КИНИ БУДАПЕҺЫ БОСХОЛОСПУТА
(“Коммунизм сардаҥата”, № 54 (4196) 1980 с. ыам ыйын 6 к.) Улуу Кыайыы 35 сыла.
Эдэр эрдэҕинэ модьу-таҕа көрүҥнээх, үрдүк нүксүгүр уҥуохтаах кырдьаҕас киһи өрүс үрдүнээҕи Степан Платонов аатынан уулуссанан сүгэ, эрбии тутуурдаах оргууй аҕай хаамарын Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин олохтоохторо үгүстүк көрөллөр. Бу билигин сэттэ уон түөрт саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа уонна инбэлиитэ – пенсионер Иона Филиппович Дюлюнов.

Иона оҕонньор төбөтүгэр бу бириэмэҕэ ханнык санаалар киирэн ааспыттарын ким билиэ баарай? Мин киниттэн: “Аҕа дойду көмүскэлигэр сэриигэ хайдах кыттыбытын туһунан сэһэргии түспэккин ээ”, – диэн көрдөстүм.
“Чэ, бэйи кэпсиим даҕаны, дьэ ол гынан баран, үөрэҕэ суох буоламмын, нууччалыы кыайан билбэппиттэн оччоҕо даҕаны, эгэ билигин дуо, ханнык ааттаах сирдэргэ сылдьыбыппын, сэриилэспиппин чуолкай этэр кыаҕым суох. Үөрэҕэ суох буолар эбит этэ улахан баттал диэн, сылдьыахпын даҕаны кыайан сылдьыбатах, өйдүөхпүн даҕаны кыайан өйдөөбөтөх буолуохтаахпын”, – диэн баран ааспыт сэриигэ хайдах сылдьыбытын туһунан аа-дьуо сэһэргээн барбыта.
Сэрии иннигэр Боотулуу нэһилиэгэр, Көтөрдөөххө “Киров” аатынан колхоз колхозтааҕа эбит. Сэрии буолбут сураҕын колхоһун уһук учаастагар Киһилээх сиригэр оттуу сылдьан атырдьах ыйыгар истибит. 1941 сыл кыһыныгар Үөһээ Бүлүүгэ байыаннай комиссияны барбыт. Аны саас бэбиэскэ тиийдэ да барардыы бэлэм буоларыгар сэрэппиттэр.
Бэбиэскэ 1942 сыл бэс ыйыгар тиийэн кэлбитэ. Айылҕа барахсан саамай силигилээн турар кэмигэр Данил Амыдаев, Егор Титов, Кирилл Кисиляхов буолан уоттаах сэриигэ аттаммыттара. Сэриигэ барааччы бары нэһилиэктэртэн бэрт элбэх киһи этэ, бары олорбут-турбут, сытыы-хотуу дьон этилэр. Чита куорат анныгар тиийбитэ, манна дойдутун дьоно Соргоев Яков, Касьянов Данил, быраата Амыдаев Данил буолан бииргэ сайылаабыттара. Кинилэр төрдүөн тутуспутунан 1942 сыл ахсынньыга фроҥҥа барбыттара. Онтон Иона дьонуттан арахсар буолбута. 1943 сыл от ыйыгар фроҥҥа дьэ тиийбитэ.
От ыйын 19 күнүгэр сарсыарда эрдэ колоннанан стройдаан иһэн: “Дүлүүнэп!” – диэн саҥаны истибитэ, эргиллэн көрбүтэ быраата Амыдаев Данил (Амыдай) хас да киһилиин уот оттон баран турар эбиттэр. Кини быраатын көрөөт колоннаттан туора ойон тахсыбытын, илиититтэн харбаан стройга төттөрү киллэрбиттэрэ. Онон илиитинэн далбаатыы-далбаатыы бара турсубута. Ити кэннэ быраатын Амыдайы көрбөтөҕө. Кини уоттаах сэрии ханнык толоонугар охтубута биллибэтэҕэ.
Ити күн кинилэр атаакаҕа киирбиттэрэ, өлөр-тиллэр аннынан фроннаааҕы олохторо саҕаламмыта.
Бастаан утаа өстөөхтөр ханан сыталларын, ыталларын кыайан билбэт этэ. Онтон кэлин биһиги самолёттарбыт буомбалааһыннарыттан, артиллериябыт снарядтара дэлбэритэ тэбиэлиилэриттэн өстөөхтөр ханан сыталларын чуолкай билэр буолбута.
Киллэм хонуу устун атаакаҕа киирии өлөр тэҥэ буолара, ыраас сиргэ саллаат түбэстэҕинэ мууска быраҕыллыбыт собо курдук сананара, төһө кыалларынан маннык сиртэн тахса сатыыра. Кини ордук оллур-боллур, ойуурдаах сирдэринэн сылдьара, өстөөҕүн быыс гынан сууһара сатыыра. Иона оччолорго хара үлэҕэ кыайыылаах-хотуулаах этэ, онон хайдах да бэйэлээх сиргэ ким хайа иннигэр дириҥ окуопа хастан ытыалаһарга бэлэм буола охсоро. Кини автоматынан, саанан үчүгэйдик ытара. Онон окуопаҕа сытан ытыалаһан элбэх немеһи өлөрбүт буолуохтааҕар бигэтик эрэнэр. Фроҥҥа тиийиэҕиттэн быыстала суох (кыратык сынньалаҥҥа таһааралларын аахсыбатахха) инники кирбиигэ сылдьыбыта, кимэн киирэн кыайыы-хотуу үөрүүтүн элбэхтик үллэстибитэ.
Иона үгүс күл-көмөр буолбут сэлиэнньэлэри, куораттары ааспыта, өлүүнү-сүтүүнү, хаан тохтуутун, харах уутун, өстөөх өһүөнүн көрбүтэ. Кини нууччалыы билбэт буолан бииргэ сылдьар доҕотторун кытта ирэ-хоро кэпсэппэт эрээри, бүтэйдии өйдөһөн эрдэхтэринэ сорохторо өлөн эбэтэр бааһыран туораан хаалаллара. Онон хас киирсии кэнниттэн атын доҕоттордоох буолан иһэрэ.
Ити курдук сэриилэһэн Арҕаа кыраныыссаны туораан, Венгрия киин куоратын Будапеһы босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Хабыр хапсыһыы кэнниттэн Будапешт биһиги сэриилэрбит илиилэригэр киирбитэ, ордон хаалбыт нэһилиэнньэ үөрүүтэ-көтүүтэ сүрдээх этэ.
Будапеһы ылыы кэнниттэн эмиэ арҕаа Берлин диэки өстөөҕү үүрэн, кэнниттэн тилэх эккирэтиһэн испиттэр. Ол иһэн Венгрия сиригэр кулун тутарга биир сарсыарда атаакаҕа сүүрэн истэҕинэ аттыгар миинэ дэлби ыстаммыта да, тугу да билбэккэ барбыта. Ол күн киэһэ өйдөммүтэ биир омук уола саллаат санныгар биллэҕэ быраҕан таһаҕас оҥостубакка окуопаҕа сүгэн таһаарбыт.
Кыайыы буолбут сураҕын Венгрияҕа госпитальга сытан истибитэ. Оо, онно үөрбүтүн! Кинини үөрүү, төрөөбүт дойдуга, аймах-билэ дьонугар ахтылҕан саба кууспута. Иона Филиппович Дюлюнов госпитальга эмтэнэн баран, 1946 сыллаахха төрөөбүт нэһилиэгэр эргиллэн кэлбитэ.
Е. Семёнов.
* * *
Кэриэһин толорон
(“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, ыам ыйын 6 күнэ)
Бииргэ үөскээбит үөлээннээхпиттэн республикатааҕы кардиология балыыһатыгар сыттаҕына сэрии ветерана Сивцев Михаил Евстафьевич: “Үөһээ Бүлүү дьонун Амыдаевы уонна Дюлюновы кытта сэриигэ бииргэ барбыппыт, ол дьон бааллар дуо”, – диэн сураспыт.
Мин 2003 сыл муус устарга Дьокуускайга бара сылдьан, бу ветеран дьиэтигэр сылдьан көрсөн кэпсэппитим. Михаил Евстафьевич Уус Алдан киһитэ, Кыайыы 30 сылыгар ветераннарга ананан тутуллубут үс хостоох квартираҕа кыыһын уонна сиэннэрин кытта олорор этэ.
Михаил Евстафьевич Дьокуускайга техникумҥа үөрэнэ сылдьан, 1942 сылга армияҕа ыҥырыллан, 1 Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕүттэн Амыдаев Данил Даниловиһы уонна Дюлюнов Иона Филипповиһы кытта Молотовскай уобалас (билигин Пермскэй) Кунгур диэн куоратыттан 5-6 км сиргэ байыаннай лааҕырга сэрии үөрэҕин бииргэ барбыттар.
Нууччалыы билбэт, үөрэҕэ суох сахалары хамаандаҕа уонна күннэтэ туттуллар нууччалыы тылга үөрэтэ сатаабыт. Амыдаевы элбэх саҥалаах, оонньуулаах-күлүүлээх, көрдөөх, бэйэтин кыанар, оттон Ионаны улахан күүстээх, уус дьоннорунан оччолорго уон аҕыстаах-тоҕустаах уол улахан убайдарын курдук өйдүү сылдьар. “Иона землянка модьу өһүө мастарын соҕотоҕун ойууртан быанан соһон киллэрэн уурара. Хас да үтүлүгү тигэн биэрбитин кэтэн абыраммытым”, – диэбитэ. Иона күүстээҕин хаста да ахтыбыта.
1942 сыл кыһыныгар ахсынньы ыйга Кунгур куоракка таҥара дьиэтин иһигэр фроҥҥа атаарыы миитинэ буолбут. Сахалартан хас да киһи, ол иһигэр Михаил Евстафьевич тыл эппит. Фроҥҥа айаннаан иһэн Иона биир тохтобулга саахарын, туустаах балыгын килиэпкэ мэнэйдэһээри түһэн баран эшелонуттан хаалан хаалбыт.
Михаил Евстафьевич убай туттубут Ионатын ханна тиийэн өлбүтэ буолла диэн бу сыллар тухары аһыйа сылдьыбыт этэ. “Иона сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн ыал буолан оҕолордонон, сиэннэрдэнэн кэлин өлбүтэ”, – диэбиппэр “хата, сэрииттэн тыыннаах ордубут” диэн сэргэхсийэ түспүтэ.
Амыдаев Данил Данилович үөрэҕэ суох буолан дьоҥҥо суруйтарбыт хас да суруга 1944 сылга диэри дьонугар кэлбит, бүтэһик суругар түөртэ бааһырдым диэбит. Кини улахан уола Амыдаев Николай Данилович муосчут, СР народнай худуоһунньуга, Дьокуускайга олорор. Кини алта уонус сылларга Үөһээ Бүлүүгэ өрүс үрдүгэр, культура дьиэтин иннигэр, сэриигэ баран өлбүттэр кэриэстэригэр бетон пааматынньык оҥорбута билигин да турар.
Дюлюнов Иона Филиппович эшелонтан дьонуттан хаалан баран сэриигэ 1943 сыл от ыйын 13 күнүгэр киирбит. Саалаах саллааттар икки өттүттэн харабыллаан, колоннанан инники кирбиигэ киирэн иһэн, Иона убайын Амыдаев Данилы элбэх дьон ортотуттан таба көрөн көрсөөрү гыммытын көҥүллээбэтэхтэр, итинэн үргүлдьү атаакаҕа киирбиттэр.
Онон Иона 3 Украинскай фроҥҥа 1943 сыл от ыйын 10 күнүттэн 1945 сыл кулун тутар ыйга диэри, биирдэ да бааһырбакка фронт инники кирбиитигэр сылдьыбыта. Украинаны, Молдовияны, Польшаны, Румынияны, Венгрияны, киин куоратын Будапеһы босхолоспута.
1945 сыл кулун тутарга Венгрия сиригэр атаакаҕа киирэн истэҕинэ кэннигэр миинэ дэлби тэбэн, өйө суох барбыт. Киэһэ өйдөммүтэ, биир омук саллаата уол санныгар сүгэн сэрии хонуутуттан таһаарбыт эбит. Кыайыы буолбутун Венгрияҕа госпитальга сытан истибит.
1946 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Улахан убайа Ыстапаан кэргэнинээн, 5 оҕотунаан, быраата Өлөксөй ыалдьан уонна хоргуйан “Чаҕылыс Тыымпытыгар” кыамматтар дьиэлэригэр сытан өлбүттэрин истэн, дойдутугар тохтообокко, Кэнтиккэ ыал буолан олохсуйбута. Биир сыл иһигэр 3-4 саастаах икки оҕото, кэргэнэ өлөн табыллыбатаҕа. Үөһээ Бүлүүгэ киирэн иккиһин кэргэннэнэн 4 оҕоломмута, билигин 3 оҕото бааллар.
Сэттэ уон сааһыгар сылдьан дьоҥҥо көмөлөһүннэрбэккэ 8х12 м биэс хостоох улахан дьиэни туттубута, ол дьиэтигэр билигин улахан кыыһа Надя олорор. Иона арыгыны испэт, табаҕы тардыбат этэ. Үөһээ Бүлүүгэ балыыһа, культура, райком дьиэлэрин тутуспута. Промкомбинакка пенсияҕа тахсан да баран үтүө суобастаахтык столярынан үлэлээбитэ.
Иона сэриигэ хайдах сылдьыбытын, сэриилэспитин отой кэпсээбэтэ, үөрэҕэ суох, нууччалыы билбэт буоламмын улаханнык эрэйдэммитим диирэ. Сылдьыбыт сирдэрин аатын умнубут этэ.
Красноармейскай киниискэтигэр Долина Иона Беликович диэн отой атын киһи араспаанньата, аҕатын аата, оройуона эмиэ атыннык сурулла сылдьара. “Хайа, Дьуона, өлбүтүҥ буоллар биллэрииҥ отой атын сиргэ барыах, дойдуҥ дьоно билиэхтэрэ суох эбит дии”, – диэбиппэр сонньуйбута. ”Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллээх, ефрейтор званиелаах этэ. Кыайар-хотор буолан окуопаны түргэнник хастан ким-хайа иннинэ сиргэ тимирэр этим уонна биэрэр арыгыларын грамы да испэтэҕим, көрбөттөрүгэр тоҕон кэбиһэр этим. Илэ өйбүнэн сылдьыбытым, хаххаланыахха сөптөөх сири көрөн атаакаҕа киирэрим, онон тыыннаах ордон кэлбитим”, – диэхтиирэ.
Били кэннигэр миинэ эстиитигэр сантиметр кэриҥэ усталаах-туоралаах, чараас оскуолка үрүҥ сүнньүгэр тиийиэхчэ-тиийбэккэ сылдьарын өлүөн уонча сыл иннигэр снимоктанан билбитэ. Бу оскуолка Дьуонаны үйэтин тухары эрэйдээбитэ.
1983 сыллаахха 77 сааһыгар бу орто дойдуттан барбыта. Өлүөн аҕыйах чаас иннигэр балыыһаҕа ыҥыртарбытыгар тиийэ сылдьыбытым – өйүгэр-санаатыгар сэриигэ сылдьыбыт алдьархайа, иэдээнэ киирбит этэ. Саҥа таһааран кэпсии сатаабыта да, тыла булдьуйан кыайан иһиллибэтэҕэ. “Дьөгүөр, үөрэхтээх киһи, мин сэриигэ сылдьыбытым туһунан суруйаар, – диэн кэриэһин эппитэ. – Ойуурдаах сиргэ көмөөрүҥ, үрдүк маска көтөр буолан кэлэн олорор буолуоҕум, ону көрдөххүтүнэ Дьуона кэлэн олорор эбит диэриҥ”, – диэбитэ. Кини кэриэһин толорон бу кылгас бэлиэтээһини оҥордум.
Амыдаев Николай Данилович убайын Дьуона бюһун бетонунан кутан уҥуоҕар туруорбута. Бу ааспыт сүүрбэһис үйэ киһи-аймахха улахан хаан тохтуулаах кэлэн ааста.
Сүүрбэ биирис үйэ биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит тустарыгар үчүгэй хараҕынан көрдөр, аны хаһан даҕаны маннык алдьархайдаах, хаан тохтуулаах сэрии хатыламматар диэн Үөһээ Үрдүк айыылартан, Тойон Таҥараттан көрдөһөбүн!
Егор Михайлович СЕМЁНОВ.
Үөһээ Бүлүү.
