Мин ийэм Сэбиэскэй былааһы уонна Саха сирин Коммунистическай партиятын кытары тэҥҥэ улааппыт кыыс этэ. Кини туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, маннык.
Ийэм Бестинова (Дьячкова) Парасковья Петровна 1917 сыллаахха сэтинньи ый 11 күнүгэр Өймөкөөн улууһун 1 Бороҕон нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ убайа Степан Петрович уонна быраата Филипп Петрович Дьячковтар этилэр. Аҕата Дьячков Пётр Константинович «нуучча» Бүөтүр күп-күөх харахтаах, кыра уҥуохтаах киһи этэ диэн ийэм кэпсиирэ. Балыксыт эбитэ үһү. Төрдө казактартан эбит.
Үһүйээн баар: тастыҥ эдьиийим Галина Прокопьевна Винокурова кэпсээбитинэн, Бүөтүр өбүгэтэ Дьячков Николай Иванович казак есаула Өймөкөөҥҥө ойоҕун Авдотьяны кытары кэлбит үһүлэр. Прохор диэн уолламмыттар. Авдотья оннук сахалыы билбэккэ эрэ эрдэ өлбүт быһыылаах. Николай Иванович кэлин ойохтоммотох быһыылаах, оҕото-сиэннэрэ саха кыргыттарын ойох ылан Дьячков аймах Өймөкөөнүнэн, Муоманан тарҕаммыт үһүлэр.
Ийэтэ Кондакова Ирина Ивановна 1898 сыллаахха төрөөбүт, малограмотнай, налоговай агенынан үлэлээбит. Үөрэҕэ кыра да буоллар сытыы-хотуу, өһөс соҕус хааннаах дьахтар эбит. Сахаҕа олус ыраас хааннаах, сэргэх сэбэрэлээх. 1947 сыллаахха Өймөкөөн 62-с нүөмэрдээх быыбардыыр уокуругуттан Саха АССР Верховнай Советыгар депутатынан талылла сылдьыбыт. Дьоно кыаммат буолан кыра эрдэҕиттэн ийэм, ийэтин балтыгар Марфа Ивановна Кондаковаҕа – «Баарысчыт» диэн ааттаах дьахтарга иитиллибит. Онон кыра эрдэҕиттэн бэйэтин көрүнэр буолбут.
1930-32 сылларга коллективизация, культурнай революция, бастакы колхозтары тэрийии, кулаактааһын, хотону араарыы саҕаланар. Активнай кыыс 14 сааһыгар комсомолга киирэр, кырата бэрт буолан мунньахтарга олоппос үрдүгэр ыттан тыл этэр эбит. 15 сааһыгар, 1933 сыл бэс ыйыттан Өймөкөөн улууһугар 2-с Бороҕон нэһилиэгэр нэһилиэк советын сэкиритээринэн үлэтин саҕалаабыт. 1935 сыллаахха аҕабын Бестинов Дмитрий Дмитриевиһы кытары холбоһоллор.
1939 сылга диэри аҕам судьуйалыыр, ийэм партия райкомугар техническэй секретарынан, кэлин соцкультура дьиэтин директорынан үлэлиир. 1939 сыллаахха Дьокуускайтан тройка кэлэн аҕабын “бартыһаан Кралины кытта билсэр этиҥ” диэн доппуруостууллар, кырбыыллар. Партиятыттан усталлар, үлэтиттэн босхолууллар, репрессияҕа түбэһэр. Онтон түүн итирэн утуйбуттарын кэннэ аҕам кырдьыгын дакаастыы сатыы Дьокуускайга күрүүр.
Онно тиийбитэ тройкалар номнуо ыһыллыбыттар, тойоттор бэйэлэрэ хаайыллыбыттар. Аҕабын Кралин босхоломмутунан сибээстээн буруйа суоҕунан ааҕаллар, партиятыгар хаттаан киллэрэллэр уонна Горнай оройуонугар исполком секретарынан аныыллар. Ийэм саҥа төрөөбүт кырачаан кыыһын Павлина Дмитриевнаны аймахтарыгар Сыромятников Гавриллаахха (Тубутуйа) хаалларан баран, бэйэтэ сатыы кэриэтэ кэргэнигэр Горнай оройуонугар көһөн кэлэр, онно олохсуйаллар.
Кэлин Гавриллаах Дьокуускай куоракка көһөн кэлэллэр уонна эдьиийбин Павлинаны дьоммор аҕалан биэрэллэр. Кыра эдьиийим Елена Дмитриевна Горнайга Бэрдьигэстээххэ төрөөбүтэ. Ийэм бастаан парткабинет библиотекатыгар библиотекардыыр, онтон улахан дьону үөрэтэр оскуолаҕа учууталлыыр. 1941-43 сылларга райпоҕа атыы-эргиэн отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1943 сыл бэс ыйыттан 1945 сыллаахха аҕам сэрииттэн кэлэн Амма оройуонугар прокурорунан ананыар диэри Горнайдааҕы райпо бырабылыанньатын председателинэн үлэлиир. Эмиэ манна 1942 сыл алтынньы ыйыгар партияҕа киирэр. Үлэни тэрийэр дьоҕурдаах, дьону сомоҕолуур күүстээх, эҥкилэ суох чиэһинэй буолан сэрии ыар-сут сылларыгар Горнай оройуонун дьонун хоргуппакка, лимиткэ бэриллэр, дохуокка киирэр астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын тэҥҥэ үллэрэн, отой бу кэлиҥҥээҥҥэ диэри Горнай оройуонун кырдьаҕастарын махталын ылара.
Арай биирдэ үлэтигэр кэлбитигэр дьоно “аттарбытын милииссийэлэр тутан илдьэ бардылар” диэн кэпсээннээх тоһуйбуттар. Ийэм туох да айдаана суох милииссийэҕэ тиийэн, баайыллан турар икки атын сүөрэн төттөрү сиэтэн аҕалбыт. Ону райком мунньаҕар дьүүлгэ таһаарбыттар. Онно ийэм тыл эппит: “Эһиги милииссийэлэр, сатыы сылдьар ороспуойдаргытын тутарга аналлаах дьон, сатыы да ситиэххит. Оттон мин бу алта аппынан бүтүн оройуону аһатабын, биири да биэриэ диэн сананымаҥ даҕаны”, – диэбит. Онуоха райком секретара күлбүт, “Бестинова саалаах да дьонтон куттаммат ээ” диэбит уонна “райпо аттарын былдьаһымаҥ” диэн бирикээстээбит.
Дьахталлары, оҕолору, оҕонньоттору мунньан бултатан-балыктатан, муҥхалатан онон дьону аһатара, түүлээҕинэн үтүлүк-бэргэһэ тиктэрэн государствоҕа фроҥҥа диэн туттарара. Күһүн алта атын оройуонтан оҕуһугар-ынаҕар тиийэ мобилизациялаан көлүйэн, үс күн айаннаан Дьокуускайга киирэн үүт-арыы, эт туттарара. Онон үбүлэнэн төннөллөрүгэр наадалаах табаардарын, чэйигэр-тууһугар, табаҕар тиийэ эргинэн кэлэллэрэ эбитэ үһү. 1945 сыллаахха күһүн үс оҕотун илдьэ кэргэнигэр Аммаҕа көһөр. Онно тиийэн биир сыл Амматааҕы райпоҕа атыы-эргиэн отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.
1946 сыл алтынньы ыйыгар партия ыйыытынан «На стройке социализма» Амма оройуонунааҕы хаһыат эппиэттиир секретарынан ананар. Бэйэтин үлэтигэр холбуу редакторы солбуйааччы эбээһинэһин толороро. Бу үлэҕэ 1950 сыл атырдьах ыйыгар диэри үлэлиир. Аҕам сэрииттэн бааһыран, контузияланан уонна сэрии иннинэ грамм да арыгыны испэтэх киһи балайда иһэр буолан кэлбитэ. Истэҕинэ айдаарар, иһирдьэ тута сылдьыбытын таһыгар таһаарар эбит.
1949 сыллаахха аҕабын үлэтиттэн босхолууллар. Прокурор киһи «буруйа» элбэх буолуо, уопсайынан түптээх үлэ, уопсай тыл булбакка 1950 сыллаахха Дьокуускай куоракка көһөллөр. Итинтэн ыла аҕам балайда дуоһунас ыла-ыла, самнар аакка барар. Мин санаабар, дьыала арыгыттан эрэ буолбатах. Аҕам сымыйалыыры, балыйары отой тулуйбат этэ. Кыра мөккүөрдэр мунньуллан улахаҥҥа кубулуйан, тугу саныырын дуоһунаһыттан көрбөккө эрэ сирэйдэригэр этэр быһыылаах. Дэлэҕэ үстэ партияттан уһуллуо, иккитэ “восстановись” буолуо дуо.
Оттон ийэм ханна да үлэлээтин, бастаан үөрэҕэ кыратын көрөр быһыылаахтар. Онтон үлэһитин, дьоҕурун, талаанын, дьону түмэр-салайар күүһүн көрөн үүннэрэр аакка бараллар. 1950 сыллаахха Саха АССР Министрдэрин сэбиэтин радиоинформацияҕа комитетыгар литературнай сотруднигынан ылаллар. Икки сылынан, 1952 сыллаахха бу комитет редакторынан ананар. Үлэлии-үлэлии үс сыл областной партийнай оскуоланы үөрэнэн бүтэрэр уонна 1955 сыллаахха комитет тыа сирин биэриитигэр редакторынан ананар. Аҕабын батыһан 1955 сыллаахха Намҥа тахсыбатаҕа буоллар, Дьокуускайга өссө ханнык чыпчааллары дабайыа эбитэ буолла… Үлэлиир кыаҕа баҕас лаппа баар этэ.
Дьокуускайга Горькай уулуссатын 104-с нүөмэригэр улахан баҕайы биир этээстээх мас дьиэҕэ үс-дуу, түөрт дуу хоһу ылан олорбуттара. Бу дьиэҕэ мин төрөөбүтүм, үс аҥаарбар диэри олорбутум.
Намҥа көһүүгэ улахан мөккүөр буолбут быһыылаах. Кыра эдьиийим Лена (самодеятельнай композитор, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Олбутцева Елена Дмитриевна) Намҥа көһөрү кыккыраччы аккаастанан, музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирэр. Кинини тастыҥ эдьиийин Винокурова Галина Прокопьевнаны кытары культпросвет училище уопсайыгар олохтууллар. 1955 сыллаахха Намҥа көһөн кэлэн, ийэм идэтинэн да партия ыйыытынан да «Колхоз сирдьитэ» оройуон хаһыатыгар ответсекретарынан ананар. Ол үлэлии сылдьан 1962 сыллаахха Намҥа аан бастаан почта дьиэтигэр олохтоох радионан биэриини тэрийэр.
1963 сылтан пенсияҕа тахсыар диэри «Ленин суола» оройуон хаһыатыгар сурук отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Пенсияҕа да тахсан сыппатаҕа, «Знание» обществоҕа лектордаабыта, Бойобуой уонна Үлэ албан аатын кулуубугар чилиэнинэн киирэн үлэлэспитэ. Намынан, Горнайынан, Покровскайынан, Өймөкөөнүнэн сылдьан дьону көрсөр, кулууптарга, тэрилтэлэргэ, оскуолаларга сылдьан лекция ааҕар, көрсүһүү тэрийэрэ. Уопсайынан мин ийэм “бүгүн өрөбүл күнүм, эбэтэр уоппускам” диэн ороҥҥо тиэрэ түһэн сытарын отой өйдөөбөппүн. Биир кэм хара сарсыардаттан тугу эрэ букунайар, ас астыыр, дьиэ хомуйар, генеральнай уборка-стирка оҥорор. Тугу эрэ бэлэмнэнэр, сурунар, ааҕар, уопсайынан биир да мүнүүтэ таах олорбот этэ.
Ийэм барахсан түүн буоллун кунус буоллун, ким да кэллин – таһаараа ыаллара, ыраах-чугас аймахтара, билэр-билбэт дьоно – кини аана өрүү аһаҕас. Итии чэйэ, астаах остуола өрүү бэлэм. Дьоҥҥо тугу сатыырынан, санаата кыайарынан күүс-көмө буолара. Үлэтин, карьератын, оҥостубут эйгэтин, дьиэтин-уотун хаалларан туран олоҕун доҕорун батыһан ханна баҕарар барсар эрэллээх аргыс, үтүөнү-үчүгэйи эрэ сүбэлиир дьиҥнээх доҕор, дьүөгэ, ис сүрэҕинэн таптыыр, дууһатын да толук уурарын аахсыбат ийэ, эбээ, хос эбээ – бу мин ийэм!

1942 сыл алтынньы ыйыгар бэриллибит 3227825 нүөмэрдээх партийнай книжкатын сиэбигэр уган, бэйэтин кытта тиһэх суолугар атаарбыппыт. Быйыл 2022 сылга төрөөбүтэ 105 сылын, комсомолга киирбитэ 90 сылын, Коммунистическай партия чилиэнэ буолбута 80 сылын туолар диэн бу ахтыыны суруйдум уола, үлэ бэтэрээнэ Бестинов Владимир Дмитриевич.
Владимир БЕСТИНОВ.
Дьокуускай куорат.
