Гуляев Михаил Дмитриевич туһунан: Үлэтинэн – үрдүк сыанабыл

Мин олохпун барытын спорт сайдыытыгар, улууспар анаабыт киһибин. Онон спорду сэҥээрэр, кэтиир, республикаҕа спорт туһугар “ыалдьар” дьон сэҥээриэхтэрэ диэн суруйабын.

1977 сыллаахха спорду таптааччылар, хаһыат, радио, телевидение нөҥүө Д.П.Коркины куоракка көһөрөн киллэрэн, Саха сириттэн олимпиецтары ииттэрэн таһаарар сыаллаах туруорсуу түмүгэр Д.П.Коркин куоракка көспүтэ уонна бэйэтин кытта 40-ча үчүгэй диэбит уолаттарын илдьэ киирбитэ. Онон оскуолаҕа директорынан анаммыт, бары убаастыыр киһибит К.С.Постников райкомҥа туруорсан миигин спортивнай оскуола директорынан, онтон Р.В.Неустроевы Д.П.Коркин оннугар оскуола сүрүн тренеринэн анаттарбыта.

Бастаан үлэлииргэ, кырдьык, ыарахан этэ. Сүрүн тустуохтаах уолаттар куоракка киирэн хаалтара. Инньэ гынан үлэбитигэр сүрүн болҕомтону оҕолору набордааһыҥҥа уурбуппут. Уонна биир сүрүн кыһалҕабытынан Дмитрий Петрович үс бэйэтин кытта үлэлээбит сүрүн тренердэрин эмиэ куоракка илдьэ барбытынан, аны кинилэр оннуларыгар тренердэри булуу кыһалҕата турбута. Ол да буоллар сыыйа оннубутун булан, ситиһиилэр кэлэн барбыттара.

1985 сыллаахха Дмитрий Петрович туруорсубут таас, улахан, 10-ча сыл көҥдөйө тутуллан бүппүт тустуу спорт заалатын үлэҕэ киллэрбиппит уонна ол заалбытыгар улуу тренербит Д.П.Коркин сырдык кэриэһигэр бастакы бүтүн Союзтааҕы көҥүл тустууга күрэхтэһиитин үрдүк таһымҥа ыыппыппыт. Ити сыл күһүнүгэр аны миигин оройуоҥҥа спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн анаатылар. Онтон мин оннубар ол кэмҥэ Дириҥ орто оскуолатыгар дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии сылдьар, Омскайдааҕы физкультурнай институту соторутааҕыта бүтэрбит Гуляев М.Д. анаатылар. Дьэ, мантан саҕаламмыта Чурапчытааҕы оскуола-интернат күүстээх инники диэки сайдыыта.

Син балай да спортивнай оскуола директорынан үлэлээн баран, Михаил Дмитриевич үөрэх министерствотыгар киирэн туруорсан интернат томторугар үлэлии олорбут үс оскуоланы – оскуола-интернаты, спортивнай оскуоланы уонна туспа үлэлии олорор аҕыс кылаастаах оскуоланы холбоон Чурапчытааҕы республиканскай орто спортивнай оскуола-интернаты биир директордаах тэрийэр, улуу тренер Д.П Коркин аатын туруорсан бэрдэрэр.

Иннэ гынан саҥа кадрдары, учууталлары, тренердэри олохсутар сыаллаах оскуола саҥа директора М.Д.Гуляев оччотооҕу Совмин председателэ Маркиҥҥа приёмна киирэн, туруорсан икки 12 квартиралаах уопсай дьиэлэри туттаран, үлэҕэ киллэрэн үлэһиттэр үксүлэрэ саҥа дьиэҕэ киирбиттэрэ.

Салгыы үлэтэ өссө эрчимирэн, иитиллээччилэргэ анаан икки иккилии этээстээх уопсайдары туттарар, иитиллээччилэр аһылыктарын харчытын улаатыннарар.

Аны институтка үөрэнэ сылдьан доҕотторугар биэрбит тылын, баҕа санаатын олоххо киллэрэн, 200 м эргимтэлээх сүүрэр дорожкалаах, эбии үс этээстээх, 50 оҕо дуобакка тэҥҥэ дьарыктанар, үгүс тренерскэй, врачебнай, восстановительнай хостордоох, туалеттаах, душтардаах улахан спортивнай объегы үлэҕэ киллэрэн дьарыктыырга олус үчүгэй усулуобуйаны олохтообута.

Саҥа отделениелар аһыллыбыттара, саҥа кадрдары булаттаабыта, ол иһигэр Тааттаттан дуобат тренердэринэн Кычкин Н.Н.-I, Бырдыннырова М.Н. тылыгар киллэрэн, биир сылынан эһиэхэ анаан баанньыктаах, гаражтаах, туспа уһаайбалаах дьиэ туттарыам диэн көһөрөн аҕалар уонна тылыгар туран тренердэргэ, учууталларга анаан туспа уһаайбалаах 6 дьиэни кылгас кэм иһигэр үлэҕэ киллэрэн олус үчүгэй усулуобуйа олохтуур.

Ол кэрэһитинэн саҥа ситиһиилэр спортка күүскэ кэлитэлээн барбыттара. Саҥа манеж үлэҕэ киириэҕиттэн, усулуобуйа баар буолан чэпчэки атлетикаҕа ситиһиилэр кэлэн барбыттара. Ол курдук республика, Дальнай Восток, Россия чемпионнара, призёрдара баар буолбуттара.

Дуобат отделениета Кычкин Н.Н.-I, Бырдыннырова М.Н. иитиллээччиллэрэ Россияны, Европаны, аан дойдуну «хаардыы» хааман, сөҕүмэр кыайыылары аҕалталаатылар. Аан дойду 7 төгүллээх чемпиона Г.Колесов, Р.Ноговицына, уонунан ааҕыллар гроссмейстердар, ФМЖ маастардара иитиллэн таҕыстылар. Кычкин Н.Н.-I, Бырдыннырова М.Н. уонна уоллара Кычкин Н.Н.-II үгүс ахсааннаах Россия, Европа, Аан дойду дуобакка чемпионнарын, призёрдарын иитэн үһүөн Саха сирин уонна Россия үтүөлээх тренердэрэ буоллулар.

Бу оскуолаҕа уонунан ааҕыллар Саха сирин үтүөлээх тренердэрэ, учууталлара, Россия чулуу учууталлара үлэлии сылдьаллар.

Тустууга үгүс Россия, Европа, Аан дойду чемпионнара, призёрдара, икки – Н.Аянитов (Ноев) уонна В.Корякин – Олимпиада кыттыылаахтара иитиллэн таҕыстылар.

Волейболга кыргыттарга, уолаттарга бу кэлиҥҥи кэмҥэ инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ону бу оскуолаҕа эрчиллэн тахсыбыт оҕолортон састааптаах эр дьон хамаандата Аммаҕа бастаабыттара үгүһү этэр.

Улуу тренербитин үйэтитэр сыаллаах Дмитрий Петрович кэргэнэ Александра Семёновнаны тылыгар киллэрэн, Дмитрий Петрович олорбут дьиэтигэр музей оҥоһуутун Коркин соратнига, өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит К.С.Постниковы көрдөһөн музей 1988 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Ол оннугар Александра Семёновна көрдөһүүтүнэн, уһаайбаларыгар дьоҕус даача тутан биэрбиттэригэр Александра Семёновна кыыһынаан биир да сылы көтүппэккэ даачаларыгар сайын аайы астына сынньанан бараллар.

Музей материаллара олус элбээн, саҥа музей дьиэтэ тутуллар соруга турбута. Ол баҕа санаа Д.П.Коркин 75 сааһыгар анаан 2003 сыллаахха, оччотооҕу музей директора Абрамов Р.Р., оскуола оччотооҕу директора Егорова Л.Т. сүүрэн-көтөн, туруорсан саҥа алта муннуктаах, икки этээстээх «Музей спортивной славы им.Д.П.Коркина» диэн уонна «Дом-музей Д.П.Коркина» музейнай комплекс олоххо киирэн билигин дьон-сэргэ улаханнык сэҥээрэр музейа буолан үлэлии турар.

Мин бу музейга 16-с сылбын үлэлии сылдьабын уонна учууталым, тренерим Д.П.Коркин аатын үйэтитиигэ күүскэ үлэлиибин. Кини үлэтин, олоҕун сырдатар араас материалларга, хаһыат суруйууларыгар олоҕуран 4 альбом оҥорон уонна кини сөҕүмэр ситиһиилэрин көрдөрөр көһө сылдьар музейы сылын-аайы Д.П.Коркин аатынан ыытыллар турнирдарга киллэрэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөбүт.

Аны улуу тренербит Д.П.Коркин надгробиетын Александра Семёновнаттан көҥүллэтэн, М.Д.Гуляев республикаҕа спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон саҥалыы, мраморынан бюстаах, аныгылыы олбуордаах үчүгэй көстүүлээх гына оҥотторбута.

М.Д.Гуляевы – үгүс идеяларын, баҕа санааларын хайаан да олоххо киллэрэн иһэр, кэскиллээх, салайар дьоҕурдаах уолларын чурапчылар, оскуола дириэктэрин эрэнэн Ил Түмэҥҥэ депутатынан талаллар. Онтон тирэҕирэн М.Д.Гуляев үлэтэ дөссө далааһыннанар.

Үгүс командировкаларга, атын дойдуларга опыт атастаһа, саҥаны олоххо киллэрэн иһэр биир баҕа санаатын олоххо киллэрээри, Чурапчытааҕы республиканскай орто спортивнай оскуола интернат базатыгар Дьокуускайдааҕы педагогическай училище иһинэн кини филиалын астарар. Аны ол идеятын Америкаҕа опыт атастаһа бара сылдьан, ол мээнэ киһи сатаан санаабыт идеятын, училище оннугар тыа сиригэр бастакынан Россияҕа суох физкультурнай институту астараары биһиги бастакы президеммитигэр приёмна киирэн, сиһилии кэпсээн М.Е.Николаевы тылыгар киллэрэр. Михаил Ефимович институту аһарга уураах таһаарар уонна көҥүл биэрэр. Онон педучилище базатыгар институт үлэлээбитинэн барар.

Ити саҕалааһын эрэ этэ. Аны Россияҕа баран туруорсан, кинилэр сөбүлэҥнэрин ылыахха наада. Инньэ гынан Михаил Дмитриевичтаах үһүө буолан Москваҕа баран дакаастыы сатыыллар да, туох да иһин буолумматтар. Эһиги, сахалар, хас «чуум» аайы үрдүк үөрэҕи аһаары гынаҕыт дуо, онто суох СГУ базатыгар физкультурнай институттааххыт, икки физкультурнай хайысхалаах педучилищелааххыт, сөп буолбатах дуо диэн аккаастаан иһэллэр.

Михаил Дмитриевичтаах санаалара түһэн, ити аанынан киллэрбэт буоллахтарына аны түннүгүнэн киириэхпит диэн күүстээх санаалаах спорткомитекка, оччолорго спорткомитет солбуйар председателэ, олимпийскай чемпион А.Колесовка киирэллэр. Дьэ бу дьоҥҥо туох санаалаахтарын барытын тоҕо тэбээн кэпсииллэр, үс олимпиецтары, үгүс Союз чемпионнарын иитэн таһаарбыт Д.П.Коркин аатынан оскуола базатыгар институт аһыллара саамай сөп эбит диэн сөпсөһөн, аны дьоно үрдүкү үөрэх министрин солбуйааччытыгар эрийэн сарсыҥҥытыгар дьоннорун кытта приёмҥа киирэллэр уонна министр солбуйааччыта Жураковскай көҥүлүн ылан, уураах таһааттаран дьэ дойдуларыгар үчүгэй солуннаах төннөллөр. Уонна дьэ сана институту олоххо киллэрэр сыаллаах үлэлээбитинэн барбыппыт.

М.Д.Гуляев бастакы соругунан кадрдарынан хааччыллыы этэ. Онно миигин спортивнай-иитэр үлэҕэ проректорынан ылбыта. Ол иһигэр олимпийскай призёр А.Иванов улэтэ суох сылдьарыгар үлэҕэ ылбытын өйдүүбүн.

Институт саҥа учебнай корпуһун, үлэһиттэргэ аналлаах 16 квартиралаах дьиэ тутуллуутугар харчы көрүллүбүтэ уонна ол үлэ биир эрэ сыл иһинэн тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Итиннэ М.Д.Гуляев төһөлөөх сүүрбүтэ-көппүтэ, командировкаламмыта буолуой. Үгүс физкультурнай институттарга сылдьан, тылыгар киллэрэн ол институттартан профессордар вахтовай миэтэдинэн бастакы кэмнэргэ лекция ааҕаллар этэ.

Дьэ ол кэмтэн 20 сыл ааста. Институт чахчы олоҕун булла. 20 сыллаах юбилейыгар үгүс физкультурнай институт ректордара кэлэн сөҕөн-махтайан бардылар. Ол чэрчитинэн институт базатыгар студеннарга анаан 200 миэстэлээх, 100 миэстэлээх остолобуойдаах, бары өттүнэн үчүгэй усулуобуйалаах үс этээстээх уопсай дьиэ үлэҕэ киирдэ.

Салгыы институт инники сайдыытын өссө күүскэ сайыннарар сыаллаах М.Д.Гуляев уонна ректор И.И.Готовцев Москваҕа саҥа спорт миниистирэ О.В.Матыциҥҥа приёмҥа киирэн сүрдээх истиҥ кэпсэтии буолан, министр кыах баарынан бары хайысхаҕа көмөлөһүөх буолбутуттан санаалара көтөҕүллэн кэллилэр.

Биири санатар наада: М.Д.Гуляев докторскай үлэтин бэйэтэ толкуйдаан олоххо киллэрбит ситимнээх үөрэхтээһин идеятыгар олоҕуран уонна да атын Сахатын сиригэр саҥа киллэриилэрин түмэн докторскай степени көмүскээбитэ. Ол ситимнээх үөрэхтээһин Россияҕа суох аналлаах үөрэх кыһата буолар, ол эбэтэр оҕо саада – спортивнай оскуола интернат – спортивнай анал бэлэмниир кыһа уонна үрдүк физкультурнай институт. Маннык ситимнээх үлэлээх институт Россияҕа суох.

Михаил Дмитриевич бу институту аһан 20 сыл устата төһөлөөх саха оҕолоро үөрэнэн, үлэһит буолан бу олоххо оннуларын булбуттара буолуой! Кинилэр ортолоругар улуус баһылыктара, баһылыгы солбуйааччылар, нэһилиэк дьаһалталарынан, оскуола директордарынан уо.д.а. салааларга таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Түмүкпэр, М.Д.Гуляев өр кэмҥэ Саха сиригэр спорт комитетын бэрэссэдээтэлинэн, спорт миниистиринэн үлэлээн кэлбит сылларын биһиги бары убаастыыр, ытыктыыр спортпут урукку салайааччыта, Россия, Саха сирин физическэй культураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, Д.П.Коркин аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, Саха АССР спорткомитетын 1977-1986 сс. салайбыт А.Е.Алексеев «Спорт Якутии» 2016 с. суруйбут «Спорт уһулуччулаах салайааччыта» суруйуутуттан быһа тардыылары аҕалыым:

«Киһи барахсаны Айыы Таҥара орто туруу дойдуга дойдун, дьонун туһугар ай-тут, олоҕу оҥорус диэн анаан ыытар айгылаах. Оннук киһинэн үөһэ айыылар бэйэтин норуотун туругурда, дьоллуу ыыппыт эрэллээх уолларынан Михаил Дмитриевич Гуляевы туох да кэтэх санаата суох дорҕоонноохтук этэбин…Мин спорт эйгэтигэр холбоон-илбээн үйэ чиэппэрэ үлэлээтим. Ол тухары бу сыралаах үлэ аһыытын-ньулуунун билэн аастаҕым. Республика спордун салайааччытынан, физкультурнай хамсааһын саҕаланыаҕыттан, арааһа сүүрбэччэ киһи үлэлээн аастыбыт. Ким туох кыахтаахпытынан, төһө билиилээхпитинэн, күүспүт-уохпут, өйбүт-санаабыт баарынан. Ол гынан баран, Михаил Дмитриевич бэйэтин уһулуччулаах салайааччы быһыытынан чаҕылхайдык уонна итэҕэллээхтик көрдөрдө. Маннык таһаарыылаахтык үлэлээбит, кини курдук ситиһиилэммит, үрдүк кирбиилэри ылбыт салайааччы суох этэ диэн быһаччы этэбин. Биһиги кининэн киэн туттабыт, Сахатын сирин бүтүн Россияҕа, аан дойдуга таһаарда… Сахатын норуотун туһугар уһун кэмҥэ үрдүк көдьүүстээхтик уонна таһаарыылахтык үлэлии сылдьар Саха Республикатын спортка миниистирэ, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Дмитриевич Гуляевы Саха Республикатын «Бочуоттаах олохтооҕо» оҥороругар Саха Республикатын Аҕа баһылыгыттан Егор Афанасьевич Борисовтан уонна Саха Республикатын правительствотыттан көрдөһөбүн».

Дьэ, доҕоттоор, хайдахтаах курдук сыанабылый! Киһи утарсара, мөккүһэрэ туох да суох. Онон ис-иһин билбэккэ, туораттан сурах хоту истэн дьон үлэлээбит үлэтин хоруордан, үөҕэн тохтуоххайыҥ.

Михаил Дмитриевич үс улуус: Чурапчы, Таатта (түөрт нэһилиэгэ), Мэҥэ-Хаҥалас (үс нэһилиэк) быыбардааччыларын баһыйар куолаһын ылан Ил Түмэҥҥэ иккистээн талыллан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Баҕарабыт убаастабыллаах М.Д.Гуляевка быыбардааччыларын итэҕэллэрин толорон өссө таһаарыылаахтык үлэлииригэр, айарыгар-тутарыгар.

Егор Васильевич ПУДОВ,

Саха Республикатынфизическэй культураҕа

уонна спорткаүтүөлээх үлэһитэ,

Д.П.Коркин аатынанГосударственнай

бириэмийэ лауреата,Чурапчы улууһун

бочуоттаах олохтооҕо,Д.П.Коркин аатынан

«Спортивнай Албан Аат»музейын дириэктэрэ.

2020 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *