Кожин Афанасий Иннокентьевич туһунан

АҔАБЫНАН КИЭН ТУТТАБЫН

Биһиги аҕабыт Афанасий Иннокентьевич Кожин 1947 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай аттынааҕы Хатас сэлиэнньэтигэр үлэһит, улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

8-с кылаас кэнниттэн төрөөбүт совхоһугар үлэлии киирбитэ. Онно үлэлии сырыттаҕына суоппардар куурустарыгар үөрэттэрэ ыыппыттара. Сотору Сэбилэниилээх Күүстэргэ – армияҕа сулууспалыы барар сааһа тиийэн кэлбитэ. Этэҥҥэ сулуспалаан, старшина званиелаах дойдутугар эргиллибитэ.

Армия кэнниттэн “Хатас” совхозка суоппарынан киирбитэ. “ЗИЛ” массыынаҕа үлэлээбитэ: бурдугу уонна сиилэһи тиэйэрэ, ыһыыга уонна хомуурга күннэри-түүннэри кэриэтэ сылдьара. Ыраах командировкаларга сылдьара, араас суолларынан айанныыра. Оччолорго суол билиҥҥи курдук оҥоһуута суох буолара, эгэ асфальт, электричество уотунан сырдатыы эҥин кэлиэ дуо.

Идэтин баһылаабыт суоппар быһыытынан аҕабытын олус сыаналыыллара. Үлэни кыайар-хотор, эрэллээхтик, тулуурдаахтык сылдьар буолан кинитэ суох сатаммат этилэр.

Үлэлиир кэмигэр суолга, айаҥҥа араас күчүмэҕэйдэр буолаллара. Онно аҕабыт Афанасий Иннокентьевич бэйэтин сатабылынан атын суоппардарга көмө буолара, ол иһин бииргэ үлэлиир дьоно – суоппардар – кинини олус ытыктыыллара, сыаналыыллара.

Үлэтигэр үрдүк ситиһиилэрин иһин аҕабыт “Хатас” совхоз администрациятыттан уонна профкомуттан, Профсоюзтар кэмитиэттэриттэн элбэх Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, сыаналаах бэлэхтэринэн бэлиэтэммитэ. Кини бэйэтин идэтин уларыппакка бэриниилээхтик үлэлээбитэ, суоппардыыр ыстааһа 38 сыл буолбута.

Уола Афанасий Афанасьевич КОЖИН.

Хатас, 2025 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *