таҥас хайдах эрэ барсыбат соҕус эбит” эҥин диэн бэлиэтии көрөн, этэн биэрэ сытара.
Отой кырдьан олорон, 90 сааһын ааһыар да диэри оннук этэ. Биирдэ куоракка олорор дьиэлэригэр мин саҥа унты кэтэн кэлбиппэр: “Уу, Яна, унтыҥ ойуута-оһуора дьэрэкээнин, кырасыабайын”, – диэн хайҕаабытыгар наһаа үөрбүтүм.
1980-с сыллар ортолоругар, саамай бүтэһигин соҕуруу бара сылдьыытыгар, Россия Золотое кольцо куораттарынан туристическай группаны кытта барса сылдьыбыта. Тула куораттан хас биирдии оҕолоругар сувенирнай тульскай самовардары аҕалбыт этэ. Дьиҥнээх тульскай самовар кыччатыллыбыта, оһуордаах, дьикти-кэрэ оҥоһуулаах – кыраана, короната, колоснига барыта дьиҥнээхтик оҥоһуллубут. Билигин итинниктэри оҥорботтор. Оҕолорбор өйдөбүнньүк буолуо диэн бу толкуйдаан барыбытыгар аҕалбытын көр. Оннук самовар билигин коллекционердарга сүрдээхтик сыаналанар. Ол аҕам бэлэҕин наһаа харыстаан илдьэ сылдьабын. Хас-хас дьиэҕэ көстүм даҕаны, самоварчигым саамай харыстыыр малым. Эдьиийдэрим, убайым да уура сылдьар буолуохтаахтар.
Сайын от саҕана дьоммут дьиэтигэр элбэх да буолан мустарбыт – оҕолор, сиэннэр, тэлгэһэ иһэ күргүөм киһи буолара, иһирдьэ-таһырдьа оҕо-уруу… Үчүгэй да кэмнэр ааспыттар! Хоспокко ас бөҕө астанара: дагдалаах сибиэһэй килиэп, алаадьы, бэрэски, үүттээх хойуу чэй, хатыыс, быйыт, сыалаах эт, миин, барыанньа.
Аҕабыт киэһэ сөрүүҥҥэ террасаҕа, дьыбааҥҥа сынньана сыттаҕына кэлэн аттыгар олорон кэпсэтэр этим. Биирдэ маннык кэпсээбитин өйдүүбүн:
«Алталаах этим быһыылааҕа. Аҕабынаан Кырамдаҕа оттуу сылдьабыт. (эбэтэр Табалаахха диэтэ этэ дуу?). Арай көрбүппүт күөлбүт уҥуоргу өттүгэр үөр куба кэлэн түстэ. Мин аҕабыттан көҥүллэтэн тыынан киирэн чугастан көрөргө сананным. Тыыбынан устан киирэн чугаһаатым, тоҕус куба эбиттэр, аһыы сылдьаллар. Кубаларым миигин көрөн айманнылар, кынаттарын тыаһа диэн улахана, миэхэ утары көтөн, ыйааһыннара ыарахана бэт буолан дайан («тайан» диир этэ аҕам) көтөн талбаарыһан таҕыстылар. Улахаттара сүр, кынаттарын тыаһа диибин диэн, кыра киһи буоллаҕым, уолуйдум, куттанным, ол да буоллар аҕам саата тыыга сытарын сулбу тардан ыллым да, харахпын быһа симэн баран ытан хабылыннардым. Саам буруота астыбытыгар көрбүтүм – хата биир да кубаны таппатахпын, арай ытыспар биир үп-үрүҥ куорсун тэлээрэн кэлэн түспүтэ».
Онно: «Оо, паапа, тоҕус кубаны – төрөтөр оҕолоргун түүйэн көрбүккүн дии», – диэбиппэр аҕам барахсан “кырдьык даҕаны” диэн саҥа өйдөөбүттүү көрөн кэбиспитэ.
Дьонум барыта тоҕус оҕоломмуттарыттан биир кыыс саҥа төрөөт, бараахтаабыт эбит, онон кырдьык ити кубалар аҕам олоҕор биир дьикти түбэлтэ буолан, инникитин элбэх оҕолонорун түүйбүт эбиттэр.
Биир түгэни аҕам кэпсээниттэн өйдөөн хаалбыппын. Гражданскай сэрии 1922 сыллардаах кэмигэр аҕам, 1918 сыллаахха төрөөбүт оҕо, биэс эрэ саастаах буоллаҕа. Ол да буоллар биир маннык түбэлтэни үдүк-бадык өйдүүр эбит. Биирдэ олорор сирдэригэр Кырамдаҕа бандьыыттар иһэллэр үһү диэн сурах тилийэ көппүт. Ол арааската үрүҥнэр Ааллаах Үүнүнэн Охотскай диэки куотан иһэр кэмнэрэ буолуо.
“Биһиги дьоммут, – диир аҕам, бу санаатахха аҕатын, аймахтарын эттэҕэ буолуо, – аттарын-сылгыларын, сүөһүлэрин ыраах алаастарга күрэппиттэрэ, бэйэлэрэ эмиэ аны илдьэ барыахтара диэн саспыттара”, – диэбитэ. Дьиэҕэ оҕо-дьахтар хаалбыт быһыылаах.
“Арай биир күн таһырдьа аттар туйахтарын тыаһа, араас дьон саҥата бөҕөтө буолбутугар, ааны аһан өҥөйөн көрбүтүм, доҕоор, тэлгэһэ иһэ билбэт дьонум толору буолтар, адаарыҥнаһыы, сүпсүлгэн, саамылаһыы бөҕө, аттарын-таһаҕастарын көрүнэллэр, кэлии-барыы. Нууччалар диэни онно саҥа көрбүтүм. Харахтара күөҕүн соһуйа көрбүтүм, миигин төбөбүттэн имэрийэн баран саахар биэрбиттэрэ”, – диэн кэпсээбитэ.
Бу үрүҥнэр кинилэргэ син хас да хоммут быһыылаахтара. Аҕам ол дьонтон биирдэстэрин наһаа өйдөөн хаалбыт этэ. Арай биирдэ аҕам таһырдьаттан дьиэҕэ киирбитэ биир саамай эдэрдэрэ киһи оһох иннигэр олорон скрипкаҕа (аҕам кырыымпаҕа диэбитэ) оонньуу олороро уонна хараҕыттан уу-хаар баһа оонньуур үһү. Онно аан маҥнай истибитим скрипка диэн инструмент тыаһын диэбитэ уонна үйэлээх сааспар өйдөөн хаалбытым, оннук истиэхтэн кэрэ тыас этэ диэбитэ.
Аҕам ийэбинээн ол эдэр киһи туһунан “хайа эрэ дойдуттан, ханнык эрэ мааны дьон оҕолоро кэлэн аастаҕа” диэн аһынан кэпсэппиттэрэ. Бука, кырдьык, оччотооҕу дьалхааннаах кэмнэргэ, революция саҕана, ханна эрэ ыраах бүгэн сытар Кырамда алааска дворяннар, ыраахтааҕы офицердара, үөрэхтээх дьон быралгы баран охсуллан аастахтара. Ол эдэр киһини көрүөхтэн кыраһыабай, мааны дьүһүннээҕэ диэн аҕам кэпсээбитэ.
Аҕабыт сүрдээх сааһыт этэ. Саас ыам ыйыгар, өрүс эстэ илигинэ тэринэн үүтээнигэр Хаандыга төрдүгэр доҕорун Дьөгүөрү кытта бараллара.
Оо, ол кэмнэргэ аҕам кэлэрин кэтэһэр да этим, күнүн ааҕарым. Өрүс эстибитин, муус ааспытын кэннэ маҥнайгы куһу дьонунан ыытара. Харарҕаан аҕай олорор буоларбыт, бастакы кус этэ-миинэ наһаа да минньигэс буолара. Билигин даҕаны бэс ыйын саҥатыгар кус сиэхпин күүскэ баҕаран кэлэр идэлээхпин. “Генетическая память” быһыылаах. Онтон дьэ анды ааспытын кэннэ бэс ыйын саҥатыгар аҕабыт сүүһүнэн кустаах тиийэн кэлэрэ. Оҕолор кустары ампаар иннигэр тэлгэтэрбит, көрөрбүт, сөҕөрбүт-махтайарбыт, ханнык кус өҥө-түүтэ саамай кыраһыабайын, моонньо уһунун, ханнык кус ханнык ааттааҕын мөккүһэрбит. Дьоммут ыалларга кус туттара-туттара кэһии гынан ыыталлара, сүүрүү бөҕө буоларбыт.
Биирдэ эмиэ бэс ыйыгар, мин ыал буолбутум кэннэ, 1980-с сыллардаахха эбит, кыра дьиэ кэннигэр таҥас ыйыы туран көрбүтүм – өрүс диэки барар калитканы аһан паапам иһэр эбит, улахан баҕайы сүгэһэрдээх, үөрбүүт аҕай. Миигин көрө-көрө бииргэм үөрэ иһэр, мин утары сүүрэн тиийдим. Ол сэттэ дуу аҕыс дуу хааһы бултаан, хатыыс бөҕөтө илимҥэ хаптаран, байанайданан, сүргэтэ көтөҕүллэн аҕай иһэр эбит. Ол түгэни хаһан да умнубаппын.
Кыра оҕо эрдэхпиттэн аҕабын кытары илим көрсөр этим. Бээлэйгэ, Бэппээдэҕэ, Хаандыга төрдүгэр куруук сылдьыһарым. Этэргэ дылы илим хараҕын аайы хатыыс ылар этибит. Ийэбит хатыыс искэҕин лаахтаах миискэҕэ толору остуолга ууран биэрэрэ. Тула элбэх буолан олорон ньуосканан баһан сиирбит. Элбэх оҕолоох киһи дьонун бултаан-балыктаан аһатар буоллаҕа. Улахан булка эһэҕэ-бөрөҕө улаханнык сылдьыбат этэ. Үүтээнин чугаһыгар Хаандыга төрдүгэр оҕолоох эһэ баара, сылдьыбыт суолун көрөрбүт, суолу туораан ааспыт буолара. Аҕабыт күтүөттэригэр “бу кыылы бултаспат-тыытыспат буолуҥ” диирэ. Кэнники 1990-с сыллардаахха биир кырдьан буорайбыт эһэ сайыны быһа сүгүннээбэтэҕин, адьас үүтээниттэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ туһахтаан харайбыт этилэр.
Аҕабыт айылҕатын кытта ыкса ситимнээҕэ биллэрэ. Биирдэ кэпсээбитэ. Арай саас ыам ыйыгар, куска тахсан баран быһыылаах, Табалаах алааһын өртөөбүт, онтуката тыал түһэн ойуур баһаара буолуох курдук буолан барбыт. Аҕам умуллара сатаан баран кыайбатах, ыксаабыт. Киэһэ үүтээнигэр кэлэн оһоҕун тигинэччи оттон алгыы-алгыы, аал уотуттан көрдөспүт-ааттаспыт. Оннук утуйбут. Арай сарсыарда уһуктубута вертолёт тыаһа субу үүтээн үрдүнэн көтөн бирилиир, һуу, били баһаар улааттаҕа, онно көтөн кэллэхтэрэ диэн уолуйан, үүтээниттэн ойон тахсыбыт. Арай көрбүтэ, доҕоор, тобугар диэри хаар ньимиччи түһэн кэбиспит, сир-дойду бүтүннүү кыһыҥҥылыы хаар үллүктэнэн сытара үһү (ити ыам ыйын бүтүүтэ). Баһаар буруота ханан да суох! Оо, онно үөрбүппүөн, махтаммыппыан эһэкээммэр, диэн кэпсиир буолара.
1960-с сыллардаахха Уус-Тааттаҕа Фёдор Матвеевич Охлопков Герой буолбут кэмигэр кэлэ сылдьыбыт эбит. Винчестер (баҕар мааркатын сыыһарым буолуо, ол эрээри винчестер диир курдук өйдүүбүн) саалааҕа үһү.
Оччолорго эргэ кулууп чугаһынан, Винокуровтар дьиэлэрин аннынан икки улахан тиит баара, ол тииттэртэн биирдэстэригэр туора үүммүт мутугу сыал гынан ытыы буолбут. Охлопков хаста да ытан сыыспыт, атын да дьон сыыспыттар. Биһиги аҕабыт ол мутугу биирдэ эрэ ытан тоһутан кэбиспит, ол түгэни аҕам киэн тутта кэпсиирэ. Ол тииттэри кэлэ-бара оҕо сылдьан көрөөччүбүн.
Аҕам бырааттарын, балтытын олус таптыыра, сүрдээх аймаҕырҕас этэ. Эһэбитин Софрон оҕонньору өйдүүбүн ээ. Сүрдээх эйэҕэс, сымнаҕас оҕонньор быһыылааҕа. Эһээ да эһээ буоларбытын өйдүүбүн. Биирдэ миигин, детсад сабыллан быһыылааҕа, эһээбэр илдьибиттэрэ. «Эдьиийиҥ Гутя Федятынаан кэлбиттэрэ, кус көрө тахсыбыттара”, – диэн эһэм кэпсии тоһуйбута. Икки ампаар икки ардыгар сытар сирдээх этэ, онно сытара. Миигин ыҥыран “манан оонньоо, дьиэҕэр илдьэ бараар” диэн эрэһиинэ куукула уонна тимир алюминий оҕо оонньуурдарын көстүрүүлэ, тэриэлкэ иһит биэрбитэ.
Аҕабынаан биирдэ, 1990-с сыллардаахха, Төбүлэх уолан турара, уҥуор эрдинэн таҕыстыбыт. Көннөрү дьаарбайа, баҕар сир аһа көрө диэн. Кыра сиэннэри батыһыннарбыппыт. Онно сонуокка биир сиргэ талах быыһыгар арай малина бөҕө үүнэн турарыгар түбэспиппит, Уус-Тааттаҕа мин отой да билбэт этим, малина үүнэрин. Кумахха ханнык эрэ кыра кыыл суола бытыгыраан ууга киирэн Тиэхээн аартыгын диэки туораабыт этэ, ону көрөн аҕам “киис туораабыт” диэбитэ. Ити барыта миэхэ наһаа үчүгэй кэрэ өйдөбүл, аҕабынаан бииргэ сылдьыбыт түгэннэрим.
Аҕам сүрдээх хорсун санаалааҕа. Биирдэ тохсунньу тымныытыгар Уус-Тааттаттан Хара-Алдаҥҥа икки массыынанан эт тиэйэн иһэн тааҥҥа түбэһэн ууга түспүттэр. Мин аҕам, доҕоро Багардынов Дьөгүөр, Хара Алдантан хонтуора үлэһитэ уонна суоппар уолаттар – хаандыгалар баар эбиттэр. Аҕам таҥаһа сытыйбатах, Дьөгүөр бүтүннүү ууга инчэйэн, сиргэ сылдьа үөрүйэх киһи сиэринэн массыынаттан ойон түһээт, уот уматтан таҥаһын-сабын ыгынан, куурдар түбүккэ түспүт. Суоппар уолаттар массыына иһигэр тапочканан олороллоро үһү, таҥастара эмиэ барыта сытыйан, бастаан утаа паникалыах курдук буолан иһэн аҕам уонна Дьөгүөр уолуйбакка быыһанарга тэринэллэрин көрөн эгди буолан, дьэ хамсанан барбыттар. Аҕам сонун, этэрбэһин, атын да таҥастарын ол дьонноругар биэртэлээн баран, бэйэтэ кээнчэнэн уонна цигейка сэлиэччигинэн Хара-Алдан диэки тыллыы сүүрбүт. Ону кэпсиир этэ: «Толкуйдуур бириэмэ суох, түүн ый быыһа ыас хараҥа, бөһүөлэк манан буолуо диэн сабаҕалаатым да түһүннүм, наар бөһүөлэкпин ааһа барыам диэн ол куттала, хата водовоз дуу, атын ханнык эрэ массыына дуу, биэрэккэ киирэн, ол фаратын уотун көрөн онон сирдэтэн кытылы буллум, баччаҕа кэлиэххэ…» – диирэ. Ол нуучча уолаттара “тоҥон өлөр дьылҕалаах эбиппит” диэн муҥатыйа олордохторуна кэлэн быыһаабыттар. Дьэ ситинник аҕабыт дьону быыһаан турар.
1969 сыл кулун тутар 6 күнүттэн 1989 сыл алтынньы ыйга диэри аҕабыт Тааттатааҕы мясомолкомбинат эт тутар пуунугар приёмщигынан үлэлээбитэ. Онтон 1989 с. алтынньы ыйтан 1994 сыл сэтинньи ыйыгар диэри Пётр Алексеев аатынан агрофирмаҕа (Уус-Таатта) приёмщигынан үлэлээбитэ. Уопсайа тыа хаһаайыстыбатыгар 55 сыл үлэлээн Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Бу үлэлээбит сылларыгар элбэх үтүө санаалаах үлэһит дьону кытта бииргэ үлэлээн, үлэтин сүнньүнэн элбэх наҕараадаларга тиксибитэ, махтал суруктарынан, путёвкаларынан наҕараадаламмыта. Ол курдук ССРС Верховнай Советын Почётнай грамотатынан, Махтал суругунан, республика мясомолкомбинатын министерствотыттан Почётнай, Махтал грамоталарынан, 1982 с. республикаҕа «Бастыҥ үлэһит» анал дипломунан, ону таһынан оройуон, совхоз, агрофирма наҕараадаларын ылбыта. Үлэтин сүнньүнэн Волгоград, Новосибирcкай куораттарыгар баран үлэлээн, көрөн-билэн кэлбитэ.
Үгүс сылларга үтүө суобастаахтык үлэтин түмүгүнэн 1976 сыллаахха үлэлиир коллектива Германия, Франция, Болгария дойдуларынан, 1985 с. Советскай Союз герой-куораттарынан босхо путёвкаларынан наҕараадалаабыттара олоҕун биир кэрэ кэминэн буолаллара. Оччотооҕу кэмҥэ үлэ ыараханын туһунан кэпсэтии турбат буолара, анаммыт үлэҕэр чиэһинэйдик, үтүө суобастаахтык үлэлиир эрэ туһунан толкуйданыллара. Кыһыҥҥы тымныыга күнү быһа таһырдьа эт тутуута, массыыналарга тиэйии, ыйаан биэрии, барыта суот-учуот, подотчётка сылдьар – бу барыта элбэх сыраны, түбүгү, күүһү, сатабылы ирдиирэ. Эти, тириини итэҕэстээбэккэ бириэмэтигэр туттаран иһэллэрэ. Бииргэ үлэлиир дьонноро аҕабытын сүрдээҕин убаастыыллара. Бу 55 сыл устата үлэлээбит кэмнэригэр мясомолкомбинатка директордаабыт П.С.Филатов, Н.А.Григорьев, Д.Петров, директор А.А.Данилов олус ирдэбиллээхтик, дьону кытта биир тылы булан, сылтан сыл ахсын үрдүк көрдөрүүнү ситиһэллэрэ. Онтон бухгалтер М.В.Никифоров ааҕыытынан үтүмэн докумуон суруллан чуолкайдык оҥоһуллара, кассир-бухгалтер Саргылана Мочкина көмөлөрө, сүбэлэрэ баһаам элбэх этэ. Киһиэхэ үтүө сыһыантан ордук күүстээх, тэҥнээх суох диэн аҕабыт бииргэ үлэлээбит дьонун куруук үтүө өйдөбүлүнэн сыаналыыра.
Аҕабыт үлэлиир сылларыгар саамай уһуннук директорынан Пётр Семёнович Филатов үлэлээбитэ. Пётр Семёнович Тааттатааҕы мясомолкомбинат сайдыытыгар киллэрбит кылаата олус улахан, диирэ аҕабыт. Ол курдук механизированнай бойняны киллэрии, нэһилиэктэргэ маслозавод тутуута, үлэһиттэри дьиэнэн хааччыйыы, үөрэхтээһин боппуруостарыгар туруулаһан туран үлэлээбитэ диэн кэпсиирэ. Пётр Семёнович эдэр, кырдьаҕас диэбэккэ үлэһиттэргэ биир тэҥ ирдэбиллээх салайааччы эбит. Аҕабыт мясомолкомбинатка бастаан үлэҕэ киириэҕиттэн суоппарынан Григорий Петрович Винокуров (Хара Алдан) үлэлээбитэ. Гришатыттан аҕабыт олус астынара: “Гриша биһикки бастакы күнтэн ыла эн-мин дэһэн, убай-быраат курдук санаһан олус тапсан сылдьыбыппыт, – диэн ахтара. – Гриша түргэн-тарҕан, ыраас туттуута, кыайыгаһа-хотугаһа, биһиэхэ олус туһалаах этэ, элбэх үлэ киниттэн тутулуктааҕын эҥкилэ суох толороро”, – диирэ.

Сааһыран, пенсияҕа олорон аҕабыт үлэлээбит сылларын олус күндүтүк саныыра, бииргэ үлэлээбит дьоннорун куруук эдэр эрдэҕинээҕилэрин өйдүүрэ.
Уһун кэмҥэ үлэлээбит тэрилтэтин, коллективын үлэтин-хамнаһын туһунан хаһыаттан ааҕан, кинилэр үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанарыттан сэргэхсийэрэ, үөрэрэ. Өссө да саҥаны, туһалааҕы айа, үлэлии туралларыгар баҕарара. Итиннэ даҕатан, киһи бу орто туруу дойдуга олорорун тухары үлэлээн-хамнаан, дьону-сэргэни кытары бииргэ буолан дьоллонорун оҕолоругар-сиэннэригэр куруук өйдөтөрө, кэпсиирэ. Киһи олоҕо, дьоло бэйэтин илиитигэр баар, онон үтүө суобастаахтык үлэлээн, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаахтык сылдьан дьон убаастабылын, махталын ылартан ордук туох да суох диирэ.

Кини сүбэлэрин куруук саныы, олохпутугар тутуһа сылдьабыт. Холобур, аҕабыт этэр буолара: «Киһи олоҕун тухары син сөбүлүүр да, соччо сөпсөспөт да дьоннордоох буолааччы. Ол эрээри ким да буоллун, кыһалҕалаах кэмнэригэр куруук көмөлөһөр-өйүүр буолуҥ. Оттуур-сынньанар сиргитигэр тиийдэххитинэ сири-уоту аһатар буолуҥ, арыгыны уокка, сиргэ кутар сыыһа. Баай Байанай табаҕы, чэйи, арыыны, сүөгэйи сөбүлүүр уонна бултуйбут булкутуттан миинин бэрсэр буолаарыҥ. Оту-маһы мээнэ алдьаппат буолуҥ. Туора дьон сирин-уотун былдьаһар аньыы», – диэн. Аҕабыт туруу булчут буолан булду-балыгы кыайа тутара, олоҕун тухары ийэбитинээн сүөһү иитэн, сайынын наар от оттоон элбэх оҕолорун иитэн-үөрэтэн, үлэһит-ыал оҥортообуттара. Аҕабыт 80 сааһыгар диэри велосипедынан сылдьара, от охсоро, мас мастыыра.

Биһиги аҕабытын нэһилиэгин, оройуонун олохтоохторо, бииргэ үлэлээбит, олоҕун устатын тухары алтыспыт дьонноро сүрдээҕин убаастыыллара. Аҕабыт куруук үрдүккэ-сырдыкка талаһара, биһиги үөрэхтээх, үлэһит дьон буоларбытыгар үгүс сыратын уурбута. Кини дьоҥҥо үтүө сыһыана, үгүс дьоҥҥо ыарахан кэмнэригэр көмөтө-өйөбүлэ билигин даҕаны ахтыллар. Аҕабыт сырдык мөссүөнэ, кини үтүө-мааны, амарах майгыта биһиги сүрэхпитигэр куруутун баар буолуоҕа.
Кыра кыыһа Яна Дмитриевна НИКИТИНА.
Дьокуускай куорат,
2026 сыл ыам ыйын 5 күнэ.
