«Оҕо сааһым эйгэтэ
Санаа тиийбэт ырааҕа,
Үүйэ тутар ньүөлүтэ
Сүрэхтэн сүппэт сылааһа».
Алаас Хотун.
Ийэм эрэйдээх сэрии аас-туор сылларын мүччү түһэн, олох көнөр суолугар киириэх курдук гыммыт кэмигэр урукку ыар олох охсуута таайан букатын эдэр сааһыгар, миигин оҕолоноот орто дойдуттан күрэнээхтээбит үһү.
Туспа, туора ыал көйгө оҕото буолан үтүрүмҥэ сылдьан истэхпинэ ииппит ийэм өлөн, 6 саастаахпар Тойбохой детдомугар аҕалан биэрэннэр киһи-хара буолбутум. Детдом дэлэй аһыгар тыыраа буолуохпар диэри аһаабытым. Аһаабыт аһым иҥпэт буолан буолуо, отой уҥуох-тирии киһи этим. Ол иһин улахан уолаттар күлүү гынан «Дьардьама» диэн аат иҥэрбиттэрэ. Аас-туор оҕо сааспын санатарын иһин ол ааппын отой абааһы көрөбүн.
Бастакы директорбыт Яковлев Кирилл Романович этэ. Икки кыра бэдиктэр: Попов Ваня биһикки биир сыл үөрэммэккэ кыстаабыппыт. Пионерскай хостон горн, барабаан ылан тыаһатарбыт, улахаттар кэлиэхтэригэр диэри мэниктээн бэркэ тапсарбыт. Ол иһин буолуо, Уйбааммын билигин даҕаны кыра быраатым курдук саныыбын.
Арыый улаата түспүппүт кэннэ улахаттары кытта саабылалаһан, туорааҕынан бырахсан күнү барыырбыт. Чөччөҥөлөөх ойуурун «Куликово поле» диэн ааттаан элбэхтик сэриилэһэ оонньоотохпут. Билигин онно ыал толору үһү. Сайынын «Көнөөккө» сөтүөлээн чомполонорбут. Билигин ол Көнөөкпүт уолбут үһү эбээт!
Биир сыл Үөһээ Бүлүү детдомуттан оҕо бөҕөнү аҕаллылар. Олор истэригэр нууччалар, кэриэйдэр, кытайдар бааллара. Кучинскай диэн уолу, Фа Ин Фо Света, Маня диэн эдьиийдии-балыс кыргыттары, Им Илья диэн уолу өйдөөн хаалбыппын. Бу оҕолор бары нууччалыы саҥарар, киэҥ сиртэн кэлбит олус сытыы-хотуу этилэрэ.
Сааһыран баран Үөһээ Бүлүүгэ олоробун, олохтоохтортон ыйытан көрөбүн: маннааҕы детдомнары тоҕо Тойбохойго көһөрбүттэрин. Билэр ааттаах киһи суох.
Тойбохойго төнүннэххэ, бу Чөччөҥөлөөх диэн сирбитигэр сайыҥҥы өттүгэр оҕолору көһөрөн таһааран сайын олордор буола сылдьыбыттара. Бука, олорор дьиэлэрбитин өрөмүөннээн, кырааскалаан эрдэхтэрэ. Сайыны быһа оонньоон, мэниктээн бириэмэни үчүгэйдик атаарарбыт. Тигээйи уйатын булан, биир хорсун кыыһы үрүт-үөһэ таҥас бөҕөнү кэтэрдэн, бэргэһэтин сыҥааҕын баайан, сирэйин өстүөкүлэнэн хаххалаан баран тигээйи уйатын үрэйтэрэ хойуу кытыан быыһыгар ыытар этилэр. Ол улахаттар, 12-13 саастаах уолаттар көрдөрө буоллаҕа, биһиги кыралар ыраахтан улахан дьулаан дьыаланы манаһан кулгаах-харах иччитэ, субу куотаары чугуруҥнаһа тураахтыыр буоллахпыт. Ол оннук таҥыннаран киллэрэр кыыстарын ыраахтан толло көрөн, хайҕаан, саллан Мохнуо диэн ааттылларын истэрим. Дьиҥ аатын таһыччы умнуллубут, субу диэн дьүһүнүн өйдөөбөппүн.

Аны аһыыр аспытын таһар Хоруолук диэн ааттаах оҕустаахпыт. Улахан уолаттар солбуһа сылдьан Тойбохойтон оҕуһунан таһаллар. Ол үлэ былдьаһык быһыылааҕа, биһигини кыра бэдиктэри чугаһаппат этилэрэ. Дьэ ол оҕустарын тустаах уолаттар аһара маанылыыллара, эбии ас биэрэн, от үргээн сыҥалыыллара.
Күһүн хойут, үөрэх дьыла саҕаланыыта төттөрү Тойбохойбутугар киирэрбит. Ол кыһын оҕуспутун өлөрбүт сурахтара иһиллибитэ. Биир күн улахан уолаттар, күнүскү аһылыкка аһаары олордохпутуна “оҕуспут Хоруолук этин сиэбэккит, миинин испэккит” диэн дьаһайдылар, онон биир аһылыкка аныгылыы эттэххэ «голодовка» биллэрэн турарбыт.
Бииргэ улааппыт доҕотторум Сиидэрэп Бүөккэ үөрэҕэр туйгуммут, Баабылап Өлөксөөндүр кинигэни ааҕар уол буолара, Сэмэнэп Битээлий арагаакканан ытыыга тэҥнээҕэ суоҕа, ини-бии Батаакаптар уруйдьуттарынан биллэллэрэ. Бүөдэрэп Сиэнньэ элбэҕи эрэннэрэр тустуук буолара хааллаҕа, Баабылап Өндүрүйээн эргиччи дьоҕурдаах уол эрдэ олохтон туораахтаабыта.
Доҕотторум, атастарым! Эмньик сааһым аргыстара! Сүрэҕи эппэҥнэтэр бастакы килбик тапталы биллэрбит кэрэ кыргыттарым, кыыс минньигэс, кистэлэҥнээх, имэҥнээх уоһун убураппыт сэгэттэйим – эһиги бары мин сүрэхпэр өрүү оҕотуккут, эдэрдэргит. Өрүү тыыннаахтаргыт, күлэ-үөрэ, мичилийэ сылдьаҕыт. Кырдьан баран оччотооҕу кыргыттары, билиҥҥи далбар хотуттары кытта көрсүөхпүн ончу баҕарбаппын. Кэм-кэрдии биһигини аһымматаҕын аанньа, кыргыттарбытын уларыппыта сүрүкэтэ бэрт.
Оҕолоор, эһиги кэрэ таһааҕыт мин өйүм-санаам чуумпу хоһугар тыыннааҕым тухары бигэтик хараллан сылдьыахтара. Ол хос аана туора дьоҥҥо аһыллыбат, күлүүһүн тыла куруук бэйэбин кытта. Барарбар илдьэ барыаҕым.
Оҕо сааһым Тойбохой киэҥ сыһыыларыгар ойон-тэбэн, мэниктээн ааспыта. Мин киниэхэ сыһыаммын чопчу маннык диэбэппин, таба эппэппин, киниэхэ тапталбын тылынан быһаарбаппын. Көйгө оҕо кииринньэҥ аҕатыгар сыһыанын курдук, киһини өйдүүр буолуохпуттан дойду оҥостубут сирим син-биир күндү, соҕотох. Оҕо сааһым атастарын, доҕотторбун санаан сүрэҕим күүскэ тэбэр, үгүскүт кэлбэт сиргитигэр барбыккыт быданнаата… Сорохтор оҕо минньигэс сытын, ойох сылаас хоонньун билбэтигит, эгэ сиэн, оҕо тойтоһуйарын билиэххит дуо?
Кырдьан олорон биир маннык санааҕа кэлбитим: детдомҥа иитиллибит оҕо норуотуттан тэйэр, кини кыһалҕатын билбэт, тугунан тыынарын, үлэтин-хамнаһын туһунан өйдөбүлү ончу билбэт, маргинал соҕус киһи иитиллэн тахсар буолар эбит диэн. Онтон оҕоҕо тус бэйэтигэр үчүгэйэ сүрдээх буоллаҕа: ийэ-аҕа мөхпөт, көҥүл-босхо олох буоллаҕа.
Оҕо сааһым биһигэ – төрүт дойдум! Эн киэҥ сыһыыларгар төһөтө эрэ сүүрдүм-көттүм? Аны кэлэн хатыланыа дуо, ол? Сылаас көлүччэҕэ чомполонноҕум ахан, аны сөтүөлүү оонньуом дуо?
Ырааҕынан ыырданан, туора сиртэн тэлэһийэн мунан-тэнэн кэллэхпинэ сылаастык көрсөрүҥ. Ол эрээри, ол эрээри бэйэҕэр чугаһаппатыҥ, ыга тардан кууһан ылбатыҥ, уол оҕо орулуостааҕар элбэх диэтиҥ быһыылаах. Сайыҥҥы сарсыарда эрдэ эн күөҥҥүнэн хааман истэххэ, саҥа уһуктан эрэр далбар хотун курдук аргыый тыыллаҥнаан өрө тыынар курдугуҥ, кыһыҥҥы киэһэ дохсун эр бэрдин курдук тымныы чэбдик салгынынан ыгыта кууһарыҥ, эн туспа сытыҥ ийэ кутум дириҥ чүөмпэтигэр сүппэттии иҥэн бэйэбин кытта барсыа буоллаҕа.
Өбүгэлэрбэр бараары дьабыҥҥа көтөрбөр салгын кутум эн үрдүгүнэн ытаан-ыллаан, энэлийэн ааһар түгэни айбыттарым тосхойоллоро буоллар, оҕо сааһым доҕотторун көрбүт курдук сананыам этэ буоллаҕа.
Аркадий Степанович ИВАНОВ, Тойбохой детдомун 1955-66 сс. иитиллээччитэ.
Үөһээ Бүлүү сэл. 2018 сыл, кулун тутар ый.

Довольно интересный материал «Тойбохой детдомугар 1955-66 сс. — ahtyylar.ru» Здорово..
Это не сын Степана Иванова, Күлүгэ суох, из села Эльгяй? У него все дети были разбросаны по детдомам и родственникам.