Файрушина Ангелина Егоровна туһунан

Оҕом туһунан истиҥник…

Ангелина ийэтэ Ирина Ильинична маннык ахтар:

– Миигин ийэм 1936 сыллаахха тохсунньу 15 күнүгэр Сунтаар балыыһатыгар киирэн төрөөбүтэ. Кыһыл оҕо эрдэхпинэ Тыһакыыска олорор эһэлээх эбэм дьоммуттан ылан ииппиттэрэ. Аллыҥаҕа начальнай кылааһы бүтэриэхпэр диэри үөрэммитим. Таайым Михайлов Афанасий Аркадьевич Аллыҥа оскуолатыгар сэбиэдиссэйдиир этэ. Онтон үрдүгэр көһөн олорон үөрэммитим.

Сэрии сылларын тухары Тыһакыыска эһэлээх эбэбэр олорбутум, дьонум Михайловтар диэн этилэр. Аллыҥаҕа 4-с кылааһы бүтэриэхпэр диэри үөрэммитим. Учууталларбыт сэрии туһунан кэпсиир этилэр. Тыһакыыска хайа диэки олорбуппутун өйдөөбөппүн. Бииргэ оонньообут оҕолорум Маруся, Таня Дормидонтовалар диэн бааллара. Биһиэхэ кыра бириэмэҕэ сайын Антонова Таня (бүгүн бэчээттэнэр ахтыыны суруйбут Саргылаана Сивцева-Яковлева ийэтэ. –А.Я.) олоро сылдьыбытын өйдүүбүн. Бииргэ оонньуурбут, үрүмэччи сырсан тахсарбыт. Кумааҕынан куукалка оҥорон, өрбөҕүнэн таҥастаан ол куукалканан оонньуурбут. Герасимов Степан Павлович биһигиттэн чугас олорор быһыылааҕа. Балтынаан Сүөкүлэлиин кэлэн сырсан, куоталаһан оонньуурбут. «Чээ, сырыстыбыт!» – диэн баран күөх хонуу устун түһүнэн кэбиһэрбит.

Тоҕус сыл аҕа эбит, Стёпа. Оҕолор син элбэх этибит, Яковлев Пётр Степановичтаах (бу суруйуу автора Александр Яковлев-Айсан аҕата) бааллара. Ханан олороллорун чуолкай өйдөөбөппүн эрээри, улахан-кыра оҕолор бары мустан оонньооччубут.

Тыһакыыска саамай өйдүүрүм диэн, дьону сэриигэ атаараары хонтуораҕа мусталлара. Чыыраха Сэмэн оһуохай тылын таһаарар этэ. Онно үҥкүүлүүллэрин өйдүүбүн. Ыһыахха барарга Чааркаанаба Даарыйаны өйдүүбүн. Тэлиэгэҕэ олорон дьэ эмээхсин оһуокайдыы-оһуокайдыы айанныыра.

Сунтаар оскуолатыгар 5 кылаастан үөрэммитим. Прокопьевтар диэн ыалга олордубуттара. Дьонум Сунтаартан тэйиччи олорбуттара, Сунтаар күөл үрдүгэр Папанин диэн 5 килэмиэтирдээх сиргэ. Эһэм аах көрөн олорбут буолан, миигин дьаһайан ыалга олордор буоллахтара. Эһэм Архип, эбэм Татьяна Михайловтар. Кинилэр уоллара Илья – мин аҕам. 5-кэ үөрэнэрбэр эһэм эрэйдээх тымныйан өлөн хаалбыта, онон ийэлээх аҕабар олорор буолбутум. Эбэбин Тыһакыыстан көһөрөн аҕалбыттара.

Папанинтан хааман үөрэнэр буолбутум. Сунтаар орто оскуолата икки этээстээх мас дьиэ этэ, билигин лицей дьиэтэ буолан турар. Дьэ, уһун үйэлээх оскуола.

Улаатан, нуучча тылын үөрэҕин бүтэрэн баран Элгээйигэ үс сыл учууталлаабытым. Онтон Хадаҥҥа баран үлэлээбитим.

Кэргэним Анисимов Егор Алексеевич диэн төрүт Сунтаар киһитэ. Аҕата эрдэ өлбүт этэ, ийэтигэр үһүө буолан иитиллибиттэрэ.

Ангелинанан – Анганан ыарахан сылдьаммын дьэ оҕолоноору ыксаан Сунтаарга киирдим. Онтон ыарыым ааһан хаалла, төттөрү таҕыстым. Биир дуу, икки дуу хонон баран Хадан балыыһатыгар оҕолоннум. Оҕолорбун барыларын Сунтаарга төрөөбүт буоллахпына, аҥаардас Анганы эрэ соннук Хадаҥҥа оҕоломмутум.

Хатыҥ чараҥ иһигэр олорбуппут. Сир аһа арааһа үүнэрэ: тулабыт бүтүннүү дьэдьэн, моонньоҕон, оттон отон диэн дэлэй.

Ангелина оскуолаҕа сылдьан мээнэ ыллаабат этэ. Арай ыаллар оҕолорунаан ойуур саҕатыгар баран араас иһити-хомуоһу, тимири лүҥсүйэ-лүҥсүйэ ыллыыр буолаллара.

Мин оҕолорум сайын аайы окко үлэлиир этилэр. Папанинтан чугас сир аһа дэлэй этэ, онно сир астыыллара.

Кыыһым оҕо сылдьан мэнигэ суох этэ. Көнөтүнэн сылдьара. Саас буолла да хайыһардыырын олус сөбүлүүрэ. Дьэ, кырдьык, хайыһарынан ыраахха диэри суол тэлэн, онон элэстэнэрин туохтааҕар да ордороро.

Ангелина халлаан сулустарын олус сөбүлүүрэ. Киэһэ хараҥарда даҕаны балта Октялыын сарай үөһэ тахсан сулустары көрөллөр. Онуоха Анга астрономия кинигэтин кыбына сылдьара, “ол сулус, бу сулус” диэн кэпсиирэ. Сулустарга сыһыаннаах кинигэни сурутан ылбыта. Астроном буолуом, космонавт буолуохпун баҕарабын диирэ. Дьэ оннук киэһэ буолла да наар сарай үрдүттэн түспэттэр. «Ол сулус, бу сулус», – дии-дии балтыгар кэпсиирэ.

Балта Октя интэриэһэ арыый атына. Кини микроскоптаах этэ, онтунан араас үөнү-көйүүрү көрөрө. Анга телескоп оҥостоору онтун ыһан кэбиспитэ. Балта ытаабытыгар төттөрү таҥас кэбиспитэ.

Анга космонавтар портреттарын сурутан ылбыта. Биир хосторун барытын космонавтикаҕа сыһыаннаах гыммыттара. Портреттар саамай ортолоругар Юрий Гагарины ыйаабыттара. Олус улахан Ый хаартыскатын булан, ону ыйаабыттара. Хаһыат эҥин таһаараллара. «Бэлэм буол» хаһыакка Анга космонавтар тустарынан кроссворд оҥорон ыыппыта, ону бэчээттээбиттэрэ. Оо, онно олус да үөрбүтэ!

Онуһу бүтэриэн иннинэ ыраах фермаҕа, Хадантан Тыкаары диэн сиргэ барара. Онно эдьиийдэрэ үлэлииллэрэ. Тиийэн үүт тутааччынан биир сайын үлэлээбитэ. Маннык түгэни умнубаппыт: биир ынахтара атаҕын тоһуппута. Ону өлөрдөхтөрө дии. Шура диэн старшай ыанньыксыт кэпсииринэн, Анга ол ынаҕы аһынан дэлби ытаабыт, этиттэн сиэбэтэх үһү.

Оскуолаҕа үөрэнэ, сайын фермаҕа үлэлии сылдьан дьүөгэтэ Попова Тамара этэ. Дьэ кинилиин гитаралыырга үөрэнэн, бииргэ сылдьан ыллыыр буолаллара.

Оҕолор Хадан 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Бордоҥ орто оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Кыыһым Анга онно гитаралыыр сурахтааҕа. Оскуола кэнниттэн маҥнай омук тылыгар үөрэнэ Хабаровскайга барбыта. Олус сииктээх климаттаах сиргэ, күһүнүн хортуоппуйга сылдьан ыалдьан эҥин доруобуйатынан тулуйбакка төннөн кэлбитэ.

Кэлэн баран совхозка араас үлэлэҕэ үлэлээбитэ, балыыһаҕа эҥин. Онтон Дьокуускайга культура үөрэҕэр киирэн үөрэммитэ. Кэргэннэммитэ, Сунтаарга олорор буолбуттара. Сунтаарга «Партизан» кулуубугар олус айымньылаахтык үлэлээбитэ. Холобур, игирэлэр конкурстарын олус ситиһиилээхтик ыыппыта. Икки кыыс, биир уол оҕоломмуттара. Армияҕа сырыттаҕына быһах эҥин атыыласпыта, наар кэтэһэрэ даҕаны, хомойуох иһин уола кэлэригэр тиийбэтэҕэ… Ити 2010 сыллаахха этэ. Уола билигин улахан киһи, тутууга үлэлиир.

Кэргэнинээн кэлин туспа олорбуттара, ол эрээри официальнайдык арахсыбатахтара. Ол иһин Файрушинанан сылдьыбыта. Кыыһынан фамилията Анисимова этэ.

Оскуолаҕа сылдьан хоһоон суруйарын көрбөтөҕүм. Ырыаларын кэлин суруйар буолбута. Үгүс ырыаларын оҕолонон олорор кэмигэр суруйталаабыта.

Кэлин сааһыран баран мин Хадантан кыыспар Сунтаарга киирэ сылдьааччыбын. Дьиэтин иһигэр сибэкки да сибэкки. Оҕурсута-помидора олус үүнэрэ. Кэргэнин дьоно ынахтаахтар, ону ыан киирэрэ. «Партизан» кулуубугар үлэлээбитэ. Кэргэнин дьонун кытары ыаллыы олорбуттара. Аҕалара хортуоппуйу олус үчүгэйдик үүннэрэрэ. Кэлин аҕалара сыта ыалдьыбыта. Биирдэ киирэ сылдьыбытым тойонун массажтыы олорор этэ. «Кийиитим барахсан илиитэ сылааһа-сымнаҕаһа, наһаа чэбдигирэбин», – диирэ тойоно. Аҕалара наһаа балыксыт этэ, Тэҥкэ диэки үүтээннээх этэ. Кэлин ийэлэрэ лигиир сыппыта. Ангам үлэлиттэн уурайа-уурайа кинини көрбүтэ. Ийэлэрэ олорон эрэ табахтыыра, ону уоттаах күл түһүө диэн куттанан маныыра.

Мин бэйэм ырыаны сөбүлүүбүн, оһуохайга кыттыһабын.

Улахан кыыһым эмиэ үчүгэйдик ыллыыр. Онтон Анга ырыа мелодиятын айаннаан иһэн, айылҕаҕа сылдьан эҥин айар эбит. Эмискэ киирэн кэлэр диирэ, ай да ай буолбат. Кыргыттара этэр этилэр: сарсыарда киирбиттэрэ хоһугар кумааҕы бөҕөтө ыһылла сытар буолара. Гитараҕа эрдэ үөрэммитэ, ырыалары онон таһаарара. Концерда буолбутугар онно гитаранан ыллаабыта. Кыргыттара Ирена уонна Розалина ырыа ансамблыгар сылдьыбыттара. Билигин ийэлэрин батан биллэр ырыаһыттар, Розалина кэргэнэ Сахамин эмиэ биллэр ырыаһыт.

Мин кэргэмминээн алта оҕоломмуппут, бары кыргыттар. Ангелина бэһис оҕо этэ. Кыргыттарым бары үлэһиттэр. Элбэх оҕолоохпун, сиэннээхпин, онон бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын.

Ангелина ийэтэ

Ирина Ильинична АНИСИМОВА.

*  *  *

Кэрэ киһи Ангелина

Киһи олоҕун устата араас дьону кытта алтыһар буоллаҕа. Кинилэр быыстарыгар араас санаалаах, быһыылаах-майгылаах дьону кытары бииргэ үлэлээн, ыаллаһан олорон, кэпсэтэн-ипсэтэн ааһаҕын.

Биһиги дьиэ кэргэн эмиэ, чуолаан Сунтаарга олоро сылдьан, араас дьоннуун алтыһан ааспыппыт элбэҕэ буолуо. Ол эрээри Ангелина Файрушинаны кытары алтыһан ааспыт кэмнэрбитин олуһун истиҥник саныыбыт. Кинини мин кыра оҕо эрдэхпиттэн истэн билэрим, тоҕо диэтэххэ биһиги ийэлэрбит оҕо саастарыттан дьүөгэлии этилэр. Мин ийэбинээн Сивцева Татьяна Афанасьевналыын Хадаҥҥа кинилэргэ тахса сылдьарбыт. Олус да минньигэс дьэдьэн барыанньанан күндүлүүллэрэ! Аны мин эдьиийим Светлана Ангелина эдиийинээн Юлиялыын оскуолаҕа уонна Хабаровскайга бииргэ үөрэммиттэрэ.

Дьэ ити курдук мин оҕо эрдэхпиттэн Ирина Ильинична  кыыһа, Юля балта Ангелина баар диэн билэрим. Кини ырыа суруйарынан уонна ыллыырынан биллэн барбыта, кэлин үс оҕолоох ийэ буолбута.

Онтон биһиги 2001 сыллаахха Дьокуускайтан Сунтаарга дьиэ кэргэнинэн көһөн, үлэлии тиийбиппит. Онно аны Ангелинаны үөрэтэр оҕом төрөппүтүм быһыытынан чугастык билбитим. Улахан кыыһа Ирена лицейга үөрэнэрэ. Туох баар лицей тэрээһиннэригэр, субуотунньукка тиийэ, Ангелина төһө да бириэмэтэ суоҕун иһин наар быыс булан кэлэрэ, актыыбынайдык кыттара. Кыыһа Ирена куруук үөрэ-мичилийэ сылдьарыттан, үтүө-мааны майгытыттан мин бу оҕолор ийэлэрин тапталларыгар куустаран улаатан иһэллэр диэн олуһун үөрэрим, астынарым.

8-с кылааска сылдьан Ирена ийэтин туһунан сочинениетын ааҕан баран, олуһун долгуйбутум. Кыысчаан хас биирдии тылыгар ийэтигэр таптала күүстээҕэ көстөр этэ уонна олус чугас сибээһэ эмиэ биллэрэ.

Кэргэмминээн төрөөбүт улууспутугар биэс сыл таһаарыылаахтык үлэлээн, иэспитин төлөөн баран 2006 сыллаахха куоракка төттөрү көһөн кэлбиппит. Мин 17-с оскуолабар салгыы үлэлиир буоллум.

Ол үлэлии сылдьан, арай биирдэ оскуола көрүдүөрүгэр Ангелинаны көрүстүм. “Кыра кыыспын Розалинаны эһиги оскуолаҕытыгар ыллылар, – диэн буолла, – биһиги манна чугас олоробут”, – диэтэ. Мин соһуччу көрсүһүүттэн үөрдүм аҕай. Аны онтон ыла Ангелина Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын төрөппүтэ буолла.

Розалина мин үлэлиир оскуолабар үөрэнэ сылларыгар Ангелина ийэлии сылааһын, тапталын оҕолоругар өссө күүскэ бэлэхтээбитэ. Эрдэ барарын билбиттии кыргыттарын улахан сценаҕа таһааран, ырыа абылаҥар угуйан, кистэлэҥин кэпсээн хаалбыта…

Розалина оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар үгүстүк сценаҕа ыллыыра, гастролларга сылдьара. Ол эрээри хаһан да уруогун аахпакка кэлбитэ диэн суоҕа. Эгэ: “Мин биллэр ырыаһыппын!” – диэн улахамсыйа туттуо дуо. Ити мин саныахпар иитииттэн, ийэ холобуруттан быһаччы сибээстээх. Ангелина көрсүө майгытынан, дьоҥҥо сыһыанынан оҕолоругар куруук холобур буолара. Кими да ордугурҕаабат, бэрт былдьаспат, дьону ырыппат буолара. Бу – билиҥҥи дьоҥҥо соччо мээнэ көстүбэт үтүө өрүт. Ол иһин да буоллаҕа, билигин кыргыттара миигин көрүстэхтэринэ истиҥник үөрэн, астынан туран кэпсэтэллэр.

Аны биир дьиктитэ диэн, Дьокуускайга Анга мин ийэбин кытары биир таас дьиэҕэ, буолаары буолан биир подъезка олорор буолан хаалбыта! Дьэ, бу бүтүн улахан куорат үрдүнэн түбэспиттэрэ дьиктитин… Дьүөгэтин кыыһынаан мин ийэм аны бииргэ чэй иһэр буолбуттара, ону-маны кэпсэтэллэрэ. Ийэм барахсан: “Ангелина киирэ сырытта, сонун бөҕөлөөх”, – диэн куруук астына кэпсиир буолара. Кырдьаҕас киһилиин кэпсэтэн, кинини аралдьытан үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээбит түгэнэ элбэх. Ийэтин дьүөгэтин ол курдук истиҥник саныыра, олус тапсаллара.

Ити курдук мин олоҕум устун Ангелинаны кытары алтыспыт, кинини олоҕун араас кэрчиктэригэр билбит эбиппин. Ыарахан да, сулустаах да кэмнэригэр. Ол эрээри биири сөҕөбүн уонна ытыктыыбын – кини хаһан даҕаны бэйэтин кэрэ майгытын, дьоҥҥо киһилии сыһыанын ыһыктыбатаҕа. Дьоннуун истиҥ сыһыана биһигини үөрдэрэ уонна сөхтөрөрө.

Ити курдук ахтаан-санаан аастахха, бу олоххо кэрэ да киһилиин алтыһан ааспыт эбиппин. Ангелина ырыатын иһиттэхпинэ дууһалыын сырдыыр, чэпчиир курдукпун. Оннук да буолуохтааҕа – кэрэ киһи Ангелина.

Мин кэргэммэр Александрга Ангелина эмиэ хайа эрэ өртүнэн сыһыаннаах, чугас буолан биэрбит эбит. Ол туһунан кини бэйэтэ кэпсиэ диэн эрэнэбин.

Саргылаана СИВЦЕВА-ЯКОВЛЕВА.

*  *  *

«Ырыа кыыс»

Айар куттаах Ангелина – “Ырыа кыыс”

Мин маҥнай утаа Ангелинаны ырыаһыт эрэ быһыытынан билэрим, ырыаларын таптаан истэрим. 2001 сыллаахха Сунтаарга “Сунтаар сонуннара” хаһыакка СР Правительствотын уурааҕынан кылаабынай редакторынан ананан тиийэн баран, араас тэрээһиннэргэ сылдьан чугастык кинилиин билсибитим. Кэргэмминээн Саргылааналыын ол да инниттэн билсэллэрэ, оттон ийэлэрэ оҕо эрдэхтэн дьүөгэлии, ааһа баран одноклассницалар этилэр.

Ангелина туһунан ааспыт кэмҥэ ахтар хайдах эрэ олус хараастыылаах… Ол да буоллар дьоһуннаах киһи олорон ааспыт олоҕун үтүө тылларынан ахтар-саныыр – биһиги тыыннаахтар ытык иэспит. Тоҕо диэтэххэ айымньылаахтык олорбут киһи олоҕо кини суох буолбутун кэннэ ордук сыаналанар, оҥорбут дьыалалара үйэлэргэ ахтыллар, кэлэр көлүөнэҕэ кэпсэлгэ хаалар.

Бастатан туран, өскөтүн кэргэним ийэтэ Татьяна Афанасьевна Анга (төрөппүттэрэ, табаарыстара, чугас билэр дьоно Ангелинаны кылгатан итинник ааттыыллара) ийэтинээн Ирина Ильиничналыын дьүөгэлии буоллахтарына, мин аҕам Пётр Степанович Ирина Ильиничнаны кытта биир сиргэ – Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгин Тыһакыыс диэн сиригэр төрөөн-үөскээн улааппыттар, ол эбэтэр биир дойдулаахтар. Оҕо саастарыгар биир сыһыы күөх отугар тэҥҥэ күөлэһийэн улааппыт дьон буоллахтара. Тыһакыыс сирэ урут бөдөҥсүтүү иннинэ “Сталин суола” диэн бэрт улахан колхоз этэ. Оттон сэбиэскэй кэми баттаһа Тыһакыыс сайылыгар мин эмиэ оҕо сааһым ааспыта, онно хас сылын аайы сайылыырым. Ангелиналыын төрөппүттэрбит оҕо саастарын туһунан сыыйа-баайа ирэ-хоро кэпсэтиэх буоларбыт да…

Эппитим курдук, Сунтаарга араас культурнай тэрээһиннэр буоллахтарына Ангелиналыын бииргэ алтыһарбыт. Онно быыс булан ирэ-хоро кэпсэтэр буоларбыт. Мин тоҕо эрэ кини эрдэтээҥи ырыаларын ордук сөбүлээн истэр этим. Биирдэ маннык кэпсэтии буолбута:

– Анга, дьэ, бырастыы гын, мин тоҕо эрэ эн бастакы ырыаларгын сөбүлүүбүн. Кэнникилэриҥ куһаҕаттар диэбэппин, ол эрээри эрдэтээҥилэриҥ хайдах эрэ ордук табыллыбыт курдуктар.

– Тоҕо итинник диигиний? – диэн, мин этиибин интэриэһиргээбитэ.

– Бу маннык диэн этэр кыаҕым суох. Ол эрээри хайдах эрэ ордук истиҥнэр, дьиҥ ис сүрэхтэн тахсар, хайдах эрэ бэйэҥ чахчы эрэйдэнэн, олус баҕарбатаҕыҥ да иһин ырыаһыт буолар судургута суох дьылҕаҕын ыллыыр курдуккун…

– Оттон кэлиҥҥилэрим?

– Хайдах эрэ уоскуйбут, нус-хас буолбут киһини көрдөрөр курдук матыыптар бааллар. Оннук да буолуохтаах ини.

– Ээ, – диэн баран Ангелина наһаа истиҥник күлэн кэбиспитэ. Ол кэнниттэн хайдах эрэ билинэрдии: – Кырдьык, бэйэм да хайдах эрэ урукку ырыаларбын ордорор курдукпун. Сорох дьон ардыгар эмиэ итинник дииллэр ээ… – диэбитэ.

Уопсайынан, айар идэлээх (кини ырыа айар уонна ыллыыр, оттон мин суруйар) дьон быһыытынан кини да, мин да хайдах эрэ уопсай тылы булан кэпсэтэрбит.

Кэргэним Саргылаана, киэҥ эйгэҕэ да буолбатар, эмиэ ыллааччы. Онуоха Ангелина кини фонограммаларын истэн баран, арааһа, соччото суохтар дии санаата быһыылаах (кырдьыга да оннук, эргэрбит фонограммалар этилэр), эттэ:

– Саргы, эн мин фонограммаларбын записьтаан ылаарыый.

Ол курдук фонограммаларыттан олус судургутук биэриэх буолбута. Дьиҥэр, ырыаһыт бэйэтин фонограммаларын хараҕын харатын курдук харыстыыр, дьоҥҥо мээнэ биэрбэт. Чахчы үчүгэйдик санаан, көҥөммөккө-хайаабакка итинник бэрт судургутук “ылаарыый” диэтэҕэ. Ону баара биһиги тута тиийэн, устан ылар өйбүт суох этэ буоллаҕа. Ол кэмҥэ ыарыы обургу Ангелинаны ытарчылыы ылан эрэрин хантан билиэхпит баарай? Маннык үтүө-мааны киһи куруук баар буолуо дии саныыр буоллахпыт…

Күн курдук күлүмүрдэс, санаалаах сайаҕаһа Ангелина биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах. Кини олоҕун оҕолоро салгыыллар, үтүө аатын Саха сирин бар дьонугар ааттаталлар.

Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан,

“Туймаада” хаһыат тэрийээччитэ уонна кылаабынай редактора.

 2018 сыл, бэс ыйа.

(«Ахтыылар», 2022 с. тохсунньу ый)

Файрушина Ангелина Егоровна туһунан: 1 комментарий

  1. Елизавета

    Олус бэрт ахтыылар, киҺини умсугутар, биир тыынынан ааҕыллар

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *