Бүлүү педучилищетыгар үөрэммит 1963-1967 сылларбын олоҕум саамай умнуллубат, кэрэ кэмнэринэн ааҕабын. Биир курска үөрэммит оҕолорбун, оччолорго кинилэр хайдах баалларынан, өйдүү-саныы сылдьабын. Кинилэр Сахабыт сирин араас оройуоннарыттан төрүттээх этилэр.

Бүлүүлэр: Чочуттан Коля Томскай, Лана Томская; Өкүндүттэн Володя Гаврильев, Маша Иванова; Хампаттан Виктор Евсеев, Зоя Степанова; Хаҕынтан Маша Еремеева. Үөһээ бүлүүлэр: Боотулуттан Коля Николаев, Ольга Григорьева; Өргүөттэн Дуня Сидорова. Ньурбалар: Ньурбаттан бэйэтиттэн Коля Атласов; Ньурбачаантан Асаль Семёнова, Шура Степанова; Маар-Күөлтэн Дуня Иванова; Маалыкайтан Вася Иванов. Кэбээйилэр: Мукучу оскуолатын бүтэрбиттэр Ваня Яковлев (Петрович), Данил Евсеев, Проня Захаров, Зина Николаева. Чурапчыттан Ваня Яковлев (Иванович), Аня Батарина. Покровскайтан Сина Дуранова, Дуся Михайлова. Мэҥэ-Хаҥаластан Маша Билюкина.
Араас биричиинэнэн элбэх оҕо эрдэ уурайбыта: Григорьев Алексей, Николаева Елена, Бурцева Вера, Григорьева Валя, Васильева Валерия, Павлова Люба, Семёнова Аня, Никифорова Валя.
Биһиги I Б курс, арыый аҕа саастаах оҕолор I А курс этилэр. Эмиэ бачча оҕо. Уопсайынан училищеҕа ахсыс кылаас кэннэ 8 курс, онус кылаас кэннэ 4 курс баар этэ. 400-чэ оҕо үөрэнэрэ. 55 сыллааҕыта биһиги үгүспүт уопсайга, сорохпут ыалга олорон үөрэнэн барбыппыт.
Барыта саҥа, дьикти этэ. Отой билбэт оҕолоруҥ, учууталларыҥ, олорор саҥа усулуобуйа. Дьиҥнээх тыа сирин оҕолоругар айылҕа да чыҥха атын этэ. Кырылас кумах. Аҥаардас бэс мас. Оннооҕор мин икки көстөөх сиргэ Чочуга төрөөбүт оҕо тииппин, хатыҥмын, алаастарбын суохтуурум.
Үөрэх наһаа ыарахана суоҕа. Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах психология, педагогика диэн предметтэр бааллара. Уруккуттан ыарырҕатар предметтэрим алгебра, стереометрия төһөлөөх настырыанньабын алдьаппыттара, санааҕа-онооҕо ылларбыттара буолуой?! Ити кэриэтэ экология, культура, риторика курдуктар элбэхтэрэ буоллар дэлэ үчүгэй буолуо этэй!
Училищеҕа ыытыллар мероприятиеларга көхтөөхтүк кыттан барбыппыт. Үчүгэй коллектив үөскээбитэ. Художественнай самодеятельность концертарыгар II-с, III-с курска үөрэнэ сылдьан бастаабыппыт, училище знамятын фонугар хаартыскаҕа түспүппүт. Наһаа талааннаах оҕолор бааллара. Зина Николаева кэрэ, чуор, ыраас куоластааҕа. Ольга Григорьева монологтары ааҕара. Хайдахтаах курдук иэйэн-куойан Сайсары оруолун толоророй! Сүрдээх да итэҕэтиилээх буолара. Хараҕым уута субуллан олороро, отой индийскэй киинэҕэ буоларын курдук. Үҥкүүлээн хороҕолдьуһар уолаттары өйдүүбүн: Евсеев Викторы, Иванов Васяны, Яковлев Ваняны (Петровиһы). Баян кылааһыгар үөрэнэр Атласов Коля, Томскай Коля дьиҥнээх маастар баянистар буолбуттара. Дэлэҕэ даҕаны училищены бүтэрээт, баян кылааһын учууталларынан үлэлии хаалыахтара дуо?
Курсунан тыаларга тахсан концертыырбыт, субботниктарга сылдьарбыт. Грузовой массыынанан ырыа-тойук аргыстаах Халбаакыга, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар уо.д.а. сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Бары сөбүлээн ыллыыр ырыалардаах этибит, маннык саҕаланаллара: «Тихий рабочий посёлок спит под густою листвой…», «В поле за околицей, там, где рожь шумит…»
Училище улахан бырааһынньыктарыгар Минич диэн музыкант учуутал салайааччылаах духовой оркестр оонньуура. 54 сыллааҕыта бастаан истибит бу ырыам – «Журавли» – өйбөр-сүрэхпэр олорон хаалбыт. Кэнники бу ырыа ханна эрэ ылламмытын, кумааҕыга суруллубутун истэ да, көрө да иликпин. Дьэ дьикти. Биһиги курспут оҕолоро кэнники духовой оркестрга оонньуур буолбуттара. Холобур, Яковлев Ваня (Иванович) кларнетка уонна Томскай Коля трубаҕа оонньууллара.
Хаһыс эрэ курска пионерскай практикаҕа сылдьыбыппыт. Училище хас да курса кыһыл хаалтыстаах, маҥан ырбаахылаах күнү быһа костёр тула сүүрэкэлээбиппит, саастаах баҕайы «пионердар». Ол биһиги диэн. Оннооҕор отуччалаах, Чочуттан үөрэнэр спецкурс студеннара Менкяров Гаврил Семёнович, Петров Пётр Акимович, Петров Василий Михайлович «пионер» буола сылдьаллара сүрдээх хартыына этэ.
Биһиги саамай элбэх уоллаах курс (11 киһи) үгүспүт спорт инники күөнүгэр сылдьарбыт. Физкультура учууталлара Тобохов Анатолий Гаврильевич (саха ыстаныыларыгар спорт маастара), Максимов Дмитрий Гаврильевич (классическай тустууга ССРС спордун маастара) – наһаа да үлэлэригэр бэриниилээх дьон этилэр. Күрэхтэһии бөҕө буолара. Сүүрүүлэргэ, лёгкай атлетикаҕа Евсеев Виктор, Иванова Маша, хайыһарга Евсеев Данил, дуобакка Николаев Коля курс, училище чиэһин мэлдьи көмүскүүллэрэ. Көҥүл тустууга Гаврильев Володя, Захаров Проня, Яковлев Ваня (Иванович) күннүүллэрэ. Яковлев Ваня (Петрович) волейболга, баскетболга лидербыт этэ. Спорт сорох көрүҥнэригэр оройуон да чиэһин көмүскээн, Дьокуускайга күрэхтэһэ барарбыт.

Курспут салайааччыта Окоёмов Константин Константинович салалтатынан, детдом тиэргэнигэр турар политическай деятель Степан Аржаков олорбут дьиэтин сөргүтэн испиппит. Кураторбыт куорат оскуолатыгар үлэлии барбытын кэннэ, Мария Васильевна Золотарёва IV Б-ларга, биһиэхэ, куратордаабыта.
Учууталларбын Михайлов Марк Михайловиһы, Шадрин Василий Марковиһы, Прокопьева Татьяна Николаевнаны, Дохтуров Иннокентий Лаврентьевиһы уо.д.а. күндүтүк саныыбын. Биллэн турар, Бүлүү педучилищета диэтэххэ тутатына Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ сырдык мөссүөнэ көстөн кэлэр.

Училищены бүтэриэхпиттэн ыла кэнники 50 сыл тухары бииргэ үөрэммит оҕолорбун үгүстэрин көрсө иликпин. Билигин миэхэ, 71 саастаах оҕонньорго, кинилэр сүүрбэччэ эрэ саастаах эдэркээн дьүһүннэрэ, күлүүлэрэ-оонньуулара, ырыалара-тойуктара өйбөр-сүрэхпэр, санаабар куруук сылдьар…
Бүгүҥҥү күҥҥэ мин 46 сыл стажтаах Саха Республикатын үөрэҕириитин Бочуоттаах ветерана, остуол оонньууларыгар Саха Республикатын федерациятын чилиэнэ, республиканскай категориялаах судьуйа, араас хаһыаттарга анаан суруллубут отучча көрдөөх кэпсээн автора, «Оһуохай» түмсүү активнай чилиэнэ, «Саха Республикатын Үтүөлээх этээччитэ» буолан, сааһырдарбын даҕаны олох инники кирбиитигэр активнай позициялаах айа-тута сылдьабын. Онон ордук бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, олоҕум бу ситиһиилэригэр олук буолбут Бүлүүтээҕи педучилищебар махталым муҥура суох.
Рудольф Иванович ВЕРЁВКИН, педагогическай үлэ ветерана.
2018 сыл, кулун тутар ый.
