АҔАБЫТ ХАРААСТА КЭПСИИРЭ…
Биһиги аҕабыт Колесов Иван Тимофеевич Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ, онон кини туһунан ахтыы суруйбатахпына туох эрэ итэҕэстээх курдук сананыыһыбын диэммин суруйар санаа киирдэ.
Аан бастаан аҕабыт туһунан улууспут биир киэн туттар, убаастанар, олохтоох хаһыаппытыгар өрүү суруйар Т.И.Замятин диэн баара, кини 1970 с. Кыайыы 25 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан кэлэн суруйбутугар олоҕуран уонна бэйэм эбэн суруйарым субу курдук. Былыр билиҥҥи Горнай улууһун сорох сирэ биһиги Нам улууспутугар киирсэрэ үһү, онно Горнайдааҕы Наспоҕа атыыһыттыы, билиҥҥинэн продавецтыы сырыттаҕына киниэхэ уонна хас да киһиэхэ сэриигэ барарга ыҥырыы бэбиэскэ туттартаабыттар. Тута тэринэ охсон, кыра өйүө сыыһа ылан баран атынан хаһыа да буолан оройуоммут киинигэр киирэн доруобуйаларын туругун көрдөрөр хамыыһыйа барбыттар. Аҕыйах киһи сыыйыллыбыт, хабыллыбыт дьону тутуһуннарбытынан Дьокуускайга илдьибиттэр.
Онно аҕыйах хоннороот Читаҕа ыыталаабыттар. Аҕыйах хонукка үөрэтэлии түһэн баран, толору бэлэмнээх буоллугут диэн тус-туспа чаастарга араартаан Улан-Удэҕэ ыыппыттар.
Арҕаа тиийээттэрин кытта Малорусье, Большерусье диэн икки үрэх икки ардыгар баар дэриэбинэҕэ улахан киирсии буолбут. Дьэ онно үһү өлөн эрэр дьон тыын былдьаһан хардырҕаһыылара, ыһыы-хаһыы, киһи хааны көрө-көрө айманыыта, сүрэх айахха тахсар иэдээнэ. Киһи тылынан сатаан тиэрдибэт аймалҕана этэ, диэн табаарыс оҕонньотторун кытта сэһэргэһэригэр кэпсиирэ.

Төһө да өстөөҕү чугутан бөһүөлэги босхолообуттарын иһин, биһиги өттүбүтүттэн отой аҕыйах киһи ордубут. Ол ынырык киирсиигэ биир дойдулааҕа Барашков диэн киһи умайан эрэрин, бэйэтэ улаханнык араанньа буолан кыайан көмөлөспөтөҕүн туһунан харааста кэпсиирэ. Кэлин Кривошапкин Пётр диэн киһилиин бииргэ сылдьыбыттар.
Смоленскай куорат таһыгар кавалеристары кытта холбообуттар. Сотору-сотору ньиэмэс сөмөлүөттэрэ кэлэн уоту аһан, буомбалаан ааһар эбиттэр. Өстөөх хас да сөмөлүөтүн суулларан, кыайыы биһиги диэки буолбут.
1942 с. муус устар ыйга Дубинскай диэн станцияҕа тиийбиттэр. Бу станцияттан сэрии сэбин тиэммит поездтар байыаннай чаастарга субуһаллар. Москва анныгар биир киирсиигэ хас да сиринэн араанньы буолан госпиталга киирбит. Өр сытан эмтэнэн тахсыбытын кэннэ Орто Азияҕа ыытан байыаннай ыскылаакка хараабылынан, экспедиторнынан үлэлээбит. Кыайыы буолбут улуу үөрүүнү Фрунзе куоракка сулууспалыы сылдьан истибит. Дьэ онно үһү – ким да буоллун аҥаар кырыы куустуһуу, сыллаһыы-уураһыы. Ураа хаһыы оргуйан олорбут.

Аҕабыт 1941 с. атырдьах ыйыгар барар уонна эмиэ атырдьах ыйыгар 1945 с. тыыннаах ордон Дьокуускайын булар. Тута Намыгар кэлэн үргүлдьү олорбут сайылыгар, Маай алаас диэн баара, онно барбыт. Дьиэҕэ киирэн дорооболоспутугар ийэбит көрбүтүн хараҕа, истибитин кулгааҕа итэҕэйбэккэ чочумча көрөн баран турбут. Буолумуна, оччолорго ханнык да сибээс суох кэмигэр аҕабыт тыыннааҕын да, өлбүтүн да билбэккэ сырыттаҕа дии.
3 оҕолоох, 4-һүн миэхэ аҕыйах ыйдаах ыарахан хаалбыт бэйэтэ 2 эрэ оҕолоох көрсүбүт. Аҕабыт бардаҕын кыһын 2 кыыс оҕо утуу-субуу өлүтэлээн хаалбыттар… Тоҥ буору хаһар сэниэлээх киһи суох буолан, сир ирдэҕинэ кистиэхпит диэн холодуопкаҕа таһааран сытыартаан кэбиспиппит диэн ийэбит барахсан кэпсээхтиир буолара.
1950 с. колхуостары бөдөҥсүтүү буолбутугар Бөтүҥ нэһилиэгэр көһөн киирбиппит. Ол кыһын улахан куор ыарыыта туран оҕо бөҕө өлбүтэ, биһиги 3,5 саастаах балтыбытын көмөн кэлбит күннэригэр 6 ыйдаах бырааппыт өлбүтэ. Онтон тэптэрэн Наммыт киинигэр көһөн кэлэн олохсуйбуппут. Аҕабыт куонньугунан үлэлээн тэрилтэлэргэ, ыалларга атынан от-мас, муус, уу таһара. Үлэтин үгэнигэр сылдьан 57 сааһыгар икки хараҕынан отой көрбөт буолан орон, олоппос киһитэ буолбута.
Дьэ ити курдук боростуой саха ыалын сиэринэн дьиэлэнэн-уоттанан сүөһү-ас ииттэн 9-та оҕоломмуттарыттан 5 оҕо хаалбытын үлэһит, ыал, дьон оҥортоон аҕабыт 64 сааһыгар 1975 с., ийэбит 69 сааһыгар 1986 с. бу орто дойдутааҕы олохторун түмүктээбиттэрэ.
Зинаида ЕГОРОВА,
улахан кыыстара, үлэ бэтэрээнэ,
Ленскэй нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо,
“Эҥсиэли оһуохайа” түмсүү кыттыылааҕа.
2020 сыл.
