Салгыҥҥа көтө сылдьар
Санааларбын хомуйа тутан
Сааһылаан ыпсаран биэрэн
Сурукка тиспит киһи
Баҕар сорох түгэннэрэ
Сонун курдук буолуохтара
Сэһэн курдук буоллаҕына
Сэҥээриллэрэ эбитэ дуу?
Сиргэ олорон ааспыт
Суолум курдук буолан
Субулла туруо эбитэ дуу?
(с. 77, 78) «Санаа сырдык аһыллыыта»
03.03.2015
ССРС кинематографиятын туйгуна, Россия бочуоттаах кинематографиһа Николай Баттахов ахтыытыттан («Кыадаҥдаттан куорсуннанан, киинэттэн кынаттанан», 2017с Дьокуускай к.): «Виссарион Андреевич Томскай, училищеҕа эрэ үлэлээбэтэҕэ, республика киинэтин комитетын, управлениетын, Госкинохранилищеҕа үлэлээн киинэ систематыгар элбэх сыратын уурбут биир бастыҥ специалист буолар. Аны, дьону кытта тапсан, эйэ дэмнээхтик дьаһайсан үлэлээн кэлбит бэлиэтинэн элбэх медаллар, значоктар, араас наҕараадалар буолалларын ааҕан сиппэккин. Ол аата кинини дьон норуот сыаналаабыта буолар.
Виссарион Андреевич киһи быһыытынан аһары эйэҕэс, элэккэй майгылаах, ким баҕарар, ханнык баҕарар киһини кытта биир тылы булар, сайаҕас киһи. Сүрүн үлэтиттэн ураты дьиэтин үлэтэ, дэгиттэр ыраас туттуулаах киһи, ааһа баран ырыа, хоһоон суруйуутунан дьарыктанар ээ. Бииргэ үлэлээбит коллегаларын, доҕотторун, урууларын юбилейдарыгар хоһоон суруйар идэлээх, бу хоһоонноро барыта истиҥ ис хоһоонноохтор, кинигэ да буолан тахсыах курдук. Булка-аска сылдьыыга, хара дьиэ үлэтигэр бары өттүнэн сатабыллаах киһи буолар.»
«Санаа сырдык аһыллыыта»
Тылым миэнэ мөлтөх
Тыас эрэ таһаарар
Тугу этиэн билбэт
Туруга эмиэ мөлтөх
Боччумнааҕы булан эппэт
Боростуой тыла үгүс
Сааһылаан этэрэ аҕыйах
Сыыһата-халтыта элбэх…
Виссарион Томскай

Быйыл Саҥа Дьылы көрсөөрү Бүлүү куоратыгар олорор дьоммор: оҕолорбор,бииргэ төрөөбүт балтыбар Сардаана Петровна Томскаяҕа бара сылдьан, сонуҥҥа күтүөтүм Никита Томскай абаҕата Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, киинэ, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, старейшината, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Виссарион Андреевич Томскай 2017 сыллаахха Дьокуускай куоракка бэчээттэнэн тахсыбыт хоһооннорун чараас хахтаах кинигэтин арыйан көрө олордум. Биир сирэйи арыйа баттааппын кытары ааһар сыл устата мунньуллубут санаа-оноо түмүгүн соһуччу өһүлэр-сүөрэр кэриэтэ «Бырастыы гыныҥ миигин» диэн истиҥ, сылаас тылларынан саҕаланар хоһоон харахпар хатанна:
Бырастыы гыныҥ миигин,
Үрдүк күөх халлаантан,
Ыраас-чэбдик салгыны
Ылан эһиэхэ бэлэхтээбэтэхпэр.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Маҥан хаар анныттан,
Маҥнайгы сибэккини булан
Эһиэхэ бэлэх уумматахпар.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Саха баай тылыттан,
Биир мүөттээх тылы
Бүгүн булан эппэтэхпэр.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Эҕэрдэ этэрим оннугар,
Эһигини кууһан ыламмын
Арай сыллаан ыллахпына.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Мөҥөр, тэбэр сүрэҕим
Кыра даҕаны сылааһыттан
Бэрсэр кыаҕым суоҕуттан.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Эһиги олоххут тупсарыгар,
Үчүгэй-үтүө санааларым
Көмө буолан ааспатахтарына.
Бырастыы гыныҥ миигин,
Куһаҕан дьаҥнаах охсуулар,
Эһигини табан ааһалларыгар
Көмүскэһэр кыаҕым суоҕуттан.
Ол да буоллар кыргыттаар,
Олоххут мүөтүн булаҥҥыт,
Баҕа санааҕыт үксүгэр
Оннун булан дьоллоотун. (с 92, 93)
03.03.2016 с.

Оҕолорбун кытта сарсыарда чэйдии олорон сэлэһэ таарыйа бу хоһоону чопчу тутан, ааҕан биэрбиппэр тапталлаах кийиитим Машенька уйадыйан хараҕын уутун сэмээр сотунна.
Чахчы, оннук сүрэҕи-быары ортотунан киирэр маннык нарын тыллары уйан, чараас эрэ дууһалаах киһи булан этэр буоллаҕа.
…Үрдүк күөх халлаантан,
Ыраас-чэбдик салгыны…
…Мөҥөр, тэбэр сүрэҕим
Кыра даҕаны сылааһыттан…
… Куһаҕан дьаҥнаах охсуулар,
Эһигини табан ааһалларыгар
Көмүскэһэр кыаҕым суоҕуттан…
Наллаан олорон кинигэни сэргээн, салгыы арыйан көрөбүн. Хомуурунньукка 1983 сылтан саҕалаан араас сылларга суруллубут барыта 57 хоһоон киирбит. Хоһооннор улахан аҥардара ааптар чугас, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонноругар туһуламмыт сырдык, ыраас куттаах-сүрдээх анабыл хоһооннор. Олор быыстарыгар поэт дууһалаах ки һи күн сардаҥатын курдук дьикти кэрэ хоһооннор кыламныы тыгаллар: «Тыл», «Оо,дьэ», «Мичилийэ», «Мин бүгүн кынаттаах курдукпун», «Көрүүй миигин сылаастык», «Тымныы түспүт», «Хатыҥнааҕым хатыҥнара», «Саҥа дьылы көрсө» о.д.а.
Виссарион Андреевич дууһата, сүрэҕэ ханнык да түгэҥҥэ уҕараабат, уостубат олоххо сылаас сыһыан, таптал истиҥ тыынынан туола сылдьарын алтыһар дьонугар-сэргэтигэр, айылҕаҕа этэн-тыынан тулатын сырдата, умата сылдьар айылгылаах киһи буолара хоһоонноруттан көстөр. Кинигэни ааҕан истэҕим аайы ис сүрэхтэн тахсар бэрт судургутук дууһа кылын таарыйар тыллаах-өстөөх, сүрэх тэбиитигэр үөрэ-дьүөрэ,эгэй- дэгэй тэйэн барар чэпчэки тэтимнээх, үөрүү курдук сырдык тыыннаах бииртэн биир табыллыбыт, сипит-хоппут хоһооннор көтөн-дайан бардылар. Виссарион Андреевич айылҕа кэрэ көстүүлэрин сөҕө-махтайа көрөн тыл күүһүнэн табатык ойуулуур, тыыннааҕымсытан көрдөрөр толору кыахтаах, холобур бу хоһооҥҥо Хара муора тыыннаах уобараһа күүстээхтик суруллубут:
Үрүҥ күүгэн долгуннар,
Үллэн тахсан кэлэллэр.
Үлтүркэй кыра таастары,
Үҥкүрүтэ оонньууллар.
Үрдүк бөдөҥ таастарга,
Үлтүрүтэ ыһыллан
Үлүгэрдик кыыһырбыттыы,
Үмүөрүһэн кэлэллэр.
Онтон эмиэ сымнаабыттыы,
Оол, ыраах төннөллөр.
Онтон эбиитин уоҕуран,
Оннооҕор ордук күүһүрэр.
Киһилии тыынарга дылыгын,
Кимниин эрэ кэпсэтэҕин.
Киэҥ көҕүскүн көрдөрөн,
Кэтэһэр курдук туттунан,
Чуумпуран налыйан ылаҕын,
Толкуйдуур курдуккун олоҕу.
(с. 8,9)
Муус устар 1983 с.
Ааптар хоһоонноругар төрөөбүт дойду, үлэ-хамнас, айылҕа, кэм уларыйыытын сырдык-хараҥа өрүттэрэ, тыл, олох, дьон-сэргэ сыһыаннара көстөн ааһаллар. Ордук кыыс, дьахтар кэрэтэ, нарына-намчыта бу сири киэргэтэрин ким да мэлдьэспэт: «Хаһан умнар үһүбүөн», «Сарсыарда көрсө түстэрбин», «Кыргыттарга», «Кырдьык кыталык курдуккут», «Халлаантан түспүт аанньалларгыт», «Көрүүй миигин сылаастык», «Чолбон сулус курдук». Виссарион Андреевич хоһоонноругар дириҥ, мындыр санаа киһини толкуйдатар:
Киһи олоҕо барыта
Тылтан эрэ тутаахтаах…
…Туох да буоллун, доҕоттоор
Туйгун сиэрдээх тыллары,
Тыл көссүөтүн, сэмэйин
Тутах олох сүнньүгэр
Тула туттар буоллуннар
Баҕар атын олоххо
Барҕаран олоруо этибит. (с.21, 22)
Бэс ыйын 10 күнэ.
Бу тыл туһунан санаа уот харахха
этиллибитин сөбүлээтим.
Салгыҥҥа көтө сылдьар
Санааларбын хомуйа тутан
Сааһылаан ыпсаран биэрэн
Сурукка тиспит киһи
Баҕар сорох түгэннэрэ
Сонун курдук буолуохтара
Сэһэн курдук буоллаҕына
Сэҥээриллэрэ эбитэ дуу?
Сиргэ олорон ааспыт
Суолум курдук буолан
Субулла туруо эбитэ дуу?
(с. 77, 78)
03.03.2015 с.

Маны таһынан, Саха сиригэр киинэ дьыалата атаҕар турарыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит, баай дууһалаах, айар дьоҕурдаах аҕа табаарыстарын Виссарион Андреевич Томскай туһунан «Кыадаҥдаттан куорсуннанан, киинэттэн кынаттанан» диэн бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонун ахтыыларын хомуйан Рево Петрович Будищев 2017 сыллаахха кинигэ гынан таһаарбыт. «Бэйэм туспунан» диэн кинигэ бастакы түһүмэҕэр Виссарион Андреевич ахтыытын суруйбутун киһи биир тыынынан, арахсыбакка тартаран туран ааҕар. Ааптар оннук уу-дьулурҕа умсугутуулаахтык суруйар. Чахчы даҕаны чаҕылхай киһи тэппит атаҕын кубулуппакка, туппут илиитин араарбакка олох суолунан өрүү инники кирбиигэ, олох оргуйар үөһүгэр олох кыра сааһыттан үлэҕэ-хамнаска эриллибит, буспут-хаппыт чиккэ-чиргэл тиит мас курдук эрэллээх эркин, суон дурда буола сылдьар саха биир хоһуун киһитэ. Кини айыы санаалаах киһилии киһи буолан тахсыытыгар төрөппүттэрэ- айбыт аҕата Андрей Саввич, күн-күбэй ийэтэ Февронья Егоровна Томскайдар хаан тамайар эттэрин-хааннарын сорҕолоро, олоххо, үлэҕэ-хамнаска иитиилэрэ-такайыылара, ол саҕанааҕы тулалыыр эйгэтэ төһүү буоллахтара.
Кинигэ кэннин диэки көрдөххө, Виссарион Андреевич ийэтэ Кэлгээрэбэ-Томская Февронья Егоровна төрүттэригэр биһиги бүгүҥҥү эйэлээх олохпутун төрүттэспит саха омук биир чулуу киһитэ Исидор Барахов, саха тылын уран уустара – поэттар Иван Михайлович Гоголев-Кындыл, Василий Тарасович Сивцев бааллар эбит. Ол иһин даҕаны ытык дьон ыччата, уус дьон удьуора мантан атын буолбат буоллаҕа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, киинэ, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, старейшината, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Виссарион Андреевич Томскай, эйэлээх дьиэ кэргэн тапталлаах аҕа баһылыга, кини турууласпыт, араҥаччылаабыт саха киинэтэ билигин аан дойду аренатыгар тахсыбытынан хас биирдии саха киһитэ киэн туттар. Маннык дьон баар буолан саха омук олоҕун кэрчик кэмэ киинэ лиэнтэтигэр кэлэр көлүөнэлэргэ тугунан сыаналаммат баай – тыыннаах история буолан хааллаҕа. Көмүс дьон – көмүс ааттар.
Хатыҥнааҕым хатыҥнара
Хайдах эрэ атыҥҥыт
Маҥан мааны баҕайы
Быысапкалаах былааччыйалааххыт
Күөх сэбирдэхтэргит
Саха кыыһын ытарҕатын
Күндү таастарыныы
Күн уотугар күлүмүрдүү
Көмүс мөһүүрэлии оонньууллар.
Күөх лабааларгыт
Тыалга тэлээрэннэр
Намыын кыысчаан
Дайбаан иһэрин курдук
Дэйбиирин санаталлар
Куоҕалдьыһа хамсааҥҥыт
Хорга ыллыыр курдуккут
Мааны-маҥан таҥастаах
Намчы кэрэ кыргыттар
Ыллаан эйээрэ туралларын
Истиҥник-итиитик санатаҕыт.
Кэлэн истиий диэбиттии
Иэҕэҥнэһэ хамсыыгыт
Ахтаар-санаар диэбиттии
Аргыый хамсыыр эбиккит…
(с.96,97)
Елена АНТОНОВА
-Күн Сиккиэрэ.
