Горохов Побед Николаевич туһунан: Улуу Кыайыы саастыылааҕа

УЛУУ КЫАЙЫЫ СААСТЫЫЛААҔА

Күһүүр орто оскуола-интернатыгар бииргэ үөрэммит доҕорум, Булуҥ улууһун Бороҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх Горохов Побед Николаевич оонньуу-күлэ: “Мин бу орто дойдуга “Ураа! Кыайыы” диэбитинэн күөлэһис гына түспүт үһүбүн”, – диэн кэпсээччи.

Кини Булуҥ Бороҕонугар 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр күн сирин көрбүт дьоллоох киһи. Аҕата “Кыһыл Сулус” колхуос булчута, табаһыта Николай Иннокентьевич уолун Улуу Кыайыыны айхаллаан Побед диэн ааттаабыт. Кырачаан Побед сэрии сылын оҕотун кыһарҕаннаах олоҕун аһыытын-ньулуунун барытын билэ улааппыта. Ол курдук, кини 1,5 саастааҕар колхуоска доярканан үлэлээбит ийэтэ Александра Иннокентьевна барахсан ыараханнык ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ.

Аҕата колхуос бырабылыанньатын чилиэнэ, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, туруу үлэһит киһи куруук ыстаадаҕа, булка сылдьара. Онон 4 оҕону – Победы, убайын Коляны, эдьиийдэрин Августаны, Апреляны эбээлэрэ Мария Христофоровна уонна аҕатын балта, бэйэтэ хас да кыра оҕолоох Екатерина Иннокентьевна иитэ ылбыттара.

Кэлин Николай Иннокентьевич биир дойдулааҕын Шадрина Ольга Васильевналыын холбоспута уонна Победы бэйэтигэр ылбыта. Кини Ольга Васильевналыын өссө 5 оҕоломмуттара.

1952 сыллаахха Побед Булуҥ Бороҕонун 7 кылаастаах оскуолатыгар “0” кылааска үөрэнэ киирбитэ. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан улаханнык ыалдьан сөмөлүөтүнэн Күһүүргэ, онтон Дьокуускайга тиийэн уустук эпэрээссийэни ааспыта. Балыыһаҕа сытан өр эмтэммитэ, үөрэҕин биир сылын сүтэрбитэ. Побед Николаевич билигин ахтар: “Сэбиэскэй былаас кэмигэр төрөөбүт буоламмын тыыннаах хаалбытым. Билигин, ХXI-с үйэҕэ олорон Бороҕоҥҥо буолуохтааҕар, Күһүүргэ даҕаны сөмөлүөт көппөт, онон Сэбиэскэй былааска махталым муҥура суох”.

Аны, 1957 сыллаахха Күһүүргэ 10 кылаастаах оскуола-интернат аһыллыбытыгар, оскуола дириэктэрэ Алексей Спиридонович Шадрин тулаайах уонна элбэх оҕолоох табаһыт, балыксыт, булчут дьон оҕолорун Күһүүргэ үөрэххэ ыҥырар. Булуҥ улууһун ыраах сытар нэһилиэктэриттэн оҕолору хайдах хомуйан табанан, вертолетунан, самолетунан Күһүүргэ тиэрпиттэрин туһунан «Восточная Сибирь» киностудия документальнай киинэ түһэрбитин оҕо сылдьан көрөр этибит. Побед ол дьоллоох оҕолор ахсааннарыгар киирсэн 1957 сыллаахха Күһүүргэ кэлэр уонна 1963 сыллаахха 8-с кылааһы бүтэриэр диэри оскуола-интернат иитиллээччитэ буолар.

Мин дьоммун кытта 1959 сыллаахха Уус-Алдан улууһун Мындаабатыттан Күһүүргэ көһөн кэлбиппит. Элбэх оҕолоох ыалга көмөлөһөн оскуола дириэктэрэ миигин интернакка иитиллээччинэн киирэрбэр дьаһал таһаарбыт этэ. Ити курдук мин Победтааҕы кытта 5-с кылаастан бииргэ үөрэммитим.

Билигин санаатахха, биһиги дьолбутугар, оскуола-интернат дириэктэрэ Алексей Спиридонович Шадрин, завуһа Егор Николаевич Скрыбыкин, учууталлар, иитээччилэр бары, ким эрэ анаан сүүмэрдээн, талан аҕалбытын курдук, ис-иһиттэн үтүө санаалаах, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, араа-бараа саастаах, киэҥ билиилээх, үлэлэригэр бэриниилээх дьон киэнэ үтүөтэ түмсүбүт коллективтарыгар үөрэммит эбиппит. Кинилэр биһиэхэ кырдьык да истиҥник, ийэ-аҕа курдук элэккэйдик сыһыаннаһаллара. Биһиги оскуола-интернат сылаас, ыраас корпустарыгар биир дьиэ-кэргэн оҕолорун курдук эйэлээхтик, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, доҕордоһон олорбуппут, үөрэммиппит. Оскуола педколлектива биһигини А.С.Макаренко ньыматынан «Үлэ киһини киһи оҥорбута» — диэн санаанан салайтаран ииппиттэрэ, үөрэппиттэрэ. Ити барыта биһиэхэ ханнык да үлэттэн толлубат, үчүгэй санаалаах үөрэхтээх дьон буоларбытыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Үөрэнээччилэр 5-с кылаастан саҕалаан оскуола бары хаһаайыстыбаннай үлэтин: кыстык маһы бэлэмнээһини, олорор, үөрэнэр корпустарбытын, остуоллары, паарталары өрөмүөннээһини толорор эбээһинэстээхпит. Ону таһынан күһүн бөһүөлэккэ уу суолунан баржаларга тиэллэн кэлбит тутуу матырыйаалын, чоҕу, араас бородууктаны сүөкүүргэ көмөлөһөрбүт. Манна барытыгар учууталларбыт тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэллэрэ, салайаллара.

Аны үөрэнэ сылдьан күн аайы үлэ чааһыгар аныгылыы уһанар станоктарынан хаччыллыбыт икки этээстээх улахан мастарыскыайга уолаттар плечиктэн саҕалаан остуоллары, ыскамыайкалары, табуреткалары кэмбиэйэр ньыматынан хомуйарбыт. Биһиги, орто кылаас уолаттара иккилии-үстүү буолан ити маллар чаастарын: ким – атахтарын, ким – сирэйдэрин, ким – систэрин, ким – туорай мастарын бэлэмниирбит, онтон үрдүкү кылаас уолаттара ону килиэйдээн хомуйаллара.

Бу үлэҕэ Побед бэйэтин сытыы, булугас өйүнэн, сатабылынан барыбытыттан чорбойоро. Биһиги кылаастан кини уонна Сергеев Гриша рационализаторскай этии киллэрэн үлэ таһаарыытын 3 төгүл түргэтэтэри ситиһэн аатырбыттара. Үлэ уруогун учуутала Афанасий Петрович Андросов туруорсуутунан сыл аайы ыытыллар “За честь школы” бырааһынньыгар кинилэр “Любитель” фотоаппаратынан наҕараадаламмыттарын өйдүүбүн. Бу сүрдээх улахан ситиһии этэ, доҕотторбут оскуола, кылаас киэн туттуута буола түспүттэрэ.

1963 сыллаахха 8 кылааһы бүтэрээт кылааспыт үгүс оҕолоро, ол иһигэр Побед, профессиональнай орто үөрэх кыһаларыгар үөрэххэ туттарса барбыттара. Побед уонна Стручков Сеня Нам улууһун Граф биэрэгэр баар профтехучилищеҕа механизатор идэтигэр үөрэнэ киирбиттэрэ. Үөрэҕин бүтэрээт 1965 сыллаахха Побед аармыйаҕа сулууспаҕа ыҥырыллан Забайкалье байыаннай уокуругар учебканы ааспыта. Учебкаҕа авиамеханикка үөрэппитэрэ уонна Украинаҕа Узень куоракка ТУ-95 ыарахан бомбардировщиктар чаастарыгар сулууспаҕа ыыппыттара.

1968 сыллаахха аармыйаттан демобилизацияланан кэлэн Маҕан авиапордугар иккис кылаастаах авиамоториһынан үлэҕэ киирбитэ. Онтон 1970 сыллаахха дойдутугар Булуҥ улууһугар төннөн Күһүүргэ “Булуҥ” сопхуоһугар самосвал суоппарынан үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла төрөөбүт улууһугар араас үлэлэргэ бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээн биир дойдулаахтарын ытыктабылларын, биһирэбиллэрин ылыан ылбыта. Төрөөбүт улууһун экэниэмикэтэ сайдыытыгар өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин сыаналаан Побед Николаевичка “Булуҥ” улууһун бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк аат иҥэриллибитэ.

Дойдубут дьылҕатыгар 1990-с ыарахан сыллар бүрүүкээбит кэмнэригэр Побед Николаевич “Булунэнерго” МУП Күһүүрдээҕи учаастаҕын ДьКХ-н киин котельнайын операторынан үлэлии сылдьан, сүрүн үлэтин таһынан ол кэмҥэ борбуйдарын көтөхпүт уолаттарынаан “Булуҥ” сопхуоһугар 2 түөртүү квартиралаах дьиэни, бөһүөлэк киин котельнайын салҕааһынын, баанньык дьиэтин туппуттара.

Онтон 2002 сыллаахха олох хаамыыта уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн, төһө да сааһыра бардар, Побед Николаевич хорсун санаатын киллэрэн булдунан, балыгынан, туризмынан дьарыктанар биирдэм тэрилтэ тэринэр санааланар. Айылҕаттан бэриллибит сытыы-булугас өйө, тэрийэр дьоҕура көмөлөһөн бизнес-былаан суруйан көмүскүүр, регистрацияны ааһар, доҕотторун, уолаттарын кытыннаран үлэтин саҕалыыр. Салгыы 2009 сыл сэтинньитигэр Булуҥ улууһугар, Өлүөнэ эбэбит 308-318 км баар “Күрүмүс-2” диэн учаастагар балыктыыр быраабы ыларга аукциоҥҥа кыттан кыайыылаах тахсар уонна СӨ Булдун Департаменыттан бу 25 га иэннээх сиргэ балыктыырга-бултуурга лицензия ылар, сылга 4 туонна балыгы, 100 төбө дьиикэй таба этин туттарарга дуогабар түһэрсэр. Сорох сылларга төһө да ыарахаттары көрүстэр сатабыллаах, кыайыгас-хотугас үлэһит киһи уолаттарын көмөтүнэн сыл аайы былаанын толорон, сыллааҕы отчуоттарын кэмигэр туттаран үтүө суобастаах урбаанньыт буоларын көрдөрбүтэ, урбаанньыттар ортолоругар үгүс эрэллээх кыттыгас дьоннордоммута. Бу сылларга кини элбэх оҕолоох ыалларга, кырдьаҕастарга, кыамматтарга, араас тэрээһиннэргэ төһө кыалларынан үбүнэн көмөлөһөр, спонсордыыр этэ.

Побед Николаевич 2015 сылтан аны бааһынай хаһаайыстыба быһыытынан үлэлиир. Өлүөнэ дельтатыгар, Өлөөн боротуохатыгар “Дүлүҥ” диэн балыктыыр учаастакка уолаттарынаан дьиэ, гараас, баанньык, булуус туттан туох баар үлэлиир усулуобуйатын тэринэн быр-бааччы үлэлээн-хамнаан кэллэ. Доҕорбун, куруутун тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга күүрүүлээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыт киһини, кэннэки сылларга саас ылан, көрөрө-истэрэ мөлтөөн иһэрэ, доруобуйата айгыраабыта харааһыннарар.

Кылааһынньыгым, убайым кэриэтэ саныыр аҕа табаарыһым дьиэ-кэргэнин туһунан хайаан да сырдаттахха табыллар.

Побед Николаевич 1971 сыллаахха биһигини кытта Күһүүргэ 9-11 кылаастарга бииргэ үөрэммит кылааһынньыкпытын Ыстааннаах Хочо нэһилиэгин кыыһын Андросова Мартаны кытта холбоһон ыал буолбуттара. Гороховтар киэҥ-куоҥ дьиэ туттан, 4 оҕону: 3 уолу, 1 кыыһы төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээх киһи-хара гынан Күһүүр бөһүөлэгин биир түс-бас ыала буолан эйэ дэмнээхтик олорбуттара быйыл 49 сылын туолар. Кинилэр 8 сиэннээхтэр.

Хаартыскаҕа: Гороховтар дьиэ-кэргэннэрэ. 2017 сыл.

Улахан уоллара Артур Победович 1972 сыллаахха төрөөбүтэ. Төрөппүттэригэр 3 кыыһы бэлэхтээбитэ. Улахан кыыһа ийэтин дойдутугар Өлүөхүмэ улууһугар Кыыллаах Арыы сэлиэнньэтигэр олорор, үлэлиир. Орто кыыс Юлия Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Кыра кыыс Элина Хабаровскайга үп-кредит колледжыгар 2-с кууруска үөрэнэр.

Орто уол Леонид аҕатын туйаҕын хатаран суоппар буолар баҕалааҕа, аармыйаттан сулууспалаан кэлээт, 20 сааһыгар хомолтолоохтук бу олохтон туораабыта.

Кыыстара, Ольга Победовна 1979 сыл төрүөх, икки үрдүк үөрэхтээх. Бастаан СГУ пединститутун, онтон Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбитэ. Тиксиигэ Булуҥ улууһун култуураҕа управлениетын салайааччытынан үлэлиир. Кини кыыһа Лейла Тиксии 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 7-с кылааһыгар уонна Булуҥнааҕы искусство-музыка оскуолатыгар хореография, хор уонна пианино кылааһыгар үөрэнэр. Былырыын Дьокуускайга ыытыллыбыт үҥкүү куонкуруһугар кыттан 1-кы степеннээх дидломант буолбута. Уола Ренат 4-с кылааска уонна искусство-музыка оскуолатыгар флейта кылааһыгар үөрэнэр.

Кыра уол – Николай Победович 1980 сыл төрүөх, Намнааҕы педколледжы бүтэрэн баран төрөөбүт улууһугар Хара Уулаах оскуолатыгар черчение, үлэ уонна дизайн учууталынан үлэлээбитэ. Билигин дьиэ кэргэнинээн Тиксиигэ олороллор. Кини кэргэнэ Найбина Иннокентьевна 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа Саха сирин норуоттарын култууратын учуутала. Үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Айгылаана Санкт-Петербурга авиатехника колледжын 2-с кууруһун студенката. Кыра кыыс Ангелина 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа 10-с кылааска үөрэнэр. Уоллара Георгий 2 саастаах, детсадка сылдьар.

Николай Победович билигин аҕатын туйаҕын хатаран бааһынай хаһаайыстыбаны салайар.

Мин киэн туттарым диэн, биһиги кылааспыт оҕолоро оскуола кэнниттэн бэйэ-бэйэбитин, оскуолабытын кытта сибээспитин быспатахпыт, куруук суруйсабыт, телефоннаһабыт, көмөлөсүһэбит. Оскуолабыт 110, 120, 125 сыллаах, оскуола-интернат 50 сыллаах үбүлүөйдэригэр Күһүүргэ тиийэн доҕотторбутун, оскуола педколлективын, үөрэнээччилэрин кытта бырааһынньыктаһан кэлбиппитин күндүтүк саныыбыт. Бу үбүлүөйдэргэ куруук Гороховтар ыалдьытымсах, баай-талым остуоллаах, киэҥ-куоҥ дьиэлэрэ кылааспыт мустар, оҕо сааспыт доҕотторун, күндүтүк саныыр учууталларбытын ахтан-санаан ааһар, өр көрсүбэтэх ахтылҕаммытын таһаарар түһүлгэбитинэн буолара.

Өссө, 2016 сыллаахха атырдьах ыйыгар уонча буолан Күһүүргэ тиийэн оскуоланы бүтэрбиппит 50 сылын ол кэмҥэ бөһүөлэккэ баар оскуола ветеран учууталларын ыҥыран бэлиэтээбиппит. Таарыччы Побед Николаевич уонна Марта Васильевна ыал буолбуттара 45 сылын өрөгөйдөөх бырааһынньыгар сылдьыбыппыт. Доҕотторбутун ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлээбиппит, барҕа махтал тылларын эппиппит, күн сиригэр баар бары үтүөнү баҕарбыппыт.

Сэрии сылын оҕото, Улуу Кыайыы саастыылааҕа Побед Николаевич Горохов: «Сыала-соруга, туһата суох олорботохпун эбит дии саныыбын, олорбут олохпун астынабын. Оскуолаҕа октябренок, пионер, комсомол этим диэн киэн туттабын. Биһиги көлүөнэ Сахабыт сирэ, улууспут сайдалларын туһугар дьиҥ-чахчы кыһаллан-мүһэллэн үлэлээбит-хамнаабыт дьоммут” – диэн билигин киэн тутта кэпсиир.

Константин СТРУЧКОВ.

Дьокуускай, 2020 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *