Сыромятников Гаврил Гаврильевич туһунан: Кыайыы күнүн уола

Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит үлэ-тыыл ветерана Сыромятников Гаврил Гаврильевич 1930 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн физкультура учуутала, 41 сыл үлэ ыстаастаах РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин ыччатын бокс курдук аан дойдуга биһирэнэр спорт көрүҥэр үөрэппит бастакы тренердэртэн биирдэстэрэ, республиканскай категориялаах судьуйа.

Туох барыта төрөөбүт буортан төрүттээх, силис тардыбыт сиртэн сибээстээх. Тымныы чыпчаалынан аатырар Өймөкөөн оройуонун Ичигэс диэн алааһыгар Сыромятников Гаврил Христофорович дьиэ кэргэнигэр 1930 сыл иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата, Томпо Саһылыттан төрүттээх эдэр киһи, аатырбыт атыыһыт, меценат Кривошапкин Николай Осиповичка таһаҕасчытынан үлэлээбит, ол сылдьан Өймөкөөн Томторуттан аналлааҕын – Винокуровтар кыра кыыстара Александра Ивановнаны билсэн кэргэн ылбыт. Түөрт оҕоттон үһэ ытык саастарыгар тиийэ дьоһуннаах олоҕу олорон, үйэлэрин тухары үлэни өрө тутан, үтүө ааттарын ааттатар ыччаты тэнитэн, орто дойдуга анаммыт иэстэрин чиэстээхтик толорон сирдээҕи олохторун түмүктээбиттэрэ.

Балта Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, меценат, «Знание» общество лектора, чөл олох пропагандиһа, элбэх кинигэ автора Аксиния Гаврильевна Игнатьева (Ичигэс) суруйан хаалларбыт: «…Оҕо сааһым өйдөбүлэ – тула барыта дьэҥкэ, ыраас, сырдык; онно эбии ийэбит асчыт буолан наар амтаннаах, иҥэмтиэлээх саха аһынан аһыырбыт. Чороччу улаатан эрэр сытыы-хотуу Ганя дьиэҕэ муус-мас киллэрэн элэстэнэр, ол быыһыгар олбуор нөҥүө-маҥаа ыстаҥалыыр. Сайын улахан оҕолор мустан мээчиктииллэр, мааркалыыллар, ону наар кини салайара. Буруйданнаҕына аҕата тахсан ураҕастаах эккирэтэр да, Ганя быһый буолан ситтэрбэккэ ыраах куотар. Ол да буоллар мээнэ мөҕүллүбэт этибит – бэрээдэккэ иитиллибиппит. Аҕабыт эрэ баар буоллар дьиэ иһэ чуумпурара».

Убайа Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, профсоюзнай үлэ туйгуна, Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕо Сыромятников Гаврил Гаврильевич (I) быраатын туһунан ахтыытыгар маннык суруйбут: «…Сэрии иннинэ олох көнөн дьон-сэргэ үчүгэйдик олорбута, ас-таҥас да баара, сыана да чэпчэкитэ. Оонньохолуур оҕо сааспыт Ичигэс тыатыгар-хонуутугар, төрөппүттэрбит туппут алаһа дьиэлэригэр, тымныы уулаах түргэн сүүрүктээх Индигиир өрүс кытылыгар ааспыта. Чугастааҕы ыал оҕото бары биһиги тэлгэһэбитигэр сөбүлээн мусталлара, оонньуу арааһын толкуйдаан салгыбакка оонньууллара. Сүүрүүлээх-көтүүлээх өттүгэр кыра Ганя күннүүрэ, кимиэхэ да иннин биэрбэтэ. Отой кыра сааһыттан бэйэтин олуһун кыанар, имигэс, түргэн хамсаныылаах, куруутун ыстаҥалыы, сүүрэ-көтө сылдьар оҕо этэ. Спортсмен буола улаатыа эрдэттэн биллэрэ.

1941 сыл сэрии саҕаланаатын олохпут тута ыараабыта, туох барыта кэмчи, нуорма буолбута. Бурдугу киһиэхэ балтараалыы киилэни биир ыйга диэн түҥэтэллэрэ. Оскуола оҕолорун оттуу барарга уураахтаабыттара. Оттуур сирбит ыраах хайа тэллэҕэр баара, уу-бадараан дойду. Ол саҕана эрэһиинэ саппыкы диэн суоҕа, хантан эрэ инчэҕэй тирии булан, атахпытыгар сөп түбэһэр гына бысталаан, кытыытын тула үүттээн ситии быанан баанан кэтэбит. Онтубут оттон-мастан эрэ атахпытын харыстыыр, күһүөрү муустаах ууну кэһэ сылдьан ууга сытар оту хомуйарбыт.

Биһиэхэ отчуттарга кыра да буоллар лэппиэскэ биэрэллэрин истэн быраатым Ганя эйигин кытта оттуу барабын да сабаас диэн турда. Кыраҥ бэрт, биригээдэҕэ ылыахтара суоҕа диэбиппэр истибэтэ, аччык оҕо лэппиэскэ сыыһын эрэ туһунан толкуйдуур буоллаҕа. Биригэдьиирбит Винокуров Мэхээлэ тоҕо кыра оҕону аҕаллыҥ диэн мөҕөөрү гыммытыгар мин: «Мантыҥ кыра да буоллар оҕус сиэтиитин баҕас тулуппат уол», – диэбиппэр кырдьаҕас хара оҕуһу Ганяҕа биэрэргэ соруйда.

Быраатым барахсан тугу соруйалларын тук курдук толорон, муустаах ууну ынах этэрбэһинэн кэһэ сылдьан оҕуһун сиэттэ. Ол сылдьан тымныйан ыалдьан хаалла. 1942 сыл кыһыныгар бэриллэр ас нуормата өссө кыччаан, дьон хоргуйан барбыта. Биһиги эмиэ аччыктаан ыксаан аан тирии бүрүөһүнүн, этэрбэс, бэрэмэдэй тириитин буһаран сиирбит. Ийэлээх аҕабыт хам аччык, нэһиилэ иэҕэҥнии сылдьан күүстэрэ баарынан мөхсөн оҕолоро хоргуйан өлбөттөрүн туһугар турууласпыттара, холкуоска үлэлээн кыайыыны уһансыбыттара. Ыар сыллар содула суох ааспатахтара – ийэбит Александра Ивановна сэрии кэнниттэн уһаабатаҕа, баара-суоҕа 53 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ».

Сэрии бүтэн, эйэлээх олох эргиллэн дьон-сэргэ үөһэ тыыммыта, ордук эдэр ыччат үөрэххэ-билиигэ тардыһыыта күүһүрбүтэ. Дойдутугар баар 7 кылаастаах оскуоланы өссө сэрии сылларыгар бүтэрэн баран, кыра Ганя 2 сыл холкуоска үлэлээн хара үлэ хайдаҕын этинэн-хаанынан билбитэ. Оҕолорун салгыы үөрэттэрэр баҕаттан дьоно Дьокуускайга көһөн тиийэн Ганя оскуоланы куоракка бүтэрэр. Оскуола кэнниттэн армияҕа ыҥырыллан Алтайдааҕы байыаннай уокурукка спортивнай ротаҕа сулууспалыыр.

Дьэ бу сылларга умсугуйан-баҕаран туран сөбүлүүр көрүҥүнэн – хайыһарынан дьарыктаммыта. Байыаннай уокурук үрдүнэн хаста да бастаан 4 саха уола икки төгүллээн дойдуларыгар күүлэйдээн кэлэр уоппусканан наҕараадаламмыттара. Онуоха оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаммыта, оройуоҥҥа чемпионнуу, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэ сылдьыбыта улахан төһүү буолбута.

Ийэ дойдуга ытык иэһин төлөөн бүтэн, идэ талар кэмэ тирээбитигэр өр саарбахтыы барбакка физкультурнайга туттарсарга быһаарыммыта. Оччотооҕу кэмҥэ үөрэх кыһата да аҕыйаҕа, онуоха эбии кырдьаҕас колхуостаах төрөппүт сүбэ-көмө буолар кыаҕа суоҕа. Хоту оройуон тыатын уола ыарахаттартан чаҕыйбакка хайаан да үөрэххэ киирэн, баҕалаах идэтин баһылыырга сорук туруоруммута. Төһөлөөх элбэх дьоҕурдаах, сырдыкка тардыһар кырыы сиргэ олорор саха ыччата үөрэхтэн маппыта буолуой, сэрии кэннинээҕи кырыымчык сылларга – этэргэ уустук.

Армияҕа сылдьан истибитэ дуу, Ганя ыраах Тбилиси куоракка баар физкультурнай техникумҥа санаатын уурбута. Убайа Гаврил ол кэмҥэ Дьокуускайга пединститут историческай факультетыгар 2-с курска үөрэнэрэ. Быраата уопсайга тиийэн баҕатын эппитигэр оччо ыраах дойдуга хайдах да тиийэр кыаллыбатын, ким да харчынан көмөлөһөр кыаҕа суоҕун этэн көрбүтүн ылыммат, эдэр эрчимнээх киһи ханна баҕарар үлэлээн-хамнаан айахпын ииттиниэм да, үөрэниэм да диэн эрэннэрэр. Быстыа дуу ойдуо дуу, убайа саха радиотын хоругар үлэлээн өлөрбүт кыра уурунуу харчытынан самолётунан Иркутскайга диэри барар билиэт ылан биэрэр.

Ыраах Грузияҕа тиийиэхтээх эдэр киһи соннук айаҥҥа турунар. Москванан эргийэн хайдах күннээх Капкааска тиийбитэ, аара харчыта суох буолан быстах үлэлээн, сүгэн-көтөҕөн, хамнаһыгар билиэт ыла-ыла тимир суолунан, онтон көтөр аалынан сүҥкэн улахан дойдуну нөҥүөлээн Тбилиси куораты булбута, онно тиийэн нууччалыы билэр, техникум аадырыһын этэн биэрэр киһи көстө охсубакка куорат саадын ыскамыайкатыгар хас да хоммута – туспа кэпсээн. Ол да буоллар эдэркээн саха уолун суолугар үтүө санаалаах дьон үгүстэ, мөкү өттө үөрэтэ таарыйа биирдэ эмит көрсөн, сорох аһынан, сорох бэркиһээн да көмөлөһөн, сүбэлээн-амалаан таласпыт үөрэҕэр киирбитэ.

Техникум администрациятыгар ыраах дойдуттан кэлбитин истэн олус сөхпүттэр, тута уопсайга олохтоон үөрдүбүттэр. Сотору бириэмэнэн бастыҥ устудьуон, активист бэрдэ буолан, утаппыттыы спордунан дьарыктанан, араас омук ыччатын кытта билсэн үгүс доҕоттордонор. Кинилэр сүбэлэринэн «Грузия-фильм» курдук сүүнэ, баай тэрилтэҕэ быстах рабочайынан үлэлии киирэр. Ол сылдьан «Тайна двух океанов» диэн биллэр киинэ устуутугар үлэлэспит, кэнники ол эргэ киинэни телевизорынан көрдөҕүнэ уу анныгар устар ыарахан баҕайы таҥастаах водолазтары биһиги ыстаал трос көмөтүнэн үөһэ-аллара хамсатарбыт диирэ.

Сылтан ордук кэмҥэ Тбилиси куорат 2-с №-дээх циркэтигэр униформиһынан үлэлиир, ол тухары үлэһит, киһи быһыытынан сирдэрбэккэ хайҕалга эрэ сылдьар. Ону туоһулуур бэлиэтээһиннэр үлэтин киниискэтигэр хаалбыттар.

Оччотооҕу сэбиэскэй кэм сиэринэн техникумҥа ыччаты үөрэтии үрдүк профессиональнай таһымҥа барара. Биир кэлим система баара, бары ирдэбилгэ эппиэттиир специалиһы иитэн таһаарарга толору кыах бэриллэрэ. Ганя ити сылларга умсугуйан туран боксанан дьарыктаммыта, ону таһынан сөбүлүүр көрүҥнэригэр – гимнастикаҕа, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга үчүгэй көрдөрүүлэрдээҕэ. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ Красноярскай, Москва курдук куораттарга тиийэ кыттан буспута-хаппыта, кыайыы өрөгөйүн билэн бэйэ кыаҕар эрэлэ күүһүрбүтэ.

Устудьуоннуур сыллара биллибэккэ элэс гынан ааспыттара. Төһө да көмөлөһөр кыахтаах дьоно суох буолан үлэлии-үлэлии үөрэннэр, күннэтэ араас кыһалҕа кыпчыйдар, эдэр эрчимнээх саас ону улахаҥҥа уурбакка, баардылаабакка, умнуллубат устудьуон сааһа ааспыт дойдутун – Грузияны куруук истиҥник саныыра, үтүө санаалаах ыалдьытымсах Капкаас дьонун махтана ахтара.

1956 с. үөрэҕин бүтэрэн, «преподаватель физвоспитания» идэтин туоһулуур диплому долгуйа тутан төрөөбүт Сахатын сиригэр эргиллэр. Тута кэриэтэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үлэҕэ киирэр. Саха сиригэр бокс спорда ити сылтан үөскээн-тэнийэн барбыта. Боксаны тэнитиигэ, саҕалааһыҥҥа улахан өҥөлөөх дьонунан Гаврил Сыромятников уонна кэлин РСФСР үтүөлээх тренерин аатын ылбыт Арсен Петров буолаллар. 1956 сылтан кинилэр биирдэрэ педучилищеҕа, иккиһэ пединститукка тэҥинэн бокс секциятын аспыттара.

Дьэ бу кэмтэн ыла сахалартан бокс бастакы хараҥаччылара, «сулустара» иитиллэн тахсыбыттара: ССРС спордун маастардара Василий Васильев (республика 9 төгүллээх чемпиона), Артём Никифоров, Геннадий Гурьев, Алексей Егоров, Андрей Донской, Иннокентий Васильев, Гаврил Попов, 12 ССРС спордун маастарыгар кандидат, 6 САССР үтүөлээх тренердэрэ, 4 Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх учууталлара – бары Гаврил Гаврильевичка эрчиллэн үөрэнэн тахсыбыттара.

Эһиил өрөспүүбүлүкэҕэ бокс төрүттэммитэ 65, Сунтаар улууһугар 60 сыла туолар. Онно анаммыт тэрээһиннэр, биэриилэр буолуохтара, бэчээккэ сырдатыахтара. Спортивнай общественность бэлиэтиир уһулуччу ситиһиилээх спортсменнарын, тренердэрин кытта сэргэ Саха сиригэр бокс бастакы секциятын тренерэ Гаврил Гаврильевич Сыромятников аата ааттанарыгар, умнууга хаалбатыгар эрэниэҕи баҕарыллар.

1959 с. сайыныгар Сунтаар кэрэ кыыһын, университеты бастакы выпуһунан нуучча салаатын бүтэрбит Дуся Наумованы кэргэн ылар. Кинилэр Саха театрыгар биэчэргэ көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, вальс үҥкүүлээн эргичийэн элбэх атах таҥаһын элэтэн, биир сыл билсэн холбоспуттар. Бэйэ-бэйэлэригэр барсар, харах хатанар кыраһыабай паарата, билигин «Тыгын Дархан» ресторан турар сиригэр баар остолобуойга элбэх киһилээх студенческай сыбаайбалара буолан ааспыт.

Эдэркээн паараны дьылҕалара Сунтаар Сиэйэтигэр тиэрдэр. Онно тиийэн сүрүн үлэлэрин таһынан нэһилиэк общественнай олоҕор кыттан үлэ үөһүгэр түспүттэрэ. Евдокия Григорьевна улуу нуучча тылын тыа сирин оҕолоругар үөрэтэрэ, сырдыкка, билиигэ, үрдүкү идеалларга классиктар айымньыларын нөҥүө сирдээбитэ, үөрэххэ тардыһыы биллэ күүһүрбүтэ.

Гаврил Гаврильевич уол оҕолор куттарын туппута. Баара эрэ 29 саастаах, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэркээн учуутал спорт үгүс көрүҥэр дэгиттэр талааннааҕа, снарядтарга дьикти бэйэлээх хамсаныылары оҥорон сөхтөрөрө, үөрэнээччилэрэ сырса сылдьаллара. Хас да спортивнай куруһуогу сэргэ аспыта. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук усулуобуйа суоҕа. Куруһуок ыытарга харчы төлөммөтө, дьарыктанар саалалар суохтара. Урукку учууталлар, тренердэр аҥаардас энтузиазмнарынан, булугас өйдөрүнэн балаһыанньаттан тахсаллара. Сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах эдэр киһи үөрэххэ наадалаах спортинвентары туруорсан аҕалтаран, сороҕун билэр дьонунан ылларан, сороҕун бэйэтэ соҕуруу баран киин куораттартан сүгэн-көтөҕөн аҕалара. Тыа сирин кырыы оскуолатыгар үөрэтии үрдүк таһымҥа барарын ситиспитэ.

Гаврил Гаврильевич спортка талааннаах, лидер оҕолору, эдэр ыччаты була охсон, бэйэтин тула түмэн, кинилэр көмөлөрүнэн элбэх куруһуогу тэҥинэн тигинэччи үлэлэтэн, сотору кэминэн оройуоҥҥа, зонаҕа, республикаҕа кыайыылар кэлэн барбыттара. Гимнастикаҕа, хайыһар спордугар, чэпчэки атлетикаҕа уонна, биллэн турар, боксаҕа Россия таһымыгар тиийэ чемпионнуур үөрэнээччилэр, студеннар баар буолбуттара. Аҕыйах сыл үлэлээбит эдэр учууталга «РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна» аат иҥэрбиттэрэ, сыаналаах бирииһинэн – 10 томнаах Оҕо энциклопедиятынан наҕараадалаабыттара. Онуоха тиийэр таһымнаах, үчүгэйдик оҥоһуллубут оҕоҕо аналлаах кинигэни булар уустук. Оннук чопчу, өйдөнүмтүө тылынан суруллубут, киһи-аймах тыһыынчанан сылларга мунньуммут билиитин хабар бэртээхэй кинигэлэри Гаврил Гаврильевич оҕолоро ааҕан улааппыттара. Билигин да кинилэр ыскааптарыгар атын кинигэлэр быыстарыгар саһархай томнар көстөллөр.

Сиэйэҕэ Сыромятниковтар биэс сыл устата олорбуттара, үс бастакы оҕолоро онно төрөөбүттэрэ. Олох усулуобуйата күһэйэн атын сиргэ көһөр буолбуттара. Үөрэппит оҕолоро билинэллэринэн «…Гаврил Гаврильевич кимиэхэ баҕарар түргэнник өйдөнөр гына, боростуойдук, ол эрээри умнуллубаттык быһаарар дьоҕурдааҕа. Айылҕаттан оҕону кытта үлэлииргэ ананан төрөөбүт дьиҥнээх учуутал. Оччотооҕу Сиэйэ оҕолоро – биһиги дьолбутугар кэлэн үлэлээн ааспыт эбит. Республикаҕа биллэр спортсменнар иитиллэн таҕыстылар. Үгүспүт эт-хаан өттүнэн сөптөөхтүк сайдан, олохпут суолун буларбытыгар учууталбыт сүбэтэ-амата көмөлөспүтэ саарбаҕа суох».

1964 сылтан Сыромятниковтар Евдокия Григорьевна төрөөбүт дойдутугар Уһун-Күөлгэ олохсуйбуттара. Тута идэлэринэн үлэлээн барбыттара. Гаврил Гаврильевич тус үлэтин таһынан Сунтаар оройуонугар спорт сайдыытыгар тренер, судьуйа, тэрийээччи быһыытынан элбэх кылаатын киллэрбитэ. Үгүстүк оройуон үөрэнээччилэрин хамаандатын республика күрэхтэригэр салайан илдьэрэ, бэйэтэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ өр сылларга судьуйанан үлэлээбитэ. 1970 сыл сахалартан бастакы боксаҕа республиканскай категориялаах судьуйа буолбута. Арыылаах орто оскуолата юбилейдаах сылы саҥа тутуллубут типовой дьиэҕэ көрсүбүтэ, дьиҥнээх спортивнай саалаҕа үлэлиир, үөрэнэр кыах баар буолбута. Гаврил Гаврильевич эбии игровой көрүҥнэргэ – волейболга, баскетболга секция арыйан оҕолору үөрэтэн, эрчийэн саҕалаабыта. Ону таһынан тустууга, хайыһарга, дуобакка, саахымакка, чэпчэки атлетикаҕа, буулдьанан ытыыга дьарыктыыр секциялар тиһигин быспакка үлэлииллэрэ, араас таһымнаах күрэхтэһии бөҕөтө тэриллэрэ.

Маны сэргэ улахан дьон дьарыктара, күрэхтэһиилэрэ эмиэ оскуола саалатыгар киэһэ үлэ кэнниттэн ыытыллара. Гаврил Гаврильевич бириэмэни аахсыбакка, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри спортзалтан тахсыбакка үлэтигэр сүтэрэ, иитээччилэрин утумнаахтык дьарыктыыр ирдэбиллээх учуутал этэ. Улахан болҕомтону дьарык кэмигэр оҕо спортивнай травма ылбатыгар уурара, элбэх сэрэтэр-өйдөтөр үлэни ыытара. Физиологияны үчүгэйдик билэр буолан маҥнайгы көмөнү сатабыллаахтык оҥороро, уоскутара.

Ханна да үлэлээтэр хайа да бэйэлээх мэник-тэник оҕо болҕомтотун тутара, интэриэһин тардара, спортка-физкультураҕа тапталы сатаан иҥэрэрэ. Уруокка бэрээдэги кыайан туппат, оҕону кытта уопсай тылы кыайан булбат учууталы өйдөөбөтө, ылыммата. «…Оскуолаҕа эрчимнээх, эдэр, кыраһыабай учууталлар үлэлиэхтээхтэр – нэс, кырдьаҕас учууталы оҕо сөбүлээбэт. Бэйэтин эрчиминэн оҕолору көҕүтэр, хас биирдии оҕоҕо тус-туһунан көрүүлээх, оҕону кытта тэҥҥэ булкуһан сылдьар буолуохтаах. Оннук учууталы оҕо бэйэтэ эккирэтэр», – диэн этэрэ.

Гаврил Гаврильевич сүүрбэттэн тахса сыл Арыылаах орто оскуолатыгар физкультура учууталынан, военругунан, продлённай группа иитээччитинэн пенсияҕа тахсан уурайыар диэри үлэлээбитэ.

Өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата Николай Алексеевич Иванов бу курдук ахтар: «…Гаврил Гаврильевич Сыромятников ханнык баҕарар үлэҕэ сүрдээх ирдэбиллээхтик сыһыаннаһара, уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка тута оҥорторон иһэр дьикти имигэс стилинэн үлэлиирэ. Нэһилиэк агитационнай-маассабай үлэтигэр, коммунистическай субуотунньуктарга бастыҥ көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ этэ. Киэҥ билиилээх, мындыр өйдөөх, тус көрүүлэрдээх буолара. Кини оҕо майгытын-сигилитин учуоттаан иитии-үөрэтии боппуруоһун дөбөҥнүк быһаарара, спортивнай инвентары, хаһаайыстыбаннай малы-салы сүүрэн-көтөн буларга үгүс сыратын ыытара. Хайа да балаһыанньаҕа методическай таһымын түһэрбэккэ үлэлииргэ кыһанара, оҕолорго, коллективка, төрөппүттэргэ улахан авторитетынан туһанара. Улууска буолар спортивнай күрэхтэһиилэргэ сылын ахсын 1-2-с миэстэлэртэн түспэтэхпит. Волейболга улуус таһымыгар оонньуур оҕолор иитиллэн тахсыбыттара. Военрук быһыытынан эмиэ олус тэтимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ».

Үөрэҕирии эйгэтигэр өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин, физкультура уонна спорт сайдыытыгар улахан кылаатын иһин хаста да РСФСР, САССР Үөрэҕин министерстволарын Бочуотунай грамоталарынан, «ДСО «Урожай» ЦК Бочуотунай чилиэнэ» (1963), «ССРС физическэй культуратын туйгуна» (1970), «Гражданскай оборона туйгуна» (1980) бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 1998 с. «Саха Республикатын физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэриллибитэ. Педагогическай энциклопедияҕа биографията суруллубута.

Кэргэннии Сыромятниковтар иккиэн тыа оскуолатыгар олохторун үгүс сылын анаан бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. Кэнчээри ыччакка чөл өй-санаа тыынын иҥэрдилэр, бэйэлэрин холобурдарынан эппит тылга турумтуо буоларга, ийэ айылҕаны таптыырга-харыстыырга такайдылар. Бу барыта таах хаалбата – Уһун Күөлтэн бэртээхэй дьон үөскээн таҕыстылар, норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар айымньылаахтык үлэлииллэр.

Сыромятниковтар биэс оҕону төрөтөн, сүһүөхтэригэр туруорбуттара. Бары анал үөрэхтээхтэр, үлэһиттэр, оҕолордоох-сиэннэрдээх ыаллар. Аччыгый уол Анатолий учууталлар династияларын салҕаан СГУ физкультура институтун бүтэрбитэ, хотугу многоборьеҕа Россия спордун маастара, спортивнай сүгэни быраҕыыга Россия чемпиона, 3 км. ураҕастаах сүүрүүгэ призёра, саха национальнай ыстаныыларыгар Саха Республикатын спордун маастара, XX үйэ бастыҥ спортсмена, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна.

Тиһэх кэрдиис да сылларыгар Гаврил Гаврильевич олоххо интэриэһин сүтэрбэтэҕэ: спорт сонуннарын куруутун сэргиирэ, күрэхтэһиилэргэ ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан сылдьара, эдэр учууталларга үлэтин уопутун кэпсиирэ, хаһыаттарга кинилэргэ анаан кэс тылын этэрэ: «…Саҥа киһини эллээн-хатаран киһи гынан таһаарыы – саамай сыралаах, уустук үлэ. Онно оҕо ис санаатын, туохха интэриэстээҕин, дьоҕурун өр кэмҥэ болҕомтолоохтук кэтээн, үөрэтэн билиэххэ сөп. Ол наадатыгар тугу барытын быраҕан туран оҕону кытта үгүстүк алтыһыахха, эйиэхэ арылларын туһугар ис дууһаттан кэпсэтиэххэ. Учуутал – киэҥ билии, дэгиттэр идэ буолар. Үүнэр көлүөнэни иитии, үөрэтии суолтата бу сайдыылаах олоххо өссө улахан кэрдиискэ тахсыаҕа. Оҕолорбут үчүгэй майгылаах, үлэһит үтүөтэ буолаллара – төрөппүт, ииппит дьон дьоллоро буолар».

Наталья Гаврильевна ПОПОВА,

Ленскэй оройуон

Бэтинчэ орто оскуолатын учуутала,

Г.Г.Сыромятников улахан кыыһа.

Хаартыскаҕа: 1. Сыромятниковтар дьиэ кэргэн, 1948 с. Тураллар убайа Ганя I, Ганя, олороллор аҕата Гаврил Христофорович, балта Аксиния, ийэтэ Александра Ивановна. 2. Ганя – Тбилиси куорат физкультурнай техникумун студена. 3. Якутскайдааҕы педучилищеҕа коллегаларын кытта. 4. Кэргэннии учууталлар Сыромятниковтар. 5. Күрэхтэһии сүрүн судьуйата – Г.Г.Сыромятников.

Сыромятников Гаврил Гаврильевич туһунан: Кыайыы күнүн уола: 1 комментарий

  1. Васильева Клара Дмитриевна.

    Идэтин таба өйдөөн олоҕор инники сыалы соругу ситиһэргэ ,уол оҕо эдэр сааһыттан эт хапн өртүнэн ситюн хотон,онно туруоруммут соругун чугас да дьонугар аһара найыламмакка,дойдутуттан ыраах сиргэ ,бэркэ да үөрэнэн бүтэрэн,Тапталлаах Сахатын Сиригэр кэлэн ,олус таһаарыылаахтык үлэлээн,дьон сэргэ ытыктабылын ылыпн, ылбыт.Эдэр көлүөнэ ыччат эт хаан өртүнэн эрэ буолбакка,олоххо өйдөөхтүк,сыһыаннаһыы,бу барыта саха ыччата инники кэскиллээх олохторугар күүһүн күдэҕин харыстаабатах ,дьиҥнээх учуутал эбит дтэн сыаналаатым.Үс уол оҕолоох ийэ киһи быһыытынан ,Гаврил Гаврилиевич курдук учууталларга сүгүрүйүөх,махтана ,ымсыыра ,Гаврил Гаврилиевич курдук учууталлар ,элбии турдаллар ханнык диэн,баҕа санаабын тиэрдэбин!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *