Худогизов (Кудаисов) Афанасий Дмитриевич туһунан

ӨЙДҮҮБҮТ, КИЭН ТУТТАБЫТ

Биһиги аҕабыт Худогизов Афанасий Дмитриевич мин сэттэ саастаахпар, оскуолаҕа киирэ иликпинэ, сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан сылтаан 1963 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр, 51 саастааҕар кэргэнин, түөрт оҕотун хаалларан бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта.

Биһиги, кини оҕолоро, аҕабыт ахтыыларын истибэккэ, кини ханна, хайдах сэриилэспитин билбэккэ улааппыппыт.

Аҕабыт илдьэ кэлбит түөрт араанньы буолбутун туһунан ыспыраапкаларыгар, наҕараадаларыгар уонна кэлин Оборона министерствотын Центральнай архива биэрбит матырыйаалларыгар олоҕуран ахтыы суруйан эрэбин.

Аҕабыт Кудаисов Афанасий Дмитриевич 1912 сыл олунньу 13 күнүгэр Горнай оройуон 1 Одуну нэһилиэгин Харыйалаах диэн сиригэр төрөөбүт. Чымаадай таҥаратын дьиэтин кинигэтигэр 1913 сыл сэтинньи 30 күнүгэр суруллубут.

Дьокуускай куоракка «Стахановец» диэн промартельга үлэлии сылдьан, 1941 сыл от ыйын 30 күнүгэр 29 саастааҕар Кыһыл Армия байыаһа буолан Аҕа дойдутун көмүскүү бастакы хомуурга хабыллан барбыта. Сэрии саҕаланыытыгар хомуллубут буойуннар сэрии саамай кытаанах эрэйин-муҥун көрсүбүттэрин, элбэх буойун сэрии хонуутугар охтубуттарын билэбит.

Аҕабыт 1941 күһүнүттэн Москва куорат анныттан сэриилэһэн саҕалаабыт. Ханнык чаастарга 1943 сыллаахха диэри сэриилэспитэ биллибэт, туох да кумааҕы докумуон суох.

Оборона министерствотын Центральнай архива запроска 1943 сылтан эрэ эппиэт биэрбит, ол иннинээҕи докумуоннар суох буолбут быһыылаахтар.

57-с нүөмэрдээх артиллерийскай полкаҕа сэриилэһэ сылдьан, 1943 сыл сэтинньи ый 22 күнүгэр Белоруссия сиригэр хараҕын анныгар араанньы буолан 2668-с нүөмэрдээх госпитальга эмтэммит.

Госпитальтан тахсан баран 508-с стрелковай полкаҕа пулемётчигынан сэриилэспит.

1944 сыл олунньу 24 күнүгэр Польша сиригэр атаакаҕа киирэн иһэн немецкэй пехотнай минаҕа эстэн, сэрии хонуутугар суорума суоллана сыспыт. Хаҥас атаҕын тилэҕэ, сотото суох хаан-билик буолан өлөөрү сытар буойуну табаарыһа, украинец киһитэ соһон таһаарбыт үһү.

3380-с уонна 3359-с нүөмэрдээх госпиталларга хаҥас сототун ортотунан быһыллан, уһуннук эмтэнэн атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри сыппыт.

СССР НКО 1942 сыллаах 336-с нүөмэрдээх бирикээһигэр олоҕуран байыаннай сулууспаҕа туһата суоҕунан ааҕыллар, 2 группалаах инбэлиит буолар.

Аҕабыт үс төгүрүк сыл сэриилэһэн, Москва куораты көмүскээн, ньиэмэс фашистарын Белоруссиянан Польша сиригэр диэри үүрсэн баран 1944 сыллаахха ыкса күһүн, бүтэһик борохуотунан дойдутугар Дьокуускайга мас баттыктаах, аҥаар атахтаах эргиллэн кэлбит.

Сэрии сылларыгар Саха сирин үрдүнэн сут-кураан, араас ыарыы бүрүүкээбитэ. Ол сылларга сутаан, ыарыыга хаптаран кэргэнэ уонна уол оҕото өлөөхтөөбүттэр. Онон аҕабыт сэрииттэн кэлэн баран аҕыс сыл курдук сулумах сылдьыбыт. Онтон биһиги ийэбитин Андреева Прасковья Степановнаны 1953 сыллааха кэргэн ылар. Аҕабыт ийэбититтэн 20 сыл аҕа этэ.

Ийэбит Прасковья Степановна Андреева.

Аҕабыт Аҕа дойдутун көмүскээн 1941 сыл атырдьах ыйыттан 1944 сыл атырдьах ыйыгар диэри – үс төгүрүк сыл хорсуннук, сатабыллаахтык сэриилэспитин, тыынын харыстаабакка хаанын тохпутун иһин «Слава» уордьанынан, «За Отвагу», «За победу над Германией» мэтээллэринэн, «Отечественная война» уордьанынан наҕараадаламмыта.

«За Отвагу» мэтээлин 1944 сыл олунньу 18 күнүгэр бирикээс тахсыбыт да, илиитигэр туттарбатах эбиттэр. Ону быраатым ЦАМО булан ирдэһэн ылбыта. Онно наградной илиискэ туох иһин наҕараадаланарын суруйар эбиттэр. Ону аахтахха: “7. Наводчика ручного пулемёта красноармейца Кутаисова Афанасия Дмитриевича, участника Отечественной войны с 1941 года, в бою за Родину имеет ранения. 31.10.43 года в бою за совхоз в районе деревни Ивановщина лично сам из пулемёта уничтожил 10 солдат и офицеров противника и отразил две контратаки. 1912 года рождения, б/п, якут. В КраснуюАрмию призван Якутским ГВК домашний адрес (—)” диэн суруллубут.

Бу аҥаардас биир күн кыргыһыыга. Аҕам төгүрүк үс сыл сэриилэспитигэр бука элбэх өстөөҕү сууһарбыта буолуо дии саныыбын.

Ийэбит кэлин кэпсиир этэ: аҕаҕыт сэриигэ бэйэтин атаҕастаппат, охсуһан наар кыайыылаах тахсар үһү диэн. Биирдэ оборонаҕа бэйэлэригэр уонна пушкаларыгар окуопа хаста сырыттахтарына, икки саастаах нуучча саллааттар ытаһа олорор үһүлэр. Онно аҕабын ыҥыран аҕалбыттар, ыйыталаспыттара атын саллааттар кэлэн күрдьэхтэрин былдьаан илдьэ барбыттар. Аҕам “кимнээҕий, миэхэ көрдөрүҥ” диэн дьонун батыһыннаран баран, күрдьэхтэрин төттөрү ылан биэрбит. Анарааҥылар өрөлөспүттэрин иккиэннэрин кырбаталаабыт. Инньэ гынан окуопаларын хастан тыыннаах хаалбыттар, анараа дьон лаппаакыта суох кыайан хастыбакка, саспакка онно өлөөхтөөбүт үһүлэр. “Арааһа ол аньыытыгар атаҕа суох буоллум”, – диир үһү, ийэбэр.

Аны сэрии кэмигэр писарьдар аҕам араспаанньатын эҥин араастык суруйар эбиттэр: Кудаисов, Кутаисов, Кудоизов, Худаисов диэбиттэр. Дьокуускайдааҕы киин архив 1949 сыллаахха хаттаан биэрбит миитэрэпкэтигэр мин аҕабар, эбэбэр, эһэбэр Худогизов диэн араспаанньа иҥэриллэ сылдьар, онон сылыктаатахха төрүкү Чымаадай таҥаратын дьиэтин кинигэтигэр бу араспаанньа киирэ сылдьар да буолуон сөп.

Аҕабыт бэйэтигэр мас атах оҥостон сылбырҕатык сылдьара, бэйэтин лаппа кыанар этэ. Дьокуускай куоракка Сайсарыга Лесной уулуссаҕа (билигин А.И.Софронов уулуссата) дьиэ туттан олорбуппут. Тиэргэммитигэр муус уурар омуһахтаах ампаардаах, хотонноох, от-мас кыстыыр сарайдаах этибит. Аҕабыт кэтэх көлүнэр биэлээх этэ, кулунчуга ойоҕолуу батыһа сылдьар буолара. Сайын тэлиэгэҕэ буочуканан дьоҥҥо иһэр уу таһара, кыһынын коробтаах сыарҕанан өрүстэн кыдьымах муус тиэйэрэ. Кэлин Якутстрой тэрилтэҕэ Даркылаахтан тутуу маһын тиэйэрэ, онно анаан уһун тэлиэгэлээх этэ. Кыһынын сыарҕатыгар эбии оҕо сыарҕалаах буолара. Билигин оннук тэлиэгэ да, сыарҕа да көстүбэт.

Аҕабыт өлөрүн чугаһыгар ыам ыйыгар үс уолун олордон, тэлиэгэлээх атынан городской баанньыкка сууна барбыппыт. Онно өйдөөн көрбүтүм иһэ, көхсө, атаҕа туох да бүттэтэ суох миинэ тоҕута көппүт суоллара этэ. Баанньыкка сууна сылдьар нуучча дьоно аҕабын убаастаан, көтөҕөн, киллэрэн-таһааран, уубутун уларытан көмөлөспүттэрэ. Батя да батя дииллэрин өйдүүбүн.

Аҕабыт 1963 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр, баара-суоҕа 51 сааһыгар төбөтүгэр тымыр быстан, хаан туран өлбүтэ. Биллэн турар, Аҕа дойду сэриитигэр ылбыт контузията, элбэх араанньыта, аас-туор мүччүргүннээх сырыылара, биһигини иитээри бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ доруобуйатын айгыраттахтара, олоҕун кылгаттахтара.

Аҕабыт бэркэ уһанара, дьиэтин-уотун бэйэтэ туттубута. Бэйэтэ оҥорбут түөстээх ыскааба билигин да баар, этажерката наһаа кыраһыабай этэ, дьон ымсыырара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ Кудайыыһаптартан үс киһи, ийэм өттүттэн Андреевтартан икки убайдара кыттыбыттара. Аҕам бииргэ төрөөбүт бырааттара Кудаисов Константин Дмитриевич, Кудаисов Сергей Дмитриевич уоттаах сэрииттэн төннөн кэлэн кэргэннэнэн-оҕолонон, үлэ бөҕөнү үлэлээн улаханнык кырдьыбакка сылдьан бу орто дойдуттан бараахтаабыттара. Таайдарбыт Андреев Кирилл Степанович, Андреев Григорий Степанович Горнай улууһун Маҕаны нэһилиэгин олохтоохторо, эмиэ 1941 сыллаахха бииргэ Арҕаа фроҥҥа барбыттара. Кинилэр уоттаах сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ.

Билигин интернет үйэтигэр “Мемориал” диэн Аҕа дойду сэриитигэр баран өлбүт уонна сураҕа суох сүппүт саллааттар сайтарыгар Андреев Кирилл Степанович, 1911 сыллаахха Саха АССР Горнай оройуонугар төрөөбүт, 222-с стрелковай дивизия красноармееһа, 1942 сыл олунньу ый 10 күнүгэр Смоленскай уобалас Износовскай оройуон Буканово дэриэбинэ аттыгар өлбүтэ диэн суруллубут. Онтон Андреев Григорий Степанович туһунан туох да сурах суох.

Ийэлээх аҕабыт төрөтөн хаалларбыт оҕолоро:

— Эдьиийим Неустроева Октябрина Афанасьевна 1953 сыллаахха төрөөбүт, алта оҕо ийэтэ, элбэх сиэннээх, хос сиэннэрдээх;

— Быраатым Худогизов Кирилл Афанасьевич 1958 сыллаахха төрөөбүт, түөрт оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх.

Эдьиийдээх быраатым аҕыйах сыллааҕыта олохтон туораабыттара.

Мин Худогизов Афанасий Афанасьевич Хаҥалас Нөмүгүтүгэр олоробун. 1955 сыллаахха төрөөбүтүм, үс уоллаахпын, элбэх сиэннэрдээхпин.

Оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит фронтовик эһээлэрин туһунан биллиннэр, киэн тутта аҕынныннар диэн ахтыы суруйдум. Сыл аайы Кыайыы күнүгэр «Бессмертный полк» диэҥҥэ кыттыыны ылабыт. Оҕолор эһээлэрин туһунан хаһыакка суруйаллара, оскуолаҕа кэпсииллэрэ. Билигин сиэннэр хос эһээлэрин туһунан киэн тутта кэпсииллэр.

Аҕа дойду сэриитигэр, кыайыыга биһиги аймах Кудайыыһаптар, Андреевтар кылааппыт улахан. Биһиги аҕабыт Худогизов Афанасий Дмитриевич, таайдарбыт, убайдарбыт олохторун да кэрэйбэккэ сэрии хонуутугар хааннарын тохпуттара. Маннык дьонунан биһиги бары киэн туттуохтаахпыт, өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт. Кинилэр ааттара-суоллара умнуллуо суохтаах.

Суруйда уола Афанасий Афанасьевич ХУДОГИЗОВ.

Хаҥалас, Нөмүгү.

2025 сыл кулун тутар ый.

Худогизов (Кудаисов) Афанасий Дмитриевич туһунан: 2 комментария

  1. Сергей

    Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Мэҥэ Хаҥалас Хорообутугар Октябрина Афанасьевналаах тастарыгар олорон билэр этибит. Наһаа үчүгэй көрсүө чүөчэ этэ Октябрина Афанасиевна

  2. Аноним

    Мин Кудаисова Акулина Константиновна Афанасий бииргэ төрөөбүт Константин сиэнэбин. эһээбит туһунан хасыһан була сатыыбын. Афанасий туһунан бу интернетка ааҕан хата наһаа элбэҕи биллим. Мантан тугу билибиппин оҕолорбор, сиэннэрбэр, аймахтарбар көрдөрүөм

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *