Алексеев Аркадий Михайлович туһунан

Аркадий Михайлович Алексеев – СР народнай артыыһа, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС физическэй култуураҕа туйгуна, Саха  комсомолун премиятын лауреата, Дьокуускай куорат, Мэҥэ-Хаҥалас, Кэбээйи улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Россия Журналистарын союһун чилиэнэ.

Дэгиттэр талааннаах улахан спортсмен

Хайыһарынан сүүрүүгэ, чэпчэки атлетикаҕа, ыарахан атлетикаҕа, сахалыы ыстаныыларга, көҥүл тустууга, мас тардыһыытыгар, буулдьанан ытыыга, велосипед спордугар Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун чемпиона. Саха АССР копьены быраҕыыга – уон биир, чэпчэки атлетика пятиборьетыгар – тоҕус, 400 м  сырсыыга– үс, 200 м – икки, дискэни быраҕыыга үс төгүллээх, ядрону анньыыга биирдэ барыта холбоон  29 төгүллээх  чемпиона. Чэпчэки атлетика пятиборьетыгар  Дальнай Восток икки төгүллээх, Сибиир уонна Дальнай Восток тыатын сирин  ыччаттарга спартакиадатын сэттэ төгүллээх уонна Москва куорат 1961 сыллаах чемпиона. Чэпчэки атлетика пятиборьетыгар РСФСР норуоттарын спартакиадатыгар бэһис  миэстэлээх чаҕылхай спортсмен.

Аркадий Михайлович спортка тус ситиһиилэрэ киэҥник биллэллэр, ол туґунан элбэхтик суруллубута, сырдатыллыбыта ону хатыылыы барбаппын. Ол эрээри үгүстэн иккини эрэ кини кыттыылаах республика тустууга уонна чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиилэригэр буолбут икки атыыр айдааннаах, мөккүөрдээх, ыһыылаах-хаһыылаах түгэннэри 80 сааһын туолбут үбүлүөйдээх ыстатыйаҕа  ахтан-санаан ааһарбыт наадалаах дии саныыбын. Дьокуускайга 1957 с ыытыллыбыт ыччаттар уонна студеннар бастакы фестивалларыгар, киһинэн тобус-толору туолбут «Спартак» стадиоҥҥа (үксэ сахалар) 18 саастаах Аркадий Алексеев пятиборьеҕа уонна үҥүүнү быраҕыыга кыахтаахтык бастаан баран 200 м сырсыыга  барыллааһын уонна финал аҥаарыгар сырсыыларга эрэллээхтик кыайан финалга соҕотох саха тахсар. Быһааран эттэххэ ол саҕана кылгас дистанцияларга убайдарбыт (нууччалар) аҥардастыы айбардыы сылдьар кэмнэрэ. Аркадий стартовай бэстилиэт тыаһын кытта тэбис тэҥҥэ түһүнэн кэбиһэр, тас дорожкаҕа түбэспит буолан инникилээн истэҕинэ, судьуйалар урутаан түһүүнү бэлиэтээн (кимэ биллибэт) көрөннөр сырсыыны тохтотон кэбиһэллэр. Иккистээн сырсыыга Аркадий дьоннорун биэтэккэ түөрт метрэ курдук хаалларан эрэллээхтик бастыыр. Финалга тахсыбыт соҕотох саха бастаан үс саха өрөгөйө буолар, толору стадион бүүс-бүтүннүү туран эрэ эҕэрдэлиир. Арай уонча мүнүүтэ ааһыыта Аркадий Алексеевы радионан судьуйалар ыҥыраллар уонна эн урут түстүн (фальстарт) онон кыайыыҥ ааҕыллыбат дииллэр. Дьэ, доҕоор ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбаттар дуо, мөккүөр бөҕө буолар, уордаах соҕус көрөөччүлэр стадиоҥҥа сүүрэн киирэллэр, олору милиция үлэһиттэрэ бөҕө мустан тохтотоллор. Айдаан араллаана, мөккүөр мөҥүрүөнэ дьэ манна буолар. Судьуйалар чаас аҥаара буолан баран көрөөччүлэр айдааннарыттан эбитэ дуу, мэҥэлэр туруорсуулара кытаанаҕыттан эбитэ дуу финал аҥаарын уонна финалы иккистээн ыытарга быһаараллар (дьиҥэр убайдарбыт  бэйэбит киэнэ дии сылдьыбыт кылгас дистанцияларыгар соҕотох сахаҕа сирэй хотороннор дьүһүлэнэ сырыттахтара дии). Дьэ ол хос икки сырсыыга Аркадий Михайлович убайдарбытын кыра да дьиэк биэрбэт гына кыахтаахтык кыайталаан, кылгас дистанцияҕа сахаттан бастакы чемпион аатын биир күҥҥэ 200 м биэс төгүл сырсан (историяҕа суох) ылан турардаах!

Иккис түгэн, 1959 с. 20 саастаах чэпчэки атлетика пятиборьетынан дьарыктанар Аркадий Алексеев Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун хамаандатыгар 87,5 киилэҕэ зачет биэрээри икки нэдиэлэ курдук көҥүл тустуунан дьарыктанан республика төрдүс чемпионатыгар кыттар. Тобус-толору көрөөччүлэринэн туолбут нуучча театрыгар, түөрт хапсыһыыга Аркадий Михайлович утарсааччыларын үөс-батааскы биэрбэккэ кум-хам суулаталаан баран, бэһис үрдүк күүрээннээх, хабыр хапсыһыыга көрөөччүлэр өй-мэйдээх тулуйбат хаһыыларын-ыһыыларын ортотугар хаҥаластар аатырбыт-сураҕырбыт модун күүстээх Илья Кондратьевтарын икки лаппаакытынан хам баттаан ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии улахан сенсация оҥорор. Арбитр Алексеев илиитин кыайыылаах быһыытынан өрө көтөҕөр, ол эрэн судьуйалар сүбэлэһэн баран хапсыһыыны салҕыырга быһаараллар уонна Алексеевы раздевалкаттан хат ыҥыран аҕалаллар. Салгыы тустууга эдэр, уоппута суох бөҕөс аатырбыт тустуукка хотторор.  Тустууну таптааччылар Илья Кондратьев аатын бэркэ диэн билэллэр – кини ыарахан аҥардаах ыйааһыҥҥа республика хас да төгүллээх, хапсаҕайга республика абсолютнай чемпиона, кинини ылбычча, буолаары буолан республика иһигэр «ыраастык» уурар олус уустук, кыаллыбат даҕаны диэххэ сөп. Кэлин хапсыһыыларыгар Аркадий Алексеев хотон турар.

Ити чемпионат кэнниттэн эдэр киһини бэлиэтии көрөн, Москваттан кэлэ сылдьар «улахан» тренер И. В. Морозов, Н. Н. Тарскай бэйэтинэн, кэлин Д. П. Коркин көҥүл тустуунан  дьарыктанарыгар бэйэлэрин баҕа санааларын этэ сылдьыбыттара. Ол эрээри Аркадий Михайлович «окко түспүт оҥоһуута, сиргэ түспүт сэрэбиэйэ» атын эбитэ буолуо «спорт королеватынан» аатырбыт чэпчэки атлетиканан спортивнай карьератын түмүктүөр диэри бэриниилээхтик дьарыктаммыта. Билиҥҥи курдук оҕо спортивнай оскуолатыгар үөрэммэтэх, анал идэлээх тренерэ суох, бэйэтин бэйэтэ дьарыктаан техника өттүнэн олус уустук спорт көрүҥэр чэпчэки атлетика уһуну ыстаныылаах, копье, диск быраҕыылаах, 200 уонна 1500 м сүүрүүлээх пятиборьетыгар саха киһитэ санаммат үрдүк үрдэллэрин дабайан РСФСР норуоттарын спартакиадатыгар бэһис миэстэ, Уһук Илин уонна Москва куорат чемпиона буолуталаабыта.

1964 с копьену быраҕыыга 62 м 80 см олохтообут рекорда күн бүгүҥҥэ диэри силигилээн көрбөккө турар. Аркадий Алексеев өссө оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хайыһарга 10 км дистанцияҕа уонна эстафетанан сүүрүүгэ Саха АССР үөрэнээччилэрин кыһыҥҥы спартакиадаларын икки төгүллээх кыайыылааҕа, 1956 с улахан дьон кыһыҥҥы спартакиадаларыгар Чочур-Мыраантан хайыһарынан скоростной түһүү курдук  спорт көрүҥэр иккис призер буолбуттааҕын ахсааннаах киһи билэрэ буолуо. Ол ситиһиилэри ол саҕанааҕы саһарбыт Ленин, Сталин мөссүөннээх грамоталар итэҕэтиилээхтик бигэргэтэллэр.

Бүгүн үгүс киһи умна быһыытыйбыта буолуо  дэгиттэр талааннаах Аркадий Михайлович республикаҕа бастакы спортивнай комментатор буоларын. Кини хатыламмат куолаһын, дикциятын туһунан этэ да барыллыбат, саастаах дьон өйдүүр буолуохтаахтар эмиэ тобус-толору «Спартак» стадиоҥҥа Россия көҥүл тустууга өрөгөйдөөх 1964 с чемпионатын сахалыы-нууччалыы тылынан, киэҥ холку куолаһынан, дьоҥҥо тиийэрдик, илдьиритэн-ырытан сырдаппытын.

Ити курдук А.М. Алексеев ханнык баҕарар эйгэҕэ ылсыан эрэ кэрэх мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар айылҕаттан айдарыылаах саха саарына.

Саха спордун таһымнаах салайааччыта

Аркадий Михайлович Алексеев Саха сиринээҕи «Урожай»  обществоны 1980 – 1987 сыллардаахха үрдүк таһымнаахтык салайан бу обществоны чыпчаал сайдыыга тиэрпит киһи буолар.   Ол саҕана кини ырыаһыт уонна спортсмен быһыытынан  төһө да норуот дириҥ убаастабылын, киэҥ билиниитин ылан, ыччат кумира  буолан аатыра  сырыттар, үлэһиттэрин кытта хаһан баҕарар сэһэргэһии быһыытынан тэҥнээх коллегатын курдук кэпсэтэр үгэстээҕэ, хаһан да мөҕө-этэ, үөрэтэ, дьарыйа, сүр баттыы сылдьыбат  киһи кэрэмэһэ этэ диэн итини спорт эйгэтигэр 40-чэ сыл  ол иһигэр Аркадий Михайлович тус салалтатынан сэттэ сыл үлэлээбит киһи быһыытынан этэбин. Дьоҥҥо  бэйэтин санаатын, толкуйун сааһылаан, оруннаан ылыннарыылаахтык быһаарара. Тыа сиригэр спорт сайдыытыгар көрсүллэр проблемалары уһатан-кэҥэтэн  араас инстанциялары кэрийтэрбэккэ,  сүбэлээн-амалаан, миэстэтигэр туһааннаах специалистары ыҥыран тутатына иҥэн-тоҥон быһаарара.

Онно тыа сириттэн төрүттээх буолан уонна бэйэтэ улахан спортсмен быһыытынан «Урожай» чиэһин үгүс сыл  дьоһуннаахтык көмүскээн спортка тыа сиригэр баар проблемалары төрдүттэн  дириҥник хорутан билэрэ төһүү буолара. Сыыһалары, итэҕэстэри көнөтүнэн лоп-бааччы этэн быһаарара. Үлэни тупсарыыга үгүс саҥа көрүүлэрдээҕэ, эдэр көлүөнэни бэйэтэ баай уоппуттаах спортсмен уонна тренер быґыытынан элбэххэ үөрэтэрэ, такайара, кэмигэр киһиэхэ хайаан да үчүгэй өрүтүн бэлиэтээн ааһара. Аркадий Михайлович курдук норуот киэҥ билиниитин ылбыт киһи салалтатынан үлэлиирбит сүргэбитин  көтөҕөрө, санаабытын кынаттыыра.

Сталин аатынан ГЦОЛИФК выпускнигын быһыытынан физкультура уонна спорт теориятын дириҥник билиитэ уонна спордунан дьарыгырыытын тыа сириттэн саҕалаабыта кини тыа сирин спортивнай обществотын ситиһиилээхтик  салайыытыгар улахан төһүү буолбута саарбаҕа суох.

Аркадий Михайлович обществоны салайар сылларыгар үлэ дьиссиплиинэтэ биллэрдик тупсубута, спортсменнар режими кэһиилэрин утары иитэр үлэ сытыытык турбута.  Күрэхтэһиилэр кэннилэриттэн араас төрүөттээх  уонна  оннуга да  суох ыытыллар банкеттар тосту тохтотуллубуттара, физкультура үлэһиттэрэ тустаах эбээһинэстэригэр эппиэтинэстэрэ үрдээбитэ. Спорт национальнай көрүҥнэрэ, гиирэ спорда, оҕунан ытыы, чэпчэки атлетика курдук көрүҥнэр муҥутуурдук сайдыбыттара, элбэх саҥа рекортар олохтоммуттара. Тыа оройуоннарыгар спортивнай базалары тутуу киэҥ далааһыннаммыта, бастакы арочнай спортзаллар тутуулара саҕаламмыта. Покровскайга, Бүлүүгэ саҥа стадионнар тутуллубуттара, Нам, Майа стадионнара саҥардыллыбыттара. Аммаҕа саҥа стадионнаах, ититиллэр 6х80м усталаах сүүрэр мас манежтаах, тустуу саалалаах, 15 миэстэлээх гостиницалаах «Олимп» диэн сайыҥҥы спортивнай лааҕырдаах ол кэмҥэ ураты оҥоһуулаах «Эрэл» спорткомплекс тутуутун үбүлээһинин быһаарыыга Аркадий Михайлович үтүөтэ улахан.

А. М. Алексеев салалтатынан 1981 с. – ахсыс, 1983 с. – тохсус Майаҕа, 1985 с Бүлүүгэ  ыытыллыбыт онус Манчаары спартакиадалара, 1984 с. Намҥа тыа сирин Иккис спортивнай оонньуулара Саха сирин тыатыгар маассабай спорт чыпчаал сайдыытын,  спортсменнарын маастарыстыбалара биллэрдик үрдээбитин, спорт улахан бырааһынньыктарын үрдүк тэрээһиннээхтик, чопчу былааннаахтык  эҥкилэ суох ыытыы үгэскэ кубулуйбутун чаҕылхайдык көрдөрбүтэ.

Кини салайар сылларыгар ДСО «Урожай» Саха сиринээҕи уобаластааҕы сэбиэтэ биэс төгүл РСФСР көһө сылдьар Кыһыл Знамятын ылар чиэскэ тиксибитэ, ДСО «Урожай» Киин сэбиэтин элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Аркадий Михайлович бэйэтэ бэлиэтииринэн итинник үрдүк сыанабыл тыа сирин партийнай уонна сэбиэскэй органнарын, совхоз директордарын, тэрилтэ салайааччыларын, элбэх ахсааннаах спорт энтузиастарын, общественнай тренердэр уонна судьуйалар күүрээннээх үлэлэрин түмүгэр ситиһиллибитэ. Аркадий Михайловиһы кытта ити кэмҥэ тыа сиригэр физкультура уонна спорт чэчирии сайдарын туһугар утумнаахтык сыралаһан үлэлээбиттэрэ аппарат үлэһиттэрэ Ю. П. Баишев, П. П. Готовцев, А. А. Попов, Д. П. Попова, А. М. Заболоцкай, К. М. Сидоров, А. А. Соловьева, тренердэр В. П. Уваров, Н.Н. Рожин, К. Н. Бурцев, П. Д. Неустроев, В.А. Михайлов П. М. Стасов, И. Н. Федосеев, Г. А. Быдыгыев, П. П. Харитонов, И.Т. Васильев ДСО «Урожай» оройуоннааҕы сэбиэтин председателлэринэн Мэҥэҕэ А. К. Захаров, Чурапчыга В. Н. Оконешников, Тааттаҕа Э. И. Огонеров, Сунтаарга С. К. Попов, Орто Халымаҕа Г. П. Санников, Намҥа А. Н. Алексеев, Аммаҕа  М. В. Алексеев, Бүлүүгэ М. Г. Куличкина уо. д. а.

Ырыа алыптаах дорҕоонугар уйдаран

Саха ырыатын сүрэххэ тиийэр, дууһаны аймыыр ураты кэрэ тыыннаабыт, эриэккэс эҥээркэй куолаһынан байыппыт норуот тапталлаах ырыа айаачыта уонна ырыаһыта Аркадий Михайлович 80 саааһын томточчу туолар кэрэ-бэлиэ күнүн иннинэ ырыа туһунан санааларын, толкуйдарын ааҕааччылары кытта үлллэстэр:

«Ырыа диэн диэн муҥура суох, дириҥ өйдөбүл, 60-тан тахса дьон ыллыы сылдьар ырыаларын суруйан дьоллоох киһи курдук сананабын. Киһи санаатын, иэйиитин таайар дьонунан поэттар буолаллар, баҕарбыт барыта поэт буолбат  буолуохтаах эрээри билигин бары хоһоон суруйаллар уонна ол хоһоонноругар бэйэлэрэ ырыа айаллар, итинниккэ мин хайдах эрэ сөбүлэспэт курдукпун. Поэзия диэн бэйэтэ туспа хайысха буоллаҕа дии, тыл үөрэхтээхтэрэ, тыл кэрэтин булан киһи дууһатын аймыыр гына суруйаллара, айылҕаттан улахан айдарыы буолар. Онон холобура музыка икки, хоһоон икки төһө да дьүөрэлэспиттэрин иһин, поэзия атын хайысха, мелодия ону тупсаран биэрэр диэн санаалаахпын.

Мин сахам дьонун ортотугар олорон, айан-тутан биир улахан таба тайаныым бу биһиги сахалар уһулуччулаах поэттарбыт Леонид Попов, Петр Тобуруокап, Семен Данилов, Иван Гоголев-Кындыл хоһоонноругар холонон ырыалары айбытым саамай сөптөөх эбит диибин. Бу дьон мин табаарыстарым да, чугас сылдьыһар доҕотторум да буолбатахтар, миигиттэн быдан аҕа, улаханнык ытыктанар дьон өрө туппут сүдү дьоноро этэ, мин кинилэр хоһоонноругар ырыаларбын бэйэлэригэр иһитиннэрэн, сөбүлэһиннэрэр, сүбэлэтэр идэлээх этим. Ол курдук Петр Тобуруокапка 16 ырыалаахпын, кини бэйэтэ этэринэн саамай элбэх ырыалаах эн буолаҕын диэн турар, Христофор Максимов кини хоһоонноругар  7 ырыалаах .

Тыл көннөртөөһүнэ диэн баар, холобура «Маҥан мастар» диэн ырыабын суруйан баран автор Тобуруокапка дьиэтигэр тиийэн  ыллаан иһитиннэрдим, бу хоһоонугар балерина хатыҥнар диэн этииттэн иҥнэммин, бу балерина диэн омук тыла буолуохтаах ону сахалыы үҥкүүһүт хатыҥнар диэтэххэ хайдах буолуо этэй диэн. Киһим туох да олус соһуйан омунугар өттүгүн охсуммута, олус да сөптөөх тылы булбуккун, мин поэт ааттаах киһи хайдах булбатахпыный диэбитэ,  кэлин «Кыым» хаһыакка улахан ыстатыйатыгар Аркадий Алексеев миигин бу таптал туһунан элбэх хоһоону айбыт поэты «Маҥан мастар» хоһооммор олус диэн сөп түбэһэр тылы булан көннөрөн турар диэн хайҕаабыт этэ. Онон дьэ поэзияҕа сэрэхтээх. хоһоон автора атыннык толкуйдуур мелодистар атыннык толкуйдуохпутун сөп ону автору кытта сүбэлэһэн быһаарыахха сөп курдук. Холобура «Хайа хаһан кэлэҕин» диэн бэрткэ ылламмыт ырыалаахпын, ити ырыаны Роман Атласов диэн 1958 с  оскуоланы бүтэрэн баран Томтор оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит киһим өлүөн биир ый иннинэ1959 суруйбут эбит. Ону кэлин Москваҕа институту бүтэрэн баран кини кыыһыттан Томторго үһүс кылааска үөрэппит оҕобуттан, билигин ыал ийэтэ Аидаттан истэн баран бу хоһоону  ырытан көрөн өйдөбүлүм уларыйан ырыа айарга сананан, бу хоһооҥҥо үһүс киһинэн ырыа суруйбутум. Ол курдук бу хоһооҥҥо мин иннибинэ ырыа суруйбут Александр Чахов диэн Таатта киһитин уонна Христофор Максимовы кытта кэпсэтэн, бу хоһооҥҥо бэйэм өйдөбүлбүнэн ырыа суруйаары гынабын диэн көҥүл көрдөөбүтүм. Дьонум хас биирдии киһи бэйэтин көрүүтүнэн суруйар буоллаҕа ырыа хайдах биир киһиэххэ бааллан туруой  холонон көр диэбиттэрэ.  Инньэ гынан бу ырыаны төһө эмэ эрдэ ылламмытын үрдүнэн 1969 с кэриэстэбил быһыытынан Роман Атласовы санаан туран  суруйан турабын.

  • Ырыаны хас биирдии киһи бэйэтин көрүүтүнэн суруйар, мин буоллаҕына хайдах диэххэ сөбүй, ырыаны киһи аҥардас кулгааҕынан эрэ истэр диэн буолбатах, слух диэн баар. Оҕо эрдэхпинэ Майаҕа гастроллуу тахса сылдьар Анастасия Лыткинаҕа, Анна Егороваҕа доҕуһуоллуур профессиональнай баянистар, холобура Большев диэн киһи баара, баяҥҥа оонньуурбун истэн баран абсолютнай слухтаах эбиккин диэн тураллар. Ол аата мин музыканы кулгаахпынан эрэ буолбакка эппинэн-хааммынан, сүрэхпинэн-быарбынан эмиэ истэбин диэхпин баҕарабын, аҥардас кулгаахха туох барыта киириэн сөп буолан баран ол дууһаҕар иҥэн хаалыыта атын. Баҕар ол иһин буолуо дьон саамай элбэхтик ылланар мелодискын диэччилэр.

Саха ырыатыгар саҥа тэтими киллэрбитэ

Москваҕа үөрэммит дьоллоохпун, ол саҕана саха сиригэр эстрада диэн өйдөбүл кэрэ илик кэмэ этэ, Москваҕа Горькай аатынан паркаҕа омук ырыаһыттара, японкаларга тиийэ ыллыылларын элбэхтик истибитим, атын да паркаларга  социалистическай дойдулар ырыаһыттара чехтэр, поляктар уо.да а ыллаан ааһаллара. Олору элбэхтик истэн баран саха ырыаларыгар үҥкүү тэтимнэрии киллэрбит киһи диэн  санаалаах дойдубар 1963 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн  кэлээт, ырыаларбар саҥа тэтими киллэрэн киирэн барабын, ол саҕана Саха сиригэр эстраднай ырыа диэн өйдөбүл кимиэхэ да суох этэ. Биллэрин курдук саха эстрадатыгар эстрада  диэн 1972 с «Чорооннортон» саҕаламмыта. Мин табыллыыбар үөрэхпин бүтэрэн кэлэрбэр быраатым университеткэ БГФ үөрэнэрэ, факультетынан  фестивальга кыттаары бэлэмнэ сырыттахтарына баянистара ыалдьан хаалбыт, көмөлөс диэн көрдөспүтүгэр ылынан фестиваль саҕаланара биэс эрэ хонук хаалбытын кэннэ, баҕам бэрт буолуо ылсыбытынан барбытым. Ол оҕолору кытта дьылҕа-хаан оҥоһуута буоллаҕа буолуо аҕыс сыл устата биир-биэс харчыта суох түүннэри-күннэри репетицияларга үлэлэһэн  саҥа ырыаларбын ол кэмнэргэ айбытым. Онно түгэн курдук Чурапчыттан сылдьар Николай Попов диэн студент уол бэйэтэ кистээн хоһоон айар идэлээх эбит этэ, кистээн миэхэ хоһооннорун көрдөрөн, маннык хоһооннор барсыахтара дуо диэн сүбэлэһэн , бастакы боруобалааһыммыт быһыытынан кини хоһоонноругар «Күһүҥҥү серенада», «Сааскы вальс», «Студент доҕорбор», «Суолга», «Сэбирдэхтэр», «Доҕорбор», «Ыйдаах түүн» диэн ырыалар 1964-65 с.с суруллубуттара. Саха ырыатыгар утатан кэлэн  эбитэ дуу, ол саҕана биһиги оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар ырыабыт да аҕыйах эбит, «Колхоз кыыһа Долгунча», «Биригэдьиир Марыына», «Герой Попов туһунан ырыа», «Көтөллөр ол көмүс дорҕооттор», «Өндөрүүскэ тиэтэйбэт» диэбит курдук  ырыалар бааллара. Дьэ ол иһин мин ырыаларбар вальс, танго үҥкүүлэр тэтимнэрин уларытан танцевальнай ритми киллэрэн ону студеннарым тута иилэ-хабан ыллаан киэҥ эйгэҕэ таһааран миигин ырыаһыт мелодист оҥорон таһаарбыттара. Киһи обществота суох хайдах да сатаан чочуллубат, онон сахам дьонугар махталым улахан.

Саҥаны киллэрии утарыыта суох буолбат

Дьэ ити курдук 1963 с үөрэхпин бүтэрэн кэлэн баран айар үлэ үөһүгэр түһэн ырыаларым, били студеннарым көмөлөрүнэн киэҥник тарҕана, ыллана  сылдьаллар. Сөбүлээбэт да дьон бааллар, били урут үксүн фольклорунан олорбут дьон буоллахтара. Олор ортолоругар улахан аптарытыаттаах  «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай» ырыаны суруйбут Дмитрий Михайлов, биэс сүүсчэкэ ырыаны суруйбут Денис Данилов, «Былааһы сэбиэккэ» суруйбут Таатта киһитэ Федот Аргунов, «Саныыбын төрөөбүт алааспын» суруйбут Трофим Семенов уо.да атын улахан аптарытыаттаах дьон,  наһаа популярнай буолбуппун сөбүлээбэккэ дуу, хайдах дуу 1967с  Аржаков уулуссаҕа баар «Дом народного творчества» диэн дьиэҕэ ыҥыраллар, мин ырыаларбын истээри гыннахтара дуу диэн сыыһа өйдөөммүн баяммын кыбынан, студент уолаттарбыттан турар квартеттаах  тиийбитим олох да мин ырыабар наадыйбат,  авторскай бырааппын былдьыыр туһунан мунньахтыы олороллор эбит. Миигин кытаанахтык сэмэлээтилэр, саха фольклоругар улахан кутталлаах , омуктуу ырыалары суруйар киһи кэллэ диэтилэр. Чэ, мин кырдьык билинэбин, европейскай варианнар, тэтимнэр баар буолуохтаахтар диэн санаалаах этим эрээри критикаҕа бэлэмэ суох буолан олорон биэрбитим, утарсыы диэн суоҕа, саҥардыбатылар даҕаны. Игнатий Слепцов диэн Таатта киһитэ алдьархайдык кириитикэлээтэ, уопсайа 18 киһи баара.

Түмүккэ мин «Тойбохой» диэн бастакы ырыабар авторскай бырааппын быстылар уонна маннык киһини мелодистар союзтарыттан таһаарарга диэн бары биир киһи курдук куоластаатылар. Мунньаҕы сойуус директора Николай Дьяконов диэн киһи салайан ыыппыта. Кэлин санаатахха мөккүспэтэҕим да үчүгэй эбит, бары туран баран хааллылар, уураах таҕыста, хаһыакка таһаардылар, Аркадий Алексеев диэн киһи авторскай бырааба быһылынна диэн буолла. Дьиэбэр кэргэммэр кэпсээбитим, чэ буоллун долгуйума, күн дьыл көрдөрүө диэн буолла.

Кырдьык бу кириитикэлээбит дьонтон үксүлэрэ бырастыы гын, сыыһа гыммыппыт диэн илии тутуһан хаһыакка кытта суруйан тураллар. Мин ол кириитикэни олус туһалааҕынан ааҕабын, тоҕо диэтэххэ, ол саҕана хайҕал олус элбэх этэ, чахчы да ыччат өрө тутар киһитэ этим, онон эдэр киһи баҕар «сулус ыарыытынан» ыалдьан хаалыахпын сөбө. Ол сылдьан аны сахатыта сатаан, кылыһахтаан эҥин 1969 с «Аан дойду ыччатын сүрэҕин», «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрин» суруйабын.

Мин эстраднай авторбын, фольклорга мөккүһэр  кыах суох, билээччилэр элбэхтэр,  ол гынан баран эстрада диэн искусство маассабай формата буоларын быһыытынан, билигин туох барыта аһыыр астыын, таҥнар таҥастыын,наукалыын, техникалыын дохсуннук сайдар, уларыйар кэмигэр эстрада эмиэ бэйэтин суолун бэйэтэ солонон,  кэм көрдөбүлүнэн  сайдарын сөптөөҕүнэн ааҕабын, ол эрээри  саха ырыата бэйэбит курдук умса-бырах, тиэрэ-бырах саха дьүһүнүн курдук, бэйэбит курдук буолуохтаах дии саныыбын.

Саха ырыатын Россия, аан дойду таһымыгар таһаарбыта

Иван Гоголев тылларыгар «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыабынан композитордар Бүтүн Союзтааҕы конкурстварын кыайыылааҕа буолан, лауреат быһыытынан маршал Баграмянтан анал удостоверениелаах уордьан курдук бэлиэ ылан турабын. Советскай Союз эстээри турдаҕына 1988 с пионердар гимнэрин айыыга эмиэ Бүтүн Союзтааҕы конкурска Алексей Михайлов тылларыгар «Песня о Гайдаре» диэн ырыанан кыттан, кыайыылаах аатын ылан турабын. Ону  Союзпут эстэн  ырыабыт наадата суох курдук буолан хаалбыта. Ол ырыам уонна «Тойбохой»  Уһук Илин туһунан документальнай-хроникальный киинэҕэ фон буолан тураллар. Саамай биллибит ырыам 1972 с. Семен Данилов тылларыгар суруйбут «Саха үҥкүүтэ»ырыа,  Леонид Дербенев нууччалыы бөрөбүөттээһининэн «Якутяночка» суруллубута бу өйдөөтөххө быйыл 45 сыл буолбут эбит.

Бу ыһыах аһыллыытын туһунан, сүрдээх дириҥ философиялаах саамай уһуннук суруйбут ырыам, хата хайдах эрдэ ырыа айбатахтара буолла. Хоһоон кытыытыгар арай ЕС ананар диэн икки буукуба баар, кэлин билбитим Семен Данилов саха бастакы балерината Евдокия Степановаҕа анаабыт эбит.  Бастаан хос ырыатын матыыбын булбутум, хоһооҥҥо атыттар ырыаны хайдах суруйалларын билбэтим, мин  бу олус бэрт хоһооҥҥо, хайдах тэтимнээх буолуохтааҕын өтө көрөммүн суруйбутум. Маҥнайгы истээччим  табаарыһым Виталий Андросов бастаан истэн баран эн кыаххар наһаа оннук үчүгэй буолбатах эбит диэбитэ эрээри, кэлин мин алҕаһаабыт эбиппин олус табыллыбыт ырыа эбит диэбитэ.

Ырыабын өссө чочуйан кылыһах киллэрэн баран биир тылтан иҥнэммин күһүөрү Сэргэлээххэ мин дачабыттан чугас  олорор Семен Даниловка тиийбитим. Киһим сылабаарга хаппыт бэс туорааҕын  саппыкынан күөттээн оттон чэй оргута олорор эбит. Эн «Саха үҥкүүтэ» хоһооҥҥор ырыа суруйдум, биир тылтан иҥнэммин бу кэллим. Эн «Алаас тыала аҥыс гынна» диэбиккин, ырыа тэтимигэр түбэһиннэрэн «ил гынна» диэн уларытыахпын сөп дуо диэн сүбэлэһэн көҥүл ылаары диэн баран баяммын илдьэ сылдьабын ыллаан иһитиннэрдим. Киһим бэрт ырыаны суруйбуккун, ити икки тыл суолталара биир, туох да киһи туруулаһара суох, ил диэтэххэ да туох буолуой диэн сөбүлэстэ. Билигин ити ырыаны Америка оҕолоро английскайдыы ыллыыллар, ол гынан баран мин аатым этиллибэт. Саастаах соҕус японкалар нууччалыы эмиэ да сахалыы ыллыыллар, ол баҕар «Туймаадалар» Японияҕа сылдьан иһитиннэрбиттэриттэн буолуо. Ааспыт сылга Москваҕа үс нуучча кыыһа ити ырыаны гитаранан ыллыылларын интернеткэ көрдөр да көрдөр буолбуттара. Быйыл аны соһуччу «Ардах» диэн ырыабар «Человек танцующий под дождем» диэн клип оҥорбуттар, онно биир киһи чалбаҕы тэбиэлии сылдьар, дохсун ардах түһэ турар, этиҥ этэрэ иһиллэр, сахалыы текстээх, исполнитель Константин Иванов диэннээх, эдэригэр сылдьан ыллаабыт, көрөргө олус үчүгэй. Ол киһи Уус-Алдан Майаҕаһыгар олорор, культура үлэһитэ, быйыл Лоомтукаҕа көрсөн турабыт.

Онон бу «Ардах» диэн ырыам тарҕанаары гынна дуу дии саныыбын. Уонна урукку өртүгэр «Айаҥҥа» ылласпыт Валерий Попов уонна Николай Тулааһынап «Хайа хаһан кэлэҕин» диэн ырыабын Россия радиотыгар эмиэ японкалар английскайдыы ыллыылларын истибит этилэр. Мин аатын онно ааттаммыта дуу суоҕа дуу билбэтим, кинилэр радиоларын хойут холбонон истибэтэхтэр этэ. Билигин «Таммахтар» диэн ырыам нууччалыы Алексей Михайлов переводунан тарҕаныан сөп курдук дуу диэн көрөбүн.

Ити барыта үчүгэйинэн үчүгэй гынан баран авторскай быраап диэн баар буолуохтаах этэ. Холобура ити «Якутяночканы» ааспыт «Азия оҕолоро» оонньууларга бочуоттаах ыалдьытынан кэлбит уол, урут Саха сиригэр үлэлээбит дуу, үөрэммит дуу киһи матыыбын кыратык уларыппыта буолан баран Леонид Дербенев автор диэн оҥорбут, хаһыакка элбэх ыстатыйа таҕыста, мөлүйүөнүнэн сууммалаах гонорар ылаллар диэн. Миигин кытта дуогабар түһэрсибэтэхтэрэ, мин Уһук Илиҥҥэ авторскай быраапка учуокка турабын, онно ити ырыам учуокка турар, онон эккирэтиһэр киһи дакаастыа этэ. Ити туһунан  «Якутск вечерний» хаһыакка  икки ыстатыйа тахсыбыта Аркадий Алексеев ырыатын переделывайдаан, автор Леонид Дербенев диэбиттэр диэн. Ол Дербенев өлбүтэ хас да сыл буолла, кэргэнэ мантан хаһыаттар ыйытыыларыгар мин билбэппин, мээнэ ыйыппакка эрэ ыллыы сылдьаллар  диэбит. Дьэ,ити курдук

Саха сирин кэрэтин киинэҕэ бастакынан устубута

Олус кэрэ айылҕалаах сиргэ төрөөбүтүм тардан быһыылаах,  сайылыкка атах сыгынньах сылдьан улааппыппын олоҕум саамай кэрэ кэминэн ааҕабын. Наһаа үчүгэйдик саныыбын, сайын аайы  кыра таҥас, туруусук, маайка дуомаах  күөллэргэ, дүөдэлэргэ, маардарга көҥүл сөтүөлээн, олор ууларын иһэн уонна саамай сүрүнэ үчүгэй дьоҥҥо төрөөн-үөскээн,  үчүгэй эйгэҕэ оҕо, эмньик сааһым ааспытынан дьылҕабар махтанабын.

Ийэлээх-аҕам үөрэҕэ суох дьон  бултка-алтка бэйэлэрэ туспа көрүүлээх айылҕа оҕолоро буолан, кинилэр такайыыларынан от үлэтигэр хотууру хайдах тутары, сытыылыыры, таптайары, ходуһаҕа хадьымал төһө үрдүктээх буолуохтааҕын отой кыра эрдэхпиттэн билэрим.  Тоҕус сааспар эһэм хотууру,  аҕам сааны туттарбытттара, тыал хайдах үрдэҕинэ ардах кэлэрин, былыт хайдах хамсыырын, былыттаах күн хайысханы хайдах быһаарары, уонна да атын айылҕа сокуоннарын кыра эрдэхпиттэн билэн улааппытым.

Дьэ ол иһин спорт тэрийээччитинэн үлэлии сылдьан айдааннаах 90 –с сыллардаахха айар үлэм хаалаары гынна НВК саха систематыгар киирэн бастакы эстраднай бөлөҕү тэрийэн,  быыһыгар ардайтатан телекамера көмөтүнэн айылҕаны устубут киһи диэн кистэлэҥ  санаалааҕым. Ити сылларга Раиса Захарова курдук үчүгэй ырыаһыт хорга эрэ ыллыыра, Екатерина, Алексей Егоровтар, Аскалон Павлов, пародист эдэркээн Александр Бурнашев үлэтэ суох сылдьаллара.

Республика телевидениеҕэ уонна радиоҕа комитетын президиэнэ комсомолга бииргэ алтыспыт Протодьяконов Семен Афанасьевиһы тылбар киллэрэммин, үөрэммит идэбин быраҕан туран санаабын олоххо киллэрбитим, үөһээ ааттаммыт талааннаах ырыаһыттарга үлэ тобулбутум.

1992 с. «Хаатылыма үтүө дойду»  диэн, эһэм-эбэм, ийэм-аҕам ытыктыыр бэйэм бултаабыт-алтаабыт дойдубун киинэҕэ устан бу дьарыкпын саҕалаабытым. Билигин уопсайа 18 киинэ авторабын. Ханты-Мансийскай куоракка 2002 с. норуоттар икки ардыларынааҕы конкурска  Анатолий Спиридонов режиссердаах, Семен Васильев оператордаах кыттаммыт «За лучший проект» диэн саамай улахан номинация кыайыылааҕа буолан турабыт. Онтон санаам кынаттанан, любитель буоларым быһыытынан хантан да өйөөһүнэ суох, 18 үксэ киһи атаҕа үктэммэтэх сирдэригэр-дойдуларыгар сылдьан ити киинэлэрбин уһуллум. Бу сыанан аҕаабат, үгүс кутталлардаах, күүтүллүбэтэх моһоллордоох, киһи эрэнэрэ эрэ бэйэтигэр уонна аргыстарыгар сырыыларга сахам дьоно ырыаһыт, спортсмен быһыытынан билэр киһилэрэ буоламмын, ким эрэ транспорынан, ким эрэ самолекка билет, ким эрэ бензин, лодка булан биэрэн сырыттым, онон дьоммор сэргэбэр махталым улахан.

Хоту Анаабырынан туундаранаа Лаптевтар муораларыгар тиийбитим, соҕуруу  Лена үөһээ өртүн диэки бара сатаабытым эрээри кыайтарбата онон Чуонаны Иркутскай уобалаһыттан таҥнары устан киирбитим, аатырар абааһылаах Лабыҥкыр күөлүгэр сахаттан  соҕотох уста сылдьыбыт киһибин,  Үөһээ Дьааҥыга Ньэлгэһэ үрэҕэ диэҥҥэ бара сылдьыбытым, алдьархайдаах дойду этэ, сүүрүгэ дохсуна, уута тымныыта киһи дууһата ыгыллар, дьон бөҕө өлбүт хайа үрэҕэ. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут 35 км усталаах аатырбыт Ньидьили күөлүн илэ харахпынан көрөн дьоҥҥо-сэргэҕэ кини сүдүтүн тиэрдэ сатаабытым, итинник Саха сирин бииртэн биир хатыламмат кэрэ көстүүлээх сирдэрин дойдуларын туһунан  киинэлэрдээхпин, дьон этэринэн маннык хайысхаҕа үлэни бастакы саҕалааччыбын.

Саха сирин кэрэтэ мин кыахпын таһынан кэрэ. Мээнэ сэдэх кыылы-сүөлү кыдыйыынан дьарыктамматах киһибин, онтон кус-куобах диэҥҥэ киһи сааланыан сөп, элбэх буоллахтара, онтон  тайаҕы, эһэни бултааһын диэн көрөн туран сүүс миэтирэ иһигэр киирбиттэри көрдөҕүн аайы өлөрүөххэ сөп, мин ону сорунуулаахтык утарабын, дьоммор сааны көтөхтөрбөт да этим, киинэ устан сылдьан буолунай араас элбэх кыыллары көрдүм да биирдэ да ыппатаҕым, кэрэлэрэ да бэрт, онон түөрт туйахтаахтары бултааһыҥҥа  бобуулар-хаайыылар олус наадалар.

Киинэлэрбэр Саха сирин кэрэтин көрдөрөн туризм сайыннар диэн санаалаахпын, тоҕо диэтэххэ дойдубут үксэ сир баайдааҕынан, бакаа тыытыллыбатах айылҕаны устан ыччаттарбытыгар дьөлүтэ хаһыллан кураанах үөдэн-таһаа буолбут сири хаалларбатах киһи диэн. Айылҕа киһи доруобуйатын харыстыыр,  туох барыта айылҕа ырааһыттан тутулуктаах. Салайааччыларбыт, тустаах министерстволар айылҕаны харыстааһыҥҥа харчыны харыстаабакка ити киинэлэри туһанан туризмы сайыннаран, экономикаҕа харчы киллэриэ этилэр, дьон-сэргэ да кэлин өйдүө этэ.

Халымаҕа анды саҕана сылдьыталаабытым, кэлбит кус барыта ытыллан иһэр, саалаах эрэ барыта кыдыйар, куораттан баай дьон вертолетунан, олохтоохтор ыраах күөллэргэ тракторынан тиийэллэр тыһыынчанан кус кыдыллар, онон кус да аҕыйыан сөп курдук эбит дии санаабытым. Аан дойду сайдыылаах дойдуларыгар Америкаҕа, Японияҕа, Европа дойдуларыгар  сылдьыталаатым да Саха сирин курдук киэҥник, дэлэгэйдик олорор дойду суох диибин. Онон дьэ Саха сирин дьоно дьоллоох дьон буолуохтара диэн кэпсии сылдьабын, кэскиллээх өртүн көрөр буоллахха хаһан эрэ бу кэрэ сиргэ олорорбут туһалыаҕа, Айылҕа сокуонунан кыыл-сүөл кэмигэр элбиир-аҕыйыыр, күн-дьыл кураанныыр-угуттуур, онон балык ыамнаах, киһи күннээх диэн санаалаахпын.

80 саастан анааран көрдөххө

Мин публичнай киһибин. Спортка күрэхтэһиилэр дьон бары көрөн олордоҕуна бараллар, ырыам-тойугум эмиэ дьон-сэргэ истиитигэр-көрүүтүгэр  ылланар, онон дьон ортотугар сылдьан чочуллан, бэйэм кыахпынан кылааппын киллэрэ сатаатым, аҕыйахта кыайтардым, элбэхтэ кыайдым. Билигин Эстрада театрын иһинэн студиялаахпын, онно уонтан тахса оҕону  эрчийэ сылдьабын.

80 саас улахан саас, ону билинэбин, бэйэни билиммэт диэн табыллыбат, эргиллэн көрөрдөөхпүн, инникини олоотоон көрөрүм арыыйда уларыйда, ол гынан баран олохпун сөпкө өйдөөн олорон, кэргэннэнэн, оҕолонон, дьон тэҥэ этэҥҥэбин, икки уоллаахпын, кэргэмминээн олоҕу сөбүлүүбүт, биэс сиэннээхпит, олорбут күн-ый буолан үөрдэллэр.

Саха киһитэ дьон ортотугар сылдьыан наада, дьоҥҥо буоллаҕа дии өркөн өй, үтүө санаа үтүмэнэ. Ырыаны саҥа саҕалааччылар дьон сүбэлэрин-амаларын  профессионал буоллун, профессионала суох буоллун истиэхтэрин наада. Киһи санаата үчүгэй эмп курдук, холобура мин ол 1967 сыллаах сытыы кириитикэ иһин кимиэхэ да өһүрбэтэҕим, онтукам хата туһалаабыта буолуо дии саныыбын. Онтон сылтаан уһулуччулаах поэттар дириҥ философиялаах хастыы да томнаах  айымньыларын сиһилии дириҥник хорутан ырытан, бэйэм өйбүнэн-санаабынан кинилэр айымньыларыгар кыттыһан ырыа суруйан сөпкө гыммыт эбиппин дии саныыбын.

Билигин мин үөрэтэр оҕолорум мин туйахпын хатарыахтара диэн буолбат,  бары артыыс буолбаттара буолуо эрээри билигин эстрада театрыгар аҥаардарыттан ордуга мин үөрэппит оҕолорум. Аскалон Павлов, Лэгэнтэй, Сахаайа, Александр Бурнашев, Анастасия Готовцева, Ника мин таһыммыттан тахсан бэйэлэрэ туспа суоллаах-иистээх күүстээх ырыаһыттар. Мин кинилэргэ мүччүргэннээх кэмнэргэ, Советскай Союз эстэрин саҕана үлэ буламмын, өйбүн-санаабын холбооммун, билигин доҕотторум, сүбэһиттэрим-амаһыттарым буолаллар. Алексей, Екатерина Егоровтары олус сөбүлүүбүн, Алексей Васильевич биһиги айар Союзпут салайааччыта буолар, Степан Васильев диэн  эмиэ бэйэтэ туспа көрүүлээх-истиилээх киһи айар союзпут сэкэрэтээрэ. Бу дьон сөптөөх хайысхаҕа антологиянан дьарыктанан, саха мелодистарын историятыгар хас да кинигэни таһаардылар. Ити үлэҕэ биир улахан үтүөлээх, улахан сыратын биэрбит киһинэн Виталий Андросов буолар. Онон дьэ сыл-хонук, күн дьыл баран иһэр.

Мин биир өйдөбүлгэ тохтоон ааһыахпын баҕарабын. Сорох дьон  үйэлээх ырыаны айабыт  дииллэр, үйэлээх ырыалар автордара диэн араас концертнай программалары суруйаллар, ону мин сыыһа диибин. Үйэ диэн сүүс сыл, мин толкуйдуурбунан  итинник ырыаны суруйар кыаллыбат курдук, холобура мин 80 сыл олордоҕум дии, ол онно бэйэм кэмим дьоно кэмигэр миигин өрө туттахтара, билигин саҥа 21 үйэҕэ отой атын, саҥа хайысхалаах дьон ыллыыллар. Бу дьонуҥ ырыалара  биһиэннэриттэн тэтимнэрэ атын, истииллэрэ, көрүүлэрэ-истиилэрэ эмиэ атын. Бу дьон бэйэлэрин үйэлэригэр биллэр-көстөр дьон буолуохтаахтар, онон мин ырыаларбын сөбүлүүр дьон миигин үйэлээх ырыаны суруйбута диэтэхтэринэ соччо ылынымаары олоробун. Билиҥҥи эдэр дьонуҥ көрүүлэрэ отой атын буоллаҕа, ону аахсыбат буолуохха  сатаммат ини.

Биир өртүттэн эттэххэ билигин дьон үйэтэ уһаабыт кэмигэр  80 саас диэн уһун саас буолбатах, сахалар билигин үөрэҕи баһылаан, медицинэ сайдан, үйэлэрэ уһаата, туох да бэртээхэй кэм кэлэн дьон-сэргэ уһуннук, дьоллоохтук олорор сыал-сорук туруорунан, өйүн-санаатын сааһыланан, аһыыр аһыгар тиийэ көрүнэн  дьон санаата уларыйан, атын хайысха киирэн турар. Ол быһыытынан мин да дьоммун-сэргэбин кытта биирдэ кэлбит олоххо үөрэ-көтө олоро сатаабыт киһи диэн санаалаахпын.

Кэнникинэн атын өйдөбүлгэ кэллим, ону кытта сөпсөһүөххүтүн да сөп,  сөпсөһүмүөххүтүн да сөп. Дьылҕаҕа наһаа бэринэн, дьылҕа бэйэтэ быһаарар диэн өйдөбүлтэн мин туоруохпун баҕарар буоллум. Тоҕо диэтэххэ киһи бэйэтин дьылҕатын бэйэтэ оҥостуон сөп эбит. Онон дьылҕаны кытта мөккүһэр санаа киирэр, ол аата сааланан-саадахтанан күн аайы олох иһин охсуһуу буолбатах, ол олох сокуоннарын тутуһан олоруу дии саныыбын. Холобура күннэтэ киһини өлүү уонна дьол кэтэһэр, бэл кыраттан да кэбирэхтик өлөн  хаалыахха сөп, улаханы да тулуйан тыыннаах хаалыахха сөп. Онон буоллаҕына олох сокуонун тутуһан, дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык, мээнэ аһары барбат курдук сыһыаннаһыахтааххын. Чэ, ол арыгы-табах диэн баарынан баар эрээри, киһи эмиэ арааһынай буоллаҕа, хайдах да барыларын биир халыыпка киллэрбэппит буолуо, онон хас биирдии киһи бэйэтэ-бэйэтин көрүнүөхтээх.

Мин санаабар уһун үйэлэниигэ оһуоба оҕолору иитии боппуруоһа турар, оҕолорун үчүгэй буоллахтарына үөрэ-көтө олороҕун. Мин бэйэм туох да холобур буолар кыаҕым суох, холобура чөл олоҕу тутуһабын диэн онон киэн туттубаппын, оннук буолуохтаах буоллаҕа, бэйэм олохпун бэйэм быһаарабын. Арыгыны отой иһимэҥ диэбэппин, букатын бобуу сөптөөх быһаарыы буолбата буолуо дии саныыбын. Араас юбилейдарга, сыбаайбаларга сылдьабын, урукку курдук итирик киһини көрбөппүн. Ол баҕар мин көлүөнэм дьонугар буолуо дии саныырым да бу кэлин, Ванс, Оҕочооноп Кеша диэн ырыаһыт эдэр дьон сыбаайбаларыгар сырыттым да, айдаарар муҥхааллыыр киһини көрбөтүм, барыта сөп-сөбүгэр, эдэр дьон культуралара тупсубут эбит.

Онтон доҕоор, урукку кэмнэргэ биһиги эдэр эрдэхпитинэ араас барыта буолар этэ. Онон дьэ үөһээттэн дьылҕа-хаан ыйыытынан эн бу сылга өлөҕүн диэни кытта сөбүлэһимээри олоробун. Ханна баҕарар, хаһан баҕарар сиэрдээхтик олоруохха, дьиэ-кэргэн оруола олус улахан, аһыыр аскын эмиэ көрүнүөххэ. Билигин медицина олус күүскэ сайынна, саха быраастара үрдүк таһымҥа таҕыстылар диэн кинилэргэ сүрдээхтик эрэнэбин, ити спортка эмиэ сыһыаннаах. Билигин барытын наука быһаарар үйэтэ.

Онон дьэ Сахам дьонун кэлэн иһэр саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин, сиэрдээхтик олорон кыраттан кыыһырсыбакка, дьиэҕитигэр-уоккутугар, дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр үтүө майгылаахтык сыһыаннаһан оҕолоргутун, ыччаттаргытын ииттэххитинэ Саха сирэ сайдыа дии саныыбын.

Түмүк оннугар

Аркадий Алексеев аата Саха сирин спордун уонна культуратын эйгэтигэр кимиэхэ да маарыннаабат ураты суоллаах-иистээх кэрдиис кэм – эпоха буолан күн бүгүҥҥэ диэри салҕанан бара турар. Кини үгүс өрүттээх айар үлэтэ саха норуотун духуобунай олоҕор дьоһуннаах миэстэтин бигэтик булла.

Аркадий Михайлович – улахан спортивнай  салайааччы, норуот билиниитин ылбыт улахан спортсменнары, ырыаһыттары утумнаахтык уґуйан таһаарбыт талааннаах Учуутал, талан ылбыт көрүҥэр хатыламмат ситиһиилэрдээх улахан буукубаттан суруллар Спортсмен, саха ырыатын сүрэххэ тиийэр, дууһаны аймыыр ураты кэрэ тыыннаабыт, эриэккэс эҥээркэй куолаһынан байыппыт норуот тапталлаах мелодиһа, ырыаһыта, кинооператор быһыытынан төрөөбүт кыраайын кэрэтин саҥалыы арыйан, Хотугу кыраайбыт кустук бары өҥүнэн күлүмүрдүүр көстүүлэрин, бараммат баайын-дуолун киинэҕэ уһулан, хатыламмат холку куолаһынан сааһылаан-саамылаан, өйгө-сүрэххэ сөҥөрдүү, эккэ-хааҥҥа иҥэрдии иччилээхтик кэпсээн норуотугар бэлэхтээбит саха аарымата.

Бу барыта биир киһи уһулуччу талаанынан, ураты ньыматынан «Аркадий Алексеевтыы» оҥоһуллубут айымньылар буолаллар диэтэххэ сөҕүмэр дьикти. Кини хас биирдии айымньыта ырыа, киинэ, спорт буоллун – улахан тапталтан, дириҥ санааттан, дууһа иэйиититтэн, төрөөбүт дойдунан, норуотунан муҥура суох киэҥ туттунууттан, уоскулаҥы билбэккэ, сылайбакка сыралаһан туран саҥаны көрдүүр, үксэ биллибэт, үгүс түбүктээх үлэ көстүүтэ буолаллар.

Түмүктээн эттэххэ Аркадий Михайлович Алексеев эр санаалаах саха норуотун дьиҥнээх патриота,  көһөҥө талаана, күндү кылаата. Айар, тэрийэр, салайар талаанынан, спортка ситиһиилэринэн, ырыаларынан, киинэлэринэн төрөөбүт норуотун эт-хаан өртүнэн чөл буолуутугар, духовнай уонна интеллектуальнай сайдыытыгар өлбөөдүйбэт өҥөлөөх – киэн туттар, инники күөҥҥэ иһэр ытык-мааны киһибит.

Иннокентий ПТИЦЫН,

Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.

2017 сыл, сэтинньи ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *