Боссуой Уйбаан – бу кини хос аата буолар. 1917 сыллаахха улуу Ленин ыраахтааҕы былааһын суулларан Сэбиэскэй былааһы олохтообута.
Улуу Россияҕа Романовтар династиялара 300 сыл боростуой норуоту баттаан олорбута. Ханнык баҕарар былаас баһылаан-көһүлээн баран эстэр сокуоннааҕын олохпут историята көрдөрөр.
Ол курдук бу кэпсиэхтээх киһим Еремеев Иван Афанасьевич 1895 с. ахсынньы 15 күнүгэр Маалыкайтан биир көстөөх сиргэ Кыраһа Маара диэн сиргэ төрөөбүтэ. 90 сааһыгар үктэнэн баран 1985 с. тохсунньу 29 күнүгэр Дьокуускай куоракка оһолго түбэһэн өлбүтэ.
1910 с. 15 саастааҕар Маалыкайга оскуолаҕа киирбит. Оскуолаҕа Степан Васильевы, Михаил Мегежекскэйи, Григорий Абрамовы, Шадрины кытта үөрэммит. Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына аҕата өлөн оскуолаттан уурайбыт. Онтон 1920 с. ийэтэ өлөр. Үс бырааттыы эбиттэр. Үс аҥыы арахсан ыалга үлэлээн айахтарын ииттибиттэр. 1922 с. II Малдьаҕарга оскуолаҕа завхоһунан үлэлии киирбит. Ол сырыттаҕына Ньурбаҕа ыҥыран ылан, бандьыыттар өрө турдулар диэн байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэр.

Еремеев И.А. бэйэтин ахтыыта:
“Командирдарбыт Наумов Василий Иванович, Таюрскай Дмитрий Михайлович этилэр. Миронов Н.К. ыҥырыы таһаарбыта: “Сэбиэскэй былааһы бары холбоон саа-саадах тутан көмүскүөҕүҥ!” – диэн.
II Малдьаҕар советын председателэ: “Бу подотчёттаах киһи”, – диэн миигин көрдөһөн дойдубар төттөрү таһаарбыта. Кинини кытта Самуил Стрижевскэй диэн киһи учууталлыы тахсыспыта. Ол үлэлии сырыттахпытына, иккиэммитин бандьыыттар тутан ылан оскуола биир хоһугар хаайан кэбиспиттэрэ.
Хаалла сытан Самуил Стрижевскэйгэ: “Иккиэн күрүөх, өлөрөн кэбиһиэхтэрэ”, – дии сатаабытым, буолбатаҕа. “Биһиги туох да буруйбут суох, тоҕо өлөрүөхтэрэй? Сотору босхолуохтара”, – диэбитэ. Мин илдьэн истэхтэринэ хойуу мастаах сир кэлбитигэр “тахсан киирэбин” диэн баран маһынан хаххалан куотан хаалбытым. Ыраах ыалга саһан сырыттахпына “Самуил Стрижевскэйи Чуукаар таһыгар өлөрбүттэр” диэн ыалым аҕалара кэпсээбитэ. Ол сайын кыһыллар борокуотунан кэлэн бандьыыттары кыайбыттара.
Бодойбоҕо үлэһит тиийбэт диэн хас да сыл мас кэрдиитигэр үлэлээн баран 1925 с. төннөн кэлэн советка секретарынан үлэлии сылдьан, делегатынан талыллан 1927 с. райисполком мунньаҕар сылдьыбытым.
1927 сыл тохсунньуттан кылгас бириэмэҕэ, балтараа сыл курдук Кукаакы нэһилиэгин советыгар бэрэссэдээтэлинэн сылдьыбытым, онтон 1929 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр оройуон Советын ситэриилээх комитетыгар инструкторынан ылыллыбытым. Дойдубун ахтарым бэрт буолан көрдөһөн 1930 с. Маалыкай сельпотун дьаһалтатыгар бэриллибитим. Маалыкай сельпотун Эҥээрдэктээҕи маҕаһыынын продавеһынан анаммытым. Итинтэн ыла эргиэн систематыгар, пенсияҕа тахсыахпар диэри 1956 сылга диэри эҥкилэ суох үлэлээбитим”.
Билигин улахан кыыһа Еремеева А.И. ахтыытын ааҕабыт:
“Ийэм Махатырова (Еремеева) Александра Васильевна 1915 с. тохсунньу 19 күнүгэр Маайга төрөөбүтэ. Аҕалаах ийэм 1929 с. холбоһон 49 сыл бииргэ олорон 12 оҕону төрөппүттэриттэн үс оҕо кыра эрдэхтэринэ өлөн, тоҕус буолан иитиллибиппит. Аҕабыт булчут, хоһуун, сатабыллаах-кыайыылаах үлэһит этэ, икки кылаас үөрэхтээх киһи быһыытынан үрдүк култууралаах, чиэһинэй, сымнаҕас этэ. Онон биһиги сэрии саҕана быр-бааччы олорбуппут. Бары аҕыс оҕо үрдүк үөрэхтээх, орто анал үөрэхтэри бүтэрэн идэбитинэн үлэлээбиппит”.
Бу Боссуой Уйбаан дьоллоох олоҕун тоҕо суруйдуҥ диир буоллахха, маннык.
Улуу Октябрь революцията быйыл 2017 сыл 100 сылын туолбутунан, бу Уйбаан эдэр сылдьан “батталлаах олоҕунан олорор сатаммат, кыра-хара норуот уонна хас биирдии киһи тэҥ бырааптаах, көҥүллүк олоруохтаах” диэн санааттан революционер-большевик дьону кытта куодарыспытын иһин Большевик – Боссуой Уйбаан диэн норуот ааттаабыт аата буолар. Холобур, бандьыыттарга тутуллан баран күрээбэтэҕэ буоллар С.Стрижевскэйи кытта бандьыыттар кыыллыы кырбаан өлөрүө этилэр. Билигин Боссуой Уйбаан сиэннэрэ уонна хос-хос сиэннэрэ хас эмэ сүүһүнэн буолуохтара уонна күн сырдыга баарын тухары кини олоҕо кинилэринэн салҕанан бара туруо.
Сэбиэскэй былаас үрдүкү салалтата боростуой норуот көҥүллүк, дьоллоохтук олорорун туһугар үлэлиирэ. Ол курдук хас биирдии киһи үлэлээх буоларын ирдиирэ уонна үлэнэн хааччыйара. Ону барытын бу кэпсээбит киһим – сэбиэскэй бириэмэҕэ олорон ааспыт Боссуой Уйбаан олоҕо туоһулуур.
Николай ТИХОНОВ.
Ньурба, Маалыкай.
2017 сыл.
