Алексеев Степан Григорьевич – Күөдэпчи туһунан

ИККИ ХОРСУНУН ИҺИН МЭТЭЭЛЛЭЭХ

(Кыайыы 75 сылыгар)

Г.Н.Саввинов, К.Н.Саввинова, М.Т.Алексеев-Дапсы 2012 сыллаахха хомуйан, суруйан таһаартарбыт “Боотулуулар” кинигэ иккис чааһыгар 47 сирэйгэ икки “Хорсунун иһин” мэтээллээх уола-хаан Берлиҥҥэ сылдьан мас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн олорон түспүт хаартыската уонна К.Н.Саввинова кылгас бэлиэтээһинэ баар.

Бу сирэй аллараа өттүгэр Г.Н.Саввинов, хомойуох иһин мантан ордук сибидьиэнньэ көстүбэтэ диэн бэлиэтээбит. Мин ону ситэрэр курдук тугу билэрбин уонна билбиппин мантан аллараа суруйуом.

Алексеев Степан Григорьевич.

Быйыл сайын ыраах Саккырыыртан аймаҕым, учуутал Анна Николаевна Егорова бассаап ситимигэр Степан Григорьевич Алексеев наҕараадаламмыт бирикээстэрин булан ыыппыта. Киниэхэ көтөрдөөхтөр кийииппит, саҥаспыт Анна Прокопьевна Алексеева кыыһа ыыппыт. Мин бирикээстэри хайдах суруллубуттарынан нууччалыы биэрэбин: “ПРИКАЗ по 294 миномётному полку 1 Белорусского фронта от 10 июля 1944 г. N15/4 действующая армия от имени Президиума Верховного Совета СССР награждаю: Медалью “За Отвагу”.

  1. Номер миномёта 5 батареи 2-го дивизиона красноармейца Алексеева Степана Григорьевича в боях за освобождение Белоруссии, показавшего образцы мужества, в тяжёлых условиях артиллерийского налёта противника. Он бесперебойно доставлял боеприпасы к орудию. 3 июля 1944 г. огневые позиции подверглись сильному артиллерийскому налёту. Вся одежда тов. Алексеева была пробита осколками снарядов, но он не прекратил работу, продолжая за 150 метров подносить мины. 1921 г. рождения, член ВЛКСМ с 1943 г. Национальность якут, на фронте Отечественной войны с 1943 по 20 января 1944 г. 2-й Украинский фронт, с 20.07.1944 г. 2-й Белорусский фронт. Призван Вилюйским РВК ЯАССР в 1942 г.”.

Бу бирикээскэ Степан Григорьевич Алексеев бастакынан сылдьар.

Иккис бирикээс: “ПРИКАЗ по 294 миномётному Брестского ордена Красной Звезды и Ордена Александра Невского полка 1 Белорусского фронта. 8 мая 1945 г. 044/н действующая армия от имени Президиума Верховного Совета Союза ССР награждаю: медалью “За отвагу”.

  1. Номера миномета 5-й батареи 2-го дивизиона красноармейца Алексеева Степана Григорьевича, в боях на подступа пригор. района Берлин (Мальков), когда противник открыл сильный арт-миномётный огонь, от разорвавшего вражеского снаряда загорелись боеприпасы. Рискуя жизнью тов. Алексеев первым бросился на спасение боеприпасов, воодушевляя личным примером остальных товарищей. Через некоторое время огонь был затушен, а боеприпасы были спасены. 1921 г. рождения, якут, член ВЛКСМ, в РККА с 1942 года, призван Вилюйским РВК”.

Бу бирикээскэ С.Г.Алексеев иккис киһинэн суруллубут.

Бирикээстэр кэлин өттүлэрэ суох, онон туох чыыннаах киһи илии баттаабыта, хас киһи наҕараадаламмыта биллибэт. Сэрэйдэххэ, полкаларын хамандыыра буолуо. Бу бирикээстэртэн көрдөххө, Ыстапаан чахчы да хорсун быһыылары оҥортообута көстөр. Икки миэтэрэ – биир саһаан үрдүктээх, курбуу курдук уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах, түргэн туттуулаах саха саллаата хамандыырын хараҕар хатаннаҕа, ол иһин бу бирикээстэргэ бастакынан киирдэҕэ.

Степан-Күөдэпчи 1921 с. Көтөрдөөх Хотутугар Оччугуй Лахаайыга Таркаайы Өлөксөйүн уолугар Григорий Чолохо (1884 с.т.) уонна Анастасия (1886 с.т.) дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ Кэтириинэ (1923-1984 сс.) ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Кэнтиктэн Тоногосов Афанасий 1-Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕөр Булгунньахтаахха сылгы иитийэхтээн олорон, Кэтириинэни ойох ылан Кэнтиккэ сүгүннэрэн киирбит. Кинилэр биэс оҕоломмуттар: Ольга, Катя, Толя, Афанасий, Александр. Араспаанньалара Алексеевтар. Иккис бииргэ төрөөбүт балта Анастасия диэн. Кини Оноҕоччут огдообо киһитигэр Николай Алексеевка (Моротуок) кэргэн тахсан кыыстаах уол оҕоломмуттар. Кэргэннэниэн иннинэ биир кыыстааҕа.

Ийэлээх аҕалара Анастасия уонна Чолохо Киргиэлэй арахсыбыттарын кэннэ, Степан аймахтарын кэрийэн улааппыта. Абаҕатыгар Батымах Ыстапааҥҥа, эдьиийигэр Христинаҕа — Тырбайаҕа, о.д.а. аймахтарыгар кэлэ-бара сылдьыбыта.

Берлиҥҥэ сулууспалыы сылдьан эдьиийдэригэр хаста да таҥас-сап, баһыылка ыыппыт эбит. Немец дьахтарын кытары билсэн ойохтоно сылдьыбыт, оҕоломмуттар. Ойоҕун уонна оҕотун кытары түспүт хаартыскаларын эдьиийигэр Христина Алексеевна Корякинаҕа — Тырбайаҕа ыыппыттааҕа.

1946 с. аармыйаттан кэлбитэ. Боотулууга эдьиийигэр Христинаҕа тохтообута. Онно Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан көрбүтүн туһунан Саха АССР, РСФСР үтүөлээх учууутала, СР норуодунай учуутала Василий Софронович Долгунов маннык кэпсээбитэ: “Эдьиийин Христинаны кытары сэргэстэһэ хааман иһэллэрэ, иккиэн улаханнара, бөдөҥнөрө-садаҥнара сөхтөрбүтэ. Степан түөһэ барыта килэгир мэтээл этэ. Оннук элбэх түөһүгэр мэтээллээх, уордьаннаах дьону Боотулууга көрбөтөҕүм”, – диэн.

Көтөрдөөххө абаҕатыгар Кыталыктаахха Батымах Ыстапааҥҥа тахсан истэҕинэ Иван Иванович Долгунов эмиэ көрсүбүттээх. Онно Ыстапаан: “Сотору төннөбүн, Үөһээ Бүлүүгэ киирэн байыаннай учуот остуолугар үлэлиэх буолан кэпсэттим”, – диэбит. Сотору Үөһээ Бүлүүтүгэр төннүбүт. Онно киирэн Мааппа Аввакумованы кытары билсэн холбоспута. Степан Григорьевич нолуогабай агенынан үлэлии сылдьан, агдатынан курдары бааһырыылааҕа аһыллан 1949 сыллаахха өлбүтэ. Кэргэнэ Мааппа иккистээн эмиэ Көтөрдөөх киһитигэр, сэрии кыттыылааҕа Федот Егорович Афанасьевка кэргэн тахсан кыыстаах уол оҕоломмуттара.

Хорсун саха саллаата Степан Григорьевич Алексеев кырыыстаах сэрии содулуттан кылгас үйэлэммитэ. Германияҕа хаалбыт оҕото улаатан, киһи буолан Степан удьуорун салҕаабыта буолуо диэн уоскутунабыт.

Аймаҕа Егор СЕМЁНОВ — Тыаһыт,

общественнай кэрэспэдьиэн.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, №33. 2020 сыл сэтинньи 6 күнэ, бээтинсэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *