Дьяконов Руслан Матвеевич – Сандаман Хатат туһунан

ҮТҮӨКЭН ХАҺААЙЫСТЫБАННЬЫК, САҤАНЫ КИЛЛЭРЭЭЧЧИ, ТАЛААННААХ ЭМЧИТ

Руслан Матвеевич Дьяконов 1956 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Суотту нэһилиэгэр элбэх оҕолоох үлэһит ыалга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа уонна оскуолатааҕы кэмнэрэ Тумул сэлиэнньэтигэр ааспыта. Ыал улахан оҕото буолан кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыта: сайын окко үлэлиирэ, кыһын дьиэ үлэтигэр көмөлөһөрө. Өссө оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр барыга бары көхтөөх этэ – үөрэххэ, үлэҕэ. “Лена” сопхуос оттооһун түмүгүнэн хаста даҕаны Бочуотунай грамотанан наҕараадалаабыта, сайыҥҥы үлэ түмүгүнэн Үөрэнээччилэр I  республикатааҕы слёттарыгар кыттыыны ылбыта. Үчүгэй үөрэҕин уонна спортка ситиһиилэрин иһин Бүтүн Союзтааҕы “Орлёнок” комсомольскай-пионерскай лааҕырга сынньаммыта. Кини оскуола көҥүл тустууга, баскетболга уонна дуобакка сборнай хамаандатын чилиэнэ этэ.

Армияҕа сулууспалаан баран Уус Алдан оройуонун комсомолун – ЫБСЛКС райкомун инструкторынан үлэлээбитэ. Көхтөөх уонна айымньылаахтык үлэлиир эдэр киһини “Дүпсүн” совхоз комсомольскай комитетын босхоломмут секретарынан талбыттара.

1971-1981 сылларга Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун студена. Үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ Руслан Матвеевиһы Абаҕа сэлиэнньэтигэр кылаабынай агрономунан анаабыттара. Кини онно бэйэтин талааннаах хаһаайыстыбанньык, саҥаны киллэрээччи быһыытынан көрдөрбүтэ.

Салгыы Руслан Матвеевич нууччалыы суруллубут характеристикатын ааҕыаҕыҥ.

…Затем по рекомендации 1 секретаря райкома партии Сибирякова Максима Николаевича назначен агрономом с. Мэндигэ Амгинского района – первой республиканской целины, где с 1 га вырастили и собрали 12,5 цн зерновых. Построили АВМ и снабжали силосом совхоз имени И.Я.Строда. В 1983 году переехал в родные края, стал агрономом-овощеводом совхоза “Лена”. Под руководством опытных овощеводов-наставников кавалера ордена Славы Мордовского Семёна Семёновича и заслуженного работника сельского хозяйства республики Черкашиной Светланы Дмитриевны развернули системную работу по выращиванию капусты и картофеля: установили поливную систему “Сигма”, разработали севооборот на 160 га. В 1986-1987 гг. Внедрён научный подход выращивания овощей на открытом грунте вместе с институтом биологии г.Якутска. Каждый год овощеводы добивались больших результатов в районе, республике. Так, в 1986 году заняли 3 место в республике, получив урожай капусты 337 ц/га, награждены фондом автомашины “Нива”, участвовали на ВДНХ в г.Москва (вес одного кочана капусты достигал 10-12 кг, отвечал всем стандартам ГОСТа). Награждены путёвкой в Эстонию.

Как ответственный работник, Руслан Матвеевич дважды повышал квалификацию в Московском научном институте г.Коронево. Он член профкома совхоза “Лена”.

После реорганизации совхоза “Лена” в 1992 г. избран председателем профкома совхоза “Сэһэн Аржаков” с.Тумул, где провёл большую работу по улучшению условий труда и отдыха рабочих, решению социальных вопросов села. Много переговоров провёл по линии профсоюза республики за строительство спортзала в селе и зверофермы. Эта работа была внедрена им за годы работы заместителем главы Борогонского наслега. Как руководителя его интересовали проблемы людей наслега. Руслана Матвеевича всегда отличали огромное трудолюбие и высокая требовательность к себе. Он большое внимание уделял молодёжи и начинающим крестьянский хозяйствам, организовал шефство с соседними сёлами в труде и отдыхе. Впервые в селе была организована молодёжная свадьба представителей соседних улусов.

Руслан Матвеевич не только хороший работникЮ но и отличный семьянин, проживший с женой Натальей Афанасьевной тридцать четрые года в мире и согласии. Они воспитали пятерых детей. Дети выросли, прочно встали на ноги и нашли своё место в жизни. Хочется отметить, что он – отвественный водитель, инициатор распространения семейного опыта в воспитании детей в улусе, республике.

С 2006 года Руслан Матвеевич является признанным народным целителем. Хорошо знает обычаи предков, изучает лекарственные травы и использует их в лечении пациентов, никогда не отказывает нуждающимся в помощи. Много хороших слов благодарности написано в книге отзывов от пациентов, приезжающих из разных улусов республики.

За добросовестный труд Руслан Матвеевич награждён благодарственными письмами, Почётными грамотами Министерства сельского хозяйства республики. Он является Почётным гражданином Борогонского наслега. Проработавший всю жизнь на благо своей республики, он пользуется заслуженным авторитетом среди сельчан.

*  *  *

Руслан Матвеевич бэйэтин ахтыыта

Комсомол куһаҕаны оҥорботоҕо, сырдык сулус буолан үлэ үөһүгэр сырытыннарбыта, кыайыылаах-хотуулаах оҥорбута.

Агроном үөрэҕин бүтэрэн, Минсельхозка сарсыарда тиийбитим. Министри кэтэһэ сылдьан өрүкүйбүт баттахтаах бөдөҥ-садаҥ, киппэ киһи олорорун көрөммүн дорооболостум. Киһим:

– Үөрэҕи бүтэрдиҥ дуо? Туох үөрэҕин? – диэн ыйыппытыгар “агроном үөрэҕин” диэтим. Хап-сабар:

– Аттестатыҥ баар дуо? – диэбитигэр суумкабыттан ылан көрдөрдүм. – Икки түөркүн көннөрүөххүн, – диэбитин:

– Үлэлээн көрдөрүөм этэ, – диэтим.

– Дьэ ол ханна баран?

– Дойдубар Уус Алдаҥҥа.

Итинник диэбиппэр соһуйбуттуу көрдө уонна олоро түһэн баран эттэ:

– Уус алданнар үчүгэй кадр олохтуохтара суоҕа. Миэхэ Аммаҕа барыахха. Бэйэҥ курдук эдэр оҕолору кытары үлэлиэҥ.

Мин сөп диэтим. Киһим “дьэ, министргэ киирдибит” диэтэ. Министргэ киирэн эттэ:

– Бу Руслан Матвеевич Дьяконовы миэхэ анаа, уол үлэлиэҕэ.

Миигин “киэһэ 5 чааска манна кэлээр” диэтэ. Дьэ ситинник Амма оройуонун райкомун бастакы секретара Максим Николаевич Сибиряковтыын билсибитим.

Кини өрөспүүбүлүкэ бастакы целинатын бастакы агронома этэ. Быраҕыллыбыт сирдэри туһанарга М.Н.Сибиряков сүҥкэннээх үлэлэри ыыппыта Мээндигигэ тиийэрбэр икки нуучча дьиэтэ, биэс уонча балаҕаннар бааллара. Билигин улахан бөһүөлэк. Үчүгэйэ диэн олоҕум аргыһын Наталья Афанасьевна Иванованы буллаҕым. Максим Николаевичка махталым улахан.

Сэбиэскэй кэмҥэ, төрөөбүт дойдубар Охлопков С.Г. Аммаҕа мунньахха сылдьан көрсөн:

– Кэл эрэ манна, эн Уус Алдан буолбатах этиҥ дуо? – диэн кэпсэтэн, – Миэхэ “Лена” совхозка үлэлии тиийбэккин дуо? – диэбитигэр:

– Райком секретара Сибиряков Максим Николаевич көҥүллээтэҕинэ, – диэбитим.

Киэһэ 6 чаас саҕана “Дьяконов Сибиряковка баар” диэбиттэригэр кабинетыгар киирбиппэр Степан Гаврильевичтыын кэпсэтэ олорор эбиттэр. Миигин көрөөт Максим Николаевич:

– Уол үлэһит, сиргэ сыстаҕас, үөрэттэрээр, – диэтэ. Онтон миэхэ: – Дьэ, Руслан Матвеевич, дойдугар үлэлээн көрдөрөр буоллуҥ. Кытаат, түһэн биэримэ, – диэтэ.

Ситинник мин дьылҕам аҕыйах мүнүүтэ иһигэр быһаарылынна. Бу туһунан ыйыттахтарына “боруода оҕуһу бэрсэр курдук буолбута” диирим.

Охлопков С.Г. маайга анал массыынатын – “Волгатын” ыытан роддомтан эһээкэйбитин ылан айаннаабыппыт. Эппит тылыгар турбута. Директор ылгын уола, специалиһа этим. Москваларга Кореневоҕа баар научнай институкка иккитэ баран үөрэммитим. Олохпут булан, үлэҕэ опытыран дьэ үлэлиэм диэн санана сылдьан, 1988 сыл муус устар 18 күнүгэр сиргэ охтон ыалдьыбытым. Хайдах ыалдьыбыппын быһаарбатахтара. Икки чаас эрэ утуйарым.

Оннук уонча сыл эрэйдэммитим. Онтон олох тосту уларыйан, Тумулга төрүттэрим сирдэригэр тахсан үлэлии сылдьан, көнтөс илиибин-атахпын көннөрөн 1999 сыллаахха куоракка көрдөрө киирбитим. Быраастар соһуйан В.И.Кондаковка сыһыарбыттара, киниэхэ икки аҥаар сыл сылдьыбытым. Онтон саха эмчитигэр Прокопьев Юрий Сидоровичка олохтон туоруор диэри бииргэ, убай-быраат курдук үлэлээбиппит. Бу ааттаабыт дьонум иккиэн да баардаах, айылгылаах убайдар этилэр. Хааннааһыҥҥа, түөннээһиҥҥэ, иннэлээһиҥҥэ, ынах тылын туттууга, бааҥка ууруутугар үчүгэйдик үөрэппиттэрэ. Көҥүл кинилэр биэрээри гыммыттарын аккаастаан, Минздравтан ылыам диэбиппэр солбуйаннар 2006 сыллаахха “Норуот эмчитэ, отоһута” статуһун ылбытым. Ол кэмҥэ министр Ксенофонтов этэ.

Номнуо 20 сыл араас араахымалаах ыарыылардаах дьону көрөн-истэн кэллим. Махталларынан кынаттанан сырыттым. Олох диэн түргэн да эбит, олохтон дьолломмут киһибин. Олорбут олохпут сирбэппин.

 

 

 

 

 

Бу Саха сириттэн Эстонияҕа сынньана звено састаабын илдьэ барбытым. Уонна 1985 сылтан науканы кытта чугастык үлэлээммин сөҕүмэр үүнүүнү ылбыппыт. Биология институтуттан Скрыбыкина Мария Ивановналыын.

 

 

 

 

Бу 1993 сыллаахха кэрэ айылҕалаах, ыраас уулаах Амма Абаҕатыгар баар Харама хайатыгар республикатааҕы профсоюз лидердэрин кытары.

 

 

Абаҕаларга күтүөт буолан “өҥнөнөн” сибиэһэй эт, үрүҥ ас дэлэй этэ. Спортивнай күрэхтэһииттэн ыыппытым. Ыллаан-туойан астынан барбыппыт.

 

 

 

 

 

 

Спортка грамотам, ситиһиим үгүс – чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга, көҥүл тустууга, баскетболга, волейболга, дуобакка, “Сонор” оонньууларыгар.

М.Е.Николаев биэрбит грамоталара.

 

 

Бу Суотту нэһилиэгин баһылыга В.И.Иванов суруйуута.

Маннык биэс оҕолорбутугар оскуолаттан, Уолан гимназияттан Махтал суруктар, грамоталар бааллар.

Араадьыйаны 7-с кылаастан истэн, доҕордоһон кэлбитим. Билигин “Тэтим” араадьыйа солбуллубат истээччитэбин, актыыбынай кыттааччытабын.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Хаартыскаҕа кыра уолбут Васёк, сиэттэри кытары. Аҥаарбыт куоракка.

1992 с. олох тосту уларыйар кэмигэр Тумулга Сэһэн Ардьакыап совхоз тэриллэр, профсоюз председателинэн үлэлии тахсабын. Директор В.М.Прокопьевтыын биир санаанан таһаарыылаахтык үлэлиибит. Маслозавод, звероферма, арочнай спортзал профсоюз үбүнэн тутуллар.

Профсоюзтуу сырыттахпына нэһилиэк кырдьаҕастара мунньахтааннар нэһилиэккэ солбуйар главанан үлэлэтэллэр. М.М.Сергеевтиин бэркэ өйдөһөн үлэлээбиппит. Икки сыл курдук хамнас суох, улахан тымныылар түһэннэр кулууп, почта, оскуола тоҥмуттарын хата этэҥҥэ ириэрэн кыстыгы туораабыппыт.

Бастакы Президеммит М.Е.Николаев ыал бигэ туруктаах, үлэлээх буолуутугар сүҥкэннээх үлэлэри ыыппыта. Ону олоххо киллэриигэ үлэ күүскэ ыытыллыбыта. Түргэнник ситэр салаалары – кууруссалары, хааһы, сибиинньэлэри уонна да атыттары дьоно тарҕатан үлэ барбыта. Аны бааһыналарга бурдук ыһыыта былдьаһык буолбута Нэһилиэккэ бэкээринэ үлэлээбитэ. Учууталларга түөрт квартиралаах дьиэ тутуллубута. Олохтоох араадьыйаны үлэлэппиппит, нэдиэлэҕэ үстэ улуус сонуннарын сырдатабыт. Түөлбэ үлэтэ күүһүрбүтэ. Культура, спорт эстафетатыгар инники күөҥҥэ сылдьарбыт. Улуу Кыайыы 50 сыллаах юбилейыгар улуус спартакиадатыгар бочуоттаах үһүс миэстэни ылбыппыт.

Ыаллыы олорор Суотту, Нам улууһун Торуой Хомустаах нэһилиэктэрин кытары доҕордуу сыһыаннары олохтообуппут, тэрилтэлэрбитин сырытыннаран опыт атастаһыннарбыппыт. Спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһэн, хардарыта кэнсиэртээн ыччаттарбытыгар туспа ыһыах, спорт араас күрэхтэһиилэрин оҥорор этибит. Бу санаатахха сүрдээх киэҥ хабааннаахтык үлэлээбит эбиппит.

Аны бу үлэлии сылдьан республика “Знание” обществотын кытары тэҥҥэ үлэлиирим. Махталлара улахан этэ.

Руслан Матвеевич ДЬЯКОНОВ-Сандаман Хатат.

(“Ахтыылар”, 2026 с.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *